Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2021 » Бэс ыйа » 3 » ҮӨРЭ. МИИН. ЭРБЭҺИН. СУБА УОННА СУТУКА. Радиация, сардаҥарар эйгэ дьайыытыттан сүһүрүү уонна харыстаныы туһунан.
ҮӨРЭ. МИИН. ЭРБЭҺИН. СУБА УОННА СУТУКА. Радиация, сардаҥарар эйгэ дьайыытыттан сүһүрүү уонна харыстаныы туһунан.
07:00
Радиация, сардаҥарар эйгэ дьайыытыттан сүһүрүү уонна харыстаныы туһунан.

Билигин онко ыарыытыттан оҕолор, эдэр дьон баралларыттан киһи сүрэҕэ ыалльар. Төһөлөөх айыах-тутуох, олох бөҕөтүн олоруохтаах, саханы дэлэтиэхтээх ыччаттарбыт суорума суолланалларый? Ахсааннааҕа омук сиригэр эмтэнэн быыһанар. Үгүс дьоҥҥо үп көстүбэккэ ол кыаллыбат. Кыратыгар син кыайар курдуктар. Уонна күүстээх норуот эмчиттэрэ биирдиилээн үтүөрдүбүт түгэннэрэ баар. Ол гынан, ити амырыын ыарыы ыллар ылан, дэлэйэн иһэриттэн киһи дьиксинэр. Бу сотовайдар, араас компьютердар, араас сардаҥа таһаарар аныгы прибордар барыта манна олук боолаллар. Онно эбии сылын аайы буруонан тыынабыт. Тыа маһа умайдаҕына, диоксин диэн сүрдээх күүстээх сүлүһүннээх газ тахсар. Хаан, онко ыарыыларын көбүтэр.

Онно эбии араас пластик булкааһыктаах свалка уоттааһына салгыны сүһүрдэр. Былыр диэххэ, культурнай пастбище диэн ааттаан, талахтаах-ыарҕалаах толооннору дефолиант диэн сэбдьини самолетунан көтө сылльан ыстарбыттара. Талах, мас икки чааһынан куура хатар, ону үлтү тэбистэрэн, өртөөн кэбиһэллэр этэ, мэччирэҥ таһааран. Ол түмүгэр, дефолиант умайдаҕына, диоксиҥҥа кубулуйан сир үрүт араҥатыгар сөҥөр. Ирбэт тоҥҥо тимирбэккэ сытар.  Маннык дефолианнаах сирдэргэ баһаар бардаҕына, экологияҕа улахан хоромньу оҥоһуллар. Ону таһынан төһөлөөх аһыҥа өлөрөр эми, хаппыыста үөнүн өлөрөр эми ыстарбыттара боолуой? Оннук сири өртөөтүҥ да, тута диоксин дьайыытыгар түбэһэҕин.

Онно мэччийбит сүөһү-сылгы, кыыл барыта сүһүрэр. Этинэн, үүтүнэн киһиэхэ бэриллэр. 15 сыл диоксин биллэрбэккэ, сүөһү этигэр саһан, мунньуллар. Төрүөҕүнэн салгыы бэриллэр... Оннук сир ыарҕатынан аһыыр тыа кыыла сүһүрэр. Манна эбии ракета көтүтэн, киэҥ сири сүһүртүлэр. Араас промышленность үлэтин түмүгэр, уу сүһүрэр. Ордук көмүс хостооһунугар ртуть, мышьяк курдук сүһүрдэр эттиги туттуу айылҕаҕа оспот хоромньуну оҥордо.  Төһөлөөх атомы эстилэр, онтон төһөтө аварийнай дэммитэй? "Аварийнайа" суох дэммит атомы эһиилэр, сир тымырынан ситимнэһэн төһөлөөх эбэлэри сүһүрдэ сыталларый? Холобурга санаан көрүҥ, иитэн - аһатан олорбут Улуу Нидьили эбэттэн баара суоҕа 10 км (❗) тэйиччигэ атомы эһии туох содуллаах боолуон сөбүн!  Дьэ маннык кылгастык киирии тыллаан баран, бэйэбит кыахпытынан, сатыырбытынан бу мантан хайтах быыһанары толкуйдуохтаахпыт. Бары тэҥҥэ сүһүрэ, испитигэр иҥэрэ сырыттахпыт.

Ону испититтэн хайтах таһаарары, харыстанары сүбэлиэм. Мин научнай үлэһит боолбатахпын, ол гынан санаабын хайтах баарынан тиэрдэбин, судургутук өйдөнөр гына. Мин сүбэм:  

1. Киһи радиация дьайыытыгар 25-28 сааһыгар диэри, ол аата оҥуоҕа кытаатыар диэри бэринимтиэ. Онон оҕо, ыччат дьон сотовай, компьютер дьайыытын муҥутуурдук аччатыахтаахтар.  

2. Телевизор экраныттан 1,5-2 метрэҕэ диэри күүстээх сардаҥа тахсар. Онон оҕолоргутун кырата 3 метр тэйиччиттэн, кылгас кэмҥэ көрдөрө сатааҥ.  

