Хапытаал систиэмэтигэр олорон тэпсилгэни уйбат кэбирэх айылҕабытын тоҕо хастарарбыт улахан охсуулааҕын саҥа өйдөөн эрэбит. Сэбиэскэй кэмҥэ ханна өлгөм баайы булаллар да, аттыгар улахан куораты тутан иһэллэрэ.
Булда-балыга суох, сүөһү иитиллибэт, сыһыыта-күөлэ суох, саха кыайан олорбот сиригэр тутуллубут куораттарга, оробуочай бөһүөлэктэргэ кэлии дьон олохсуйбуттара. Сиртэн хостонор баай баранар аналлааҕын быһыытынан, бу куораттар олохтоохторо сири таҥастыыр кыахтара суоҕунан дьылҕалара чычырбас, инникилэрэ диэн суох. Хостонор баай Саха сиригэр барытыгар туһалыан оннугар үлэһиттэрэ олорор куоратын хайдах эмэтик хааччыйыыга төбөтүн ыарытар. Ол аата хостонор баай бэйэтин бэйэтэ кэрбиир. Нерюнгри, Чульман ыар дьылҕаламмыттарыгар Арассыыйаҕа тэҥнээҕэ суох улахан “Ингалинскай” диэн шахтаны, «Ингалинскай-2” хайаны байытар баабырыканы үлэҕэ киллэрэн, 20 млрд. солк. ороскуоттаан быыһаатыбыт диэбиттэрэ (“Кыым”, №36, 17.09.2020). Онтубут баара үлэһиттэр үгүстэрэ Украинаттан, Кемеровоттан кэлэн үлэлиир эбиттэр. Дэлэҕэ күбүрүнээтэр С.Цивилев кэлэн, баһыыбалаан барыа дуо. Үлэһиттэри атын эрэгийиэннэртэн эбии аҕалыахпыт, диэбиттэр. Онно саха сыта да суох.
“Нежданинскай” (Томпо улууһа) бириискэ көмүһүн саппааһа дойдуга 4-с миэстэлээх. Кипрга суруллубут, “Полиметал” (А.Кесис) уонна Р.Абрамович бас билиилэрэ, Казахстан, Армения дьоно үлэлииллэр.
Сэбиэскэй кэмҥэ “Депутатскай” комбинакка (Аллараа Дьааҥы) хорҕолдьуну хостууллара. Билиҥҥи харчынан 500 млрд. солк. ороскуотунан тутуллубут, 13 тыһ. киһи үлэлиир, комбината, олорор бөһүөлэгэ, Кытай хорҕолдьун сыанатын түһэрэн, эстибиттэрэ.
2021 с. бүддьүөтү көрдөххө Саха сирин 1 мөлүйүөнү кыайбат нэһилиэнньэтиттэн, ол аата барыбытыттан, дохуоккут 13 бырыһыана диэн, 28 млрд. солк. тутан ылаллар, сиртэн хостонор баайтан киирэр дохуоттааҕар (17,7 млрд. солк) элбэҕи. Дьэ бу туох баттыгаһай? Алмаастан 13,5 млрд. солк. киирэр буоллаҕына ньиэптэн-гаастан, көмүстэн, чохтон 4,2 млрд. солк. киирэр, тыа сиригэр ананар харчы аҥаарын даҕаны толуйбат. Чохтон отой даҕаны быыкаайык, баара-суоҕа 389 мөл. солк. киирэр. Дьэ оччоҕо тоҕо сирбитин түөрэ хастарабыт, өрүстэрбитин сүлүһүнүнэн толорторобут? Бу салааларга саха ааттаах үлэлээбэт, ким эмит сыһыннаҕына иһэрдэн баран үүрэн кэбиһэллэр. Үөһээ Бүлүү улууһа 9 сыл устата алмаасчыттартан ылбыт 2,3 млрд. солк. харчытын хайдах туһаммыттарын баһылык В.С.Поскаин отчуоттаабыта (Кыым, 30.07.2020 с.), атын баһылыктар – суох.
“Сахатэк” диэн саха ньиэпкэ-гааска киирэр суола аһыллыбытын туһунан (“Кыым”, 13.08.2020 с., А.Н.Максимов “Сахатэк” – саха ньиэпкэ-гааска киирэр суола”) олус сэргээн аахпытым. Афанасий Николаевич үүт харчытын быһаарыахпыт, диэбитэ олус үөрдүбүтэ. 16 трлн. кууп гаас саппааһын сахалар, тастан кими даҕаны кытыннарбакка, туох даҕаны базата, халыҥ хахха үлэһитэ, элиитэтэ суох кыайан таҥастыыбыт дуо, диэн долгуйуу санааны аймыыр. Итиччэ үлүгэр баайы сахалар бэйэбит эрэ аймыырбытын оботтоохтор – дойду сыллааҕы бүддьүөтүнээҕэр (21,5 трлн. солк.) элбэх баайдаах 22 олигарх (23,1 трлн. солк.), 5 күн иһигэр 282 млрд. солк. уоран куотар бырааттыы Ананьевтар, кинилэри кытта утаа-сампай барсар бөрөлөр холкутук, көрөн баран олоруохтара дуо, диэн мунчаарыы барыбытын долгутар.
Иннокентий ОКОНЕШНИКОВ.
Орто Халыма.