News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2021 » Кулун тутар » 9 » Сиэн Тиитэп, кэпсэлиҥ?Сиэн Тиитэп, кэпсэлиҥ?
Сиэн Тиитэп, кэпсэлиҥ?Сиэн Тиитэп, кэпсэлиҥ? | 15:14 |
Култуура Кыым.
26.02.2021 15:41
Сиэн Тиитэп ырыаларын иһиттэххэ, атынан бөтөрөҥнөтөн иһэр курдуккун. Халлааҥҥа чыычаах чуопчаарар ырыата, тыаҕа, аларга кэҕэ куккууга, алааска ынах һайдыыр саҥата... Бу барыта холбоһон, саха кутун уһугуннарар, уйадытар, ыллатар. Ааһа баран эттэххэ, ардыгар ытатыан да сөп.
Сиэн Тиитэп ырыаларын элбэх киһи ыллыыр. Киһи, чахчы, “ырыалаахпын” диир ырыалара. Үксэ – дэгэрэҥ. Киристэпиэл Махсыымап кэнниттэн дэгэрэҥи өрө туппут уонна киэҥ эйгэҕэ иккис тыыннаан таһаарбыт киһинэн билинэбит.
Чэ, тугу үгүһү этэ-тыына барыахпыный. Саҕалыах. Сиэн Тиитэп, кэпсэлиҥ?
***
– Юрий Николаевич диэн ыҥырарым уһун да курдук, нууччалыы тартарыылаах да курдук. Онон судургутутан Дьууруй диим. Сөбүлэһэр инигин?
– Сөбүлэһэн бөҕө буоллаҕа. Бэйэлээх бэйэм аатым.
– Туох кэпсээннээх олороҕунуй? Билигин тугу дьарыгыраҕын?
– Кэпсээтэххэ, кэпсээн элбэх. Сунтаарбар Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатынан Норуот айымньытын дьиэтигэр уонна Муусука оскуолатыгар үлэлиибин. Хааччах сымнаан тэрээһиннэр саҕаланан эрэллэр. Кулун тутарга тыыннаах ырыа-муусука улахан кэнсиэрэ буолуохтаах. Бүлүү улуустарын мусукааннара, ырыаһыттара кэлэн кыттыахтара. Мэхээс Сэмэнэптээх “Сунтаар” бөлөхтөрө эмиэ мустуох курдук буолла. “Ай-Талым” уонна үөрэнээччилэрим кыттыахтара. Саҥа дьиэлэммиччэ, үөрэн-көтөн, тэрийэн эрэбит.
– Үлэ бөҕө эбит.
– Култуура салайааччыларын кэнсиэрэ буолан ааста. Тэрийсии өттүгэр кыратык кытынным. Кылгастык кэпсээтэххэ, ити курдук. Бачча саастаах киһи үлэлии сылдьарым дьолум буоллаҕа.
– Дьууруй, хаскар үктэнниҥ?
– Муус устар 14 күнүгэр 64 сааспын туолабын. Сааспын аахпат курдукпун. Кырыйдым диэн хомойбоппун, саас ырааппыт диэн сонньуйбаппын. Олорбутум курдук олоробун, үлэлээбитим курдук үлэлиибин, айбытым курдук айабын. “Сааһырдахха, өйүҥ-санааҥ сааһыланан ырыаларыҥ эмиэ уларыйаллар” дииллэр да, миэхэ билиҥҥитэ оннук суох. Аныгылыы тииптээх ырыалар билигин да киирэллэр. Рок да “көтөн түһэр”, дэгэрэҥим баарын курдук баар. Инньэ гынан өй-санаа таһымынан сааспын улаханнык билиммэт курдукпун.
– Кэлин Сунтааргыттан тэйэ илик быһыылааххын. Бу диэки аатыҥ тоҕо эрэ иһиллибэт.
– Харчыга наадыйан балтараа сыл куоракка үлэлии сылдьыбытым. Куораты сөбүлээбэппин. Киһитэ элбэҕэ, сүпсүлгэнэ... Айымньылаахтык айа-тута олорорго үчүгэй материальнай база наада. Ол суох буоллаҕына, кыһалҕаны үөскэтэр. Уопсайынан, куорат киһини сиир. Мин айылҕаҕа чугас буоларбын ордоробун. Сахалар айылҕаҕа тартарыылаах, айылҕа күүһүн итэҕэйэн олорор омукпут. Сунтаарга айылҕам чугас. Күн аайы сылдьабын. Онон иитиллэбин. 1986 сылтан ханна да уһуннук тохтообокко, барбакка-кэлбэккэ Сунтаарбар баарбын.
