Саха дьиэтин булгуччу илин диэки ааннаан оҥостор. Бу – күҥҥэ сүгүрүйүүнү кытта ситимнээх. Бастаан балаҕан түөрт сүрүн баҕаналарын түһэрэллэр. Онно оҥкучахтарыгар сиэл, манньыат уураллар. Аан бастакынан Тойон баҕана – соҕуруулуу-арҕаа муннукка туруоруллар. Тойон баҕана балаҕан иһигэр көмүлүөгү кытта биир сүрүн миэстэни ылар. Онно бултаммыт көтөр куорсунун, кыыл уҥуоҕун анньаллара. Сороҕор Тойон баҕананы ат баһын курдук киэргэтэн оҥороллоро, сиэл, сороххо ат төбөтүн уҥуоҕун ыйыыллара. Балаҕан түөрт сүрүн баҕаналарыгар “ат баһа” диэн ааттаан көхө оҥороллоро. Баҕаналар иччилэрин эр киһи курдук саныыллар уонна “түөрт түүлээх дулҕа иччилэрэ” диэн ааттыыллар.
Балаҕан сүрүн баҕаналара уонна акылаата түспүтүн кэннэ оһоҕу тутан саҕалыыллар. Саха оһоҕо симии уонна сыбах диэҥҥэ арахсар. Оһох – дьиэ туллар тутааҕа, эргийэр киинэ, сырдыгы, сылааһы биэрээччи. Ол да тэҥинэн уот иччитэ – биир сүрүн уонна ытыгыланар иччи. Дьиэ кэргэн дьоллоох олоҕун түстүүр, харыстыыр, онтон сыыһа тутуннахха, накаастыан да сөп. Оһох иннинэн дьиэ бахсыта (хаһаайката) эрэ сылдьара көҥүллэнэрэ. Атын дьахталлар оһох иннинэн быһа сылдьыа суохтаахтара. Оттон оһох иннигэр дьиэ аҕа баһылыга эбэтэр ытыктанар ыалдьыт олорор буоллаҕына, кинилэр уонна оһох икки ардынан быһа хаамыы эмиэ бобуллара. Ыалдьыт киирдэҕинэ, бастаан оһоххо тиийэн ытыһын сыҕайар. Онтон биирдэ кэпсэтии саҕаланар. Ол аата “туох да куһаҕан санаата суох айыы киһитэ кэллим” диэн суолталанар. Оһох холумтана, сыбаҕа мэлдьи чэбэр, ыраас тутуллуохтааҕа. Кэргэн кэпсэтэр уолаттар онон көрөн кэргэн ылыахтаах кыыстарын талаллара. Сүктэр кыыс уол дьиэтигэр кэллэҕинэ, аан бастаан оһоххо тиийэн тымтык ууран уматар, ас кээһэр. Ол аата саҥа дьиэҕэ кэллим диэн аан бастаан уот иччитигэр биллэрэр, кини нөҥүө саҥа эйгэни кытта ситимнэһэр.
Олоҥхоҕо дьиэни маннык хоһуйаллар:
Хаҥас диэки турар киһи
Хараҥаччы саҕа буолан көстөр,
Уҥа диэки турар киһи
Улар саҕа буолан көстөр,
Суол айаҕар баар киһи
Суор саҕа буолан көстөр,
Кэтэҕириин баар киһи
Кэҕэ саҕа буолан көстөр.
Чинчийээччилэр этэллэринэн, бу тэҥнэбил мээнэҕэ үөскээбэтэх. Үгүс омуктарга, сахаҕа эмиэ, хаҥас – дьахтары, оттон уҥа – эр киһини кытта ситимнээх. Ол иһин хаҥас өттүгэр төрүүр-ууһуур бэлиэ хараҥаччы, уҥа – Байанай, Улуу Тойон бэлиэтэ улар ойууламмыттар. Оттон кэтэҕириин диэки кэҕэ ойууламмыта эмиэ түбэспиччэ буолбатах. Ити диэки биллэрик ороҥҥо ойуун кэллэҕинэ, утуйара уонна сэбэргэнэтигэр түктүйэни, бах таҥараны уураллара. Оттон биллэрин курдук кэҕэ – ойуун көтөрө, абы-хомуһуну кытта ситимнээх. Онтон аан аттыгар, тастан иһирдьэ киирии быыһык сиригэр суор ойууламмыта диэн кини киһи да, хомуһун да эйгэтигэр кыттыгастааҕынан быһаарыллар. Онон бу олоҥхо тэттик тэҥнэбилигэр саха олоҕун отуора ырылыччы сааһыланан көстөр.
