Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2021 » От ыйа » 26 » Харчы ыыр эмчиттэр, быраастар, чунуобунньуктар…
Харчы ыыр эмчиттэр, быраастар, чунуобунньуктар…
22:23

Харчы ыыр эмчиттэр, быраастар, чунуобунньуктар…

Сегодня 14 часов назад 2
Харчы ыыр эмчиттэр, быраастар, чунуобунньуктар…

Сотору-сотору бассаабынан «эмтэнэ барарбытыгар көмө буолуҥ» диэн ыарахан ыарыһахтар харчынан көмө көрдөөхтүүллэр. Дойдуга искэн, араак ыарыылаахтары босхо эмтээбэт буолбуттар дуу, оттон онкологияҕа сыллата аҥардас регионнарга эрэ 100-түү млрд солкуобай харчы көрүллэр диэн араатардаан биэрэллэр эбээт.

«Дьон манна эмтэммэт дуо? Туохха онкодиспансер баарый, тутулларый?» — диэн биир билэр бырааспыттан ыйыппыппар: «Чааһынай клиникаҕа бараллар. Сорохтору кырдьык манна эмтээбэттэр — үөcкэ, ноорго эппэрээһийэ бэрт сэдэхтик оҥороллор, оҥоһуллубат даҕаны. Квота кэтэһиилээх, оттон онкология күүттэрбэт ыарыы буоллаҕа. Кыһалҕалаах оттон-мастан тардыһар. Сорохтор киин сиргэ үчүгэйдик эмтииллр диэн бэйэлэрэ маннааҕы диспансерга, быраастарга итэҕэйбэккэ бараллар», — диэн хардарбыта.

Кыһалҕалаах дьону суптуу уулуур баҕайылар дьэ элбэхтэр эбит.

Биир билэр киһим кэпсиир:

— Кэргэним оҕолонон баран маткатыгар искэн тахсыбыта.  Саамай кыһыылааҕа диэн наар көрдөрүнэр бырааһа 4-с стадиятыгар тиийиэр диэри билбэтэх. Мин кэргэним доруобуйатын олус көрүнэр, сылга иккитэ хайаан да туох баар анаалыһын туттарар, тутаах специалистарга көрдөрөр үгэстээҕэ. Ол тухары биир да быраас ыалдьыбытын билбэтэх.

4-с стадиялаах дьон интернети хаһан, билсэн Соҕуруу Кореяҕа баран операцияламмыппыт. Үчүгэйдик аһарыммыта. Үтүөрбүтэ да диэхпин сөп. Онтон аны үс сыл буолан баран тыҥатыгар метастазтаабыт диэн буолла. Москвага Европейскай центр диэн чааһынай клиника үчүгэй үһү диэн истэн онно бардыбыт. Харчы бөҕөтүн ыан-ыан баран ууга тааһы бырахпыт курдук сүтэн хааллылар. Араас анаалыс, обследование (500 тыһыынчалаахха тиийэ!) бөҕө наада дии-дии онно-манна барытыгар көрбүтэ, истибитэ буоллулар. Биһиги син кыахтаах дьоҥҥо киирсэр этибит оччолорго, онон биир квартирабытын, массыынабытын атыылаан харчыбытын бастаан син толуйсубуппут. Онтон аймахтарыбытыттан, баантан иэстээн барбыппыт.  Кэргэним, оҕолорум ийэлэрэ тыыннаах хааллар эрэ диэн туохпун барытын туран биэрэргэ бэлэм этим. Оннук да буолбута.

Тиһэх уһугар Европейскай центр клиникабыт консилиум кэнниттэн сарсын эрийиэхпит диэн баран  оннук эрийбэтэхтэрэ. Төлөппүөннээтэххэ «кэтэһиҥ» дииллэр этэ, онтон ким эрэ ханна эрэ барбыт аатырбыта…

Хайыахпытый государственнай клиникалары аны кэпсэтэн бардыбыт. Квота ылааһына, аны маннааҕы онкодиспансер, минздравтар соруйан гыммыт курдук сотору-сотору докумуоммутун сыыһа толорон ыыталлар, ол аайы дьону соруһуохха, айдаарсыахха наада. Ньиэрбэ-тирии баранан дьэ кэмниэ-кэнэҕэс докумуоммут сиппитин кэннэ аны пандемия буолан хаалла. Эмиэ сэттэ уон сэттэ кэпсэтии, сүүрүү-көтүү, ааттаһыы-көрдөһүү, айдаарсыы-атааннаһыы, биир клиникаттан атын клиникаҕа бырахсыы, ол тухары гостиницаҕа олоруу… Кэмниэ-кэнэҕэс операциялаатылар. Аны ол операция кэмигэр моонньун уҥуоҕун тоһуппуттар эбит…

Операциялаан баран таһаардылар, киһибин 7 чааһы быһа бүөбэйдээн Дьокуускайга аҕаллым. Олох сүнньүм ыарыыта ынырык диэн этээхтиир. Быраас ыҥыра сатаан, барыта ковид айдаана… Ол кэнниттэн оттон өр буолбатаҕа быстаахтаабыта, өрүһүммэтэҕэ.

