News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2021 » Кулун тутар » 12 » Ил Түмэн реформата. “Алаас патриоттара”, ахсаан, көдьүүс
Ил Түмэн реформата. “Алаас патриоттара”, ахсаан, көдьүүс | 22:17 |
Бэлиитикэ Кыым 12.03.2021 16:35
Ил Түмэҥҥэ дьокутаат ахсаана төһө буолуохтааҕый? “Профессиональнай” дэнэр парламент ордук үлэлиэ дуо? Бу туһунан уопсастыбаннай дьүүллэһии саҕаланан эрэр. Ил Түмэн судаарыстыбаннаска уонна сокуоннаска кэмитиэтин киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕа кулун тутар 4 күнүгэр буолбута.
Санатар буоллахха, парламены аччатар туһунан тыл-өс өссө икки-үс сыллааҕыта этиллэн барбыта. Тоҕо эрэ ону юристар саҕалаабыттара, чуолаан М.М. Яковлев тыл көтөхпүтэ. “Дьокутааттар үлэлэрэ таһаарыыта суох, сокуоннары оҥоруу бытаан, көдьүүс кыра” эҥин диэн, дьэ, били, боростуой дьоҥҥо бэрт “чугастык” иһиллэр “аргуменнары” аҕалбыттара. Биллэн турар, ол мээнэҕэ буолбатаҕа өйдөнөрө. Дьэ, ол тиэмэ бэбиэскэҕэ туран, бу сааскынан аһаҕас дьүүллэһии саҕаланна.
Ил Түмэн судаарыстыбаннаска кэмитиэтин мунньаҕар ол быһаарыыны түргэнник, бу сылга ылына охсор наадатын эттилэр. Кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев “биһиги бүгүн Ил Дархан туһаайыы этиитин эрэ дьүүллэһэбит” диэтэ да, тоҕо ону туос бөтөрөҥүнэн ылыллыахтааҕын быһаарбата. “Эһиил – өрөспүүбүлүкэ үбүлүөйүн сылыгар онон дьарыгырар тоҕооһо суох”, – диэбитэ итэҕэтиитэ суохтук иһилиннэ.
Кэмитиэт барыйаана
Парламент уларыйыытын туһунан этиллибит санаалар, дьиҥинэн, көдьүүстээх үлэ эҥин туһунан буолуохтаах этилэр да, кэпсэтии, сүрүннээн, дьокутаат ахсаанын туһунан барда. Сис кэмитиэт элбэҕи үлэлээбитин, тэҥнээн көрөр, анаалыстыыр үлэни ыыппытын, араас барыйааны үөрэппитин А.И.Еремеев эттэ. Кини Ил Дархан эппит босхоломмут 35 дьокутаата табыгаһа суох, барсыбат диэтэ уонна “компромисс” курдук: 35+1 биир мандааттаах уокуруктан уонна 12 баартыйа испииһэгинэн киирээччини – барыта 48 дьокутааттаах парламены эттэ.
Онно эбии А.Еремеев билигин баар уокуруктары тыытар-уларытар табыллыбат, биһиги бэрэстэбиитэлистибэ функциятын умнуо суохтаахпыт диэтэ. Ил Дархан туһаайыытыгар эмиэ ол туһунан этиллибитэ. Дьокуускай куоракка быыбардааччы ахсаана элбэҕинэн, эбии уокурук баар буолуохтаах диэтэ. 48 дьокутааттан, босхоломмут дьокутаата – 25, оттон уопсастыбанньыга 23 буолуохтаах. А.Еремеев: “Быһаарыы ылынарга 48 дьокутааттан 25 дьокутаат баар буолуохтаах. Ол аата, биһиги 25 кворуму ситиһэрбит судургутуйар”, – диэн быһаарда.
