Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2021 » Атырдьах ыйа » 22 » ОЙУУН ТУҺУНАН ТҮҮЛ. БЭРТ БУОЛУУ - ЫЧА КЫРЫЫМЧЫГА
ОЙУУН ТУҺУНАН ТҮҮЛ. БЭРТ БУОЛУУ - ЫЧА КЫРЫЫМЧЫГА
19:28

ОЙУУН ТУҺУНАН ТҮҮЛ

Иллэҥ кэммэр сериаллары көрөрбүн сөбүлүүр буоллум. Ордук эдэр полиция уолаттара мүччүргэннээх сырыыларын туһунан. Глухарь, Балобол, Шеф, Джексон уонна онтон да атын хос ааттаах эдэрдэр бандьыыттартан, хоруупсуйа дьонуттан биһигини көмүскүүллэрин кыракый оҕо мультигы итэҕэйэн үөрэрин курдукпун быһыылаах. Кырдьар сааска оннук буолар эбит. Хараҥа күүс кыайтарар, сырдык күүс, үгүс сиэртибэнэн да буоллар, мэлдьи кыайар, өрөгөйдүүр. Бу барыта инникигэ эрэл кыымын саҕар, маннык уолаттар баар буоллахтарына хаһан эрэ, хаһаһ эрэ биһиги дойдубут хараҥа күүстэн ыраастаныа диигин.

Бу сырыыга “Кремень” (Тылбааһа “Чокуур” дэнэрэ буолуо) диэн сериалы салгыбакка көрдүм. Эдэр киһи сидьиҥнэри кыдыйан да биэрдэ. Өстөөхтөрө – бандьыыт, халабырдьыт, түөкүн буолбут урукку спецназ, омон, росгвардия үлэһиттэрэ. Киинэ буолан баран омуннаах бөҕө, аччыгыйа 60% - 70% оҥоһуу буоллаҕа. Сүрүн герой араспаанньата Шаманов диэн, ону өстөөхтөрө “Шаман” диэн хос ааттыыллар. Күнүс тугу көрбүтүҥ түүн түүлгэр киирэр дииллэрэ кырдьык эбит. Түүл бөҕөтүн түһээтим, бэйэтэ туспа сериал курдук. Ол түүлбэр Шаманы (Чокууру) илэ бэйэтин көрсөн кэпсэттим. “Кырдьаҕаас, эрэн – биһиги хайаан да кыайыахпыт, сибилигин буолбатаҕына сотору” – диир киһим. Үөрдүм аҕай. Ол икки ардыгар Габышев Александр баар буолан хаалла. Анараа Шаманым баран хаалла, бэйэм Ойуунум кэллэ. Кини урут холку, сырдык мичээрдээх бэйэтэ, мунчаарбыт, дьиппиэн көрүҥнээх. “Киинэҕэ көстөр Шаман курдук кыайыы өрөгөйүн биллиҥ буолбат дуо, үөрүөххүн”, - диибин киһибэр. Киһим балачча саҥата суох олордо уонна: ”Эн ол киинэҕэ көрөрүҥ курдук буолбатах. Миигин хайдах курдук кэбилээбиттэрин, муҥнаабыттарын-сордообуттарын билэн олороҕун. Мин ол киинэҕэр баар Шаман курдук күүһэ-уоҕа суохпун, ол иһин айыылартан көмө көрдөөбүтүм. Көмөлөстүлэр, үс аанньал кыргыттары ыытан”, - диэтэ намыын баҕайытык. “Билэбин, хайдах эйиигин сордообуттарын, ол аньыыларыгар толук ыллылар буолбат дуо. ДП-1 иһигэр олорор 50 киһини ыытан туттарбыт киһиҥ көрөрүттэн матта, туталларыгар төбөҕүн хайа охсубут киһиҥ бэйэтигэр тиийиннэ, иирэр бараахха уктарбыт судьуйалар оҕолоро оһоллонно, ол тэрилтэ быраастара

уонна кинилэр салайааччылара төбөлөрүнэн ыалдьан бэйэлэрэ онно сыталлар, эйиэхэ биэрбит эмтэрин бэйэлэрэ иһэллэр, укуолларын ылаллар, бука бары кэһэйэн олороллор, ити туһунан куйаар ситимэ толору”, - диибин. “Итиннэ киһи сэргиирэ, үөрэрэ суох, миэхэ киһилии, өйдөөхтүк-төйдөөхтүк сыһыаннаспыттара буоллар бары өлүөр, этэҥҥэ буолуох этибит, ону үөһээ айыылар көрөн олорон дьаһал ылбыттара, атыннык гынар кыах суоҕа быһыылааҕа, онон барытыгар бэйэлэрэ буруйдаахтар, киһилии быһыыны сүтэрбиттэрэ”, - диэт киһим туман быыһыгар суураллан хаалла. Өссө да кэпсэтэр баҕалаах тулабын көрүнэ туран уһуктан хааллым. Хомойуох иһин, түүл аата түүл, барыта кырдьыгынан буолбат. А.Габышевы ыраах төннүбэт сиригэр ыытаары дьаһаналлара иһиллэр. Ыыталлара чуолкай. ДП-1, кириэмили аймаан аан дойду болҕомтотун тарпыт киһибит этэ буоллаҕа. А.Габышев төннөрүгэр итэҕэл суох.Түһээбит түүлүм – сымыйа...

