Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2021 » Ахсынньы » 2 » УУС - КУЙГА ТӨҺӨ АБЫРАНЫАЙ?
УУС - КУЙГА ТӨҺӨ АБЫРАНЫАЙ?
14:23

УУС - КУЙГА ТӨҺӨ АБЫРАНЫАЙ?

Бу бөһүөлэккэ кыра кыамталаах атомнай станция (ККАС) тутулларынан сибээстээн Саха сириттэн атомнай станция диэн тугун-ханныгын билсээри Нововоронежскай АЭС-ҕа делегация ыыппыт сурахтара иһиллибитэ. Тугу көрөн кэлбиттэрин истээри өр баҕайы күүттүбүт.

Бастакытынан, тоҕо Певеккэ баар ККАС-ҕа барбакка ыраах Нововоронежскайдааҕы АЭС-ҕа тиийбиттэрэ өйдөммөтөҕө. Иккиһинэн, Уус Куйгааҕа ККАС тутулларын утарар, эбэтэр саарбахтыыр общественниктары илдьэн АЭС үтүөтүн “өйдөтөр”, “үөрэтэр” сыалы тутуспатахтар. Н.Охлопков курдук ККАС тутулларын хара маҥнайгыттан өйүүр, барытын “билэр” учуонайы илпиттэн туох көдьүүс кэлиэй, кини эппитин этэ туруо буоллаҕа. Кэмниэ кэнэҕэс ККАС тутуллуутун агитациялыыр сорудахтаах барбыт Кыым суруналыыһа А. Капрынов ыстатыйатын көрдүбүт. Нововоронежскай АЭС-ҕа илдьибиттэрэ эмиэ да өйдөнөр курдук: бу станцияны төһө да 1993 с. кутталлаах АЭС-лар ахсааннарыгар киллэрдэллэр дойду станцияларыттан быһылаана аҕыйаҕынан кэм арыыйдалара. Станция 1971 сылтан саҕалаан 9 сыл устата тутуллан 1980 сылга үлэҕэ киирбитэ.

Бырайыак быһыытынан 2001 - 2010 сс. ресурсатын бүтэрэн үлэтин тохтотуохтааҕа. Биһиэхэ хаһан да итини тутуспаттар, энергоблогы эбии тутан салгыы үлэлэтэллэр. Суруналыыс 1,2, 3-с энергоблоктар үлэлээбэттэрин туһунан суруйбут эрээри ону чуолкайдаан ыйыппатах. Энергоблоктар үксүгэр ресурсалара бүтэн буолбакка, туруктара мөлтөөн кутталланан тохтотуллаллар. Чернобыльга биир энергоблок (төрдүс) кээһэнэн алдьархайы таһаарбытын санааҥ. Арассыыйа Госатомнадзорын инспектора В.М.Кузнецов АЭС - ларга дьиэктээх энергоблоктары тохтотор этэ. Ол курдук, Новоронежскайдааҕы АЭС-ҕа 1984 с. бастакы энергоблогы, 1990 с. иккис энегоблогы тохтоппута суруллар. Кэлин өссө үһүс энергоблок эмиэ тохтотуллубут эбит. В.М.Кузнецов биир үлэтигэр манныгы ааҕабыт: “...на одних только АЭС России, а также построенной по советскому проекту Игналинской АЭС за период с 01.01.92 г. по 01.01.94 г. было более 270 аварийных ситуаций (т.е. за время существования Госатомнадзора РФ, который учрежден распоряжением Президента РФ №137-рп от 31.12.91 г.). Пять из них относятся к категории серьезных...”. 1991 с. ыам ыйын 4 күнүгэр Игналинскай АЭС 2-с энергоблогар быһылаан тахсан үс киһи дозаны баһыйар сүһүрүүнү ылбыттарын туһунан суруйуу баар. Көстөрүн курдук, баара-суоҕа

икки – үс сыл иһигэр итиччэ элбэх быһылаан... Саахала элбэх буолан, билигин тохтотуллан турар Игналинскай АЭС туһунан өссө маннык суруллубута баар. Бу АЭС маҥнай, ССРСка былааннаммытынан, Белоруссияҕа тутуллуохтаах эбит. Белоруссия Компартиятын киин кэмитиэтин бастакы сэкиритээрэ П.М.Машеров дойдутугар кутталлаах объект тутуллуон баҕарбатах, ол иһин Наукатын академиятыгар үөрэтэргэ сорудах биэрбит, АЭС тута охсуҥ диэбэтэх. Белоруссия учуонайа Ю.И.Бондарь станция кутталлааҕын дакаастыыр научнай төрүтү оҥорон сорудаҕы толорбут. Онон П.М.Машеров кутталлаах станцияны төрөөбүт сириттэн дьалты Литваҕа үҥүлүттэрбит. Биһиги учуонайбыт Н.Охлопковы кытта Ю.И.Бондары тэнээн көрүҥ, эбэтэр баһылыкпыт А.С.Николаевы кытта П.М.Машеровы. Баһылык А.С.Николаев республиканы салайар үлэтин 2018 с. ККАС туттарыыга Росатомы кытта Сөбүлэҥ түһэрсииттэн саҕалаабыта, билигин Дуогабарга илии баттаата.

