News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2021 » Муус устар » 16 » Дьаархан (Нөөрүктээйи, Наахара). (Ярханцы, руск. Хан-Ярлык, тюрк.) Дьаархан Бүлүү сүнньүн биир сүрүн бииһин ууһа. Улуу дьаархаттар
Дьаархан (Нөөрүктээйи, Наахара). (Ярханцы, руск. Хан-Ярлык, тюрк.) Дьаархан Бүлүү сүнньүн биир сүрүн бииһин ууһа. Улуу дьаархаттар | 15:09 |
Дьаархан (Нөөрүктээйи, Наахара). (Ярханцы, руск. Хан-Ярлык, тюрк.)
Дьаархан Бүлүү сүнньүн биир сүрүн бииһин ууһа. Улуу дьаархаттар.
Муус буһук саҕана Билиҥҥи Намана, Ботомоойу, Кэмпэндээйи, Тоҥуо үрэхтэрин бастарыгар Намнары, Бордоҥнору, Ньурбаҕачыналары уонна Үөдүгэйдэри кытары ыаллыы олорбуттар. Онно нэһилиэктэрин онно элбэх. Киһи уҥуохтарын мэҥэ таастарыгар барыта Дьаархан нэһилиэгэ диэн суруктар бааллар.
Бүлүү бүтэйэн турбута уурайан, өрүс буолан, уута сүүрэн, үрэхтэр үөскээн түһэн барбытыгар биис уустара ууларын батыһан Кэмпэндээйи, Ботомоойу, Тоҥуо үрэхтэринэн аллараа өрүс аралын булан, уу кытыытынан тарҕанан олорон кэбиспиттэр.
Бүлүү сүнньүгэр Дьаархан элбэх. Сүрүн алта дьаархаттар билигин Ньурба, Сунтаар, Үөһээ-Бүлүү, Алын Бүлүү түбэлэригэр олохсуйан олороллор.
Ааттарын, төрдүлэрин тута сылдьаллар. Дьаархаттары Бүлүү сүнньүгэр нэһилиэктэринэн кэрийэн көрүөххэ сөп.
Өссө, түҥ былыр Дьаар-хааннар, Саар-хааннар салаалара үһү.
Саха Саарын Тойонтон уонна Сабыйа-баай хотунтан арахсыбыт Дьаар-хааннаах Дьаарын Тойон төрүттээхтэрэ үһү. Онтон Саарын уонна Дьаарын диэн икки салаа арахсан билиҥҥэ диэри туттулла сылдьар.
Дьаархаттар икки аҥыы арахсаллар. Айылҕа сиэринэн.
Аҕа уустара Дьаархат диэннэр. Дьаархаттар диэн буолаллар. Нууччалар суруктарыгар Дархат диэн охсуллан ааһар. Монголияҕа бааллар.
Ийэ уустара - Дьаархан диэн буолаллар. Дьаарханнар диэн ааттаналлар. Билигин умнуллан булкуйа ааттыыбыт. Дьаархаттар да диибит, дьаарханнар да диибит. Урут арахсыылаах этэ. Билигин дьаархаттар бааллар үһү, диэн истэрбитигэр махтал. Ол улахан буолбатах. Аҕа-ууһа уонна ийэ ууһун арахсыылара буоллаҕа. Былыр уонна баран итини тутуһар этилэр. Өһүргэниилээх дьыала үһү.
Биһиэхэ наадалааҕа Чап, (Кэнтик) нэһилиэгэр Дьаарынтан төрүттээх Дьаархаттар биир сүрүн аҕа ууһа буолан өрүс үрдүгэр олорбуттара. Кэнтик уонна Ороһу дьаархаттарыттан Сургуулук, Тылгыны, Ыйылас, үс Күүлэттэр сорохторо эмиэ дьаархаттар. Улахан аҥаардара үөдүгэй. Уопсайынан, Үөдүгэйдэр дьаархаттары уонна намнары кытары куруук сэргэ баар буолаллар. Сэргэ ыаллыы олорбуттарынан дуу, биитэр былыр уруулуу майгылаахтарынан дуу? Биллибэт. Уонна баран, Кэнтиккэ үөдүгэйдэр уонна дьаархаттар аҕа-уустара бииргэ олорор буолан баран арахсаллар.
Дьаархаттар дьаархаттарбыт, дииллэр, үөдүгэйдэр үөдүгэйбит, дииллэр. Намҥа үөдүгэйдэр эмиэ бааллара үһү. Биир кэмҥэ намнары кытары холбоспуттарын туоһулуур сурук баара.
Нам үөдүгэйдэрэ төттөрү Бүлүүгэ дьонноругар ороһу көһүү диэн ааттанан кэлэн холбоспуттар.
Хабаат оҕонньор сэһэнэ.
Кэнтиккэ Чаптан төрүттээх Хабатов Марк Петрович 1902 сыллааҕы төрүөх, сэһэннээх, сиилээх-хоһулаах оҕонньор баар этэ. Ол дьаарханнар тустарынан манныгы сэһэргиир этэ.
