БЫЫБАРДЫЫ БАРБАТЫМ...
Уһун үйэбэр аан бастаан быыбардыы барбатым. Мин эрэ буолбатах –биһиги дьиэттэн үһүө буолан учаастакка тахсыбатыбыт. Кэрээнэ суохтан кэлэйэн, хал буолан, эрэли сүтэрэн.
ОБЕДИН
Бу киһини хаһыат нөҥүө билбитим ырааттаҕа. Саха сиригэр нууччалыы тыллаахтар ортолоругар киниэхэ тиийэр суруналыыс суох дии саныыбын. Толкуйун далааһынынан, суруйа, анаалыстыы охсоро түргэнинэн тэҥнээҕэ суох. Ордук хоруупсуйа Саха сиригэр дэлэйиитин утары суруйара үгүс дьоҥҥо сөбүлэтэрин билэбин. Уонна кинини хаһан да мээр оҥорботторун эмиэ. Куолаһынан баһыйбыта да буоллар ньыма булан кыайтарбыт оҥоруох этилэр. Ол да үрдүнэн кинини тоҕо өйөөтүлэр? Кини нөҥүө “Саха сирин халааһыны тохтотуҥ, сокуону тутуһуҥ, көҥүлү тууйумаҥ” диэччилэр санааларын эттилэр. Оннук санааны этэн-этэн кэллэхпит буолуо да былаас онно эрэ кыһаммат. Итини дьакыйарга полиция, росгвардия бөҕөнү иитиэхтээн олордоҕо. Обедин мээр буолта буоллар “Горизонт-РТ” дьыалатын көбүтүө этэ дуо? Саарбах. Пикеттиирбитин, миитинниирбитин көҥүллүө эбитэ дуу. Ол да саарбах. Тумууһабын утары миитиннии тахсарга, эбэтэр Республика күнүн бэлиэтииргэ проспект устун хаамарга көҥүллэтэ сатыахпыт турдаҕа. Кини мээр быыбарыгар 33 228 киһи куолаһын ылбыт, ол аата С.Авксентьева 2018 с. 32 911 куолаһы ылбытын аһары түспүт. Итинэн кинини саҥа сулус умайда, саҥа политик кэллэ диэн өрүкүнүһэллэр, ол иһигэр Тумууһап. Дьиҥинэн, бу да быыбара суох, В.Обедин политик буолбута, сулуһа умайбыта ыраатта. Дьон өйүн-санаатын уһугуннарыыга республикаҕа туһата Тумууһаптааҕар таһыччы. Ону Миронов да билиннэ быһыылаах, сахалартан сыаналаах бэлэх ылбыттыы үөрдэ.
ГРИГОРЬЕВ
Кыымҥа В.Степанов: “...С.Авксентьева уурайарыгар Е.Григорьевы Ил Дархаҥҥа илдьэн (бука илиититтэн сиэтэн буолуо. И.Б.) ”бу эдэр кэскиллээх салайааччыны оннубар хаалларыахпын баҕарабын, икки сыл бэйэтин олус үчүгэйдик көрдөрөн, мээр 1 солбуйааччытыгар тиийэ үүннэ” диэн эппитэ”, -
диэн суруйар. Бастакытынан, Григорьев “мээр 1 солбуйааччытыгар тиийэ үүммэтэҕэ”, кини А.Николаевынан ананан (соҥнонон) кэлбитэ уонна ити дуоһунаска тута олордуллубута. Бизнесмен эрээри тэрилтэтин хаалларбакка үлэҕэ киирбитэ биллэн, уурайа охсон тэрилтэтин киһиэхэ биэрэн баран мээрийэҕэ хаттаан киирэн үлэлээбитэ. “Бэйэтин олус үчүгэйдик көрдөрүүтэ” ити буолуо. Бэйэтин мөлтөх өттүттэн көрдөрүүтэ үгүс. Куорат кытыытынааҕы уулары бөҕүнэн көмө-көмө дьиэ тутталларын экологтар хаартыскаҕа түһэрэн, сурук суруйан болҕомтотун тарда сатаабыттара да, онно эрэ кыһамматаҕа. Атын дойдуларга үлүгэрдээх үгүс үбү кутан искусственнай уулары куораттарыгар олохтуу сатыыллар. Оттон биһиги соторутааҕыта кус төрүүр ууларын бүтэрэн эрэбит. Мээр буолуохтаах киһи ону өйдөөбөтүн көрдөрбүтэ. Быыбарга агитациятын күһүн эрдэттэн саҕалаабыта, “үлэтин кэпсии таарыйа”. Онтон Авксентьева агитацията тахсыбыта. Тохтуу түһэн баран спортар биэрии оҥорбуттара, телевидениены туһаныы саҕаламмыта. Ол биэриигэ сороҕор спордунан күҥҥэ иккитэ дьарыктанабын диэбитин бэл ыытааччы сөхтө быһыылааҕа, оттон хаһан дьиҥнээх үлэҕинэн дьарыктанаҕын диэх курдук ыйытыы баара. Итинник, быыбар боппуруоһун таарыйбакка эрэ, агитация быыстала суох ыытыллыбыта. Ол быыбар чугаһаабытыгар сатала суох хойдубута. Григорьев административнай күүстэн аккаастанан, тус бэйэтин кыаҕын, билиитин көрдөрбүтэ буоллар итэҕэллээх буолара хааллаҕа. Ол суох