Ньыгыл эриэйтинин өрүһүйэн
Оттон тыл этээччилэр иккис бөлөхтөрө парламент ахсаанын уларытар табыллыбат, бу биһиги быыбардааччыбыт ахсааныгар РФ нуорматынан сөп түбэһэр диэтилэр (70 дьокутаат). Манна ордук урукку ыҥырыылаах парламеҥҥа үлэлээбит дьокутааттар, уопуттаах бэлиитиктэр санааларын күүскэ эттилэр.
Вице-спикер Виктор Губарев бу “былаас баартыйатын эриэйтинин быыһыырга анаммыт, атын баартыйалар бэрэстэбиитэлистибэлэрин аччатарга туһуламмыт, бэлитиичэскэй майгылаах уларытыы” диэтэ. Дьокутаат ахсаанын аҕыйатар наадата суох, оттон үлэни тэрээһин өттүн төһө баҕарар тупсарыахха сөп диэтэ. “Парламеҥҥа дьокутаат ахсаана биир мандааттаах уокуруктартан 50%, баартыйа испииһэгинэн 50% буолуохтаах” диэн дойду бэрэсидьиэнэ В.Путин этэрин санатта.
Ыксыа суохха
Аксакаал бэлиитик, 1-кы ыҥырыылаах Ил Түмэн Үөһээ палаататын бэрэссэдээтэ Егор Ларионов “Госдума быыбарын кэнниттэн син биир уларытыы киириэҕэ, онон ыксыа суохха. 35 ахсааннаах босхоломмут дьокутааттаах парламент диир буоллахпытына, ол аата биһиги бэрэстэбиитэлистибэни туора сотобут. Аны парламент диэн – судаарыстыбаннай уорган. Баҕар, үлэтигэр итэҕэс-быһаҕас баара буолуо. Ону “үлэтин кыайбат” диэн үрдүттэн сэмэлиир табыллыбат” диэтэ.
Матвей Евсеев “парламент үлэтин хаачыстыбатын буолбакка, дьокутаат ахсаанын дьүүллэһиигэ көһөн хааллыбыт” диэтэ. “Дьиҥинэн, үлэ көдьүүһэ дьокутааттан бэйэтиттэн тутулуктаах. “Испиискэҕэ экэниэмийэлии” сатыыр, уокурук ахсаанын уларытар наадата суох, баартыйанан талыллар дьокутаат ахсаанын 12 гынар аҕыйах”, – диэтэ.
Норуоттан тэйии буолуоҕа
Георгий Артемьев урукку ыҥырыылаах Ил Түмэнтэн Германия парламенын үлэтин кытта билсиһэ бара сылдьыбыттарын аҕынна. “Биир даҕаны босхоломмут дьокутаат диэн онно суоҕа, ол оннугар биирдии дьокутаат хас даҕаны босхоломмут референнээх этэ”, – диэтэ. “Онон аппарааты сарбыйан тугу эмэ ситиһиэхпит диир олох сыыһа. Билигин парламент ахсаана саамай сөп, 35-48 эҥин диэн ахсаан өйтөн ылыы, фантазия”, – диэтэ. “Кырдьык, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтигэр 165 дьокутааттааҕа, туох баар араҥаттан. Быыбардааччыларыныын сибээстэһэ, накаастарын үчүгэйдик толоро сылдьыбыттара. Дьиҥнээх бэрэстэбиитэлистибэ диэн ол этэ. Оттон билигин ол 35-48 дьокутаат ону солбуйбат, норуоттан тэйии, былааска, баай дьоҥҥо илэмэ-салама түһүү эрэ буолуо. Онон ыксаамыахха, Госдума быыбарын күүтэн баран, ол кэнниттэн дьэ көрүөххэ-үөрэтиэххэ”, – диэтэ аксакаал бэлиитик.