Былыр Сах үйэтин саҕана Дьаарын төрүттээх дьаархаттар тыыллан-хабыллан, киһини билбэт буола байан-тайан олорбуттар. Сүөһүлэрэ-астара, ыһыылара, дьиэлэрэ-уоттара. Барыта киһи куттаныан курдук үчүгэй, ааһа баран сиэри таһынан буолбут. Ону оҕонньоттор ороһуйа көрөн: “Үллүбүт хабах тэстэр. Ама, куруук маннык уйгу-быйаҥ буолуо дуо? Иннибитин көрүүлэннэрэн ойуунна кыырдарыахха,” диэн аатырбыт ойууну ыҥырбыттар.
Ойуун кэлэн кыырбыт. Кыырыы бастаан барыта олук-олуктаан, иэйэн-куойан, арыыннан ньылҕаарыппыт курдук, үчүгэйэ бэрт үһү. Оннук кыыран ортолоон иһэн уҥарын саҕана ойууннара: “Туу.., илим.., туһах..,” дии-дии иттэннэри түһэн хараҕын-үрүҥүнэн тиэр-маар көрөн уҥан киирэн барбыт.
“Бай-бай, оччото суох буоллубут,” диэн ойууннарын охторбокко хабан ылан хатат саҕан кыырарын тохтоппуттар. Салгыы кыырдарбатахтар.
Онто да суох өйдөнүллэр, оччото суох олоххо бэлэмнэнэр эбиппит диэн билбиттэр. Онтон бэттэх кэлиэхтээх оччото суох олохтон дьаарханнар дьаарханар аатыгар барбыттар.
Уу таһыттан арахпакка ууну бата сылдьан олохсуйар буолбуттар. Төһө да байбыттарын иһин тууларын, туһахтарын, илимнэрин илиилэригэр тута сылдьар үһүлэр. Булка-алка, балыкка охтуу буолбут.
Ойуун көрүүлэммитэ уһаппатах тиийэн кэлбит. Үйэ уларыйбыт. Уу, Муус үйэлэрэ буолбуттар. Ыһыллыы, дьадайыы барбыт.
Ити ойуун көрүүлэниитэ дьаарханнарга куттарыгар-сүрдэригэр ыйаах буолбут. Дьаарханы ууттан-балыктан, куобахтан араарыам, диэн дуорас сараама. Ууну булкуйан тахсаллар. Сүөһүнү-сылгыны аҕыйахтык иитэр буолбуттар. Ойуун көрүүлэниитигэр сылгы-сүөһү диэн тыл суох этэ диэн.
Бу сэһэҥҥэ сымыйа суох. Илэ баар.
Дьаарханнар сылдьалларын туххары инники олохтон дьаарханар майгылаахтар. Тугу эрэ хаһаана сатыыр, лэбэлэнэн эрдэттэн оҥосто сатыыр идэлээхтэр.
Бүлүү сүнньүн “сымаһыттар” дэппит биис ууһа Дьаархан буолар.
Дьаархаттар хоргуйуохпут диэн дьаарханан балыгы хайдах уһуннук харайар туһуттан: Сыма, лыыба, хохту диэн балыгы хаһаанар майгылары булан, сут кэмнэргэ Бүлүүгэ үс саханы өрүһүйбүттэрэ.
Сыма, лыыба, хохту барыта балык дьаара. Балык дьаарыгар буккулла сылдьар буолан Дьаар-хааннар диэн ааттыылллар. Дьаар сыттаах буолаллар.
Дьаархан диэн онон икки өйдөбүллээх дьаарханыы, ол аата куттаныы, сэрэхэдийии, (страховка, страховщики,) диэн уонна дьаар-хаан диэн балык дьаарыттан үөскүүр сыт-сымар, эт-сиин аата.
Дьаархан өссө биир суолталаах. Бу дойду хаан арахсан тарҕанар оонньуута буолар. Таҥараттан түспүт хаан элбэх быһыыны иһигэр илдьэ сылдьар.
Сүҥ-хаан, Суо-хаан, Хара-хаан, Кыа-хаан, Чыҥ-хаан, Дьаар-хаан, Хаан-билик эҥин, диэбит курдук. Бу хаан эттиктэрэ. Олортон биирдэстэрэ Дьаар-хаан. Хаан сыттаах-сымардаах, дьаардаах буолар. Хаан сытын сымарын киһи тулуйбат. Ону оҥорор эттик баар хааҥҥа. Ол аата Дьаар-хаан диэн. Хаан дьаралыгын (аныгылыы: мааркатын) оҥорор эттик аата.
Хаан-дьаралык, (хан-ярлык, руск.)
Дьаархаттар бу өйдөбүл үс суолтатыттан тардар биис уустара. Сахарал билиитигэр оннук.
Туу, илим, туһах - дьаархаттар төрүт им-бэлиэлэрэ.
|
Category: Саха |
Views: 850 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 20 Ыалдьыттар (гостей): 20 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|