News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2021 » Кулун тутар » 26 » ӨБҮГЭҤ ҮГЭҺИН ЫТЫКТАА!
ӨБҮГЭҤ ҮГЭҺИН ЫТЫКТАА! | 15:06 |
ӨБҮГЭҤ ҮГЭҺИН ЫТЫКТАА!
Былыргы саха норуота олоҕор дириҥник киирбит, атын омуктар олус биҺирээбит үгэстэрэ бааллар. Ол үгэстэри биҺиэхэ ким да атын сиртэн аҕалан олохтооботоҕо, норуот былыр былыргыттан бэйэтэ үөскэппит, бэйэтин кытта бииргэ илдьэ испит культурата.
Ол үгэстэр умнуллубаттарын уонна салгыы сайдалларын туһугар мин кэнчээри ыччаттарга анаан, кинилэри санатыахпын баҕарабын. Ону ылыннаҕына ыччат төрөөбүт норуотун ордук ытыктыаҕа, кини тyhyгapтуох баар өйүн-санаатын барытын биэриэҕэ дии саныыбын.
Ыалдьытымсах үгэс.
Былыргы саха ыала, бэйэтэ төҺө да тиийиммэттик олордор, сылдьар ыалдьытын, хоноҺотун, кини кимиттэн тутулуга суох, туох ханнык иннинэ аҺатан-маанылаан таһаарар үгэстээҕэ. Оттон ыалдьыта хоно кэлбит буоллаҕына, кини үчүгэйдик сынньанан баҺыыбалаан махтанан барарыгар бары усулуобуйаны оҥороро.
Сахалар хайа да омуктардааҕар уҺулуччу ыалдьытымсахтарын туҺунан сыылкаҕа сылдьыбыт политсыылынайдар сөҕөн-махтайан кэпсииллэрэ, суруйаллара.
Саха ыала ыраахтан айаннаан иһэр киҺиэхэ «Тоҥмута, аччыктаабыта буолуо» - диэн туох ханнык иннинэ кинини аһатара, итиилэтэрэ.
Уpyypҕaahын.
Уруурҕааһын саха норуотугар хайа да омуктардааҕар ордук иэйиилээхтик сайдыбыт үгэс. «Сахалар уруу туһугар ууга да түҺэллэрин, уокка да киирэллэрин кэрэйбэттэр» - диэн норуот номоҕо бэрт өрдөөҕүттэн үөскээбит буолуохтаах.
Сайыҥҥы от хомуурун үлэтэ саҕаланыан иннинэ уруулар-аймахтар ыккардыларыгар күүлэйдээһин үгэһэ баара. Ол үгэс аймахтар хайдах олороллорун билээри, наада буоллаҕына хардарыта көмөлөсүҺэр сыалтан буолара. «Үлэ былдьаҺыктаах кэмигэр дьоммутун кытта билсибэппит буолуо, билигин эрэ күүлэйдэҺэр кыахтаахпыт», - диэн санааттан төрүөттээҕэ, күүлэйдии кэлэр аймах булгуччу туох эмэ күүтүллүбэтэх кэҺиилээх буолара, оттон төннөрүгэр киниэхэ эмиэ үөрдэр кэһии тэриллэрэ.
Аһыныгас сүрэх.
Саха киҺитин аһынымтыата эмиэ норуокка киэҥник биллибит, биһирэммит үгэс. Былыр биһиги нэҺилиэккэ «Лэгэнтэй оҕонньор» диэн аҥар атаҕынан нэһиилэ сыҕарыйар инбэлиит олорбута. Оччолорго билиҥҥи курдук, инбэлииттэргэ туох даҕаны тэрээһиннээх көмө государство өртүттэн оҥоһуллубат этэ. Хата, ол оннугар чугастааҕы ыаллара, дууҺа иэйиитинэн туох да айдаана суох, суобастарын иэҺин курдук санаан, Лэгэнтэй оҕонньорго отун охсон, кэбиҺэн, кыҺын кыбыытыгар тиэйэн биэрэллэрэ.
КүҺүн, муҥха саҕана, Лэгэнтэй кыайан сылдьар кыаҕа суоҕуттан киниэхэ булгуччу соботуттан «өлүү» аныыллара. Кыанар үлэһит дьон Ленаҕа киирэн үлэлээн таҺаарбыт туораах бурдуктарыттан эмиэ матарбаттара. Ол курдук, тула дьонун аҺынымтыаларынан Лэгэнтэй барахсан син сөпкө ahaaн-сиэн, ыал буолан, буруо таҺаарынан олорбута.
Сахалар айылҕаҕа сүгүрүйэр үгэстэрэ.
Былыргы сахалар курдук улуу айылҕаҕа ис-истэриттэн тартаран сүгүрүйэр омук аҕыйах буолуо. «Биһигини айылҕа барахсан аһатан-сиэтэн илдьэ иһэр, айылҕа оҕолорунабыт», - дииллэрэ. Саас балыктыыр, оттуур күөллэрин тулатын хотуурунан, кыраабылынан, аҺыыр иһити сууйар курдук, ыраастаан баран, кыра кутаа оттоннор: «Эбэбит барахсан, быйыл даҕаны быйаҥҥыттан өлгөмнүк бэрсээр», - дии-дии уокка ас куталлара.
Булчуттар, дьиэлэриттэн тэйиччи үлэҕэ сылдьар дьон, отууга олорон, аҺыахтарын иннинэ бастаан уокка ас кутан айылҕаны аһаталлара, махталларын этэн сибигинэйэллэрэ.
