News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2021 » Муус устар » 30 » Борис Строев: “Сүрэҕим тэбэрин тухары”
Борис Строев: “Сүрэҕим тэбэрин тухары” | 19:06 |
Борис Строев: “Сүрэҕим тэбэрин тухары”
Дьон Кыым 30.04.2021 16:21
Биирдэ эмэ өрүс уҥуор сылдьыбыт өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо мотуордаах оҥочоҕо, кэлин түргэн сырыылаах катерга эбэтэр күһүн-саас салгын олбохтоох суудунаҕа, норуокка биллэринэн, “Ирбискэ”, олорсо сылдьыбыт буолуохтаах. Оттон мэҥэлэр-уус алданнар, чурапчылар-таатталар онтон атын суоллара суох. Улуу эбэни тумнуоҥ баара дуо... Кинилэр поруому аахсыбатахха, саас өрүс эстиитэ, күһүн кыдьымах киириитэ “Хивуһунан”, сайынын – мотуордаах оҥочонон сылдьаллар.
Өрүс суолунан дьону тиэйии-таһыы Саха сиригэр урбаан биир көрүҥүн быһыытынан 1990-с сс. саҕалаан сайдыбыта. Дьиҥэр, урут даҕаны биирдиилээн сылдьаллар, улахан катердар-аракыаталар сүүрэллэр этэ эрээри, ону барытын былаас хааччыйара. Чааһынай дьон суоҕа.
Биллэн турар, ыһыллыы-тоҕуллуу, олох айгыраан, сатарыйан турар оччотооҕу кэмигэр өҥөнү оҥорооччулар үлэлэрэ-хамнастара аныгы урбаан ирдэбилигэр ырааҕынан эппиэттээбэт, тиийбэт этэ эрээри, ол саҕана ити курдук уустук дьыалаҕа дьон хорсуна, мургуна эрэ ылсан, “дьон туһа” диэн үлэлиирэ, дьиэ кэргэнин иитэрэ-аһатара. Оччолорго кинилэри “убай-быраат” дэнээччилэр, бэл, “түһээн” хомуйааччылар чаҕыппатахтара. Бүгүн кэпсэтэр киһим оннук хорсун дьонтон биирдэстэрэ уонна күн бүгүнүгэр диэри ити эйгэни сүрүннээн үлэлэтэ-хамсата сылдьар Борис Строев буолар.
Мин кинини 1990-с сс. ортолоругар Аллараа Бэстээх биэрэгэр көрбүтүм. Маҥан фуражкалаах, моторист уолаттарга тугу эрэ дьаһайа-дьаһайа кэлэр-барар, айан-сырыы уочаратын сааһылыыр, ол быыһыгар уҥуор туоруохтаах дьону кытта кэпсэтэр, кинилэргэ көмөлөһөр, малларын-таһаҕастарын көтөхсөр саас ортолоох нуучча киһитигэр киһи хараҕа тута быраҕыллара. Саҥата улахан, дьаһаллаах, дорҕоонноох этэ эрээри, син элбэх сыл устата айаннаатым ини, айаннаабатым ини, ол тухары кимиэхэ эрэ күргүйдүү, кыыһыра турарын көрө иликпин. Дьоҥҥо барытыгар биир тэҥ эйэҕэс сыһыаннаах. Арай биир сайын тоҥ нуучча диэбит киһим аҕам саастаах саха киһитин кытта, олуттаҕас соҕустук да буоллар, уу сахалыы кэпсэтэ турарын истэн соһуйбуттааҕым. Билбэт, оҕо киһи хараҕар ол дьиктитик көстүбүтэ.
IMG 20210426 WA0026
– Эн Чурапчыгын дуо?
– Чурапчыбын...
– Кэлэргин-бараргын элбэхтик көрөөччүбүн. Уопсайынан, кэлин мэлдьи сылдьар дьону көрөн билэр да буоллум. Үлэлээбитим да ырааттаҕа, 90-с сс. Билигин уолум Борис Чурапчыга үөрэнэр. Онно кини кэлэр-барар. Ыстаҥаҕа успуорт маастара. Манчаары оонньууларыгар Чурапчы аатыттан муҥутуур кыайыылаах буолбута. Аармыйаҕа сулууспалаан кэлэн баран, билигин эмиэ Манчаарыга кыттаары дьарыктана-бэлэмнэнэ сылдьар.
– Борис Алексеевич, Бэстээх, Дьокуускай биэрэктэригэр үлэлээбитиҥ хас сыл буолла.