***
– “Хос эһэҥ Ырыа Тиитэп аатырбыт олоҥхоһут, оһуокайдьыт киһи үһү” диэн кэпсээн баар. Кини аатын ылынан Сиэн Тиитэп буолан олордоҕуҥ?
– Ырыа Тиитэп – бэйэтин кэмигэр улаханнык аатыра сылдьыбыт киһи. Олоҥхото, ырыата-тойуга, үҥкүүтэ уос номоҕо буолан кэпсэнэр. Ол саҕана магнитофон, устуу диэн суох кэмэ буоллаҕа, үһүйээн эрэ быһыытынан ахтыллар. Төрөппүт уола олоҥхолоох Оппудуон көрбүтүн тута хоһуйан иһэр эмиэ улахан талааннаах киһи этэ. Мин онуска үөрэнэ сырыттахпына барбыта, онон үчүгэйдик өйдүүбүн. “Хайдах маннык тута хоһуйан ыллыахха сөбүй?” диэн олус сөҕөрүм. Итини саха омук этигэр-хааныгар, өйүгэр-сүрэҕэр илдьэ кэлбит генэ диэххэ сөбө эбитэ дуу. Аныгы сахаларга отой ахсааннаах киһиэхэ баар. Хос эһэм Ырыа Тиитэп аата дьон номоҕор эрэ ахтыллан кэлбитэ. Үйэтитээри, Ырыа Тиитэп сиэнэ Сиэн Тиитэп дэммитим.
– Дэгэрэҥнэтэр, туойар талааны кинилэртэн бэриһиннэрдэҕиҥ?
– Ийэм да, аҕам да өттүнэн дьонум бары талааннаахтар. Аҕам удьуоругар Көскүөрүн ойуун диэн аатырбыт ойуун баара. Аҕам эргиччи талааннааҕа, балалаайкаҕа бэркэ оонньуура. Ийэм өттүнэн, эппитим курдук, Ырыа Тиитэп, олоҥхолоох Оппудуон уонна Толбон диэн эмиэ улахан ойуун баар. Кинилэр талааннарын баһаамнык ылбыт киһи убайым Александр буолар. Көмүс Саксофон. Балтым Светланаҕа эмиэ баар эрээри, быраас идэлээх буолан, муусукаҕа сыстыбатаҕа. Удьуорбут саамай муҥутуур талаана балтыбар – Лена Спиридоноваҕа – бэриллибитэ. Эһэм олоҥхолоох Оппудуон олоҥхолууругар дьоруойдарын – дьахтары дьахтар, абааһыны абааһы курдук кубулунан, ис-иһиттэн иэйэн-куойан үүт-маас түһэрэр этэ. Ону утумнаан Лена атын оруолга бэркэ киирэрэ. Бастакы пародист – кини. Кини кэнниттэн атыттар тахсыбыттара. Гостуруоллуу сылдьан, сыанаҕа туойан-кубулунан дьону сөхтөртүүр буолара. Хомойуох иһин, тоҕо эрэ эрдэ илдьэ бардылар...
– Оттон эйиэхэ...
– Мин диэн онтон... Мин ырыаһыт буолбатахпын. Ырыа суруйааччы, айааччы быһыытынан сананабын уонна бэйэбин оннук ылынабын.
***
– Дьууруй, эн элбэх ырыаҕын атыттар толороллор. Баҕар, сөбүлэһиэҥ, баҕар, суох. Быһа бааччы этиим: кинилэр эйиэхэ тиийбэттэр.
– Попса хайысхатыгар суруйбут ырыаларбын, дэгэрэҥи эмиэ ыллыыллар. Варя Ларионова балай эмэ ырыабын толорор. Туспа альбом буолан тахсыан да сөп буолла быһыылаах. Эрдэ Сунтаарга кэлэ сырыттаҕына, хайдах ылланарын, ханнык өргөскө түһэн ааһарын, дьэҥкир кылыһах диэн тугун, хайдах уурулларын атах тэпсэн олорон кэпсэппиппит. Кини, мин санаабар, дэгэрэҥ ырыаны үчүгэйдик биэрэр. Хас биирдии ырыаһыт бэйэтин таһымынан, хайдах иитиллэн кэлбитинэн ыллыыр. Олоҕу анаарар ырыаларбын бэйэм ыллыырбын, дьоҥҥо тиэрдэрбин ордоробун. Олору биэрбэппин даҕаны. Элбэх ырыам уһуллубакка сытар. Уһуллан хаалаллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Хам-түм сөргүтэн, хоһуттан ылынан, иитэн тыын биэриэххэ наада. Умнуллубаттарын туһугар.
– Ырыаҥ төһө буолла?
