News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2021 » Муус устар » 6 » "ЧАП УУС" РЕСПУБЛИКАНСКАЙ КҮРЭХ КЫАЙЫЫЛААХТАРА БИЛИННИЛЭР
"ЧАП УУС" РЕСПУБЛИКАНСКАЙ КҮРЭХ КЫАЙЫЫЛААХТАРА БИЛИННИЛЭР | 13:12 |
: https://www.instagram.com/p/CNKvA63o8Vs/?igshid=1f83cyjwq8391
"ЧАП УУС" РЕСПУБЛИКАНСКАЙ КҮРЭХ КЫАЙЫЫЛААХТАРА БИЛИННИЛЭР
⠀⠀Үөһээ Бүлүү улууһугар муус устар 1-2 күннэригэр “Тенгрианствоҕа Айыы Таҥара уонна Уус кыһата” диэн Бүтүн Россиятааҕы II научнай-практическай конференция үрдүк таһымҥа ыытылынна. Ол курдук бу тэрээһин уустар түөлбэлэринэн биллэр Кэнтик нэһилиэгин талааннаах уустара Савва Николаевич Таркаев – Таркай Уус төрөөбүтэ 120 сылыгар уонна Сысой Степанович Тумусов – Уус Сочуой төрөөбүтэ 110 сыллаах үбүлүөйдээх сылларыгар ананна.
⠀⠀Улахан тэрээһин маҥнайгы күнүгэр улуустааҕы Киин ааҕар балаҕаҥҥа “Тенгрианствоҕа Айыы Таҥара уонна Уус кыһата” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах конференцияҕа Саха сириттэн, Тываттан, Алтайтан, Башкортостантан, Казахстантан, Азербайджантан, Монголияттан, Пакистан барыта 80 чинчийээччи, көрөөччү кэлэн, сорохтор зуум сыһыарыы нөҥүө холбонон, кытыыны ыллылар. Балар истэригэр 8 билим дуоктара, 8 билим хандьыдьаата бааллар.
⠀⠀Конференцияны арыйыы үөрүүлээх тэрээһинигэр Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Поскачин, Аҕыйах ахсааннаах Хотугу норуоттар кыһалҕаларын быһаарар Россия наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын салайааччыта Анатолий Алексеев, Ил Түмэн норуодунай депутата, наукаҕа, үөрэҕириигэ, култуураҕа, сырдатар-иһитиннэрэр эйгэҕэ уонна общественнэй түмсүүлэр кэмитиэттэрин чилиэнэ Мария Христофорова, Монголия сиэрин-туомун академиятын президенэ Дашням Лувсндамбын, Алдан-Маадыр аатынан Тыва Өрөспүүбүлүкэтин национальнай музейын дириэктэрэ, Тыва судаарыстыбаннай университетын профессора, Монголия наукаларын академиятын бочуоттаах дуоктара Бичелдей Каадыр-Оол, Саха сиринээҕи уустар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Роман Готовцев – Мындыр Уус, Кэнтик нэһилиэгин кыраайы үөрэтэр “Чап уустара” түмэл идэлээҕэ Василий Алексеев – Бааһынай Баһылай бэйэлэрин истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
⠀⠀Конференция икки түһүмэҕинэн ыытыллынна. Бэрэссэдээтэллэринэн тыл билимин дуоктара, Хотугулуу-илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр үнүстүтүүт профессора Василий Илларионов уонна М.А. Алексеев аатынан республиканскай лицей-интэрнээккэ култуура кафедратын сэбиэдиссэйэ, Миирнэйдээҕи Политехническэй үнүстүтүүт поофессора, история билимин дуоктара Никита Архипов үлэлээтилэр. Ырытыһыыга РФ Илин эҥээригэр түҥ былыргы кэмтэн тимири уһаарыы устуоруйатыттан саҕалаан, биллиилээх уустар төрүччүлэрин, үлэлэрин, ыччаты ууска уһуйуу, уруулуу омуктарга, тенгрианствоҕа уус, айыы таҥара оруолларын туһунан элбэх интэриэһинэй үлэ ааҕылынна. Кыттааччылар, саха норуота түҥ былыргаттан айыы таҥараҕа үҥэрэ, кини аан дойдуну анаарара, киһи-аймах халлааҥҥа, Тенгригэ үҥүүтүн кытта культурнай-историческай сибээстээх эбит диэн биир түмүккэ кэллилэр. Сахаларга XIX үйэҕэ диэри үлэлээбит, сайдыылаах тимир ууһун кыһаларын киинэ чахчыланна. Саха норуота үгүс евразия норуоттарын кытта ситимниир салаалааҕын туһунан элбэх билиини ыллылар. Итинэн сиэттэрэн, саха, норуот быһыытынан, үйэ балысхан сайдыытыгар сиэрин-туомун, тылын-өһүн, сахалыы кутун сүтэрбэтин туһугар сыал-сорук турда.