– 1992 с. сүүрэбин. Ол иннинэ улахан борохуоттарга үлэлээбитим. Онтон Сойуус эстибитин кэннэ кыра оҥочолору атыылаһан, биригээдэ тэринэн, чааһынайга барбытым, дьону таһар буолбутум.
– Оҕо сылдьан тоҥ нуучча сахалыы саҥараргын истэн сөхпүттээҕим. Хантан хааннаах, кимтэн кииннээх киһигиний?
– Элбэх киһи соһуйааччы (күлэр). Мин – нууччабын. Өлүөнэ очуостарын утары турар Хаҥалас Батамаайытыгар төрөөбүтүм. Төрүттэрим Саха сиригэр аан бастаан П.Бекетовы кытта кэлбиттэрэ, ыраахтааҕы, судаарыстыба суруктарын, почтаны, харчыны таһаллара, дьаамсыктар этэ. Уопсайынан, биһиги аймах Батамаайыга кэлэн олохсуйбуппут 400-чэкэ сыл буолла. Онон саха тыла төрөөбүт, бэйэбит тылбыт буолбута ыраатта.
* * *
– Бииргэ төрөөбүт хаскытый?
– Алтыа этибит, билигин убайбыныын иккиэ хааллыбыт. Былырыын дойдубутугар, Батамаайыга олорбут Строевтар, Соловьевтар, Макаровтар, Сухаревтар, дойдубутугар икки улахан сэрии (1914-1918, 1941-1945 сс.) албан ааттаахтарыгар чочуобуна туппуппут. Бастакы аан дойду сэриитигэр мин эһэм сылдьыбыта, бааһыран кэлбитэ, Георгиевскай кириэстэрдээҕэ. Оттон Аҕа дойду сэриитигэр аҕам бииргэ төрөөбүттэрэ 6 киһи сылдьыбыттара. Кинилэртэн биэстэрэ эргиллибитэ, икки киһи Берлиҥҥэ кытта тиийбитэ. Ол эрээри эһэбит барахсан уолаттара кэлэллэригэр тиийбэккэ, 1945 с. атырдьах ыйыгар өлбүтэ.
– Дьиэҕитигэр ордук ханнык тылынан кэпсэтэр этигитий?
– Икки тылынан. Ол эрээри дэриэбинэҕэ олорор эрдэхпитинэ, үксүгэр, сахалыы.
Ийэм Полина Яковлевна Батамаайыга начаалынай кылааска учууталлыыра. Кини 1959 с. оҕолоноору өлөөхтөөбүтэ. Биһиги уу кырбас оҕолор хаалбыппыт. Саҥа учуутал көстүбэтэҕэ. Онон оскуоланы 12 км Тумулга көһөрбүттэрэ. Биһиги кэлин Тиит Арыыга көспүппүт. 1963 с. Батамаайыга ким да хаалбатаҕа. Бары көспүттэрэ.
– Оҕо кыратыгар ханнык тылынан саҥарар да, бэйэтин ол омугунан билинэр буолар. Эн кыраҕыттан икки тылынан саҥараҕын. Бэйэҕин ханнык омук быһыытынан сананар этигиний?
– Кырабар “бааһынай”, “сахаляр” дэһэллэрэ (күлэр). Ол иһин бэйэбин бааһынай курдук сананан улааппытым. Саха оҕолоро “бааһынайгын” диэн дьээбэлээччилэр. Миигин, уопсайынан, олоҕум тухары, ол иһигэр аармыйаҕа, үлэлээбит сирдэрбэр, мэлдьи “Якут” эбэтэр “Белый Якут” диэн ааттыыллара. Онон киэн туттарым.
Сиэнэ Иванныын
– Туох үөрэхтээххиний?
– Өрүс үрдүгэр улааппыт буоламмын, ууга кырабыттан чугаспын, онон аармыйаттан кэлэн баран кэтэхтэн Өрүс училищетын бүтэрбитим. Хапытаан дьупулуомнаахпын.
Аармыйа иннинэ кыайан үөрэммэтэҕим. Дьиҥэр, баҕарбытым эрээри, тулаайах буоламмыт, дьоммор көмөлөһөр иэстээҕим. Ол иһин 8-с кылааһы бүтэрээт, 1972 с. Дьокуускайга кэлэн үлэлээбитим. Тулаайах буоламмын, бэл, аармыйаҕа бара сатаабыппын ылбатахтара. Дьолго, биһигини эдьиийбит Лидия Алексеевна уонна күтүөппүт Борис Петрович көрөн-истэн, өйөөн, олоххо суолбутун булларбыттара. Борис Петрович саха, олус үчүгэй киһи этэ. Биһигини бэйэтин оҕолорун курдук көрөрө. Биирдэ да сирэй-харах анньыбыта, хомуруйбута суоҕа. Царство им небесное.