Виктор Федоров “35 босхоломмут дьокутааты биһиги кыаммаппыт. 25 босхоломмуту кыаныахпытын сөп”, – диэтэ. “Баартыйа испииһэгинэн киирэр дьокутааты аҕыйатар сөп. Кинилэр биирдии мандааттаах уокуруктартан да туруорунуохтарын сөп буоллаҕа!” – диэн кыһытта. Быһаарыыны эмиэ билигин ылына охсор наада диэн ыксаталаата.
***
Ульяна Винокурова “биир да тыл парламент тоҕо уларыйыахтааҕын туһунан иһиллибэтэ. Оттон ол саҥа “публичнай” былаас тэриллэн эрэрин кытта сибээстээх” диэтэ. Биһиги онуоха нэһилиэнньэ санаатын эмиэ үөрэтиэхтээхпит диэн этии киллэрдэ.
“Алаас патриоттара, лоббистар”
Макар Яковлев: “Ил Дархан туһаайыыта дьүүллэһиллиэ суохтаах. Толоруллуохтаах”, – диэн быһа бааччы этэн кэбистэ. Оннук буоллаҕына, тоҕо "гражданскай уопсастыбаны тутабыт” эҥин дэһэн сордонобут? “Мин дьиҥнээх “профессиональнай” дэнэр парламеҥҥа үлэлээбитим. Онно 21 дьокутаат сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри олорон сокуон оҥорорбут”, – диэн аҕынна. Кини “кимнээх эрэ 4 сыл устата үрүҥ харахтарын өрө көрбөккө үлэлиэхтэрэ, кимнээх эрэ алаас патриота буолан, “лоббистаан”, үчүгэй дьокутаат аатырыахтара, мунньахтарга эрэ кэлиэхтэрэ”, – диир. Оттон итинник эрэ санааттан парламены уларытар сыыһа буолбатах дуо?
“Профессиональнай” парламент – “миф”
Егор Жирков: “Босхоломмут “профессиональнай” парламент таһаарыылаахтык үлэлиэ диир – кураанах дойҕох (миф). Баай, харчылаах эбэтэр административнай көмөнөн тахсыбыт дьон онно кэлиэхтэрэ. Онон ити Ил Түмэн хаачыстыбатын сыппатыы эрэ буолара өйдөнөр. Парламент – норуот былааһын көстүүтэ. Норуот талбыт дьокутааттара норуот интэриэһин сокуон чэрчитинэн көмүскүөхтээхтэр. Уокуруктарга араарыы тыытыллыа суохтаах, мин Ил Түмэн кэмитиэтэ ону туруорсарын кэрэхсиибин. Билиҥҥи бутуурдаах кэмҥэ атын суолталаах боппуруостары толкуйдуохха баара, парламены уларытар туһунан буолбакка. Оттон баартыйа испииһэгинэн 12 дьокутаакка тиэрдии, өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх баартыйалаах систиэмэни алдьатыы буолуоҕа”, – диэн сыаналаата.
Тутулуктаах парламеҥҥа кубулуйуо
Иван Шамаев: “Босхоломмут дьокутаат үлэтин иһин хамнас ылар. V ыҥырыылаах Ил Түмэҥҥэ 17 босхоломмут дьокутаат үлэлээбитэ, ол кэннэ билигин 19 буолла. Ил Түмэн бэйэтин ахсааныгар сөп профессионал дьокутааттардаах диэн этэбин. Кинилэр хайдах үлэлээн кэлбиттэрэ – атын боппуруос. Ол эрээри хаһан наада буолла да, Ил Түмэн мэлдьи даҕаны “мобильнай” этэ. Босхо гектары түҥэтии туһунан уустук баҕайы Федеральнай сокуон 75%-нын Саха сирэ оҥорон биэрбитэ. Ол дьоһун суолталаах, улахан сокуон этэ. Биһиги ону ситиспиппит. Ол аата, Ил Түмэн элбэҕи оҥорор кыахтаах. Онон кини ону кыайбата, маны ситиспэтэ диир сыыһа.
