News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2021 » Муус устар » 27 » Саха тыла суут-сокуон эйгэтигэр хаалыа дуо?
Саха тыла суут-сокуон эйгэтигэр хаалыа дуо? | 10:11 |
Саха тыла суут-сокуон эйгэтигэр хаалыа дуо?
Уопсастыба22.04.2021 16:55
Саха сирин соцситимнэригэр «Киэһээҥҥи Хабаровскай» телеграм ханаалыттан «Саха сиригэр улахан айдаан таҕыста, тыа сиригэр полиция холуобунай уонна административнай дьыалалары нууччалыы тылбааһа суох сахалыы ыытар. Магадаан киһитигэр сахалыы суруктаах ыстараап биэриэхтэрин сөп. Саха сирин ИДьМ-а маны тохтоторго ылыста» диэн дьикти сонун тарҕанна.
Иһэ истээх сурук
Атын эрэгийиэннэр дьонноро итинтэн соһуйан, “эс, ол хайдах оннук буолуохтааҕый, саха тылын билбэт киһиэхэ төһө баҕарар ыстараабы суруйуохтарын сөп, онон саха тылын тутталлара бобуллуохтаах” диэхтэрин сөп. Оттон юристар “телеграмнар сымыйаны тарҕаталлар, административнай дьыала барыта нууччалыы толоруллар буолбута ыраатта” дииллэр.
Ол эрээри тыала суохха мас хамсаабат, ити сурах иккис аҥаара чахчы үһү. Бу күннэргэ СӨ ИДьМ миниистирин солбуйааччы полковник В.Климов Арассыыйа ИДьМ-ын оройуоннар таһымнарыгар баар уорганнарын начаалынньыктарыгар ыыппыт суруга тарҕанна. Онно улуустар бэлииссийэлэригэр Арассыыйа ИДьМ-ын дуогабар-быраап дэпэртээмэнин 2019 с. балаҕан ыйын 5 к. 1/3-3994№ быһаарыыта төһө да баарын үрдүнэн, сорох тыа ИДьМын уорганнарыгар процессуальнай матырыйааллары сахалыы, РФ судаарыстыбаннай нуучча тылыгар тылбааһа суох ыыта олороллоро буойуллубут. Омос көрдөххө, хайдах тылбаастаныа суохтааҕый? Судаарыстыбаннай тыллар тэҥҥэ туттуллуохтаахтар диэн бары билэбит.
Ол эрээри, сурук төһө да РФ Төрүт сокуонун 68 ыст. 2 чааһыгар өрөспүүбүлүкэлэр судаарыстыбаннай тыллара РФ судаарыстыбаннай тылын кытта тэҥҥэ былаас, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар туттуллар диэн саҕаланнар, араас сокуон маннык-оннук нуормаларыгар олоҕурдахха диэн трактовкалаан, “холуобунай дьыалаҕа хайаан да нуучча тыла туттуллуохтаах” диэн түмүккэ аҕалар. Суут-силиэстийэ өрөспүүбүлүкэлэр судаарыстыбаннай тылларынан ыытыллыан сөп эрээри, хайаан да нууччалыы тэҥҥэ ыытыллыахтаах диэн ыйыллыбыт. Онон былыр “сокуон хараҕа мэкчиргэ баһын курдук эргийэр” дииллэрэ бу сайдыылаах XXI үйэҕэ кур бэйэтэ кубулуйбакка кэлбит диэххэ сөп. Өрөспүүбүлүкэлэр судаарыстыбаннай тыллара суут-сокуон тылыгар туттуллара, биир өттүнэн, көҥүллэнэр курдук да, тиһэҕэр син биир бобуллар буолан тахсара дьикти.
