Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2021 » Ахсынньы » 12 » Ньыыкан кырдьаҕас уонна Ньыыкан Арамаанап.
Ньыыкан кырдьаҕас уонна Ньыыкан Арамаанап.
09:56
Ньыыкан кырдьаҕас уонна Ньыыкан Арамаанап.

XIX уонна XX үйэлэр ыпсыыларыгар Үөһээ_Бүлүү Көтөрдөөҕөр Ньыыкан Романов диэн дьон хараҕар көстүбэт киһи кэлэн, Буокка оҕонньордооххо үс сыл олорон барбытын туһунан эһэлээх эбэбиттэн истэн улааппытым. Ньыыкан кырдьаҕастан бэйэтиттэн: «Чахчы ити кэпсииллэрин курдук киһи кэлэн олорон барбыта дуо? Кини ойох ыла сылдьыбыт дьахтара хос куолайдаах, онон ол дьахтар саҥарарын Ньыыкан Арамаанап диэччилэр эмиэ бааллар. Ити хайдаҕый? Эн оччолорго баарыҥ дуо?» — диэн биирдэ ыйыппытым.
Кырдьаҕас онно маннык сэһэргээбитэ: «Ити Ньыыкан Арамаанап диэн киһи үс сыл устата Ыарыкчааҥҥа Буокка оҕонньордооххо иитиэх кыыстарын ойох гынан олорбута кырдьык. Сүрдээх оонньуулаах-дьээбэлээх киһи этэ. Киниэхэ мэлдьи табах баар буолара. Ол иһин Ньыыкан Арамаанапка табах тардаары, оонньоору-көрүлээри, оһуохайдаары Көтөрдөөхтөн, Боотулууттан кыһыннары-сайыннары ыччаттар мустар этибит.

 Сайын таһырдьа күөх кырдалга, кыһын балаҕан иһигэр оһуохайдааччыбыт. Ньыыкан Арамаанап үҥкүү тылын үчүгэйдик таһаарара. Кини киһиэхэ көстүбэт. Сороҕор үҥкүү түһүлгэтин иһигэр, ардыгар таска сылдьан этэрэ. Дьахтары хос куолайдаах этэ дииллэрэ сымыйа. Ньыыкан Арамаанап диэн киһиэхэ көстүбэт, чахчы баар буола сылдьыбыт киһи. Мантан барарыгар кэргэнин илдьэ барбыта. Ол дьахтар Мухтуйаҕа өлөөрү сытарын көрбүтүм. Дүллүкү киһитэ Эһэ Харах ыарыылыы сытара.

Дьон олорор дьиэтиттэн икки сүүс саһааннаах сиргэ ураһаҕа этэ бүтүннүү дьөлүтэ бааһыран, сүрэхтээх тыҥата ойоҕоһун уҥуоҕун быыһынан курдаттыы көстөр буолан, киһи аатыттан ааспыт этэ. Сотору өлөөхтөөбүт буолуохтаах. Эһэ Харах ыраатыннарбакка, ураһатын оннугар харайбыта буолуо: киһи чугаһаабат сыта-сымара этэ. Ыарыкчааҥҥа Ньыыкан Арамаанап олоро сылдьыбыт ампаара билигин даҕаны турар. Аныгы дьон, киһи эрэ буоллар, аньыырҕаан тыыппаттар эбит ээ...»
1. Ньыыкан ииттибит уола  Николай Никонович Васильев аҕатыттан истибитин суруйан, бу түгэни бигэргэтэн, ытаһалаан биэрэр:
—Ньыыкан Ньурбаҕа тиийэн, баай дьахтары ойох ылар. Биир кыыс оҕолоноллор. Ол саҕана Бодойбоҕо эт-арыы харчыга турар кэмэ эбит. Дьахтар Ньыыканы тэрийэн, икки ат тардарынан эт, арыы тиэйэн, тайҕаһыттары кытта эргиннэрэ ыытан кэбиһэр. Онтун Бодойбоҕо тиийээт батарар эрээри, дойдутун дьоно кучуйаннар, хаалан хаалар. Били аттарынан шахтаҕа мас таһыытыгар үлэҕэ киирэр. Дьэ, онно көрсөр саха киэнэ аҕыс кырыылаахтарын. Кыыл Уола Сэргэй Зверевтиин, тайҕа аатырбыт ороспуойа Эһэ Харах Санниковтыын билсэр.