Ити чааһынай клиникадара олох туһата суох эбит. Харчы ыыр эрэ сирдэрэ. Сахалар онон эрдэттэн государственнай балыыһалары кэпсэтэ сатааҥ. Дьон бөҕө онно баран быстараахтыыр. Харчы бөҕө барыыллар.

Аны дьиктитэ диэн ким даҕаны, маннааҕы минздравтар даҕаны, эгэ онкодиспансердар даганы бу киһини онно эмтэтэ ыыппыппыт, хайдах буолбуттара буолла, көрдөрүммүттэрэ дуу, суох дуу диэн  эҥин саараама сураспаттар. Хайааҥ даҕаны… Биһиги син сэниэлээх, үөрэхтээх, куорат дьоно буоллахпыт. Оттон тыаттан кэлбит, киэҥ сиргэ сылдьа үөрүйэҕэ суох киһи хайдах-туох сылдьарын, төһө муҥу-сору көрсөрүн ким билиэ-истиэ баарай?..

Атын киһи кэпсиир:

-Дьокуускайга ноору оҥорботтор. Ийэм ыалдьыбытыгар интернетинэн суруйсан Москваҕа, Питергэ илдьэ сылдьыбытым. Питергэ операцияламмыта. Химиятерапия кэнниттэн операциялаабыттара. Билигин этэҥҥэ. Сылга иккитэ бэрэбиэркэлэнэр.

Биһиэхэ эмиэ хас да киһи (ол иһигэр быраастар, чунуобунньуктар) чааһынай клиникаҕа, чуолаан Европейскай кииҥҥэ барыҥ дии сылдьыбыттара. Онтон интернеккэ киирэн дьон отзывтарын ааҕан, сотору-сотору айдаан төрүөтэ буолалларын билэн, холуобунай дьыала тэрийтэрэргэ модьуйбуттарын көрөн баран аккаастаммыппыт. Уопсайынан интернеккэ информацияны сиидэлээн ылыахха наада. Рекламалара биллэн турар олус үчүгэй буолар.

Кырдьык кыһалҕалаах дьонтон бүтэһик харчыларын сүлэн ылар баҕалаах дьон да, тэрилтэ да элбэх. Холобур, ийэм дьүөгэлэрин истэн норуот эмчиттэригэр сылдьан харчы бөҕө куппут этэ. Миэхэ кэлин биирдэ эппитэ. Мин ийэбэр ыйын аайы харчы биэрэн мустарар этим, улаханы тугу эмэ ылыныа, эбэтэр сынньана барарыгар диэн. Арай ыалдьыбытн кэннэ бараары гыммыппыт — биир да уураас харчыта суох. Барытын ол экстрасенка бирээхтээн кэбиспит этэ.

Онтон Москваҕа тиийбиппитигэр хостелларга түһэрэбит диэн, билэр бырааспыт ханнык эрэ клиникаҕа үлэлиир диэн, ким эрэ кимниин эрэ кэпсэтиэн сөп диэн… харчы ыла сатаан кэбилэнээччи элбэх этэ. Саамай сөхпүтүм диэн онно чунуобунньуктар, быраастар кыттыгастаахтара. Уонна бары сахалбар! Дьэ сүрдээх, төһө-төһө киһи кыһалҕатыгар харчы оҥоcтоллоро буолла… Олох улахан бизнес эбит. Наһаа итэҕэйимтиэ буолумуохха наада. Угаайыга киирэн биэримэҥ диэн тустаах дьоҥҥо сүбэлиэм этэ. Уонна государственнай балыыһаларга эмтэнэ сатааҥ.

Оттон ким кыахтаах Японияҕа тиийэ тахсан эмтэнэллэр эбит. Саамай бастакы миэстэҕэ улахан бырыһыан үтүөрэр технологиялаах Япония диэн суруйаллар. Ол эрээри кэлиҥҥи кэмҥэ Россия онкологияны эмтиир ньымата олох сайынна, инники кэккэҕэ таҕыста. Дьиҥинэн Дьокуускайдааҕы онкодиспансер хирургтара сайыннылар ахан. Холобур, ноору операциялыыллара буоллар мин ийэбин манна эмтэтиэм этэ.