Полковник Климов суругунан үөһэ этиллибит департамент быһаарыыларыгар олоҕуран (юристар “ити сокуон буолбатах” дииллэр) улуус полицияларын салайааччыларыттан ирдэммит:
“1. Силиэстийэ иннинээҕи матырыйааллары хомуйуу, холуобунай дьыала тэриллэрэ аккаастанар уураахтара, тахсыбыт матырыйааллар, административнай сокуону туттууга анал номенклатурнай дьыалаларга холбоммут матырыйааллар, уопсайынан эттэххэ, дьыаланы оҥоруу барыта РФ судаарыстыбаннай нуучча тылынан ыытыллыахтаах, саха тылынан барыан сөп, өскөтүн тэҥҥэ нууччалыы тылбаастанар буоллаҕына. Ис дьыала үлэһиттэрэ толорор бары араапардара, силиэстийэҕэ толорор боротокуоллара, түмүктэрэ – барыта нууччалыы толоруллуох. Оттон СӨ судаарыстыбаннай тылынан бэрэбиэркэҕэ ыйытыллааччылар сайабылыанньа, быһаарыы биэрэллэрэ көҥүллэнэр.
2. Оройуоннар таһымнарынан ИДьМ уорганнарын начаалынньыктарын РФ Төрүт сокуонун, “Арассыыйа Федерациятын судаарыстыбаннай тылын туһунан” Федеральнай сокуону, РФ Холуобунай-процессуальнай кодексын үлэлэрин толороллоругар тутуһуохтаахтар, ону таһынан бу үлэни хонтуруоллаабатахтарына, тус бэйэлэрэ эппиэтинэс сүгүөхтэрэ диэн сэрэтэбин”.
Омос көрдөххө, сурукка холуобунай дьыала саха тылынан ыытыллара бобуллубатах курдук.
WhatsApp Image 2021 04 16 at 16.24.08 1000x563
РФ Төрүт сокуона тоҕо кэһиллэрий?
http://kyym.ru/images/2021/22.04/WhatsApp-Image-2021-04-16-at-16.24.08-1000x563.jpeghttp://kyym.ru/images/2021/22.04/WhatsApp-Image-2021-04-16-at-16.24.08-1000x563.jpeg
Билигин уулуссаҕа кимтэн баҕарар ыйыттахха, РФ Төрүт сокуона мэктиэлиирин быһыытынан, Саха сиригэр суут икки тылынан ыытыллар диэхтэрэ. Ити – ааспыт үйэттэн олохсуйбут, үгэс буолбут өйдөбүлбүт. Онон боростуой киһи ити суруктан “тыа полициятын начаалынньыга туох иһин улахан эппиэтинэһи сүгүөн сөбүй?” диэн дьиктиргиэн эрэ сөп.
Бары да оннук саныахпыт. Тоҕо диэтэххэ, былырыын ылыллыбыт, “буруолуу” сылдьар саҥа уларытыылардаах Арассыыйа Төрүт сокуонун 68 ыстатыйатыгар этиллэр:
1. РФ судаарыстыбаннай тыла – Арассыыйа сиригэр-уотугар судаарыстыбаны төрүттээбит, РФ тэҥ бырааптаах норуоттарын сойууһугар киирэр нуучча норуотун тыла.
2. Өрөспүүбүлүкэлэр бэйэлэрин судаарыстыбаннай тылларын ылар бырааптаахтар. Былаас, олохтоох салайыныы, судаарыстыбаннай тэрилтэлэргэ РФ судаарыстыбаннай тылын кытта тэҥҥэ туттуллар.
3. РФ кини састаабыгар киирэр норуоттарга барыларыгар төрөөбүт тылларын харыстыыр, үөрэтэр уонна сайыннарар быраабы мэктиэлиир.
Күндү ааҕааччы, көрөрүҥ курдук, өрөспүүбүлүкэ тылын Арассыыйа Төрүт сокуона көмүскүүр, долгуйарга төрүөт суох курдук. Аны “РФ суутун систиэмэтин туһунан” диэн 1996 с. ахсынньы 31 к. ылыллыбыт федеральнай конституционнай сокуонунан нуучча тылынан хайаан да РФ Үрдүкү уонна байыаннай сууттара ыытыллара ирдэнэр.