⠀⠀Кыттааччылар бу үгүс норуоту ситимниир, сытыытык турар боппуруостардаах “Тенгрианствоҕа Айыы Таҥара уонна Уус кыһата” диэн Бүтүн Россиятааҕы III-с научнай-практическай конференцияны 2022 сылга эмиэ ыытар, археологическай чинчийиилэр түмүктэригэр, Кэнтик нэһилиэгэр Тоҥуо үрэх анныгар булуллубут тимири уһаарар оһохтору, судаарыстыба киһи-аймах култууратын нэһилиэстибэтин курдук сыаналыырын ситиһэр туһунан санааларын этиннилэр.
⠀⠀Онон, конференция ыытыллыбыт сыалын-соругун толору ситтэ. Түмүгэр кыттааччылар тэрийээччилэргэ олус сэргэх, үгүһү биллэрэр уонна билиһиннэрэр тэрээһини көҕүлээн, иилээн-саҕалаан үрдүк таһымҥа ыыппыттарын иһин махтал тылларын тиэртилэр. Конференцияҕа көтөҕүллүбүт үлэлэринэн хомуурунньук бэчээттэнэн таҕыста.
⠀⠀Онтон муус устар 2 күнүгэр бу тэрээһин иитинэн Кэнтик нэһилиэгэр “ЧАП УУС” диэн республиканскай уустар күрэхтэрэ, ону сэргэ аҕа күнүн көрсө, кэскили кэҥэтэр, удьуору салгыыр улуустааҕы “Аҕа күрэҕэ” ыытылынна.
⠀⠀Уустар күрэхтэригэр күөн көрсө Сахабыт Сирин 8 улууһуттан, Тааттаттан, Нам улууһуттан, Хаҥаластан, Кэбээйиттэн, Сунтаартан, Ньурбаттан, ыаллыы Бүлүү улууһуттан уонна Үөһээ Бүлүүттэн барыта 67 тимир ууһа кэллэ.
⠀⠀Тэрээһин саҕаланыытыгар уустар уран оҥоһуктарыттан быыстапка, атыы-эргиэн тэрилиннэ. Кэлбит дьон сөбүлүү көрбүт хомустарын, быһыччаларын, саха быһаҕын атыылаһан үөрдүлэр, астыннылар. Көрдөрүүгэ турбут оҥоһуктар, хомустар, кыптыйдар дьүүллүүр сүбэнэн сыаналаннылар. Ол курдук бастыҥ кыптыйы, хомуһу оҥорбут ууһунан Сунтаар Бордоҥуттан Кирилл Петров буолла. Бастыҥ уус уран оҥоһугу оҥорбут уустарынан - улахан дьоҥҥо Үөһээ Бүлүүттэн Павел Константинов, оҕолорго Байсен Анреев ааттаннылар.
⠀⠀Биир улахан сэҥээрини ылбыт күрэҕинэн Кэнтик Эбэҕэ анньыыны тургутуу буолла. Ол курдук күрэххэ кыттыбыт тимир уустара бэйэлэрэ оҥорбут анньыыларынан мууһу көйөн, ойбону ыраастаан, уу таһааран, ойбону алларыыга илин-кэлин түһүстүлэр. Бу элбэх күүһү-уоҕу эрэйэр күрэскэ Сунтаартан кытта сылдьар Владимир Татаканов бэйэтин тэҥнээҕин булбата.
