“РЕСПУБЛИКА КҮНЭ”
Бу икки тыл кэннигэр оччотооҕу чулуу дьоммут сырдык мөссүөннэрэ, кинилэр биһиэхэ хаалларбыт кэриэстэрэ мэлдьи баар. Бу икки тыл сурукка киириитэ үгүс сиэртибэлээх, олоҕу толук биэриилээх буолбутун билэбит. Ону биһиги билигин хайдах кэриэстиибитий, ылынабытый? Дьиҥнээх нэһилиэнньэ уонна салалта хамаандата тус-туспа арахсан бэлиэтиибит. Тойон-хотун туспа киэҥ уораҕайга, бэлэхтээх-туһахтаах ыытан эрдэҕэ. Оттон ити этэр дьиҥнээх нэһилиэнньэ араҥата ханна көстөрүнэн, “ыал муннугар” буруо таһаарына сатыыр. Онно ыҥырыллан баран ыалдьан саҥарбат буолан этиибин тиэтэлинэн суруйан биэрбиппин ааҕан иһитиннэрбиттэрэ. Ким эмэ сэҥээрбитин көрбөтөҕүм, үчүгэйи эттиҥ диэбэтэхтэрэ. Ол бу баар.
СЫҺЫАН ТУҺУНАН
Арассыыйа Саха сиригэр сыһыана. Итини соҕотох биир-икки холобурга көрүөххэ сөп. Быйыл тыа баһаарын умулларыыга 200 мөл солк. көрдө. Бу үлэгэрдээх киэҥ дойдуга Смоленскай уобаласка биэрбитин эрэ саҕа. Эльга баайын хостоору 18 млрд. солк. Арассыыйа угар буолла.
Лена муостатыгар 80 млрд. солк. барар буолла, онтон аҥаарын – 40 млрд. солк. республика бэйэтэ уйунар.
Ити үлүгэрдээх уптэн Чомчоев 50 мөл. солк. генераторыгар республикаҕа үп көстүбэтэ.
Александр Габышевы быыһаабатыбыт, былааска бас бэринэн кээстибит. Атаспытын Максим Местниковы аатын-суолун алдьаттылар. Ханнык эрэ дьахталларга баһыйтаран кэбистибит. Валентин Урусов Удачнайга тутулуга суох профсоюһу тэрийэн боростуой үлэһиттэри көмүскээн хаайыллыбыта. Максим кинини кытта доҕордоспута, кинини өйөөбүтэ. Сүрүн буруйа ити буолуо.
Саха тыла диибит. Хамсык диэн тыл “мор среди скота” диэн тылбаастанар. Киһиэхэ сыһыана суох. Кыым хаһыат суруйда эрэ дии-дии саха тылын быртаҕырдыы баран эрэр.
Уопсайынан үүрүллэ сылдьар сүөһүгэ кубулуйан эрэбит, баҕар ол иһин ити тыл дириҥник киирдэ быһыылаах.
Баһыыбаларыҥ!
Уйбаан Бууссап
2021 с. Муус устар 27 к. “Республика күнэ”
Тыабыт умайар куттала
Быйыл кураан сайын диэн куттууллар. Тыа бөҕөтө умайыа турдаҕа. Миигин Марха баһынааҕы радиацияттан өлбүт тыа умайыыта ордук куттуур. Ити элбэхтик сурулунна. Хатылаабаппын. Бу үлүгэрдээх киэҥ иэннээх Саха сиригэр федераллар биэрэр 200 мөлүйүөннэрэ туохха тиийиэй. Ол даҕаны Арассыыйа араас муннуктарыттан үлэтэ суохтары хомуйан аҕалан үлэлэтэллэригэр тиийэрэ биллибэт.Бэйэбит дьоммутун техниканан хааччыйан туһана сатааһын сылын аайы кыаллыбата сүр. Маны дьаһайыах айылаах киһилээхпит, тэрилтэлээхпит дуо? “Республика күннээх” сахалар.
Муоста тутуута
2007 с. Өлүөнэни тимир суол уонна массыына тэҥинэн туоруур муостатын сыаната 15-17 млрд. солк. диэн суруйбуттара. Онтон 2012 с. аҥаардас массыына эрэ туоруур муостата 39,4 млрд. солкуобай дэммитэ. Оттон билигин массыына эрэ туоруур муостатын сыаната 80 млрд. солк. тиийэ өрө кыырайда. Ону да аҥаарын республка бэйэтэ уйунуохтаах диэни соторутааҕыта аахпытым. Кэлин суруйалларынан ол кыра эбит: ханнык эрэ ВИС чааһынай тэрилтэ угаайытыгар иэскэ киирбиппит, ону хос-хос сиэннэр төлүөхтээх үһүлэр. ВИСтэр бас билэр муосталарын харчытыгар барыс ылаары паромнары сабыахтаахтар. Оччоҕо Уус-Алдан Суоттутуттан ханан эргийэн куораты булаллар! Харчы республикаҕа элбэх курдук туттуу-хаптыы баар да федераллар тоҕо эрэ наһаа хадаҕалыыр санаалара суох курдук. Ол оннугар
Эльга баайын баһылыылларыгар үптэрин харыстаабаттара сурулла сылдьар. Республикабыт күнүгэр итинник “үтүө” сонуну иһиттим.