буолан дьон быыбарга тахсыбата, сапсыйан кэбиспитэ. Кинини хайаан да мээр оҥорор сыал-сорук туруоруллубута өтө көстөр буолан. Кини мээр буолуон ким ордук баҕарбытай? Обедин хоро таһыы, уоруу туһунан хаҕыс тыллара куттаабыт аньыылаах-харалаах улахан хоруупсуйа дьоно; кыра-орто баайыылаах уоруйахтар; дьиҥ - чахчы киниэхэ эрэммит көрсүө-сэмэй үлэһит дьон; кулуттуйан хаалбыттар (холуйдар), атыннык эттэххэ - үөһээ былаас эттэ эрэ диэн сүүрээччилэр; “саха эрэ буоллун” диэччилэр. Балартан хайалара элбэҕин этэр уустук. Уоруйахтар баҕас үөрбүттэригэр саарбахтааһын суох, сотору саакяннар, петросяннар тохтоон хаалбыт тутуулара салҕанан барарыттан соһуйуохпут суоҕа. Кулун тутар 29 күнүгэр, төһө да быыбарга кыттыбатарбын, эрдэттэн түмүгүн кэтэстим. Сарсыарда 7 чаас саҕана киин каналынан Биир ньыгыл Арассыыйа киһитэ Григорьев Дьокуускай мээрэ буолбутун үөрбүттүү биллэрдилэр. Ити Москваҕа 1 чаас түүн. Утуйбакка кэтэһэн олорбут Ньыгыл дьонугар биһиэннэрэ биллэрэн үөртэхтэрэ. Ол эрэ кэнниттэн бэйэбит араадьыйабыт, телевидениевит быыбар барыллааһын түмүгүн кэпсээтэ. Саха сирэ Биир ньыгыл политическай партияҕа бэйэтин сэмэй бэлэҕин оҥордо.
Е.Григорьев политическай партия чилиэнэ эрээри политиканан дьарыктамматын туһунан этэрэ дьону албыннааһын буолар, бу киһиттэн тугу баҕарар күүтүөххэ сөбө көстөр. Оттон саамай үөрбүт киһинэн Айсен Николаев буолла, үөрүүтүн туох тылынан этиэн да билбэт быһыылаах. “Критально чистай” быыбар буолбут үһү. Салгыны, ууну (предмети) инньэ диэххэ сөбө буолуо, оттон событиены (быыбары) инньэ диир төһө сөбө эбитэй? Маны тыл үөрэхтээхтэр туох дииллэрэ буолла?
ФЕДОРОВ
Хаҥаласка Умнас Бааһынайдара диэннэр олохсуйбуттара хас да үйэ буолуо. Генерал Припузов, М.Николаев уонна дьон маанылара, улуу спортсменнар Г.Гребнев, И.Кондратьев, З.Иванов, Е.Филиппов о.д.а. бу сиргэ олорон аастылар, сорохторо билигин да иккис дойду оҥостон олороллор, төрүүллэр - ууһууллар. Бырааттыы Добрянцевтар “Ферма кыргыттара” ырыаны тардан кээһиэхтэрин сөп. Владимир Федоров бу дьонтон хаан тардыылаах Хаҥалас ыччата. Уонтан тахса сыллааҕыта Даркылаах биэрэгэр тиксибитигэр айдаан тахсыбытын туһунан суруйбуттара аҕай. Шашлыктыы сылдьар силовиктар киэптээбиттэригэр харда биэрбит. Оннооҕор өйдөөҕөр киһини киһи диэбэт силовик холуочугар хайдаҕа сэрэйиллэр, кыра киһини тэпсэн, балыйан кэбиһиэхтэрэ эмиэ биллэр. Владимир Юрьевич киһитэ кини буолан харда биэрдэҕэ буолуо. Киһини утары сааны тутуу улахан ыстатыйа, оннооҕор даачаҕа ыттан көмүскэнэн салгыҥҥа ыттаххына аҕыйах сылга барыах курдуккун. Владимир Юрьевич 10-15 сылга түбэспэтэҕэ, түрмэҕэ кыра да болдьоххо олорботоҕо. Тоҕо буолуой? Туох эрэ төрүөт, дакаастабыл баара буолуо. Ол оннугар быыбар аайы ити түбэлтэни хостооһун буолар, атын суох быһыылаах. Элбэх харчыга кыһаллан-мүһэллэн эрдэхтэрэ. Аны ханна да туруоруннар кыайыылаах тахсаары былааһы куттуур, ону утары күүс, ньыма бөҕөтө туттуллар. Сорун сордууллар да кыайтарбат, өй, күүстээх санаа киниэхэ баар, дьон ол иһин дьокутаат оҥорор, мээринэн да талыах эбит. Григорьевы үөхтүлэр дииллэр, баҕар саарбах киһитин билэн буолуо. Автобуска бытыгын да ситэ хоруммат киһи куораты ыраастыа дуо диэн кэпсэтэллэрин истибитим. Саха эмээхситтэрэ этэ. Мин курдук автобуһунан айаннааҥ, элбэх информация онно баар. Ол элбэх информациялаах автобуспар Федоровы хаарыйар тылы истибэтэҕим.