Балаҕан иһигэр эркини кыйа ороннор бааллар. Киириигэ хаҥас эркиҥҥэ “уҥа атах орон” турар. Манна улахан аата-суола суох эр киһи ыалдьыт олороро, үлэһит-хамначчыт утуйара. Уруу кэмигэр итиннэ кэргэн ылар уол дьоҥҥо көхсүнэн буолан олороро. Салгыы бу эркиҥҥэ “ортоку уҥа орон” эбэтэр “түннүктээх орон” дэнээччи кэлэр. Кини суолтата син-биир бастакы орон курдук, кыра балаҕаннарга бу орон суох буолар. Онтон соҕуруулуу-арҕаа муннукка сыста саамай бастыҥ “биллэрик орон” кэлэр. Манна баай ыалдьыт, ытыктыыр хоноһолоро, ойуун утуйара. Утары арҕаа эркиҥҥэ, биллэриги кытта бастаһа, “бастыҥ уҥа орон” кэлэр. Бу орон үрдүнэн түннүктээх уонна утары аан аһылыннаҕына, тымныы салгын киирэринэн бүөмнүк утуйарга оччо табыгаһа суох. Манна, биллэрик киһилээх буоллаҕына, эмиэ бочуоттаах ыалдьыттары олордоллор. Биллэрик уонна бастыҥ уҥа орон сыстар муннуктара “кыһыл муннук” диэн буолар, манна таҥара холоруга турар. Онтон былыргыга тойон баҕанаҕа түктүйэни ыйыыллара эбэтэр сэбэргэнэҕэ уураллара. Түктүйэ диэн былыргы саха таптыыр чугас киһитин үөрүн ойуунунан туттаран, бүтэй тигиилээх, түөрт муннуга сиэллээх, ойуулаах туоска хаайтаран, кэриэстээн уурар ытык мала буолар. Мэлдьи арыынан сото, маанылыы сылдьаллара үһү.
Эмиэ ити муннугунан сандалы остуоллара турар. Онон бу быыс сир хайа да өттүнэн ытыктанар мааны сирдэрэ буолар.
Салгыы оһох утарытынан дьиэлээх ыаллар утуйар “кэтэҕириин оронноро” кэлэр. Бу орон эркинигэр, эмиэ биллэриккэ курдук, түннүгэ суох. Салгыы “хаҥас биллэрик” диэн орон кэлэр. Бу кыыс аймах олорор, утуйар сирэ. Манна кыыс хоһун – хаппахчыны туталлар. Салгыы хоту эркиҥҥэ “хаҥас орон” диэн кэлэр. Манна үлэһит дьахталлар, ыччат дьон утуйар. Эмиэ бу эркиҥҥэ, оһох кэннинэн, “иһит орон” диэн ыаллар иһиттэрин-хомуостарын уурар сирдэрэ баар, долбуурдаах буолар. Аан таһыгар илиҥҥи эркиҥҥэ кырдьаҕас дьоҥҥо анаммыт “араҥас орон” диэн туспа орон турар.
Аны бу ороннорбут үрдүктэрэ-намыһахтара уратылаһар. Ол курдук “уҥа атах ороно” дьиэлээхтэр кэтэҕириин оронноруттан намыһах буолуохтааҕа. Ол аата ыалдьыт дьиэлээхтэр “дьоллорун” ордук түһүө суохтаах диэн өйдөбүллээх.
Былыргыга дьахтар уҥа турар ороннорго олоруо суохтааҕа. Оттон эр киһи хаҥас баар “иһит ороҥҥо” чугаһаабат, аттыгар турдаҕына бултуур дьоҕура сүтүөн сөбө.
Оһох кэннинэн хотоҥҥо тахсар аан баар. Өбүгэ саҕана хотон балаҕаны кытта сыста турар. Кыстыктарыгар көстөхтөрүнэ, аан маҥнай хотон иччитин Наадьы Дьаҥханы аһаталлара: суораты хотон баҕаналарыгар ыһаллара, онтон арыыны күөх окко суулаан хоту баҕана анныгар уураллара. Ол эрэ кэнниттэн дьиэлэригэр киирэллэрэ.
Дьиэ барааныгар аан модьоҕото эмиэ суолталаах. Аан модьоҕотун үктээн киирии бу дьиэҕэ олорооччулары сэниири, ахсарбаты, ону ааһан атаҕастыыр-баттыыр майгыны көрдөрөр. Кыыс сүктэн кэлэригэр аан модьоҕутун атыллыырыгар кыабакатын симэҕинэн кылыр гыннаран ааһыахтаах. Ол тыаһыттан хайдах кийиит кэлбитин быһаараллара. Хатан, чуор тыас иһилиннэҕинэ, үчүгэй кийиит кэлбит, оттон симик, кыра тыаска – мөлтөх кийиит кэлбит диэн быһаараллара.
Ити курдук өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан туохха барытыгар суолта биэрэн, сааһыланан, олохторун оҥостон олорбуттара.
Борисов Б.Б. Ньурба түмэлин
научнай-чинчийэр салаатын салайааччыта.
Тирэх литература:
- Багдарыын Сүлбэ. Аал уоту оттунан. Дьокуускай, 1992.
- Данилова Н.К. Традиционное жилище народа саха. Пространство. Дом. Ритуал. Новосибирск, 2011.
- Серошевский В.Л. Якуты. Москва, 1993.
- Трощанский В.Ф., Пекарский Э.К. Якуты в их домашней обстановке: этнографический очерк. Санкт-Петербург, 1909.
Хаартыскалар куйаар ситимиттэн ылылыннылар.