– Аахпаппын. Саҥа суруйан эрдэххэ “ырыам бачча буолбут” диир буоларым. Бэйэбэр чугастык ылынар хоһоонум түбэстэҕинэ, ырыа түргэнник тахсар. Ардыгар бэйэм хоһоон тылын суруйан кэбиһээччибин. Төһө табылларын-табыллыбатын, үчүгэйин-куһаҕанын билбэппин. Сорохтор “үчүгэй” дииллэр. Улахан бэйиэттэр “итинник суруйуохтаах этиҥ...” эҥин диэн сэмэлээччилэр. Тылы сааһылаан, наардаан айан таһаарыы – туһунан талаан. Итини кыайар хоһоонньуттарга улаханнык ымсыыра саныыбын. Ол эрээри хоһооннорбор бэйэм санаабын тиэрдэбин диэн сананабын. Ол аата туох эрэ баар, аһара туох да суох буолбатаҕа буолуо.
– Хаскыттан ыллыыгыный?
– Мин ыллаабаппын. Гитараны туһанан санаабын дьоҥҥо тиэрдэбин. Бачча сааспар диэри туппутунан сылдьабын. Идэтийэн (профессиональнайдык) оонньообоппун. Ырыа суруйарбар туттар тэрилим, доҕорум-атаһым буолар. Убайым Александртан биэс сыл балыспын. Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына, вокальнай-инструментальнай ансаамбыл тэриммиттэрэ. Джаһы да оонньууллара. Күүстээх бөлөх этэ. Биһиги сырса сылдьан көрөр, истэр этибит. “Маннык оонньоо, тарбаххын итинник тут” диэн үөрэтии суох буоллаҕа. Сэттискэ үөрэнэ сырыттахпына, Валерий Ульянович Семенцул диэн молдаван хааннаах үтүө учуутал кэлэн үөрэппитэ. Тута бөлөх тэрийэн сэргэхситии бөҕөнү таһаарбыта. Тыалар эмиэ кыттыһан барбыттара. Кэлин элбэх оҕо үүнэн-сайдан тахсыбыта. Мин оскуоланы бүтэриэхпэр диэри дьарыктаммытым. Муусукаҕа харахпын аспыт киһи – кини. Махталым улахан. Ол кэмтэн муусукаҕа “ыалдьан” барбытым.
– Билигин да “ыалдьа” сылдьаҕын дуу?
– Итиннэ маннык. Мин ырыабын кытта алтыспатахпына, кэпсэппэтэхпинэ-сэһэргэспэтэхпинэ, киирбити таһаара охсубатахпына, олох сатаммаппын. Туох эрэ тулуппат, тэһитэ кэйиэлиир. Этим-хааным, дууһам – бүтүннүү ырыа. Хас күн аайы гитарабын ылан санаа атастаһабын. Улахан спортсменнар өр эрчиллибэтэхтэринэ, ыалдьан бараллар дииллэр. Арааһа, биһиэхэ эмиэ оннук быһыылаах. Ол гынан баран быччыҥ үлэтэ буолбатах, биһиэнэ – дууһа үлэтэ.
– Ырыаҕа “ыалдьар” диэн хайдах буолар эбитий? Сэрэйдэххэ, тэһиппэт-тулуппат, сүрэҕи аалар “ыарыы” буолуохтаах.
– Ырыаҕа “ыалдьабын” эрээри, онтубун ыарыы курдук ылыммаппын. Туругум буоллаҕа. Нууччалыы эттэххэ, “стиль жизни”. Олоҕум ырыаттан, хоһоонтон тутуллан турар. Элбэх ырыаһыты, муусуканы истэбин, үөрэтэбин.
***
– “Билиҥҥи “ай-таллар” өй-санаа таһымынан ситтибит-хоттубут” диэбиттээҕиҥ. Ити эппиккэр сигэннэххэ, саамай аатыра, күннүү-күөнэхтии сылдьар кэмҥитигэр таһымҥыт хайдах этэй?
– Эдэр сылдьан араас муусуканы оонньоон кэллэхпит. Поп диэн, рок диэн... Ити эмиэ наада этэ. Хардыы. Көрдөнүү. Тумус Мэхээлэ биир кыһын биһигини кытта кэлэн үлэлэспитэ (кини ырыаларыгар “Санаалар” диэн альбоммут тахсыбыта). Улахан талааннаах киһи. “Чолбону” “Чолбон” гыммыт киһи кини буоллаҕа. Тумус Мэхээлэ миэхэ саха муусукатыгар, этно-муусукаҕа күлүүһү биэрбитэ. “Күлүүһүҥ бу баар. Ааны аһан киирэр буоллаххына, киир. Суох буоллаҕына – суох” диэн өйдөбүлү үөскэппитэ. Ол күлүүһүнэн ааны аһан киирбитим. Наталья Михалёва-Сайа тылларыгар “Айыы аймаҕа аман өс”, “Өтөх” диэн икки композицияны оҥорбуппут. Ити – “АйТал” бэйэтин үлэтэ. Биһиги, дьиҥ чахчы, сиппит-хоппут, өйдүүн-санаалыын буһан-хатан саха муусукатыгар киирбит кэммит. Мин элбэхтик эппитим уонна билигин да этэбин: саха этно-муусукатын өрөбөлүүссүйэтэ, элбэх булумньуну булбут кэмэ диэн. Онтубутун омук мусукааннара уоран ылбыттара. Билигин да элбэҕи туһаналлар.