Кэлин байаҥкамаакка тиийэн “эбэтэр аармыйаҕа барабын, эбэтэр – хаайыыга” диэбитим. Оччолорго, 70-с сс., Дьокуускайга түөлбэнэн, уулуссанан хайдыһан охсуһуу бөҕө буолара. Ол эрээри биһиги сиэрдээхтик охсуһар этибит, кими да көмөлөөбөккө, охтубут киһини кырбаабакка.
– Ол саҕана хаайыыга, криминалга баран хаалбатаххар, кэмигэр өйгүн туппуккар туох тирэх буолбутай?
– Бастатан туран – Таҥара. Мин таҥараны күүскэ итэҕэйэбин. Аармыйалыам иннинэ, 17 сааспар, баҕаран туран сүрэхтэммитим. Оччолорго таҥара дьиэтигэр сүрэхтээбэттэр этэ. Онон биир таҥараһыт оҕонньору булан сүрэхтэммитим. Уопсайынан, таҥараны итэҕэйэрим миигин элбэхтэн быыһаабыта. Туох эрэ киһини харыстыыр-араҥаччылыыр аанньал диэн баар буолар быһыылаах.
– 1990-с сс. ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр үлэ-хамнас суоҕа, үгүс киһи соҕуруу көһөн барбыта. Эн көһөн барыаххын санаабатаҕыҥ дуо?
– Төрөөбүт дойдубун хаалларан хайдах барыахпыный? Дьоммун-сэргэбин, Сахам сирин туохха да биэрбэппин, олус күүскэ таптыыбын уонна төрөөбүт дойдум туһугар туох эрэ үтүөнү, үчүгэйи оҥоруохпун баҕарабын. Ол да иһин 90-с сс. өрүһү ыарахан сыанаҕа бөртөлүөтүнэн туораталларын, онно анньыһыы-үтүрүһүү бөҕө буоларын көрө сылдьан, тугу эрэ тэриммит, итини хайдах эрэ уларыппыт киһи диэн санаа киирэр буолбута. Онтон саҕалаан дьону таһар буолбутум.
IMG 20210426 WA0034
– Бастакы “подушкаҕын” хаһан аҕалбыккыный?
– Бастакы “подушкабын” 2006 с. “Джура” диэн халбаһы сыаҕыттан арыандалаабытым. Ол саҕана манна “Ирбис” диэн улахан суудуна сүүрэрэ. Онон иккиэ буолбуппут. Анараа тэрил 28 киһини олордоро, субу-субу алдьанара. Ону мотуорга бииргэ үлэлиир уолаттарым көрөннөр, кирэдьиит ылан, дьиэлэрин толук да ууран туран, эмиэ салгын олбохтоох суудуналары аҕалан барбыттара. Билигин биһиги “ЛенаВодСервис” диэн тэрилтэ тэринэн үлэлии сылдьабыт. Ол иһигэр 12 урбаанньыт киирэбит. Уолаттар бары үөрэхтээхтэр, хапытааннар.
– Хантан аҕалаҕытый?
– Аллараа Новгородтан. Оччолорго, 2006 с., суудуна сыаната да арыый удамыр этэ – 1 мөл. 200 тыһ. Билигин 1 “подушка” 5 мөл. 500 тыһ. солк. Суудуналары бастаан сүүрдэрбит саҕана билиэппит 1 тыһ. солк. буолара. Билигин – 1500 солк. Бу 16 сыл иһигэр баара-суоҕа 500 солк. эрэ үрдээтэ. Муус күүскэ устар кэмигэр эрэ арыый ыарыыр, 2000 солк. буолар. Онно “Хивустан” “Аэроботка” көспөккө кыайан айаннаабаккын. Туох да сүрдээх, 1-1,5 м үрдүктээх, уста турар кыдьымах үрдүнэн сылдьабыт. Дьэ ол саҕана төлөбүр 2500 солк. буолар. Тоҕо диэтэххэ, ити сэптэр уматыгы бөртөлүөттэн итэҕэһэ суох сииллэр. Аны туран, ити үлүгэрдээх мууска, ыарахан услуобуйаҕа тиэхиньикэ алдьанара-кээһэнэрэ ханна барыай? Оттон сапчааһы Арассыыйаҕа биир эрэ тэрилтэ оҥорор. Кинилэр “сыана ыараата” дии-дии күн-түүн аайы сапчааһы ыарата тураллар. Эбэн эттэххэ, Арассыыйаҕа салгын сыттыктаах суудуна саамай улахан флота Аллараа Новгородка уонна Саха сиригэр эрэ баар.