Биһиги делегациябыт Литваҕа тиийэн үлэлиирэ тохтотуллан турар Игналинскай АЭС - ны көрүөхтэрэ, ыйыталаһан элбэҕи билиэхтэрэ хаалла. А.Капрынов салгыы суруйарынан, тутулуга суох тэрилтэлэр анаалыс ылалларын, кэтээн көрөллөрүн туһунан АЭС үлэһиттэрэ чуолкай эппэтэхтэр. Общественник -экологтар хайаан да орооһоллор, онно киһи сүөргүлүүрэ суох. Маҕаһыын аттыгар, подъезтарга олорор эмээхситтэр АЭС чугаһыттан долгуйбаттар үһү. Манна эмиэ биһиэхэ курдук, былааспыт чиновниктара уонна Экология министиэристибэтин үлэһиттэрэ Уус Куйга олохтоохторун уоскуталларын курдук буолуо. Эбэтэр, АЭС чугаһыгар олорооччуларга анаан РФ правительствота 1992 с. алтынньы 15 күнүгэр таһаарбыт 763 нүөмэрдээх уурааҕынан туһанар буолуохтарын сөп. Делегация дьоно бу уураах туһунан туоһуласпыттарын суруналыыс суруйбатах. Бу элбэх харчы – АЭС тутуллар үбүн 10% итиннэ ананыахтаах диэн. Көннөрү дьоҥҥо кыра да наада.

Уураах билигин да үлэлиир буоллаҕына уус- куйгаалар маны болҕомтоҕо ылыахтарын наада. ККАС хайаан да тутуллар, билигин дьон-норуот санаата учуоттаммат кэмэ. 2009 с. дааннайдарынан РФ Муоратааҕы байыаннай флота 198 подводнай лодканы арсеналыттан устубута, олортон 164 харайыллыбыта (утилизация). Бу лодкаларга үлэлээбит КЛТ-40, РИТМ эҥин курдуктар, бары да буолбаталлар, салгыы туһаныллыахтаахтар. Оттон кинилэр быһаччы туһаныллар сирдэрэ – ККАС. Өскөтүн Уус Куйгааҕа ККАС үлэлиир дьоҕурун көрдөрдөҕүнэ Арассыыйа эрэ үрдүнэн буолбакка, атын дойдуларга эмиэ тарҕаныа. Уус Куйгааҕа станция, этэллэрин курдук, табыллан үлэлиэ дуо? Ким да билбэт. Росатом ханнык да мэктиэни (гарантия) биэрэр кыаҕа суох. Итини

2011 с.“Росатом” госкорпорация оччотооҕу генеральнай дириэктэрэ, билигин РФ президенин администрациятын тутаах үлэһитэ Сергей Кириенко маннык тыллары эппитэ туоһулууллар: “По отношении атомной отрасли должна быть презумция опасности”; “Возможность расплава активной зоны – особенность современных ядерных реакторов”; Оттон кини общественность оруолугар анаан эппит тыллара: “Мы либо научимся взаимодействовать с общественностью, либо атомная энергетика обречена”; “Было бы глупостью говорить, что атомная энергия самая лучшая...”. Онон, ККАС Уус Куйгааҕа тутуллан олохтооҕу абырыыра саарбахтардаах диэн быһаччы этиэххэ наада. Усуйаана дьоно эрэ буолбакка, Үөһээ Дьааҥы нэһилиэнньэтэ эмиэ саахалтан көмүскэнэр ньымалары эрдэттэн билсэ, үөрэтэ охсуохтаахтар. Дойдуга хаһан эрэ гражданскай оборона үлэлиир эрдэҕинэ көмүскэнэр ньымалары үөрэтэллэрэ, ону билигин сөргүтэр наада. Ордук тыал үрэр сүрүн хайысхатын (Роза ветров) учуоттуур саахал кэмигэр ханна көһөн биэрэргэ олус наадалаах буолуо этэ. АЭС-лар баар сирдэригэр нэһилиэнньэ буолуохтаах буоларын курдук итини ылынара уонна итинниккэ үөрэнэрэ.

Иван БУРЦЕВ 28.11.21.с.

Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1911 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2021  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 26
Ыалдьыттар (гостей): 26
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024