Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2021 » Муус устар » 26 » САНАА УЛАРЫЙЫЫТА
САНАА УЛАРЫЙЫЫТА
16:32

САНАА УЛАРЫЙЫЫТА

Сахаларга “дьахтар оронуттан туран уот диэки кэлиитигэр санаата 40-на уларыйар” диэн өйдөбүл дуу, оонньуу-күлэ этии дуу баара. Дьиҥинэн санаа уларыйыыта дьахтарга эрэ буолбакка эр киһиэхэ ордук сыһыаннаах.

Билигин, бу ордук, Экология миниистирэ С.Афанасьевка уонна миэхэ сыһыаннаах. Сахамин Миланович олох соторутааҕыта АЛРОСАны көмүскэһэн ылбат-биэрбэт тыллаһара. Бүлүүгэ бөҕү харайар сири улуус былаастара сыыһа талбыттарын, солбуйааччытын С.Яковлевы ыытан өйөөбүтэ. Онно общественнай истиилэр сыыһа ыытыллыбыттарын бэккэ билэр эрээри. Баатаҕайга “Прогноз-Серебро” тэрилтэ куһаҕан тобоҕун харайар сирин талыы дьүүллэһиитигэр общественнай истиилэргэ үлэһитин ыытан дьону төттөрү хайыһыннарбыта. Бэйэтин үлэһитэ сөптөөх экспертизаны итиннэ оҥорбутун үрдүнэн.

Бүлүүгэ ракета тобоҕун быраҕыыны былаһын тухары өйөөбүтэ, онно туох да буортулаах суоҕун курдук этээччилэргэ кыттыспыта. Сахамин Миланович бүгүн атыны кэпсиир буолла, санаата син балачча уларыйда. Общественноһы кытта сүбэлэһэн үлэлиир сөбүн, общественнай истиилэри сокуону кэспэккэ ыытары этэр. Ити “истиилэр” баччаҕа диэри төһөлөөх сокуон кэһиилээх ыытыллан кэлбиттэрин кини бэккэ диэн билэр, онон санаата уларыйбытын үөрэ истэҕин. 180 кыраадыс да буолбатар уларыйыы баар. Аны ракета ыытааччы Роскосмос тобоҕун ситэ хомуйбатын сөбүлээбэт буолбут, харайыҥ диэн сууттаһа сылдьар. Хаар ууллан, уу суурайан куһаҕан эттиктэр айылҕаны алдьатыахтара диэн аһаҕастык этэр. Буортута суох дииллэрэ сымыйатын билиммит. Урут суруйа, этэ сатыыры улахаҥҥа уурбат буолара. Итинтэн эмиэ үөрэҕин.

Аны Саха сиригэр мас элбэх, 3% эрэ кэрдиллэр диэн Амма баһыгар маһы кэрдэргэ лицензия, көҥүл биэрбит киһибит билигин кэртэримээри сууттаһа сылдьар. Үөрэҕин эрэ. В.Ленин Горки комендана саҥа дьылга 1 харыйаны кэттэрбитин иһин кинини 1 ый устата хаайыыга олордон турардаах. Соҕотох маһы - госимуществоны суох оҥорбутун иһин диэн. Оттон Амма баһыгар төһөлөөх “госимущество” суох оҥоһуллуо эбитэ буолла? Миниистир итини өйдөөбүтэ хайҕаллаах. Ханнык да улахан тэрилтэ баайы туһанарга (мас кэрдиитэ, көмүс, алмаас, ньиэп хостооһуна) лицензия, көҥүл ылыыта хайаан да Экология министиэристибэтин нөҥүө ааһар, сөбүлэҥ ылар. Сахамин Миланович манна эр санаатын киллэрэн, өссө хорсуннук кииристэр диэн баҕа санаа баар.

Холобур, Алдан ураннаах сиригэр лицензия ыланнар көмүс хостообуттара хаһыс да сылыгар барда. Эмиэ урукку курдук, уран рудатын аһаҕас халлаан анныгар кыстыыллара урана сууралла сытар. Маны көҥүллээбиттэртэн биирдэстэрэ – Экология министиэристибэтэ. Тээнэ өрүһү хас да сиринэн, Уус Маайаҕа эмиэ биир өрүһү бохсон суол оҥостоллорун көрбөккө-билбэккэ сылдьыбыт. Маны көрөр-истэр, сэрэтэр министиэристибэ эбээһинэһэ, онуоха бюджет харчы көрөр, хамнас төлүүр. Санаата балачча уларыйбыт миниистир баларга бэрээдэги олохтуо диэн эрэл кыыма кыламныыр.

Общественноһы кытта биир тылы буллар улуу дьыала буолуо этэ. Билигитэ ити ситэтэ суох да кыаллыа, итиннэ туох да уустук суох. Общественник-эколог И.Степанов кини аатыгар биир тутаах боппуруоска туоһулаһар сурук ыыппыта икки ыйтан орто, хоруй ыла илик. Ньурба ытык кырдьаҕаһа, Маалыкай балыыһатын кылаабынай бырааһынан өр сылларга үлэлээбит, РФ үтүөлээх бырааһа Н.Николаев ыйытыгар хоруй ылбатаҕа үһүс ыйа. Министиэристибэ радиологтара 2020 сылга “Кратон-3” ядернай эһиигэ баран үлэлээбит курдуктар, ону ыйыппыт этэ, түмүгүн билээри.

Миниистир көҥүллээтэҕинэ түмүгү биэрэбит диэбиттэригэр сурук суруйбут да, онтугар хоруй суох. Арассыыйа сокуонун быһыытынан 1 ый иһигэр ханнык да тойон хоруй биэрэр эбээһинэһэ. В.Путин илии баттаабыт сокуона этэ, кинини убаастыах баара... Маннык төһөлөөх киһи хоруй ылбакка сылдьара биллибэт. Ити кыра итэҕэстэри туоратара, санаата салгыы уларыйара буоллар үчүгэй миниистир буолуо этэ. Ааспыт сурукпар түргэнник Госдумаҕа ыыта охсуохха диэбитим да, санаам уларыйда. Ыытымыахха, салгыы үлэлээтин, төбөтүгэр үтүө санаалар киирэн эрэллэрэ биллэр. Баран хааллаҕына кумахтан өтүү хатар ханнык эрэ маргынаалы олордон кэбистэхтэринэ иэдэйбит дьон эбии иэдэйэбит.

Иван БУРЦЕВ 26.04.21 с.

Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 984 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2021  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
2627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 32
Ыалдьыттар (гостей): 32
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024