Эһэ Харах – Үөһээ Бүлүү Дүллүкүтүн киһитэ. Ньыыкан Арамаанап Бодойбоҕо аҕалан бырахпыт дьахтара этэ барыта баас буолан өлөөрү сытарын дойдум киһитэ диэн ыарыылыы сытар эбит. Ороспуойдар, хаартыһыттар, көмүсчүттэр бары булкуһан «дьахтар – куукалка, арыгы – уу, харчы – кумааҕы» диэн халлаан хабарҕаларынан буолан олорбуттар. Эһэ Харах биир нуучча дьахтара көссүүлээҕэ, онтукайа колдунья үһү. Биир кыыстаах, биир уоллаах. Ол дьахтар сааһыран, сүүһүн ортотугар 3-4 см уһуннаах муос үүммүт. Онтон саллан Санников сылдьыбат буолбут. Биирдэ таһынааҕы ыалларыгар түһэн олордоҕуна, дьахтара киирэн: «Биһиэхэ тоҕо сылдьыбат буоллуҥ? Сарсын барыаҥ иннинэ киирэ сылдьаар», – диэбит. Эһэ Харах сарсыарда эрдэ тураат, атын дэриэбинэҕэ барар. Күөлү ортолоон эрдэҕинэ  эмээхсин хаһыыта иһиллэр: «Санников, тохтоо! Кэпсэтэрдээх этибит. Төнүн!» Санников хараҥаҕа көрө сатыыр даҕаны, ким даҕаны иһэрэ биллибэт үһү.
2. Атын дэриэбинэҕэ тиийэн, ыалга киирэн аһыы олордоҕуна, били саҥата кулгааҕар иһиллэр эбит. Хас да күн утуйбакка, ыксаан, ис таҥаһыттан саҕалаан таҥаһын барытын сиигинэн көтүрэр. Бүтэһигэр саһыл саҕалаах сонун көтүрэ олорон, сонун саҕатыттан үс кырыылаах иннэни булан ылаатын кытта саҥата сүтэн хаалбыт. Дьиэлээхтэр тайҕа ороспуойа буккуллаары гыммыт диэн дьиксиммиттэр. Санников иннэни ылан оһох үөлэһигэр кыбыта анньан кэбиһэр. Көтүрбүт таҥаһын тиктэрэн, киһи киһинэн буолан хаалар. Ол олордоҕуна дьахтарын уола тиийэн кэлэр. Санниковы таһырдьа ыҥыран таһааран: «Ийэм баас буолан өлөөрү сытар. Баран көрсүөҥ үһү», – диэн илдьити этэр. Санников кыккыраччы батан кэбиһэр. Уол сылдьа түһэн баран, киэһэ дьиэлиир. Барбытын кэнниттэн иннэтин көрбүтэ – мэлигир. Били уол илдьэ бардаҕа диэн сэрэйэр. Эһэ Харах онтон уһаабакка, баандатын кытта тутуллубут. Ол иннэтэ араҥаччылыы сылдьыбыт буолуохтаах.
Биир дьикти үһүйээни Алексей Божедонов-Сырдык «Кустукка көппүт кыыс» диэн суруйуутугар кэпсиир:
—Биһиэхэ кыра оҕолору: «Кустукка чугаһаамаҥ! Сүтэн хаалыаххыт», — диэн куттууллара үһү. Былыр, нуучча кэлиэн иннинэ буолуо, Оҥхой кыыһа кустукка киирэн, Үөһээ Дьааҥыттан Үөһээ Бүлүүгэ көтөн тиийбит. Аны манна Ньыыкан Арамаанап диэн көстүбэт киһи кыттыгастаах.
Дьокуускай куораттан 7 экстрасенс («Эйгэ» бөлөх) 2002 сыл олунньу 23 күнүгэр тиийэн, Киһилээх хайатын алгыстаан арыйбыппыт. Онтон мин төрөөбүт дойдубар, Боруулаахха (Оҥхойго), тиийэ сылдьыбыппыт. Оҥхой диэн Боруулаах былыргы аата. Боруулаах түөрт сүдү хайа ортотугар оҥхой сиргэ турар. Кулуупка уонна оскуолаҕа лиэксийэ аахпыппыт. Онно биир үөрэнээччи кустукка көппүт кыыс туһунан дьикти үһүйээни суруйбутун биһиэхэ бэлэхтээбитэ.