⠀⠀Онтон саха быһаҕын кылаанын тургутар күрэх - уустарга биир сүрүн күрэҕинэн буолла. Манна саха тимириттэн оҥоһуллубут, кумааҕы лииһин ириэнэх арыыны быспыт курдук сытыы быһахтааҕынан Ньурбаттан Иван Васильев ааттанан, кыайыыны ситистэ. "Булат быһах" тигельнай ыстаалтан оҥоһуллубут быһах күрэҕэр "Кылаан Ааты" Александр Терентьев ылла. Онтон "Дэгиттэр" быһаҕы Хаҥалас ууһа Роман Аммосов чочуйан оҥорбут диэн үрдүктүк сыаналанна.
⠀⠀Уустар күрэхтэригэр оскуола оҕолорун кэрэхсэбиллээх оҥоһуктара дьон-сэргэ сэҥээриитин-хайҕабылын ыллылар, тимири уһаары кэскиллээҕин көрдөрдүлэр.
⠀⠀Аҕалар улуустааҕы күрэстэригэр Кэнтиктэн Егоров Семен уолунаан Клавдийдыын, Сергей Петрович уолун Сергейы кытта, Хомустаахтан Николай, Ким Кухотовтар, Тамалакаантан Александр Саввинов уолун Арылханы кытта уонна Далыртан Александр Данилов уолунаан Сашалыын кытыннылар. Кыттааччылар бэйэни билиһиннэрии, ойбону алларыы, маһы хайытыы, эрбэтии, баҕана ыттыы, сыалы ытыы, билиини тургутуу курдук түһүмэхтэри аастылар. Түмүккэ Тамалакаантан Александр Саввинов уолун Арылханы кытта кыайыы өрөгөйүн биллилэр.
⠀⠀Икки күннээх тэрээһин “Тенгрианствоҕа Айыы Таҥара уонна Уус кыһата” диэн Бүтүн Россиятааҕы III-с научнай-практическай конференция уонна тимир уустара кыттыылаах төгүрүк остуолунан, санаа, уопут атастаһыытынан түмүктэннэ. Бар дьон үөрэн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн тарҕастылар.
⠀⠀Алгыс этиллэр кутаа уотугар, уот төлөнө тимир ууһун дьүһүнүн илэ-чахчы көрдөрбүтэ, саха омук былыр да, аны да, тимир ууһун үрдүктүк тутарын өссө дириҥник туоһулаата, бу тэрээһин кэскиллээҕин көрдөрдө.
⠀
Татьяна Потапова, Үөһээ Бүлүү.
Александр Адамов, Мария Ушницкая хаартыскаҕа түһэриитэ.
Үөһэ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгэр Чап Уус бүтүн Саха сиринээҕи тимир уустарын быыстапка күрэҕэ буолан ааста.
Тэрийэр бөлөх салайааччыта Чап Уус түмсүү салайааччыта Егор Сысоевич Тумусовка, Чап Уус түмсүү чилиэннэригэр, улуус аҕа баһылыгар, Кэнтик нэһилиэк баһылыгар, улуус культуратын салайааччытыгар, Кэнтик кулуубун салайааччытыгар, нэһилиэк түөлбэлэригэр көхтөөхтүк кыттыһан үлэлэһэн бэртээхэй күүстээх, үрдүк таһымнаах тэрээһини ыыппыттарыгар барҕа махталбын тиэрдэбин
Саха сирин тимир уустарын түмсүүтүн аатыттан. Атын улуустарга холобур буолар тэрээһин буолан ааста. Инникитин да маннык тэрээһиннэри тимир ууһун идэтин сайыннарыыга атын да улуустарга ыытыаҕыҥ диэн этэбин. Бэҕэһээ эдэр ыччаттар элбэхтэрэ киһини үөртэ, саҥа ааттар көһүннүлэр, эдэр кэскиллээх ыччаттардаах эбиппит диэн санаам көтөҕүллүннэ.
Инникитин да маннык көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабын!
Саха сирин тимир уустарын түмсүүтүн толорооччу дириэктэрэ Александр Терентьев - Айгын Уус✊
|
Category: Култуура, итэҕэл, искусство |
Views: 613 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 101 Ыалдьыттар (гостей): 101 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|