– Хайдах, ол аата? Өйдөөбөтүм.
– Гостуруоллата, бэстибээлгэ кытыннара ыҥыран баран уорбут түгэннэрэ баар. Сахалар эмиэ “Ай-Тал” булумньутун киэҥник туһаналлар. Сахалар ылалларын туох да диэбэппин, төттөрүтүн, үөрэбин эрэ.
– “Уоруллубут дьол” дьол буолбатын тэҥэ, уоруллубут муусука да син оннук дьылҕаланар ини. Кыһыылаах буолбатах дуо?
– 90-с сылларга ыһыллыы-тоҕуллуу кэмэ этэ. Көмүспүт, алмааспыт таах бэриллэ турарын курдук, хаарыаннаах үчүгэй булумньубутун, саха муусукатын “находкатын” былдьатан кэбиспиппит. Юридическай өттүнэн көмүскэлэ, ааптар бырааба оҥоһуллубатах буолан. Аан дойду бэстибээлигэр элбэхтик кыттыбыппыт, 9 дойдуну кэрийбиппит. Эмиэрикэлэр, Европа, Африка да мусукааннара бааллара. Элбэх-тээр... 1991 с. Японияҕа “Три дня” этно-муусука бэстибээлэ буолбута. “Аман өс” композицияҕа “Айанньыт” ырыата баара. Лена ыллыыра. Омуктар ону түһэрэн-үтүктэн ылан оонньуу сылдьалларын истибитим. Тиийэн: “Хайа, бу “Ай-Тал” киэнэ”, – диибин. “Эһиэнэ буолара ханна да суруллубатах, биһиэнэ ээ”, – дэһэллэр уонна күлсэллэр. “һат, һат” дииллэрэ кытта иһиллэргэ дылы этэ.
– Биир өттүнэн санаан көрдөххө, таһымнаах буолаҥҥыт үтүктэр буоллахтара.
– Булумньу буоллаҕа, муусука өрөбөлүүссүйэтэ... Кинилэр сонуну, уратыны көрдөөтөхтөрө. Германияҕа сырыттахпытына, инбэлииттэр истэ кэлэллэр этэ. “Эһиги муусукаҕытын аптыакаҕа эмп курдук атыылыахха наада. Эмтээх” – дииллэрэ. “Шаман-рок” диэн суруйан эрэкэлээмэни тарҕаппыттар этэ. “Биһиги ойуун буолбатахпыт. “Где шаманизм, там нет красоты” диэн этэрим да, өйдүүр курдук тутталлара эрээри, ойуун диэн ылыналларын тохтоппотохторо. Муусукабытын тыаһатан, оонньоон бардыбыт да, атын эйгэҕэ киирэн хаалаллара. Кинилэргэ оннук күүскэ дьайара.
– Ити муусуканы аныгы саха ылынар дуу?
– Ылыныы кэмтэн тутулуга суох быһыылаах. Урукку “Ай-Тал” саҕана аҕыс этибит. Билигин үс эрэ буолан хааллыбыт. Дьоммут аҕыйах сыл быысаһан, баран хааллылар. Ол саҕана саха муусукатыгар саамай сайда сылдьар кэммит этэ. Сыанаҕа таҕыстахпытына, сааланы хам тутан кэбиһэрбит. Онон, “Ай-Тал” айбыта-туппута элбэх. Билигин сахалар ыытар күрэхтэһиилэрин, тэрээһиннэрин муусукатыгар “АйТал” приёмнарын истэн аһарабын. Үөрэбин эрэ. Ол аата туох эрэ туһалааҕы айдахпыт-туттахпыт, оҥордохпут.
– Оҕолорго “Ой дуо” бөлөҕү салайар этиҥ.
– “Ой дуолар” улааппыттара. Олохтоох дьаһалта Дь.В. Никифоров үбүлээн, Кытайга сүүрбэ барабааны сакаастаан оҥорторбуппут. Уонча сыллааҕыта ыһыахха тоҕус композицияны оонньообуппут. Дьэ, онно муусука дьайыыта, кырдьык, күүстээх этэ. Оҕолорум бары сахалыы куттаахтара, талаан бөҕөтө этилэр. Үөрэнээччилэрим билигин да элбэхтэр.