Дьокутаат мунньахха сылдьар эбээһинэһэ. Холобур, 25 босхоломмут, 45 уопсастыбанньык дьокутаат буолар түбэлтэтигэр мунньахтарга кворум туолуо суоҕун сөп. Ону мунньахтарыгар булгуччу сылдьыҥ диэн ирдиэххэ. Итини кытта мин Ил Дархан баартыйа испииһэгинэн талыллар дьокутааттар ахсааннарын 25% диэри аччатар туһунан этиитин өйүүбүн. Оччотугар 70 дьокутааттан 18 дьокутаат – баартыйа испииһэгинэн, атын 52 биир мандааттаах буолуо этэ. Ил Түмэн бэрэстэбиитэллээх функцията 1,5 төгүл улаатан биэриэҕэ. Холобур, Таатта уонна Горнай улуустара бэйэлэрэ бэрэстэбиитэллэниэ этилэр, Хотугу улуустар кыһалҕалара да сүтүө.
70 дьокутаат – саамай сөптөөх ахсаан. Онтон аччаатаҕына, бэл, бэлитиичэскэй уопуттаах бөҕө дьоммут Ил Түмэҥҥэ ааһар кыахтара суох буолуо. Бу тутулуктаах парламент буола түһүө. Өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһа федеральнай былаастан улахан тутулуктааҕын билэҕит. Онно конструктивнай да, конструктивнайа суох да күүстэр бааллар. Билигин барыта түргэнник уларыйа турар. Өрөбөлүүссүйэ оҥорор кэм буолбатах, онон эмискэ хамсаныыны оҥорумуохха. Ол курдук, СӨ Төрүт сокуонугар эмиэ аҥаар кырыытыттан буолбакка, булгуччу киириэхтээх эрэ көннөрүүлэри ылыныахха.
Босхоломмут (профессионал) дьокутаат ахсаанын элбэтии эрэ туһунан этэр буоллахха, ону регламент ирдииринэн, үлэ сиэринэн ыытар сөп. Сокуону оҥорор уорган бэрэстэбиитэлистибэ туһунан умнуо суохтаах, биир мандааттаах уокуруктар уруккунан хаалыахтаахтар. Онон Ил Түмэн дьокутааттарын ахсаанын 70-тан аҕыйатар сатаммат”, – диэн бөҕөргөтөн эттэ.
Аҕыйах ахсааннаах дьокутааттаах атын өрөспүүбүлүкэлэр парламеннарын хайдах кум-хам тутан, саамай суолталаах боппуруостарга иннилэрин ылбыттарын, “мыык” да дэттэрбэтэхтэрин Уйбаан Шамаев холобурдаата.
Бырабыыталыстыба үлэтэ мөлтөх
Гаврил Парахин, Ил Түмэҥҥэ ЛДПР баартыйа фракциятын салайааччыта: “Биһиги Ил Дархан туһаайыытыгар эппитин дьүүллэһэ олоробут. Оттон мин дьокутаат быһыытынан, бырабыыталыстыба үлэтин эмиэ “-3” сыанаҕа сыаналыыбын, бырабыыталыстыба уонна Ил Дархан мөлтөхтүк үлэлииллэр дии саныыбын. Дьокутааттар ыйга биирдэ мустар кыахтара суох диэн, ахсааннарын аччатаары гынар сыыһа буоллаҕа! Саамай кырдьаҕас ЛДПР баартыйатын фракциятын бэрэстэбиитэлистибэтин суох гына сатыыллар”, – диэн.
