Саҥа уурааҕы, улуустар булчуттарын сэбиэттэрин уонна өрөспүүбүлүкэ сүрүн билим тэрилтэлэрин этиилэрин учуоттаан туран оҥордулар.
Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыгын, уопсай бултанар сирдэргэ булт араас көтөргө-сүүрэргэ сыл тухары булт көрүҥнэрин, туһунан болдьохторун туһунан саҥа уураах бигэргэтилиннэ, диэн иһитиннэрэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Экология министиэристибэтин пресс-сулууспата.
Уураах «Арассыыйа Федерациятын сорох сокуоннай аахтарыгар булт уонна бултанар көтөр-сүүрэр харыстанарын туһуттан, сорох сокуоннай аахтарга уларытыы киллэрии туһунан» Федеральнай Сокуон булка быраабылаларын туох баар ирдэбиллэрин тутуһан туран оҥоһулунна.
Саха сирин таарыйар уларыйыылар:
- анды булдун ыам ыйын 29 күнүттэн бэс ыйын 4 күнүгэр диэри сыҕарытан биэрэр кыах үөскээтэ, түөрт күнтэн уһуна суох болдьоххо. Бу иннинэ анды булда бэс ыйын 1 күнүттэн бэс ыйын 4 күнүгэр диэри болдьохтоох этэ, булт быраабылаларыгар чопчу оройуоннарын ыйан туран. Бу мантан ситимнээн, оройуоннарга баар булт сэбиэттэрин этиилэрин учуоттаан анды булда атын-атын кэрчиктэринэн көҥүллэниэҕэ;
- сиппит-хоппут тайахха булт болдьоҕо балаҕан ыйын 15 күнүттэн ахсынньы 25 күнүгэр диэри салҕаныаҕа. Бу иннинэ, болдьох алтынньы 1 күнүттэн ахсынньы 15 диэри этэ;
- күһүҥҥү-кыһыҥҥы кэмҥэ тыатааҕыны бултааһын болдьоҕо уһаата. Атырпдьах ыйын 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри, ол эбэтэр эһэни арҕахха бултуур кэм уһаан биэрдэ. Бу иһигэр бэлиэтэнэринэн, биир сааһыттан кыра эһэ оҕотун бултуур көҥүлэммэт, итиэннэ тыһы эһэни быйыл төрөөбүт оҕолорун кытта өлөрөр көҥүлэммэт. Сааскы болдьох муус устар 20 күнүттэн бэс ыйын 10 диэри көҥүллэнэр;
- кыыл таба булдун болдьоҕо кылгаата, атырдьах ыйын 1 күнүттэн эһиилги сыл тохсунньу 31 күнүгэр диэри;
- атыыр туртаска булт болдьоҕо – атырдьах ыйын 20 күнүттэн балаҕан ыйын 20 күнүгэр диэри;
- спортивнай уонна көннөрү булт кэмигэр куобаҕы уонна бөрөнү (ахсаанын салайар сыалтан) туһахтаан бултуур кыах үөскээтэ. Бу иннинэ маннык кыах арктика эрэ улуустарыгар баара;
- сааскы кэмҥэ атыыр кустары 30 күҥҥэ диэри бултуур кыах үөскээтэ, өскөтүн булчут тартарыы тыһы куһу туһанар буоллаҕына. Булт болдьохторо соҕуруу, киин, илин эҥэр улуустарга олохтоннулар – муус устар ый 21 күнүттэн ыам ыйын 20 күнүгэр диэри, бүлүү бөлөхтөргө уонна хоту улуустар сорохторугар – муус устар ый 24 күнүттэн ыам ыйын 23 күнүгэр диэри. Ону таһынан биир тартарыы тыһы куска булчут ахсаана хааччахтанна – биир тыһы куска үс киһиттэн элбэҕэ суох буолуохтаах. Атыыр куһу тыһы тартарыы куһунан бултуурга болдьоҕун ыйан туран көҥүл биэрэр докумуон таһынан, атын туох да ирдэммэт;
- күһүҥҥү булт болдьоҕо атырдьах ыйын үһүс суббуотатыттан ахсынньы 31 күн;гэр диэри олохтонно. Мас көтөрүгэр, үрүҥ уонна туундара куруппааскытыттан ураты – атырдьах ыйын үһүс суббуотатыттан ахсынньы 31 күнүгэр диэри. Үрүҥ уонна туундара куруппааскытыгар – атырдьах ыйын үһүс суббуотатыттан муус устар 20 күнүгэр диэри.
Сааскы көтөргө булт көҥүлүн биэрии Дьокуускай куоракка бу маннык аадырыска оҥоһуллар: 202 микрорайон, 18/2 куорпус (Дьокуускайдааҕы судаарыстыбыннай экология кэмитиэтэ). Улуустарга, көҥүлү биэрэллэр территориятааҕы судаарыстыбыннай