– Саха кута аһыллыбыт оҕо хайдах буоларый?
– Сахалыы иитиллэн улааппыт оҕо саха буолар. Иитии улахан оруоллаах. Онно туох да үөрэх, хараам наадата суох. Мин оҕолору иитиибэр тыастан-уустан саҕалыыбын. Чабырҕах, тойук, үҥкүү тылын, күөмэй ырыатын, хабарҕа ырыатын нөҥүө куту уһугуннарабын. Дьупулуомнаах учуутал да буолбатарбын, бэйэм хайдах өйдүүрбүнэн оҕолорго тиэрдэ сатыыбын.
***
– Дэгэрэҥ ырыалаахпыт. Хайдах бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспат буолан айыллан тахсалларый? Дьиҥэ, сүнньэ биир буоллаҕа – дэгэрэҥнэтии.
– 2002 с. Уйбаан Уххан тылларыгар маҥнайгы уонна соҕотох альбоммун таһаарбытым. Ити иннинэ ким даҕаны мин курдук тииптээх дэгэрэҥи ыллаабата. Дьиэрэтии, холку ырыалар бааллара. Альбом тахсыбытын кэннэ, элбэх ырыа сурулунна уонна дэгэрэҥи олус үчүгэйдик таһаарар ырыаһыттар баар буоллулар. Онтон үөрэн өлөөрү гынабын. Тоҕо маарыннаспаттарый диир буоллаххына, хас биирдии ырыа айааччы бэйэтэ туһунан дэгэрэҥнээх.
– Ити эйгэттэн ыраах киһи быһыылаахпын, эмиэ өйдөөбөтүм. Ол аата куоластарын олоруута атын дуу, эбэтэр өй-санаа, ылыныы таһыма уратылаах дуу?
– Дэгэрэҥ диэн ат дэгэрэҥнэтэрин этэллэр. Арааһа элбэҕэ суох. Ырыа айааччылар аан маҥнай иитиллэллэр. Ол кэннэ дьэ таһаараллар. Холобур, Сиэн Тиитэп туспа дэгэрэҥнээх, Байбал киэнэ туһунан. Арай ким эрэ киҥнээх кылыһаҕынан, ким эрэ дьэҥкир кылыһаҕынан барар. Дьэҥкир кылыһах – Киристэпиэл Махсыымап туттар ньымата. Саха дэгэрэҥин чыпчаалыгар, туох да саарбаҕа суох, кини олорор. Оҕо эрдэхпинэ, кини ырыаларын ытыы-ытыы истэр этим. Оччолортон дэгэрэҥҥэ “ыалдьыбыт” эбиппин. Попса, рок хайысхаларынан үлүһүйэ сылдьар кэммэр Уххан хоһоонун ааҕа олорон, бэйэм да билбэппинэн ис-испиттэн дэгэрэҥнэтэн барбытым. Хаамыыта, сүһүөҕүн олоруута оннук этэ. Кэлин атын хоһоонньуттарга эмиэ дэгэрэҥ баар. Онон хас биирдии айааччы бэйэтэ туһунан дэгэрэҥнээх.
– Дьууруй, эн дэгэрэҥиҥ ханнык дэгэрэҥий?
– Миэнэ... Оттон Сиэн Тиитэп дэгэрэҥэ буоллаҕа (күлэр). Мин курдук дэгэрэҥниир киһи суох. Мин атыттар курдук кыайан дэгэрэҥнээбэппин. Чэ, ити курдук.
***
– Билиҥҥи суруйуулары ырытан көрдөххө, хоһооҥҥо маарыннаабат хоһоон хойунна, ырыа диэҕи ырыаҕа эппиэттээбэт айымньы элбээтэ. Бу көстүү туһунан эн туох санаалааххыный?
– Сайдыыбыт түмүгэ. Оҕолор интэриниэттэн олус элбэх информацияны ылар буоллулар. Билигин оҕолорбут өбүгэлэрин кытта ситимнэрэ мөлтөөбүт эбэтэр сорохторго быстыбыт кэмэ. Элбэх оҕо атын омугу, ол омук ырыатын-тойугун, култууратын үтүктэр. Кинилэри үөҕэр да, этэр-мөҕөр да быраабым суох. Эн, мин курдук туһунан көрүүлээх, өйдөөх-санаалаах дьон буоллахтара. Аны туран, муусукаларыгар олус бэриниилээхтэр: ырыа да суруйаллар, хоһоон да айаллар. Алтыһан бардахха, кинилэр тылларын, күүрээннэрин өйдүүгүн. Миэхэ кэлэр, миигин кытта дьарыктанар оҕолор сахалыы өйдөөхтөр, куттаахтар. Сахаларын сүтэрбит оҕолор кэлбэттэр.