Уопсай юрисдикция сууттарыгар, силиэстийэлиир уорганнарыгар өрөспүүбүлүкэлэр судаарыстыбаннай тыллара киһи төрөөбүт тылынан ыытыллара көҥүллэнэр.
***
Ол эрээри, ааһыныы (апелляция) суута иллэрээ сыл Владивостокка көспүтүн кэннэ, Саха сиригэр суут-силиэстийэ уорганнарыгар холуобунай дьыала барыта нууччалыы барыахтаах диэн ирдэбил быраабы араҥаччылыыр уорганнар, сууттар салалталарын өттүттэн күүһүрэн барбыт.
Ол кэннэ, биир-биир аҕыйатан, билигин Саха сиригэр холуобунай дьыаланы, сууту сахалыы ыытыы 4 эрэ улууска хаалбыт.
Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай тылын суут-сокуон эйгэтиттэн саҥата суох административнай дьаһалларынан аа-дьуо биллибэккэ-көстүбэккэ туоратыы бара турарын өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай, муниципальнай былаастара, Ил Түмэн, улуустар да дьокутааттара, сокуонньуттар, албакааттар да үчүгэйдик билбэттэр эбит. Эгэ, бу эйгэттэн букатын ыраах боростуой нэһилиэнньэ туһунан этэ да барыллыбат.
Төрүт сокуон 68 ыст. эргэрбит, олохтон хаалбыт дииргэ төрүөт суох. Оттон ити тутуһуннара сатыыр РФ ИДЬМ-ын иһинээҕи дэпэртээмэн 2019 сыллааҕы ыйыыта, дьиҥэр, Төрүт сокуон уларыйбытын кэннэ, тохтуохтаах этэ буолбатах дуо? Ол оннугар, ити сокуон буолар кыаҕа суох боростуой докумуоҥҥа олоҕуран, силиэстийэ нуучча тылыгар көһүөхтээҕин ирдээһин, Төрүт сокуон ирдэбилин кэһии буолбатах дуо?
Сокуону билээччилэр санаалара
Биллиилээх силиэдэбэтэл, юридическай билим дуоктара, бэрэпиэссэр, РФ борокуратууратын бочуоттаах үлэһитэ, СӨ ИДьМ Бочуоттаах үлэһитэ, РФ үтүөлээх юриһа, ХИФУ юрфагын кафедратын сэбиэдиссэйэ М.М. Яковлевтан бу туһунан тугу саныырын ыйыппыкка “Язык национального судопроизводства” диэн З.И. Корякинаны кытта суруйбут ыстатыйатыгар сигэнэн: “Бүгүн өрөспүүбүлүкэлэр холуобунай сууттарын производствотыгар судаарыстыбаннай тылларын хайдах туттуллуохтааҕа ситэ быһаарыллыбакка турар. Биһиги санаабытыгар, силиэстийэ уонна суут уорганнарын холуобунай суут производствотын сахалыы билэр каадырдарынан хааччыйыахха наада. Оччоҕо эрэ холуобунай дьыаланы ыытар быраабы араҥаччылыыр уорганнар бэрэстэбиитэллэрэ саха тыллаах нэһилиэнньэ быраабын кэспэт буолуохтара. Суут производствота өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай тылынан барара быраабы тутуһар дэмэкирээтийэлии судаарыстыба биир сүрүн туоһута, көрдөрүүтэ буолар. Омук төрөөбүт тылынан ыытыллар холуобунай суут производствота суукка кыттар киһи төрөөбүт тылын туһанара аан дойду, Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэлэр сокуоннарын аактарыгар тирэҕирэр. Ол да буоллар, федеральнай сокуоҥҥа бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэһиспэт нуормалар бааллар. Онуоха хайа сокуон баһылыыра этиллиэхтээх. Дойду правовед учуонайдара Арассыыйа омуктарын төрөөбүт тылларынан ыытыллар суут боппуруостарыгар олус кыра болҕомтону уураллар. Тиэмэ үөрэтиллэ илигэ уонна биир санаа үөскээбэтэ холуобунай суут тылын талыы, төрөөбүт тылы туһаныы боппуруостарыгар токурутууну, сыыһа өйдөбүллэри үөскэтэр. Холуобунай суут производствотын тылын бириинсибэ Төрүт сокуоҥҥа тирэҕирэр. Онон хайаан да тутуһуллуохтаах. Хайа да киһи быраабын Төрүт сокуон көмүскүүр”, – диэн этэр.