Ийэм операциятын кэннэ 5 сыл ааста, барыта этэҥҥэ, онон үөрүүбүт улахан.

Үһүс киһи:

-Щитовидка искэнин аан дойдуга саамай көдьүүстээхтик эмтиир радиологическай киин Обнинскайга, Калуга уобалаһыгар баар. Бииргэ үөрэммит оҕолорум онно баран эмтэммиттэрэ. Биһиги диэки зоб ыарыыта элбэх. Кинилэри тута Дьокуускай эндокринологическай диспансертан хара маҥнайгыттан диагнозтарын таба туруоран онно баралларыгар эппиттэр этэ.

Уопсайынан биир саамай үчүгэй тэрээһиннээх үлэлээх диспансер Дьокуускайга — эндокринологическай. Ыарыһахтары ыйы-ыйдаан эрэйдээбэккэ сып-сап үс күнүнэн көрөн бүтэрэллэр. Ити кылаабынай бырааһыттан тутулуктааҕа биллэр, наһаа үчүгэйдик тэрийбит үлэтин. Быраастара олус чопчулар, кыйахаммакка үчүгэйдик барытын быһааран биэрэллэр, болҕомтолоохтук көрөллөр.

Төрдүс киһи:

— Дьокуускайдааҕы онкодиспансер хирургтара олус таһымнаахтык операциялыыллар. Ол гынан баран химиятерапияларын отделениета мөлтөх этэ. Сыһыаннара да, көрүүлэрэ-истиилэрэ да халы-мааргы, дьаабы этэ. Хас сырыы ахсын быраастара уларыйа турара. Биир быраас химияны тиһэҕэр диэри тиэрдибэтэ. Билсиитэ суох буоллаххына тимир-тамыр сыһыаны ааһаҕын. Билигин хайдаҕа буолла, тупсубуттара дуу, суоҕа дуу…

Мин саныахпар манна операцияланан баран химияны атын сиргэ ылар ордук быһыылаах. Дозатын эҥин учуоттуохха наада, ыйааһыҥнынан көрөн, ону маннааҕы быраастар улаханнык иҥэн-тоҥон болҕомтолорун уурбаттар этэ. Онон передозировка элбэҕэ.

Билигин рагы кыайыахха сөп диэн этэр буоллулар, оннооҕор 4-с стадияны. Үтүөрбут, эмтэммит дьон элбээтэ, ол үөрдэр. Сөптөөх бырааска, хирурга уонна химиотерапевка түбэһэр — улахан дьол.

Дьон бэйэтэ ыарыытын билиэн, үөрэтиэн наада. Билигин интернеккэ араас барыта баар. Сиидэлээн туһаныахха сөп.

***

Сылын ахсын Россия правительствота онкологиянан ыалдьар дьоҥҥо медицинскэй көмө оҥорорго көрүллэр харчыны улаатыннарар иһэр.  Былырыын регионнарга 67,8 млрд солк. ыытыллыбыта диэн РФ Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтэ биллэрбитэ. Бу суума сылын ахсын улаатыахтаах.

Биллэн турар, Дьокуускайга тутулла турар онкодиспансер үлэҕэ киирэрин элбэх киһи кэтэһэр. Дьиэ-уот киэҥэ бэрт эрээри, оборудованиета ситэри уонна аныгы буоллаҕына уонна быраастар идэтийиилэрин таһыма үрдээтэҕинэ эрэ бу диспансер көдьүүстээх буолуоҕа. Билигин сибээс сайдыбыт кэмигэр онлайн үөрэх бөҕө баар, федеральнай клиникалар үрдүк таһымнаах быраастара социальнай ситимнэринэн онлайн консультация, операция кытары ыытан үөрэтэллэр, көрдөрөллөр. Биһиги быраастарбыт пандемия кэмигэр стажировкаланаллара кыаллыбат буоллаҕына, ону көрөн профессионализмнарын үрдэтэргэ дьулуһуохтаахтар, оттон салайааччы онно сөптөөх усулуобуйаны тэрийиэхтээх. Оччотугар олохтоох дьон атын сиргэ баран муннугу-ханныгы кэйбэккэ, ол-бу сүүлүктэргэ түбэспэккэ этэҥҥэ Сахаларын сиригэр эмтиэниэх, үтүөрүөх этилэр.

***

Матвей БАИШЕВ,

Дьокуускай к. 

Category: здоровье | Views: 3132 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  От ыйа 2021  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 5
Ыалдьыттар (гостей): 5
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024