– Ити туохха тиэрдиэ дии саныыгыный?
– Уопсайынан, билигин Аан дойду бүтүннүү гипноһунан турар. Саха атына диэн мындыр, куолуһут омук. Уон саха муһуннаҕына, биир санааҕа кэлэрэ уустук. Сахабытын сүтэрэн кэбистэхпитинэ, биһигини дөбөҥнүк салайыахтара. Омугун кутун сүтэрбит киһи араас салайыыга, угаайыга киирэр уонна оннук салайтара сылдьарын бэйэтэ да сөбүлүүр буолан хаалар. Дьиҥнээх саха куттаах сахаҥ салайтара сылдьарын сөбүлээбэт. Тоҕо диэтэххэ, кини бэйэтэ өйдөөх, силистээх, төрдүлээх. Саханы сүтэрии, ол аата бэйэни сүтэрии. Итинник сатаммат. Ити оҕолор кэлин сахаларыгар төннүөхтэрэ. Киһи мэлдьи эдэр сылдьыбат. Кыра оҕолорбут, интэриниэккэ үлүһүйэн, нууччалыы саҥарар буоллулар. Саҥараллара диэн өссө кыра, алдьатыылааҕа – толкуйдара нууччалыы. Ол – киһини ордук дьиксиннэрэр.
***
– Дьууруй, халыйарбыт элбэх. Хоһооммутугар төннүөх. Эйигин саха тылын туһугар охсуһар киһи диэн этиэххэ сөп дуо?
– Хоһоон, эппитим курдук, этэр санаалаах, сааһыламмыт-наардаммыт, кэрэ, этигэн тыл-өс. Дьэ, оннук үчүгэй тыллардаах, дьиҥ сахалыы тыыннаах хоһооҥҥо ырыа суруйан баран, кыайан сахалыы саҥаран ыллаабаттар. Уһун аһаҕас дорҕоону кылгаталлар, дорҕоону нууччалыы тартаран этэллэр, сороҕор сүһүөҕү сүһүөҕүнэн сиэн кэбиһэллэр... “Тоҕо итинник ыллыыгын?” диэтэххэ, “өйдөнөр дии” диэн хоруйдууллар. Саха ырыатын сахалыы саҥаран ыллыахха наада. Мин охсуһар охсуһуум – ити.
– Бэйэҥ эмиэ хоһоон айаҕын...
– Миэннэрэ хоһоон хомуурунньугар киирэр кыахтара суоҕа буолуо дии саныыбын. Тугу саныырбын, хайдах ылынарбын суруйабын. Ол эрээри сөпкө саныыбын уонна онтубун сөпкө саҥаран ыллыыбын.
– Тоҕо, туох сыаллаах суруйаҕыный? Эн киһи түбэһиэх ылсыбатаҕыҥ чахчы.
– Киһиэхэ тууйуллуу диэн баар. Бэйэм дууһабар баары, турукпун ырыанан таһаарыахпын баҕарабын. Хоһоон көрдүүбүн. Онно сөптөөх хоһоону булбатахпына, бэйэм таһаарабын. Холобур, “Кыайыы күнэ”, “Ытаа, Сахам сирэ” бэйэм тылларбар тахсан хаалбыт ырыалар. Сэрии тиэмэтэ миэхэ олус долгутуулаахтык киирэр. Төһөлөөх элбэх, хаарыаннаах саха уолаттара баран суорума суолламмыттарай? Төһөлөөх саха төрүөхтээҕэ хаалбыта буолуой?!.
– Эйигин хоһоонньут диэн этиэххэ сөп дуу?
– Суох. Хоһоонньут буолбатахпын. Тууйуллубут санаабын тылынан таһааран, ырыа гынан ыллыыбын. “Мин, дьэ, маннык хоһоону суруйдум” диэн хаһан да, кимиэхэ да көрдөрбөтөх киһибин. Ырыаҕа тиһиллибиттэринэн ылынабын. Хоһоон курдук ааҕан көрбүт да, ылыммыт да суох. Ангелина Шадринова хоһоонноругар ырыалардаахпын. Кини киэннэрэ төрүт атыттар, туспа эйгэлээхтэр. Биир дойдулааҕым Илья Зверев эмиэ олус бэрт хоһооннордоох, уратытык суруйар киһи этэ. 2002 с. тахсыбыт альбоммар биир ырыата киирбитэ. Антонина Ускеева хоһооннорун кытта билсибитим сылтан орто. Дьикти, эриэккэс иэйиилээх ырыалар таҕыстылар. Кэлин ырыа бөҕөтүн суруйбутум эрээри, уһуллан тахса иликтэр.