3. Анализ да түмүгүнэн, харах да көрүүтүгэр киртийбитэ көстөр эбэлэр балыктарын төбөтүн, очоҕоһун сиэмэҥ. Ууга баар ыарахан металлар балык ханьыытыгар сөҥөллөр.  

4. Радиацияны иҥэрэринэн саамай үрдүк бырыһыаны тэллэй көрдөрөр. Ону хомуйаат, ууга тимирдэн, биир чаас турдаҕына, радиоактивнай элеменнэрин 80-90% ууга суураллар. Ол кэннэ, биир чаас боолаат, уутун уларытан, дьэ илитэрдии илитэҕин. Ол сүһүрбүт ууну дириҥ оҥкучахха, туалет дьааматыгар кутуҥ.  

5. Атомнай дэлби тэбиилэртэн чугас сытар эбэлэр балыктарын сиэмэҥ.

6. Булт этин көрөн сиэҥ. Сүһүрбүт кыыл ыарытыйан, ырыган, ис органа кэһиллиилээх, үөннээх боолар. Оннугу сиэмэҥ.  

7. Баһаар кэмигэр, аҕылатар, күүскэ хамсанар үлэлэртэн туттунуҥ. Холкутук сылльыҥ. Хайаан да мааска кэтиэхтээххит. Төһө кыалларынан, үөһэттэн ыйыы күүппэккэ, баһаары умулларарга үлэлэһиҥ. Айылҕа иэдээнин туоратыһар, кинини харыстаһар Айыы киһитин ытык иэһэ.  

Уонна кылгастык, биһиэхэ, саха дьонугар сөптөөх, бэйэбитигэр баар отторунан, астарынан хайтах ыраастанары сүбэлиэм. Киһи саатар сылга биирдэ - иккитэ, уонна буруолаах кэмҥэ хайаан да ыраастаныахтаах. Иһигэр иҥпит сүһүрүүнү таһаара сатыахтаах, дириҥэтэн ыарыыга тиэрпэт курдук.  

1. Калийдаах үүнээйилэр киһиэхэ радиация иҥэриттэн харыстыыллар, иҥэрбэккэ таһаараллар. Ол курдук - сүбүөкүлэ, курага, моонньоҕон, сыалаах мас эриэхэтэ, петрушка, муора хаппыыстата аһылыккытыгар баар боолуохтаах.  

2. Дьиэтээҕи сымыыт хаҕын сууйан, хатаран, нуутака оҥорон, аска да булкуйан туттуҥ, ким хайтах сөбүлүүрүнэн биир чаайынай ньуосканы суоракка, сүөгэйгэ былаан ыйыстыҥ. Сымыыкка баар кремний, кальций, молибден радиацияны утары организм охсуһарыгар көмөлөһөр.  

3. Эбиэс уутун иһиҥ. Ыстакаан эбиэһи 2 литр ууга чаас курдук оргутуҥ. Күҥҥэ түөртэ чааскы аҥарынан иһиҥ. Хааҥҥыт ыраастаныа. Табахсыттартан кадмийи суулаан таһаарар  

4. Үүттэ иһиҥ, иэдьэгэйдэ сиэҥ. Стронций курдук ыарахан металлы суулаан таһаараллар.  

5. Отоннор, фрукталар сиидэлэммэтэх, хойуу утахтарын иһин. Ыарахан металлары киһиттэн таһаараллар  
 
6. Календула, дөлүһүөн, бобуонньа сибэккитин көөнньөрөн иһиҥ. Радиация киһи этин - хаанын клеткаларыгар өтөн киириитин тохтотоллор.  

7. Мүөтүнэн аһааҥ. Араас оттор, сибэккилэр көөнньөрүүлэрин кытта холбуу эбэтэр аһы кытта. Холобур:
а). Мүөт + мэлиллибит дөлүһүөн. Киилэ аҥара отоҥҥо ыстакаан аҥара мүөт буккуйабыт, холодильникка уура сылльан, күөх чэйгэ биир чаайынай ньуосканы кутан иһэбит
б) мүөт + кыһыл сарбанньах + дөлүһүөн отоно.  Биирдии остолобуой ньуоска отону биир ыстакаан ууга 5 мүнүүтэ курдук оргутаат, сылааска өссө икки чаас курдук көөнньөөбүт. Сиидэлээн баран мүөппүтүн холбуубут. Манныгы чааскы аҥарынан күҥҥэ үстэ истэххэ, радиацияны таһаарар, иммунитеты бөҕөргөтөр.
в) мүөт + өкөр төбө. Аптекаҕа атыыланар испиирдээх өкөр төбөнү (пустырник) ылан, 30 хааппыланы ыстакаан аҥара сылаас ууга суурайан баран, биир остолобуой ньуоску мүөт холбуубут. Маны күҥҥэ иккитэ биирдии омурдууну иһэбит.  
 
8. Аччыктааҥ! Ордук буруо кэнниттэн. Аччыктааһын кэмигэр киһи организмыгар клеткалар үөскээһиннэрэ бытаарар. Ол оннугар клетка чөлүгэр түһүүтэ саҕаланар.  