Оттон «ыҺыах» диэн тугуй? ЫҺыах диэн дириҥ ис хоҺоонноох саха норуотун олоҕор өрдөөҕүтэ киирбит үгэс буолар. ЫҺыах диэн саха норуота сылга биирдэ мустан, үөрэн-көтөн олорон, улуу айылҕаҕа махталларын, баҕа санааларын этэр ытык бырааҺынньыктара.
ЫҺыах саас, от-мас көҕөрөн эрдэҕинэ, үөҺэттэн кимтэн да ыйааҕа суох, син-биир сөптөөх кэмҥэ, кэрэ айылҕа бэйэтэ уҺуктарын курдук норуот бэйэтэ ыытар. ЫҺыахха эдэрдиин, кырдьаҕастыын, оҕолордуун уруулардыын, син биир айылҕа сааскы кэрэтин симэммитин курдук, маанытык таҥнан ыҺыахтыыр сиргэ түмсэллэрэ. Онно кэлэн, аҺатан-иитэн илдьэ иҺэр айылҕаларыгар алгыс тылы этэллэрэ, кинини арыылаах кымыҺынан аҺаталлара, салама киэргэл ыйыыллара. «Быйаҥнаах сайын буолуохтун!» - диэн дууҺаларын баҕатын этэллэрэ.
Сахалар оҕону иитэр үгэстэриттэн.
Саха төрөппүттэрэ оҕону: «БиҺиги дьолбут, таҥара бэлэҕэ», - диэн ааттыыллара. Саха төрөппүттэрэ оҕолорун кытта иирсэр- өстөҺөр диэни билбэттэрэ, оҕону «чыычаах» диэн ааттыыллара уонна ис дууҺаларыттан иэйиилээхтик таптыыллара. Оннук иитии оҕону дьүдэппэтэ, хата, ордук амарах, аҺыныгас, көнө-көрсүө гына иитэрэ.
Былыргы саха оҕотун ону-маны өйдүүр буолаатын кытта, үлэҕэ иитэрэ. Ол туҺуттан киниэхэ төрөөбүтүнэн ньирэйи: «Бу эн бас билэр аналыҥ, сүөҺүгүн бэйэҥ көр-харай», - дииллэрэ. Oҕo кыаммат ньирэйи кытта бадьыыстаҺа сылдьан аҺыныгас уонна үлэҺит буола улаатара.
Былыргы саха оҕото дьонугар элбэх көмөнү оҥороро. ТаҺырдьа тиэргэн ыраастааҺына, суорунаҕа бурдук тардыыта, сайын амынньыар хомуйуута, ынахтары ыамнарыгар аҕалыы, кумаартан түптэлээҺин - барыта оҕо анал үлэтэ буолара. Ол үлэлэртэн оҕо хаҺан да салгыбата. Төрөппүттэрэ оҕону утары хаҺан даҕаны толоос тылы туттубаттара, куруук «тоойуом», «чыычааҕыам» диэн иэйиилээх тылларынан соруйаллара, буойаллара. Саха кэргэнин олоҕор оҕону күргүйдээҺин букатын даҕаны туттуллубата.
Айыырҕааһын.
Былыргы сахалар олохторугар биир дириҥник киирбит үгэҺинэн айыырҕааҺын буолара.
«Тоойуом, кырдьаҕас киҺини бас-баттах саҥарыма, күөх оту тэпсимэ, сүөҺүнү охсубат буол, чыычаахтар барахсаттары үргүтүмэ, кыра оҕону ытатыма - айыы буолуо!» - диэн дириҥ ис хоһоонноох этиилэринэн оҕону буойаллара. Итинник иитииттэн саха оҕото көрсүө, аҺынымтыа, бары куҺаҕантан туттунумтуо буола улаатар. Ол иҺин саха норуота бүтүннүүтэ, омук быҺыытынан кэпсээҥҥэ киирбит сэмэй, көнө-көрсүө сиэрдээх- майгылаах норуот. Кэлин айыырҕааҺыны: «Былыргы олох хаалынньаҥа, итэҕэйимэҥ», - диир уонна итэҕэйээччилэри күлүү-элэк оҥостор кэм кэлбитэ. Онтон ыла дьон сиэрэ-майгыта дьүдэйбитэ, дьон туохтан да сааппат, кыбыстыбат, тугу да итэҕэйбэт буолбуттара.
Дьэ, ити курдук, саха норуотун олоҕор дириҥник иҥэн хаалбыт ыалдьытымсах, уруумсах, аҺыныгас буолуу, айыырҕааҺын, айылҕаҕа сүгүрүйүү үгэстэри тастан биҺиэхэ ким да аҕалан биэрбэтэҕэ, норуот үйэлэр усталарыгар бэйэтин кытта бүөбэйдээн илдьэ испит сиэрэ-майгыта, норуот быҺыытынан бэйэтин культурата.
ҮөҺэ ахтыллыбыт өбүгэлэрбит үгэстэрин билиҥҥи ыччат уонна кэлэр көлүөнэ харыстыахтаах, салгыы сайыннарыахтаах, оччоҕо эрэ биҺиги норуоппут культурата үйэлэр усталарыгар бүтүн киҺи аймаҕы үөрдэ, биҺирэтэ, киэргэтэ туруоҕа.
М.А. Алексеев, СССР норуодунай учуутала.
(Коммунизм сардаҥата, 18.07.1991)
|
Category: Саха |
Views: 699 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 7 Ыалдьыттар (гостей): 7 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|