– Улахан суруйааччылар мэлдьи бэйэлэрин айымньыларын астымматтар: уобарастарым мөлтөх, тылым-өһүм сымсах, тугу эрэ ситэ кыайа туппатым диэн. Эйиэхэ оннук буолар дуу?
– Баар буолар. Санаабын кыайан эппэтим эбэтэр хоһоонньут иэйиитин тиэрдибэтим дии санаатахпына, тохтотон кэбиһэбин. Бириэмэ наада. Кэм ааспытын кэннэ, хат ылан көрөбүн, оччоҕо тахсар. Саамай сөбүлүүр өһүм хоһооно – “балык ыамнаах, киһи кэмнээх”. Ити – олох сокуона. Уопсайынан, айымньы диэн туһунан тыыннаах эйгэлээх. Биэрдэҕинэ – биэрэр, биэрбэтэҕинэ – биэрбэт.
– Оччотугар билигин ыллана сылдьар ырыаларгын барыларын сиппит-хоппут диэн этиэххэ сөп буоллаҕа...
– Этиэххэ сөп. Ол кимиэхэ эрэ тиийиэн, кимиэхэ эрэ тиийимиэн сөп. Дьоҥҥо барытыгар кыайан сөбүлэппэккин.
***
– Дьууруй, бэйэҕэр төһө “критичнэйдик” сыһыаннаһар киһигиний?
– Олус буоллаҕа. “Самокритика” диэн миэхэ аһара баар. Үрдүк уопсастыбаҕа, былааска сатаан сылдьыа суох киһибин, оннукка сылдьыбыт да диэн суох. Бэйэбин намыһахтык туттарбыттан диэн буолбатах. Ырыа айарбар эмиэ оннук. Сороҕор ырыа дьикти баҕайытык тахсан хаалар. Оннук түгэҥҥэ саарбахтыыбын. Аан маҥнай дэгэрэҥ ырыа тахсыбытыгар “тугу эрэ буллум” диэн сэрэйбитим эрээри, кыбыстан, ыллаабакка сылдьыбытым. Испэр эрэ ыллыыр этим. Биирдэ чугас киһибэр иһитиннэрбиппэр “олус үчүгэйи булбуккун” дии түспүтэ. Онтон Дьокуускайга, Уйбаан Уххаҥҥа бэйэтигэр тиийэн иһитиннэрбиппэр: “Дэгэрэҥ дэгэрэҥинэн сылдьар”, – диэн олус үөрбүтэ.
– “Кырдьар сааспар, дьэ, оннубун-тойбун булуннум” диэн эппиттээҕиҥ.
– Мин олоҕум оннук уустук да буолбатар, ыарахан кэмнэр бааллара. Онно-манна түбэһэн ылыы да элбэх. Сорох ардыгар “хайдах тыыннаах хаалбыппыный?” диэн санаалар киирэллэр. Арааһа, тугу эрэ айыахтаахпын-тутуохтаахпын билэн мүччү түспүппүн быһыылаах. Киһи диэн киһи. Эр киһи диэн эр киһи...
– Булкуллууну этэҕин дуо?
– Булкуллуу да баара. Үчүгэй баҕайытык сылдьан эрэ булкуллан хаалбыт түгэннэр бааллара. Тууйуллан-тууйуллан баран дэлби тэбэр. Оннук түгэҥҥэ айылҕаҕа сылдьабын, ыраах айанныыбын. Онтон хос таҥыллан тахсан, киһи курдук буолан, эмиэ ырыа айан, олох олорон барабын.
– Олох диэн олох. Кэмсиммит да түгэннэриҥ баар буолуохтаахтар.
– Олоххо араас буолар. Германияҕа, Шотландияҕа хабарҕа ырыатыгар куурус ыыппытым. Хабарҕа ырыата миэхэ оҕо эрдэхпиттэн баар. Мэлдьи баар. Степанида Борисовалыын сылдьыбыппыт. Кини кылыһахха үөрэппитэ. Онно сырыттахпытына, биир сылга үлэлэһэргэ хантараак түһэрсээри гыммыттара. Батыммытым. Кэлин таах сибиэ сөбүлэспэккэ дии саныыбын. Сыл диэн сыл буоллаҕа, дьонум олорон көрүө этилэр. Уонна олохпор кэмсинэрим диэн суох. Олорбут олоҕум – бэйэм киэнэ, айбытым – бэйэм киэнэ, ыллаабытым – бэйэм киэнэ.
– Ол эйиэхэ тугу биэриэ этэй?