9. Онко клеткалара өллөхтөрүнэ, күүстээх интоксикация барар. Онно ити химия кэнниттэн, интоксикацияны ыраастана охсуллуохтаах. Аптекаларга СЕМЕНА ЛЬНА диэн баар. Тирбэҕэ от (лён) сиэмэтэ. Саамай күүстээх радионуклиды, токсины, химияны таһаарар от. Ыстакан тирбэҕэ сиэмэтин 3 литр ууга кутан, иһиккин уулаах иһит нөҥүө (водяной баня) 2 чаас оргутаҕын. Эт сылааһыгар диэри сойутан баран, икки неделя курдук (уонча күн) күҥҥэ биирдии литры иһэр. Химия кэнниттэн радионуклидтар хайаан да тахсыахтаахтар.  

10. Эһээ Ньыыкан ыраастыыр ньыматын туттуҥ. Хатыҥ чоҕо + сүөгэй.  Чааскы аҥара сүөгэйгэ соччо хатыҥ чоҕун мэлийэн буккуйуҥ. Уонна барытын биирдэ олордон кэбиһиҥ. Сүһүрүүнү, үөһү таһаарар.  

Харыстаныҥ, ыраастаныҥ, сахам дьоно барахсаттар!

 КҮН ЧЭЭБИЙЭ.
ҮӨРЭ. МИИН. ЭРБЭҺИН. СУБА УОННА СУТУКА

Билигин, бассаапка суруйуулары аахтахха, ПОЛЫНЬ диэн оту ҮӨРЭ ОТО диэн суруйаллар. Оттон ҮӨРЭ диэн тугуй? Үөрэ диэни похлебка диэн тылбаастыахха сөп. Эттэн ураты, тотоойу бооллун диэн, эбии араас оту эбэн, хойуннаран оҥоһуллубут ас. Ол курдук:
БЭС ҮӨРЭ - бэс субатын хатаран, мэлийэн баран, буһарыллыбыт ас.
ИС ҮӨРЭ - сүөһү иһин кырбаан буһарыллыбыт ас.
КИРИЭН ҮӨРЭ - кириэн (хрен) отунан буһарыллыбыт ас.
ТАР ҮӨРЭ - тарга араас оту кутан оҥоһуллубут ас.
Сити курдук, туох оту-маһы, мииҥҥэ барбат сүөһү иһиттэн оҥоһуллубут, хойуу, мииҥҥэ маарынныыры ҮӨРЭ дииллэр.

Оттон МИИН диэн эт, балык буспут БУЛЬОНун этэллэр. Мииҥҥэ эмиэ амтанын тупсараары, тотоойу бооллун диэн араас туманы куталлар. Былыр лапса диэн суох бооллаҕа. Ол оннугар быыкаа бурдук оҕотунан сэлиэйдээн иһэллэр этэ. Бурдук көстүбэтэҕинэ, КИСЕЛЬ курдук хойуннарар оттору, силиһи куталлар. Араас оту. Саамай сөбүлээн, ас амтанын уларыппатын иһин УННЬУУЛА куталлара. Бэрт кыраны да, биир ньуоску нуутака унньуула куттахха, күөс миин сынньыххай,  кисель курдук хойуу боолара. Саха МИИНэ убаҕас, ол иһин МИИН ИҺЭБИТ диибит. Ньууча миинэ хойуу, хамыйах турар хойуута, ол иһин ЕШЬ СУП диэн боолар.

Үөрэ ото бэйэтэ ааттаах. ЭРБЭҺИН диэн. Эрбэһиммит эмиэ араастаах. Бу СЫТЫГАН ЭРБЭҺИН. Ол иһин ньуучалыы ПОЛЫНЬ ГОРЬКАЯ диэн. Эрбэһини атыннык КЫА УГА дииллэр. Тоҕо диэтэххэ, кини хатарылыннаҕына да, сымнаҕас, үргүнньэх курдук, ону хататынан уот саҕан кыым түһэрдилэр да умайан барар. КЫА диэн ВАТАҕа майгынныыры этэллэр, ВАТА да диэххэ сөп. Ити уот отторго туттулларын иһин, кыа уга дииллэр.

Аны БЭС СУБАТА дуу, БЭС СУТУКАТА дуу?
СУБА диэн МАСтар хатырыктарын аннынааҕы чараас хастанар араҥаны этэллэр.
СУТУКА диэн, талахтыҥы үүнээйилэр хатырыктара ааттанар. Чарааһынан, ньырҕатынан, мас субатыгар маарынныырын иһин, сорох дьон бутуйаллар. Субаны кыһыахтаан ылан баран, хатараллар. Сорох аһыытын сөбүлээбэт дьон буһара түһэллэр. Онтон куурдан, хатаран баран, бурдук курдук боолуор диэри кэлиигэ сынньаллар. Ол суба бурдугунан лэппиэскэ оҥороллор, араас мииҥҥэ, үөрэҕэ куталлар.

Күн Чээбийэ
Category: здоровье | Views: 1905 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Бэс ыйа 2021  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 16
Ыалдьыттар (гостей): 16
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024