САРДААНА
Кини билигин миэхэ Сардаана Владимировна буолбатах, көннөрү Сардаана, бэйэм курдук куорат олохтооҕо. Куоластааммыт мээр оҥорон үөрдүбүт да этэ. Сэниэлээх баҕайы дьаһаллары ылан, үлэ ыытан, хамсааһын тахсан эрэриттэн астынарбыт. Саакян, Петросян диэннэр куорат ортотугар сир ыла охсон тутуу ыыталларын тохтоппута. Ол дьон, бука, сири буор-босхо ылбатахтара буолуо диэн дьон сэрэйэр. Эргэрбит мээрийэ дьиэтин атыылаан баран администрациятын 17-с кварталга көһөрөр дьаһала эмиэ сонун этэ. Хаһан да кыаттарбатах проблемалаах, “Чжода” абыраабатах кварталын итинник эрэ ньыманан өрө тардыахха сөбө көстүбүт курдуга. Республика баһылыга итини сөбүлээбэтин туһунан бэчээт суруйбута. Аны бастакы солбуйааччытын В.Федоровы, харчы бөҕөтүн хамсатан буолуо, араас ньыманы бары туттан, дипломугар кытта киирэн туораппыттара. Бу дьонуҥ Е.Михайлова дьон үлэтин уһултаран наука доктора буолбутугар тоҕо эрэ кыһамматтар ээ, икки сирэйдээхтэр. Саҥа салалталаах мээрийэни сүгүн үлэлэппэт сибики биллибитэ. Сотору-сотору прокуратура дьэгдьиирэ, куһаҕан сураҕы ыытыы тохтообокко барбыта. Туохтан эрэ дьаарханыы баара. Араас арыллан тахсыа диэн дуо? Биир-биир ылҕаталыыр чопчу сорук турбут курдуга. Урут федераллар хаарбах дьиэни көһөрүүгэ үтүмэн үбү биэрбиттэринэн элбэх таас дьиэлэри туттартаан баран атыылаан харчытын сиэптэригэр угуннулар диэн Н.Седалищев суруйа, этэ сатаата. Кини онтон да үгүһү туруорсуута аара тохтотуллан, туормастанан иһэр. Баларга кыттыгастаахтарга бэйэ киһитэ наадата биллэр. Авксентьева “бэйэ киһитэ” буолартан аккаастаммыта буолуо дуо? Баҕар буолуо. Ол иһин туох эрэ дьиэктээҕин булан силлибэт сириттэн ыллылар, уурайарга күһэйдилэр дуо? Ыарыйдым, үлэбиттэн барабын диэбитин Гордума сорох дьокутааттара утарса сатаабыттар, эмтэнэн баран салгыы үлэлээтин диэн. Ол эмиэ да сөп, бар дьон итэҕэлин ылан баран куотан хаалыы курдук. Улаханнык ыалдьыбыт, суһал операцияҕа киирэр, үлэтиттэн аккаастанар диэн, биһигини – быыбардаабыт дьону – уолуттулар аҕай. Мэктиэтигэр тэҥҥэ ыалдьа сыстыбыт. Операцияҕа киирбитин бэчээт биллэрдэ. Сотору соҕус буолан баран дьахтарбыт тахса охсон мероприятия бөҕөтүгэр кыттыбытынан барда, үҥкүүлээбэт эрэ. Эмтэнэн тахсан баран салгыы мээрдиир турук баар курдуга, хаттаан быыбары ыытан куораты ороскуокка тэппэккэ эрэ. Биһиэхэ хайдах-хайдаҕый диэн санаа үөскээтэҕэ дии, сорохтор таҥнарыахсытынан ааҕа оҕустулар. Оннук санаа кини Григорьевы агитациялаан барбытыгар ордук күүһүрдэ. Киниэхэ итэҕэл сүттэ.