Макар Макарович, киһи сонньуйуох, бары өйдөөбөт өрүппүтүн, бэл, нуучча да киһитэ моһуогурар кыһалҕата баарын санатта. Ол – анал суут, быраап тиэрминнэринэн туолбут суут производствотын тыла, ону өссө атыннык юридическай тыл диэххэ сөп. Юристар кэпсэтэр тылларын, бэл, нуучча киһитэ, нууччалыы үчүгэйдик билэр, улахан үөрэхтээх саха киһитэ да, дэбигис өйдөөбөттөр. Суут-силиэстийэ да үлэһиттэрэ толору баһылаабаттар. Онон киһи төрөөбүт тылынан суут производствотыгар кыттара, бырааба күөмчүлэммэтэ, сокуон нуормалара кэһиллибэтэ мэктиэлэниэхтээх.
Быраабы араҥаччылыыр уорганнарга үлэлээбит И.Т (аатын эппэккэ көрдөстө):
Бу сурук кэлиэр диэри эмсэҕэлээччи уонна буруйданааччы иккиэн саха буоллахтарына, суут саха тылынан барара. Оттон билигин барыта нууччалыы барар буолар. Тоҕо? Сайабылыанньа сахалыы киирэр, онтон ыла туох баар докумуон барыта нууччалыы толоруллар. Суукка нууччалыы толоруллан тиийэр. Оччотугар суукка нууччалыы мөлтөхтүк саҥарар, юридическай тиэрмини кыайан өйдөөбөт киһи сокуон мэктиэлиир быраабынан кыайан көмүскэммэт, атаҕастабылга түбэһэрэ чахчы. Холуобунай-процессуальнай кодекс 18 ыст. чуолкайдык РФ Үрдүкү апелляция уонна кассация сууттара эрэ нууччалыы бараллара ыйыллар. Онтон атын ирдэбил суох. Дьыаланы икки тылынан тэҥҥэ ыытыы диэн ханна да суох. Урут силиэдэбэтэл дьыала саҕаланыытыгар “суут тыла” диэн нуормаҕа олоҕуран, ханнык тылынан ыытарын быһаарара. Соҕуруу бэрэбиэркэҕэ барар дьыалалары тылбаастаан ыыталлар. Онон ИДьМ суруга сокуоҥҥа олоҕурбатынан, сокуону сыыһа трактовкалаан, күүс өттүнэн соҥноон киллэрии диэххэ сөп.
2000-с сыллартан “национальнай кланнар өрөспүүбүлүкэлэргэ сокуону кэһэллэрэ элбээтэ” диэн, ону сымнатаары улахан дуоһунастарга атын эрэгийиэн дьонун аныыр буолбуттара. Оттон билигин кэлии өттө аһара бараары гынна. Аны олох уларыйан, хамнастаах үлэ иһин күрэстэһии күүһүрдэ. Онон суут, силиэстийэ, борокуратуура үлэлэриттэн олохтоох дьону туоратыыга холонуу суох буолбатах. Итинник салҕанан бардаҕына, быраабы араҥаччылыыр уорганнарга төрүт олохтоохтору чугаһаппат буолан барыахтарын сөп.
