Сэтинньи 29 күнүгэр Василий Яковлев-Далан арамаанынан уһуллубут «Тыгын Дархан» киинэ Лондон Ciné Lumière кинотеатрыгар аан дойдутааҕы премьерата буолар диэн киинэ ааптардара биллэрдилэр.
Кинорежиссер Никита Иннокентьевич Аржаков соторутааҕыта эрэ Сочитааҕы SIFFA норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ фестивалын гран-при бирииһин туппута. Ол иннинэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕун кэпсиир историческай киинэ «Вече» диэн Россиятааҕы кинофестивальга үс сүрүн бирииһи ылан турар: «Приз президента фестиваля», оператор Юрий Бережнев — «Лучший оператор», сүрүн оруолу толорооччу Ньургун Бэчигэн — «Лучший актер».
Дьэ, онон Никита Аржаков «сахаларга эрэ анаан» устубут киинэтин атын омуктар эмиэ сэргиир, үрдүктүк сыаналыыр, өйдүүр эбиттэр диэн түмүк оҥоруохха сөп. Россияҕа идэтийбит киинэ эйгэтин үлэһиттэрэ «Тыгын Дархъаны» улаханнык сыаналаабыттара, биллэн турар, ордук долгутуулаах этэ. Бу иннинэ омуктар куһаҕаны, норуоту түһэрэр эрэ киинэлэри «сыаналыыр» курдуктара.
Оттон англичаннар «Тыгын Дарханы» хайдах ылыналлара буолла? Англияҕа Нуучча киинэтин нэдиэлэтэ сэтинньи 28 күнүттэн саҕаланар. Иккис күнүгэр киэһэ 20.15 чаастан саха киинэтин сүрэхтэниитэ былааҥҥа турар.
Манна даҕатан эттэххэ, Великобританияҕа биир дойдулаахпыт Абердинскай университет профессора, антропология наукатын доктора Татьяна Аргунова-Лоу олорор. Татьяна Аргунова-Лоу Британскай музей экспонатын (ХIX үйэҕэ сэлии муоһуттан чочуллан оҥоһуллубут «Ыһыах» композицията) Дьокуускайга аҕала сылдьыбыта.
Татьяна Аргунова-Лоу
Кини билигин даҕаны төрөөбүт дойдутун кыары ситимин быспакка култуура, искусство өттүгэр үлэлии-хамсыы сылдьар учуонай буолар. Онон англичаннар сахалар тустарынан син билэр омуктар диэн этээри гынабыт.
***
Aartyk.Ru