News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2021 » Бэс ыйа » 9 » Ѳртѳѳһүн суолтатын уонна туһатын туһунан аатырбыт сылгыһыт Н. Т. Винокуров санаалара.
Ѳртѳѳһүн суолтатын уонна туһатын туһунан аатырбыт сылгыһыт Н. Т. Винокуров санаалара. | 13:41 |
Ѳртѳѳһүн суолтатын уонна туһатын туһунан аатырбыт сылгыһыт Н. Т. Винокуров санаалара.
Саха сиригэр ѳртѳѳһүнү үгэс курдук, саас аайы тэрээһиннээхтик ыытар, айылҕаны кытта сѳпкѳ алтыһар үѳрүйэх билигин да тыа сирин дьонугар иҥэн сылдьар.
Ааспыт үйэ аатырбыт атыыһыта Ньукулай Кырбаһааҥкын Ѳймѳкѳѳҥҥѳ ѳртѳѳһүнү сыллата тэрээһиннээхтик ыыттаран, тыаны-хайаны уоттан быыһаан, күндү түүлээҕи ѳлгѳмнүк бултатара үһү. Ѳймѳѳѳҥҥѳ ѳртѳѳһүнү сыллата кэмигэр ыытаннар, сэрии иннинэ да, кэннинэ да уот кураан сылларга биир да тыа умайбатах. Чахчы, оҕо сырыттахха, биир да умайбыт тыа суоҕа.
Сопхуос саҕана нэһилиэк аайы анал биригээдэлэри тэрийэн, ѳртѳѳһүн сыл аайы тэрээһиннээхтик ыытыллара, хаалбыт кѳрдүгэннэри сопхуос салалталара уонна нэһилиэк Сэбиэттэрэ биир сүбэнэн дьону мунньан умуруораллара. Онон билиҥҥи курдук уһун кэмнээх, киэҥ сиринэн тайыыр тыа умайыыта буолбата.
Кэлин ѳртѳѳһүнү ыыттарыы бобуллан, Саха сиригэр тѳрүт суох, тохтоон турар.
Оттон ѳртѳѳһүн тэрээһиннээхтик ыытыллыбата ыар содуллааҕын кѳрѳ-билэ олоробут. Х-р, Ѳймѳкѳѳн улууһугар Томтор, Сордоҥноох, Ѳймѳкѳѳн сэлиэнньэтигэр тыалар, хайалар умайан бүтэн, сэдэхсийэн эрэллэрэ дьону долгутар. Киһи-сүѳһү буруоҕа тумнастан, тѳһѳлѳѳх доруобуйата айгырыырын медицина чинчийиитэ ыытылла илик. Ойуур, тыа умайыыта доруобуйаны айгыратарын таһынан ийэ айылҕабытын ѳтѳрүнэн чѳлүгэр түспэт иэдээҥҥэ тиэрдэр!
Хайдах, тугу гынан, бары ѳттүнэн куһаҕан содуллаах тыа-ойуур, хайа умайыыта тахсыбатын ситиһиэххэ сѳбүй?
Хардата: Саха сиригэр ѳртѳѳһүнү кѳҥүллээн, тэрээһиннээхтик ыытан!
Кэлин сылларга ойуур баһаарын бохсорго сыллата МЧС-тарга үтүмэн үп кѳрүллэр. Ойуур умайбата буоллар, ити ороскуот быдан аҕыйыа этэ.
Ол кэриэтэ нэһилиэктэргэ уматыкка уонна хамнаска анал үбү кѳрѳн, тиэхиникэлээх анал биригээдэ тэриллэрин, саас ѳрт саҕаланыаҕыттан 20-лии хонукка үлэлииллэрин ситиһиэххэ. Бу биригээдэлэр күһүн от умайар гына хагдарыйыытыттан саҕалаан эмиэ 20-лии хонукка, уот турар куттала сүтүѳр, улахан хаһыҥҥа диэри эмиэ үлэлиир буоллуннар.
Ѳртѳѳһүн суолтата, туһата да сүҥкэн:
• Айылҕа умайыытын бохсор.
• Ѳртѳммүт сири уот сиэбэт буолан, ходуһалар, мэччирэҥнэр күѳх отунан туолан, кур лаҥхата суох буолан умайбакка оту, сүѳһү-сылгы сайыҥҥы аһылыгын толору биэрэллэр.
• Сааскы ѳртѳѳһүн кэнниттэн мэччирэҥ, ходуһа лаппа кэҥиир, ырааһырар. Түмүгэр сүѳһү-сылгы уойар, үүт элбиир.
• Сылгы кыһыҥҥы мэччирэҥэ биллэ тупсар, хаһыы хаачыстыбата үрдүүр
• Лептоспироз курдук сыстыганнаах хонуу кутуйаҕынан тарҕанар ыарыы лаҥха умайан, бу тарҕатааччылар саһар сирдэрэ суох буолан, кинилэри кѳтѳр итигэстээн, кутталлаах ыарыы тарҕанара биллэ аҕыйыыр.
• Ѳртѳммүт сиргэ сылгыга күүскэ тарҕанар ис үѳнүнэн сутуллуу лаппа аҕыйыыр.
Тыаҕа хаар ууллан бүтүѳн иннинэ, тыа саҕатыттан саҕалаан ѳртѳнүллэр.
Мындыр толкуйдаах ѳбүгэлэрбит айылҕаны харыстаан ѳртѳѳһүнү сѳптѳѳхтүк ыытар үѳрүйэхтэрин тыа сирин үлэһит дьоно кэмиттэн-кэмигэр ыыталларын кѳҥүллүѳххэ диэн суруйабын.
«Кыым» хаһыакка Ѳймѳкѳѳнтѳн Н. Винокуров суруйбут.
|
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 2117 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 8 Ыалдьыттар (гостей): 8 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|