Дьиҥэр, суут саха тылынан барарын хааччыйар уопут Саха сиригэр улахан. Урут борокуратуура үлэһиттэрэ Никонов уонна Алексеев холуобунай бырассыаска туттарга анал мэтэдьиичэскэй тылдьыттары таһаарбыттарын тутталлара. Саха тылын туттууга иккис сүрүн боппуруос, холуобунай дьыала дьайыытын эрэ буолбакка, эчэйии туруга кытта сахалыы суруллуохтаах. П.С. Тумусов сахалыы “Киһи Аан Туома” диэн кинигэлээх. Онно киһи эчэйиитин сахалыы ааттаан ыйарга уорганнар бары тылбаастана сылдьаллар. Каадыр билиитин үрдэтэр итинник мэтэдьиичэскэй босуобуйаны борокуратуура оҥорторуохтаах. Аны УПК ыйарынан, тылбаасчыт – туһунан процессуальнай сирэй, биир дьыаланы элбэх киһи тылбаастыа суохтаах. Ол аата, хамнастаах үлэһит буолуохтаах. Онон тылбаас федеральнай дуу, өрөспүүбүлүкэ боломуочуйата дуу буоларынан, үп-харчы көрүллүөхтээх.
“Аартык.ру” саха тылын суут-сокуон тылыттан туоратыыга аналлаах суруйуутугар биир эспиэр “холуобунай дьыала сахалыы барар суутугар киһи төрөөбүт тылынан уонна нууччалыы барар суукка тылбаас нөҥүө көмүскэнэрэ сирдээх-халлан курдуктар” диэбитин кытта сөбүлэһиэххэ сөп. Тылбаасчыт эн курдук толкуйдаабат, эн хараххынан көрөн быһаарбат, санааҕын, тылгын толору тиэрдибэт формалист. Онон, дьиҥэр, биир тыллаах омуктар олорор сирдэригэр төрөөбүт тылларынан ыытыллар суут тугу да кэспэт.
Аны, тылбаасчыт Үрдүкү суукка эрэ көрүллэр. Оттон силиэстийэ алын таһымыгар, полицияҕа буруйданааччыны, эмсэҕэлээччини батыһа сылдьар үрдүк кылаастаах тылбаасчыт көрүллүбэт. Сахалыы-нууччалыы тылбаастааһын кыһалҕата силиэдэбэтэл үрдүнэн барар. Ким икки хос үлэни босхо толоруон баҕарыай? Тылбаас – уустук дьыала. Онон буолуо, атын өрөспүүбүлүкэлэргэ быраап чуолкайа суох өрүттэринэн киирэн, төрөөбүт тыллара суут-сокуон эйгэтиттэн туоратыллыбыт.
Күрүө намыһахтыы, кыра тыллары туттууну бохсон, дойду Төрүт сокуонун декларативнай оҥоруу, суолтатын, аатын намтатыы букатын өйдөммөт.
Түмүк оннугар
Ыйыталаспыт юрист үөрэхтээх дьоммут “ИДьМ тарҕатар суруга Арассыыйа Төрүт сокуонун кэһэн туран, эһиил 100 сыла туолаары турар Саха Өрөспүүбүлүкэтин суутун-сокуонун эйгэтигэр саха тылын туттууну букатын тохтотуон сөп” дииллэр. Оччотугар дойду быраабы араҥаччылыыр баараҕай биэдэмистибэлэрэ суукка-сокуоҥҥа биир тыл туттулларын итиччэ ирдэһэ сатыыр буоллахтарына, былырыын Төрүт сокуон уларытыллар кэмигэр 68 ыст. 2 чааһыгар “..., өрөспүүбүүлүкэлэр судаарыстыбаннай тыллара суут-сокуон эйгэтигэр туттуллубаттар” диэн чуолкай уларытыыны тоҕо киллэртэрбэтэхтэрэй?
Саха тыла суут-сокуон эйгэтигэр уонунан сылларга үлэлээн, туох эмэ куһаҕаны оҥорбута, судаарыстыбаны куорҕаллаабыта суох. 400-чэкэ сыл устата дойдуну бөҕөргөтүүгэ сөҕүмэр кылааттах саха норуотун тылын таах күрдьүккэ элитэн кэбиһиини төһө сөп дии саныыгытый?
Владимир Степанов.
|
Category: Право, закон |
Views: 1128 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 102 Ыалдьыттар (гостей): 102 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|