ТУМУУҺАП
Сөдүөт хайа муҥун, бачча уһун сылларга Госдумаҕа олорон хаһан, хайдах, туох иһин куоластыырга, хайдах дьаһанарга үөрэннэҕэ. Тус бэйэтин туһатыгар. Обедины туруоран син биир сүүйүүлээх хааларын ама билбэт буолуо дуо? Госдума быыбарыгар Тумууһабы соҕотоҕун өйүүрүм буолуо дии санаабытым да, бу быыбар кэнниттэн балачча буолар чинчилээхпит. Үгүс дьону кэлэппитинэн, штабын дьоно кытта кистээн утары куоластыахтара эбитэ буолуо да... “Оппозиционер” киһини билигин үгүстэр өйүөхтэрэ, баай уоппута итиннэ туһаҕа кэлиэ турдаҕа. “Можно сказать , что в выборах участвовала вся республика. Мобилизовали глав всех 600 с лишним наслегов. Требовали списки, запугивали людей увольнением. По мнению наших наблюдателей, примерно у 20 процентов людей не было своего политического мнения. Они голосовали от испуга” дии олорор, Навальнай курдук киһини, ама, оппозиция өйүө суоҕа дуо? Бу киһигит, мантан көрдөххө, өссө республика баһылыгын дуоһунаһыгар чарапчыланар курдук. Кини Александр Габышевы тутулуга суох экспердар чинчийэллэрин ситиһэр кыахтааҕа да, төттөрүтүн оҥорбута. Габышевы кыайан саҥарбат оҥорон эрэллэрэ, баттаҕын күүстэринэн кырыйбыттара, ити дьиэттэн тахсыбатын ситиһэ сатыыллара иһиллэр. Төһөлөөх кырбыылларын ким көрүө баарай. Дьиэтин аанын алдьатан күүстэринэн тоҕо анньан киирбиттэригэр көмүскэнэ сатаан киһини дэҥнээн, онно холуобунай дьыала тэриллибитин суруйан тураллар. Ол аата сууттаныахтаах уонна хаһан да эргиллибэт сиригэр угуллуохтаах. Кинини туталларыгар 9 массыыналаах 50 киһи кыттыбытын туһунан суруйаллар. Ону таһынан ГАИ үлэһиттэрэ суолу бүөлээбиттэр. Ити да түгэн бу киһи атыттартан уратылаах, “былааска кутталлаах” киһи буоларын көрдөрөр. Тумууһап дьиҥнээх Госдума дьокутаата эбитэ буоллар манна орооһор, дьиҥин быһаарса сатыыр эбээһинэһэ этэ да, кыһаллыбата, тус бэйэтин эрэ инникитигэр кыһана-мүһэнэ сылдьара илэ көстөр.
ТҮМҮКТЭЭҺИННЭР
Быыбары үгүс киһи ырытта, түмүктээһиннэри оҥордо. Саамай чуолкай уонна ылыннарыылаах Егор Жирков киэнэ. Төһө да Григорьев 44% ылла диэтэллэр, онтуката куорат быыбардааччытын уопсай ахсаанын баара-суоҕа 18,5% ылар эбит. Кып-кыра! Бу кыайыы-хотуу буолбатах. Оттон дьон бырачыастаан быыбарга тахсыбатаҕа - былааспыт кыайтарыыта, итэҕэлтэн тахсыбытын туоһута. Егор Петровичтан ураты үчүгэй ырытыыны Кыымҥа
Нина Герасимова оҥорбут. Этиитэ барыта дакаастабыллаах, кубулҕата суох туруору. Оттон ити хаһыакка Владимир Степанов ырытыыта били киин телевиденияҕа түөскэтэ Владимир Соловьев ыытар биэриитигэр маарыҥныыр. В.Соловьев “үтүө биэриилэрэ” төлөбүрдээх бөҕө - Италияҕа вилла атыыласпыт. Ону былдьаан ылбыттар. Биһиги да Володябыт сэрэниэ этэ, сакаас биэрэн суруттарааччылар баар да буоллахтарына, соттон баран быраҕан кэбиһиэхтэрин сөп. Оттон быыбар буолаары турдаҕына студеннары уопсайдарга симиини хайдах өйдүүбүт? Уопсай карантины карантин диэбэккэ? Куһаҕан дьаҥ долгуна арҕааттан кэлбитэ. Билигин онно эмиэ өрө турда, сотору манна кэлиэ. Оҕолор ыалдьан барыахтарын сөп, онуоха хайа дьаһалта эппиэттиир?
Иван БУРЦЕВ 02.04.2021 с.
|