Уопсайынан, биһиги үлэлиэхпититтэн сапчаас 500 % ыараата. Онон, этэргэ дылы, сезону быһа үлэлээн баран алдьаныаҥ эрэ кэрэх, ытыскын соттоҕун.
* * *
– “500 %” диэн, чахчы, элбэх эбит.
– Кырдьыгынан эттэххэ, мин кирэдьииттэн хаһан да тахсыбаппын. Иккис сиэним төрөөбүтүгэр 2 хостоох дьиэбин кыыспар биэрбитим. Онтон бэттэх бу аҕыс сыла быһа кэргэммин уонна кыра уолбун кытта куортамнаһан олоробут. Ол иһин дьон “Строев оннук баай”, “биир сезоҥҥа оччо харчыны өлөрөр”, “баччаны барыһырар” диэн ааҕалларын истэ-истэ, кыһыйабын аҕай. Иэстэн кыайан тахсыбакка, ыксаан, былырыын икки катербын атыылаабытым. 65 сааспын туолбутум уонна бүгүҥҥү баҕа санаам диэн, ипотекаҕа киирэн кыбартыыра атыыласпыт киһи диэн. Онон, ис иһигэр киирдэххэ, уустук.
– Урут “Строевтаах сыаналара ыарахан, биһиги чэпчэкигэ таһыахпыт” диэн биирдиилээн урбаанньыттар эмиэ киирэн үлэлии сатаабыттара баара...
– Кыамматахтара. Ити таһыттан, туораттан эрэ көрдөххө дьону олордо-олордо, кыһалҕата суох катеры-подушканы урууллуу олорор курдук көстөр. Оннук буолбатах. Бу дьыалаҕа өйгүн-санааҕын, харчыгын бүтүннүү угуохтааххын, кыһалҕаны умнуохтааххын, бэл, амтанаах аһы аһаабакка сылдьыахтааххын. Ол эрээри катерыҥ сүүрүөхтээх. Оччоҕуна эрэ туох эрэ табыллыан сөп.
– Оттон тугу гыннахха үлэ, өҥө усулуобуйата тупсуой? Баҕар, көмө наада буолаарай?
– Субсидия биэрбэттэр, “чааһынайдар кыаныахтара” диэн буолар. Ол иһин көрдүү да соруммаппыт. Онон хоруйум да, көрдөһүүм да судургу: бука диэн үлэбитигэр эрэ мэһэйдээбэтиннэр. Биһиги бэйэбит үлэбитин ис иһиттэн билэбит. Онно киирэн орооһо сатыыллара мэһэйдэри, кыһалҕаны эрэ үөскэтэр.
– Арба, сорох дьон “подушкалар” аһара тыастаахтар” диэн үҥсэргиир этилэр, эһигини 202-с түөлбэттэн көһөрө сатыыллара.
– Үлэлиир сирбит туһунан эттэххэ, түгэни туһанан Дьокуускай саҥа мээрэ Е.Н. Григорьевка уонна “Куорат баанньыктара” тэрилтэ салайааччыта В.Г. Поскачиҥҥа махтаныахпыт этэ. Бу түөлбэҕэ кинилэр көҥүллэринэн үлэлии сылдьабыт. Даҕатан эттэххэ, үлэҕэ тахсыахпыт иннинэ СЭС-кэ уонна Роспотребнадзорга тыас-уус анаалыһын оҥорторбуппут. Онтубут “нуормаҕа эппиэттиир, үчүгэй” диэн буолбута.
– Борис Алексеевич, түмүккэ бар дьоҥҥор, “Кыым” ааҕааччыларыгар тугу этиэҥ этэй?
– Бастатан туран, мин пассажирдарбын ытыктыыбын, таптыыбын. Кинилэр даҕаны, биһиги капитаннарбыт даҕаны мэлдьи мичээрдии, үөрэ сылдьыахтарын баҕарабын. Доруобай, дьоллоох буоллуннар. Хамсык кэмигэр мааскалаах сылдьаргытын умнумаҥ, бэйэҕитин, чугас дьоҥҥутун харыстааҥ. Оттон мин сүрэҕим тэбэрин тухары манна, тапталлаах Өлүөнэм кытылыгар, баар буолуом, эһигини үөрэ-көтө көрсүөм.
Альберт Капрынов.
|
Category: Люди. Человек. Народ. Общество |
Views: 1252 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 99 Ыалдьыттар (гостей): 99 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|