“Ньыгыллар, бэйэҕит бэйэҕитин кыайан быһаарбат буоллаххытына, бэл, В.Местников салайбыт кэмитиэтигэр кими олордор туһунан баччааҥҥа диэри быһаара илик буоллаххытына (кириэһилэни тардыалаһан, киирсии бөҕө барар турар), босхоломмут миэстэ элбээтэҕинэ, дьокутаат ахсаана аҕыйаатаҕына, туох буолуой?! “Ньыгыл Арассыыйа” бүгүн баар, сарсын суох буолуо. Эһиги былаас баартыйатын монополиятын олохтоору гынаҕыт дуо? Биһиги бүгүн нэһилиэнньэни тыа сиригэр төннөрүү, үлэнэн хааччыйыы, уот сыанатын намтатыы, о.д.а. тыын суолталаах кыһалҕа туһунан кэпсэтэр оннугар парламены уларытыы туһунан мөккүһүүнү тэрийэн эрэбит...
Онно-манна, өрөспүүбүлүкэҕэ бардахпына, үлэбэр сылдьар курдук сылдьабын. Онно миигин ким даҕаны көрсүбэт. Оттон “Ньыгыл Арассыыйаттан” дьокутаат кэллэҕинэ, массыынанан көрсөллөр, випзонаҕа тиэйэллэр. Уонна биһигини биир мандааттаах уокуруктарга барыҥ диигит дуо? Онно хайдах “ньыгыллары” кытта киирсэбит?! Туох баар кэмитиэттэргэ, дуоһунастарга үлэлэрин кыайбатах урукку баһылыктар, миниистирдэр олороллор дии. Ханнык профессиональнай парламент туһунан уонна этэҕит? Онон тугу даҕаны уларытар наадата суох!” – диэтэ.
70 дьокутаат нуормаҕа эппиэттиир
Дьокутаат Юрий Григорьев, “Сиэрдээх Арассыыйа” баартыйа фракциятын салайааччыта: “Тоҕо баары урусхаллаан, алдьатан баран хос оҥоро сатыыбытый? Баары ситэриэххэ, уруккуну эбэн биэриэххэ, тупсарыахха”, – диэтэ. Кини: “Билиҥҥи 70 дьокутаат РФ этэр нуорматыгар сөп түбэһэр. 70 диэри ахсаан онно ыйыллар. Босхоломмут дьокутааты 35 диэри элбэтии сокуоҥҥа эмиэ баар. Оттон көдьүүһү үрдэтии туһунан этэр буоллахха, ол бырагыраамаларга төннүү уонна Москубаҕа бэрэстэбиитэлистибэни тэрийии буолуо этэ. Баартыйалары 25%-ҥа диэри аҕыйатыы туһунан этэр буоллахха, ол 70 дьокутаакка кыаллыа, сокуон ону көҥүллүүр”, – диэтэ.
Кулун тутар 9 күнүгэр Ил Түмэн Уопсастыбаннай консултаассыйалыыр сүбэтэ буолла. Манна эмиэ араас санаа этилиннэ. Аҕыйах ахсааннаах дьокутааттаах атын өрөспүүбүлүкэлэр парламеннарын хайдах кум-хам тутан, саамай суолталаах боппуруостарга иннилэрин ылбыттарын, “мыык” да дэттэрбэтэхтэрин Уйбаан Шамаев холобурдаата.
Оттон дьокутаат Михаил Эверстов ити Сүбэҕэ сорох аксакааллар эппит тылларыттан-өстөрүттэн хомойбутун, кэлэйбитин биллэрдэ. Эбиитин “учууталларым дии саныырым, мин эһигиттэн манныгы күүппэтэҕим” диэтэ. “Биһиги, дьокутааттар, Ил Дархаммытын көмүскүүбүт. Биһигиттэн атын көмүскүүр ким да суох! Норуоппутун көмүскүүбүт. Дьэ, ол иһин парламент ахсаана оннунан хаалыахтаах. Биир да дьокутаат көҕүрүө суохтаах! Баҕар, мин алаас патриота да буолуум!” – диэн түмүктээтэ.
Парламент туһунан дьүүллэһии салҕанар.
Нина ГЕРАСИМОВА.
|
Category: Власть Правительство Ил Тумэн |
Views: 711 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 95 Ыалдьыттар (гостей): 95 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|