Иван БУРЦЕВ 20.08.21 с.

 

БЭРТ БУОЛУУ - ЫЧА КЫРЫЫМЧЫГА

И.Пономарев бэрт буолуу, тойоҥҥо хаптаҥнааһын содулун туһунан ыстатыйата таҕыста. Бу хас хардыы аайы баар суол. Иван Петрович көрө, истэ сатаан баран дууһата тулуппатах быһыылаах, санаатын суруйбут. Хомойуох иһин, бары өрө көрбүт, хорсун-хоодуот, өйдөөх, инникилээх диир уоланнарбыт ити кыдьык сиэртибэтэ буолаллара мэлдьэх буолбатах. Бу кыдьык Бэс-Күөлүн эрэ трагедията буолбатаҕа буолуо.

Сэбилэниилээх күүстэрбит баһылыга С.Шойгу “өстөөх бэйэбит испитигэр баар, онтон сэрэниэххэ” диэбитин, эбэтэр А.Борисов кутталлаах “бэһис колонна” баарын суруйбутун өрө тутуу бөҕөтө. С.Шойгу телевизорга итинник саҥара олорорун истибитим. Кими анаан буруйдаабыта өйдөммөтөҕө. Үлэлээбэккэ норуот баайын уоран – талаан байар, кыраныысса таһыгар дойду үбүн күрэтэр олигархтары, бааннары халыыр бандьыыттары, араас сүүлүктэри этэрин дуу, эбэтэр итини утарар немцовтары, навальнайдары этэрин дуу быһаарбатаҕа. С.Шойгу норуоттан нолуоктаан ылан үтүмэн үпкэ сэрии сэбэ бөҕөтүн оҥотторор. Кими утары сэриилэһээри? “Бэһис колоннаны” кытта дуо? Сэбиэскэй саҕана Американы, Англияны үөҕэр буоларбыт, сэриинэн иирэллэр, сэрии сэбин оҥостоллор (бряцания оружием) эҥин диэн.

Билигин бэйэбит оннукпут да, итини ол саҕана кириитикэлээччи хомуньуус партия билигин саҥарбат. Онон бу киһи этиитин улахан тойон эттэ эрэ диэн, хабан ылан луоһун оҥостуу бэрт буола сатааһын. Хоруоналаах вирус уонна аныгы быыбардар маарыҥнаһар өрүттэрэ элбээн барда. Онтон биир сүрүнэ: дьаҥтан хайаан да быһыы ылыахтааххын, ону ылбатаххына үлэҕиттэн үүрүллэҕин. Сүүстэн тахса үлэһит үүрүлүннэ диэн сирэй көрбөх телевизорбыт үөрэ-көтө кэпсээбитэ. Ньыгыл партияҕа куоластыы барбатах чиновник, студент үүрүллэрин уруккуттан билэҕит. Маны сирэй көрбөх салалта тэрийэр. Ити туһунан куйаар ситимэ, төһө да кистээтэллэр, иһитиннэрэр. Элбэх аньыылаах-харалаах АЛРОСА хампаанньа иннигэр үҥүү – сүктүү. Хампаанньа биэрэр, көмөлөһөр эбээһинэһэ, оччолооҕу ылбыта, ыла олорор. Өссө кыратык көмөлөһөр диэххэ наада. Ону даҕаны Бүлүү сүнньүн общественнаһа туруорсуутунан, ирдэбилинэн тугу эмэ ыһыктар, хайа эрэ тойон сатабыллаах кэпсэтиитинэн буолбатах. Ону сирэй көрбөхтөр өйдөөбөтөҕө буолаллар, өссө общественник-экологтары буруйдуохтарын баҕараллар, суукка биэрэллэр. Итинник сирэй көрбөх, бэрт буолуу, хаптаҥнааһын туһунан төһө баҕарар кэпсиэххэ сөп. Сирэй көрбөхтөр үөһэттэн өйөнөр буоланнар сокуону, киһи быраабын кэһэллэр. Кинилэр ыйыыларын толорон киһини массыынаттан ороон таһааран сиргэ сирэйинэн быраҕыахтара, үлэлии олорор киһиэхэ сирэйдэрин саптыбыт, тиистэригэр диэри сэбилэммит дьон кабинетыгар ойон киирэн хандалы кэтэрдэн илдьэ барыахтара. Быыкайкаан уҥуохтаах уу чуумпутук олорор оҕоннньорго 50 толору сэбилэниилээх дьону ыытан төбөтүн хайа охсон тутан аҕалыахтара. Сирэй көрбөх буолуу дьаллыга наһаа кэҥээтэ, содула киэҥ эйгэни хаптар хабан иһэр, ону тохтотор күүс суох быһыылаах.

Иван БУРЦЕВ 20.08.21 с

Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 2791 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Атырдьах ыйа 2021  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 20
Ыалдьыттар (гостей): 20
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024