Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2021 » Сэтинньи » 17 » Тоҕо сахалар 90% олорор улуустарын кииннэригэр - Ньурбаҕа Орто Халымаҕа эҥин 50-100% диэри нууччалыы үөрэтии баарын?
Тоҕо сахалар 90% олорор улуустарын кииннэригэр - Ньурбаҕа Орто Халымаҕа эҥин 50-100% диэри нууччалыы үөрэтии баарын?
11:14
Тоҕо сахалар 90% олорор улуустарын кииннэригэр - Ньурбаҕа Орто Халымаҕа эҥин 50-100% диэри нууччалыы үөрэтии баарын?

Куйаар ситимэ күүскэ,түргэнник сайда турар-орто хаччылаах,үлэлээх дьон сиэпкэ уктуллар сэлэспэ диэн тэрил тэнийэн абыраата даҕаны алдьатта даҕаны.

Ол туһунан бээһээ суруйбутум эрээри бүгүн эмиэ хатылыам. Улахан,саастаах дьону сэлэспэ-өйдөөх сэлэспэ-абыраата-үтүүбэ, бассааба,гуугула эҥин. Оттон кыра оҕолору алдьатан эрэр-төрөппүттэрин,эбээлэрин эһээлэрин кытта бодоруһуохтарын,бодьуустаһыахтарын оннугар сэлэспэ туттаран кэбиһэллэр-оччоҕо оҕолоро адаҕа, туорай буолбат-сүрэҕэлдьээһин хотор.

Түмүгэр оҕолорбут сахаттан тэйэн атын омукка кубулуйаллар. Быйыл күһүн,сайын Ньурбаҕа 1 дьикти айдаан тахсыбытыгар ону чопчулуур туһуттан улуус үөрэҕин салаатын үлэһиттэрин кытта анаан көрсөн кэпсэппитим.

Онно көстүбүтүнэн Ньурба улууһугар 4145 оҕо үөрэнэр курдук эбит ( улууска ааспыт дьону ааҕан суруйууга 25000 киһи баара-2012 сыллаахха быһыылааҕа) УНО үлэһиттэриттэн ыйыттым-:- улууска төһө оҕо нууччалыы үөрэнэллэр?-диэн . Нууччалыы үөрэнээһин үгэс курдук улуус киинигэр эрэ баар. Ньурба куоратыгар быһа холуйан 10 оҕо уһуйаана баар курдук.

Онтон аҥаардарыгар ( сыыһа өйдөөбөт буоллахпына) нууччалыы иитэр бөлөхтөр бааллар этэ быһыылааҕа-иллэрээ сыл туругунан-:-Убайааҥҥа-1 Ньурбаҕа -урукку порт оҕо уһуйаана-Комсомольскай ыллыкка,СМУ түөлбэтигэр-Ойуур остуоруйата-диэн ааттаах  уонна Энергетик  түөлбэтигэр баар курдук өйдөөбүтүм. Арааһа-4 уһуйаан быһыылаах.

Аны үөрэх кыһаларыгар киирдэххэ-Убайааҥҥа 2 -лии кылаас баарыттан аҥаара сахалар,аҥаара нууччалар үһү. 2- ис оскуолаҕа-520 оҕо үөрэнэр эбит. Онтон 1 кылаас-сахалар эбит. 2 кылаас -нууччалар эбит. 3- һүс оскуолаҕа -Убайаан курдук өйдөөбүтүм-аҥаара сахалар,аҥаара нууччалар-диэн.

Онтон дьонум суоттаан эбэн,көҕүрэтэн баран нууччалыы үөрэнээччилэр ахсааннарын-730- эбит-диэн түмүк таһаардылар. 4145- улуус үрдүнэн үөрэнэр оҕо ахсаана.
Олортон тыалары киллэрэн туран-3415 оҕо сахалыы үөрэнэр эбит. 4145- 3415=730 тахсар " нууччалаах" эбиппит!

Мантан дьиҥнээх төрөппүттэрэ нууччалара арааһа 100 иһинэн буолуо-дии саныыбын.

Санаан өйдөөн көрүҥ эрэ-600 саха төрөппүт күүс өттүнэн оҕолорун нуучча оҥороллорун!
Минньитэллэрэ диэн-:- нуучча кылаастарыгар саха тылынан кэпсэтиигэ үөрэтэллэр эбит-уруок ( үөрэх) баар курдук өйдөөтүм. Манан мин тугу этээри гынабыный? -улуустар кииннэрэ нууччатыйан иһэллэр. Киин куоракка 50 үөрэх кыһатыттан 3-4-5 эрэ үөрэх кыһата сахалыы үөрэтэр-диэбиттэрэ-Конгресс кэмигэр.

Алдаҥҥа,Нерюнгрига,Ленскэйгэ,Мииринэйгэ,Удаачнайга, Баатаҕайга,Орто Халымаҕа,Зыряянкаҕа үксүн нууччалыы үөрэтэллэрин сэрэйэбин. Аллараа Халымаҕа-Чиэрискэйгэ да оннук буолуо. Томпоҕо хайдаҕын билбэппин. Ити нууччалар түөлбэлээн олорор сирдэригр үөрэх,иитии 100% нууччалыытын сэрэйэбит.

Өйдөөбөппүн-:- тоҕо киин куораппыт аҥаара сахатын үрдүнэн 90% курдуга нууччалыы үөрэтэллэрин?

Тоҕо сахалар 90% олорор улуустарын кииннэригэр-Ньурбаҕа Орто Халымаҕа эҥин 50-100% диэри нууччалыы үөрэтии баарын?  Саха Сирин үөрэҕин миниистирэ итиннэ сатаан хоруйдуо дуо?!-

Ньурбаттан Бигэ Өрөкүй Бааһынай уола-Саха Омук 3- һүс Конгреһын Сүбэһитэ. 2021 сыл Сэтинньи 17 күнэ2021 сыл. Арассыыйа. Саха Сирэ. Ньурба.
Category: Саха | Views: 2084 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2021  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 17
Ыалдьыттар (гостей): 17
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024