– Баҕар, харчыланыам эбитэ буолуо. Ол саҕаттан билиҥҥэ диэри кыайтарбат боппуруос – дьиэ-уот. Билигин ийэлээх аҕабын кытта бииргэ олоробут. Ийэм – Екатерина Агафадоновна, 91 саастаах. Аҕам – Николай Николаевич, 95-һэ. Онон бачча сааспар диэри ийэлээх-аҕалаах, ыал оҕото буолар дьоллоохпун. Дьоммутун көрөбүт-истэбит. “Сааһыран баран оннубун-тойбун дьэ буллум” диэн, арааһа, ону эппитим буолуо. Сүүрдэр массыыналаахпын, туттар тэриллээхпин, бултуур сэптээхпин-сэбиргэллээхпин. Наадыйарым баар. Ол – миэхэ сөп.
– Төһө уйан киһигиний?
– Уйаммын. Кыраттан үөрүөхпүн, кыраттан хомойуохпун сөп. Ол эрээри испэр тута сылдьарым бэтэрээнэн дьыала, түргэнник аһарынабын. Тыйыс дьоҥҥо ымсыыра саныыбын. Аны туран, кинилэр хааларыгар бэйэбин уган көрдөхпүнэ, барсыбат курдукпун. Икки сирэй буолары, ньылаҥнаһары сатаабаппын уонна оннукка сыстыбакка бу күн сириттэн барбыт киһи диэн санаалаахпын.
– Таптал туһунан ырыаларыҥ – “Оо, арай мин”, “Этиий миэхэ” – олус да истиҥнэр. Тоҥуй сүрэхтээх, дьиҥнээх саха тапталын хоһуйаҕын. Тиэрдэриҥ да оннук. Тапталга төһө ылларымтыа киһигиний?
– Эдэр сырыттахха, иэйии киирэн, тыллар бэйэлэринэн тахсан ити ырыалар айыллыбыттара. Кылгас кэмҥэ. Таптал туһунан ырыаларым дэҥҥэ тахсаллар. Мин, сүрүннээн, олох-дьаһах, айылҕа, саха дьылҕатын, олоҕу анаарыы, кэлин ааспыты анаарыы туһунан ыллыыбын. Онно чугаспын.
– Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсии түһүөҥ дуу.
– Оҕолорум улааттылар. Кыра кыыһым 26 саастаах. Маҥнайгы кэргэним олохтон барбыта. Билигин иккис олохпор олоробун. Кэргэним Надежда – эмиэ култуура киһитэ. Хомуска оонньуур, туойар. Кырдьаҕас дьоммун кыһаллан көрөр-истэр, мин айар эйгэбин өйдүүр-өйүүр. Биэс саастаах уол оҕолоохпут. Кэргэммин таҥара биэрбит бэлэҕэ диэн ааттыыбын. Онон, билигин үлэлээбэт буолар, сытынан кэбиһэр, “меланхолиялыыр” сатаммат, төрүөт да суох.
– Дьууруй, эйигиттэн күүтэрбит уонна эрэйэрбит – биир. Саха кутун уһугуннарар, долгутар, ыллатар саҥа ырыалары. Туох былааннааххын?
– Саҥа ырыалардаахпын, айыллыахтара да турдаҕа. Сааһыран баран альбом таһаарбыт киһи диэн баҕа санаалаахпын. Уһуктан турдаҕым аайы күнү көрөрүм – дьол. Олохтон элбэҕи ирдээбэппин. Инники соруктарым туолалларыгар эрэллээхпин. Өйүм-санаам, туругум сэргэх, үчүгэй. Үлэлээбитим курдук үлэлиэм, айбытым курдук айыам. Айылҕа төһөнү биэрэринэн олоруом.
***
Дьиҥэ, хайабыт да – кини да, мин да – “тимэхпит өһүллэн”, аһыллан-табыллан кэпсэттибит. Олох, олоҕу анаарыы, саха кутун, ырыатын туһунан өссө да дириҥник иҥэн-тоҥон ыйыталаһыахпын сөбө да, олоҕу, олох олорор диэн тугун-хайдаҕын ситэ билэ илигим мэһэйдээтэ. Онон бу кэпсэтии Сиэн Тиитэп өйүн-санаатын сорҕото, ханнык эрэ кэрчигэ диэн өйдүөххэ сөп.
Сиэн Тиитэби илэ-чахчы көрөн, атах тэпсэн олорон сэлэһэр баҕам Сунтаарга баарынан кыайан табыллыбата. Бэйэтин көрбөтүм эрээри, саҥатын, тылын-өһүн иһиттим уонна онтон астынным.
Сэһэргэстэ Диана КЛЕПАНДИНА
|
Category: Ырыа-тойук |
Views: 715 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 37 Ыалдьыттар (гостей): 37 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|