Киһиэхэ киһилии сыһыан сүттэ
Александр Габышевы быыһыахтааҕар үөҕэр дьон көстүтэлииллэр. Бэйэлэрэ бэрт дьон буолан. Бу бэйэлээх улуу саха норуотун түһэн биэрэр үһү. 1979 с. студеннарбыт наһаа атаҕастаары гыммыттарын утаран турбуттара. ССРСка аан бастаан саллааттар дубинканы манна туттубуттара. Ол иннинэ “кырыыстаах” Америкаҕа эрэ дубинканы тутталлара. Оччотооҕу студентка кыргыттар эпписиэри тутан ылан хоско хаайан баран тутуллубут уолаттарга атастаспыттар диэн кэпсииллэрэ. Онтон 1986 с. Студеннарбыт барахсаттар эмиэ бэйэлэрин кэрэйбэккэ утаран, сиэртибэ буолан автобуска сахалыы саҥарарбыт бобулла сыспыт дьон өрө тыыммыппыт. Атын омуктар, ордук казахтар, убаастабылларын ылбыппыт туһунан суруйан тураллар. ССКП обкомун бастакы сэкэритээрэ Ю.Прокопьев уонна “СЯ” редактора О. Якимов киин сиргэ баран сахалар националистарын туһунан кэпсии сатаабыттарын үрдүнэн. Манна даҕатан Якимов кэлин СГУ доцена, суруналыыстары иитэн таһаартыыр аатырар. Уҥуохтаах-иҥиэхтээх суруналыыс аҕыйаҕа - кини үлэтэ буоллаҕа дуу? Студеннарбыт хамсааһыннара төрүөтэ суох буолбатаҕа. Күөмчүлээһин баара. Паарка, маҕаһыын, уулусса, автобус буоллун – барытыгар. Ол суоҕа буоллар оҕолор тоҕо айдаарыахтара этэй? Александр Габышев ол-бу түмсүүлэр, кэнгириэстэр, партиялар кураанах куолулааһыннара Саха сиригэр туһаны аҕалбатахтарын көрөн олорон тулуйбатаҕа, соҕотоҕун утары барбыта. Немцов да, Навальнай да толкуйдаабатах суолларын тутуспута. Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн уоруу, күөмчүлээһин сиэрэ суох сириэдийбитин утарбыта уонна үгүс дьон өйөбүлүн ылбыта. Уралы ааспыта буоллар Арассыыйаҕа улахан уларыйыы да таҕыстаҕына көҥүл буолуох этэ. Уоруйах партия, салалта куттаммытын, чаҕыйбытын көрөн олордубут. Онтон хайдах кэбилииллэрин көрөн олоробут. 50 саалаах-сэптээх киһини ыытан дьиэтин үрэйэн, төбөтүн хайа охсон тутан аҕалаллар. Дьиҥинэн соҕотох участковайы ыытан кэпсэтэн аҕалыа этилэр. Маннык сааттаах быһыыны тэрийээччи кимий? Айсен Николаев дуо? Өскөтүн кини буоллаҕына тоҕо тугу да билбэтэҕэ-көрбөтөҕө буоларый? Максим Местников туһунан суруйалларын мин итэҕэйбэппин, дьэ ону хайыыгыт? Сууттаһан кыайбыт, кырдьыгын дакаастаабыт түбэлтэтэ баар эбит. Бу кыайтарбыттар өстөрө-саастара быһыылаах. Ону көрөн баран
олоробут. Ойоҕо, кыыһа барахсан көмүскүү сатыыллар. Кыахтааҕым буоллар көмүскүү тахсыам этэ.
Төрөөбүт тылбыт дэһэбит...
Мин бэйэбит улуу классиктарбыт тылларынан саҥара, суруйа сатыыбын. Кинилэр улуу айымньылары суруйбут тылларынан. Онно кэлээһин-барааһын, ынаҕы ыаһааһын о.д.а. сыыс тыллар суохтар. Эгэ, хамсык кэлиэ дуо? Сүөһү буолбатах этибит буоллаҕа, ону дьэ оҥорон эрэллэр быһыылаах. Сотору сууту саха тылынан ыыппаккын. Саха тыла государственнай, нуучча тылын кытта тэҥҥэ туттуллуохтаах, оннук сокуон баар. Бу сокуону салалта аан бастаан кэһэр. Быыбар сокуона куоластааһын буолуо биир ый иннинэ икки тылынан бэчээттэниэхтээх, дьоҥҥо тарҕаныахтаах. Сокуону куруубай кэһиилээх буоллаҕына быыбар дьиҥнээҕинэн ааҕыллыбат. Е.Борисов, А.Николаев быыбардарыгар ити тутуһуллубатаҕа, быыбар сокуона кэмигэр сахалыы тылбаастанан дьоҥҥо тиэрдиллибэтэҕэ. Онон бу дьон баһылык миэстэтигэр сыыһа, сокуону кэһэн туран олордуллубуттара. Тылы көмүскээччилэр ити иһин Е.Борисовы суукка биэрэн кабинетыттан таһааран кэбиһиэхтээхтэрэ. Ити түбэлтэни аан дойду билиэхтээҕэ, тылбыт суолтата үрдүөхтээҕэ, атын омуктар убаастабылларын ылыахтааҕа, өлбөт үөстэниэхтээҕэ. Ону өйдөөбөтөхпүт, өйдүүрбүт да биллибэт. “Республика күнүгэр” санаабыт санааларым итинниктэр.
Иван БУРЦЕВ 30.04.2021 с.
|