Былыр Оҥхой сиригэр, Омохто хайатыгар сайын от саҕана дьэрэкээн кустук түспүт. Оҕолор ону көрөн, кустукка сүүрбүттэр. Эдьиийдэрэ 13 саастаах кыыс урут тиийэн, кустукка киирбит. Кустук кинини көтүтэн илдьэ барбыт, тыа кэтэҕэр тиийэн сүппүт. Киэһэ дьоно оттоон кэлбиттэрэ – оҕолоро эдьиийдэрин сүтэрэн ытыы олороллор үһү. Дьону хомуйан, кыыһы сайыны быһа көрдүү сатаан баран булбакка, холорук көтүппүтэ буолуо дии санаабыттар.
3. Хас  да  үйэ ааспытын кэнниттэн, сүүсчэ сыллааҕыта Боруулаах таҥаратын дьиэтигэр биир дьикти сургуустаах сурук Үөһээ Бүлүүттэн кэлбит. Бу сурукка сүппүт кыыс былыр Үөһээ Бүлүүгэ тиийбитин, булчут үүтээнин таһыгар түспүтүн туһунан суруллубут. Булчут муммут оҕону булан ииппит. Оҥхой кыыһа улаатан, чугас эргэ барбыт, киниттэн туспа ийэ ууһа үөскээбит.
Улуу Киһилээҕи Ньыыкан ойуун сүбэтинэн арыйбыппыт, бу дьиҥэр Ньыыкан арыйбыт хайата. Ол иһин Киһилээххэ түһэрбит хаартыскаларбытыгар былыкка Ньыыкан дьүһүнэ элбэхтик тахсааччы. Кини биһигини бэйэтигэр ыҥырбыта. Ол иһин Киһилээҕи арыйбыт бөлөх 2002 сыллаахха кулун тутар бүтүүтэ Боотулууга, Сургуулукка сылдьыбыппыт. Боотулууга Ньыыкан уҥуоҕар тиийбиппит. Онно аан бастаан былыкка тиийэр дьон (Айыылар) сүөдэҥнэһэ сылдьалларын көрбүтүм.
Бэйэм сорук оҥостон, сургуустаах суругу ким ыыппытын билэр санаалааҕым. Боотулууга ыалга чэйдии олорон, сургуустаах суругу Ньыыкан Арамаанап диэн көстүбэт киһи суруйбутун биллим. Кини Буокка диэн киһиэхэ олорон, биирдэ аптаах дьон манна кэлиэхтэрэ диэбит. Буокка оҕонньор ол аптаах дьону хара өлүөр диэри күүппүтэ үһү. Итини истэн баран, Ньыыкан Арамаанаптан сүрдээҕин саллыбытым: Оҥхой уола Оҥхой сүппүт кыыһын көрдөөн, аны сүүс сылынан кэлиэҕин хайдах билбитэй?..
Үөһээ Бүлүүгэ Оҥхой диэн ааттаах нэһилиэк баар. Былыр онно Оҥхой диэн ааттаах эмээхсин олорбута үһү. Ол былыр сүппүт Оҥхой кыыһа буолуохтаах. Ити аата үрдүк айыылар Үөһээ Дьааҥыны уонна Үөһээ Бүлүүнү түҥ былыр кустук ситиминэн холбообуттар, кыыһы ыытан хааннарын булкуйбуттар.
4. Ити сырыым кэнниттэн аҕыс сыл буолан баран, Оҥхойго тиийэн,  оскуолаҕа лиэксийэ аахтыбыт. Ньыыкан оҕонньор лоп курдук үс   чааска кэлэн, дьон  кэннигэр олоппоско олорунан кэбистэ.  Сүүнэ улахан дүҥүрдээх (мин эрэ көрөбүн). Киниэхэ анаан икки олоппоһу   эрдэттэн бэлэмнэтэн, тэйиччи уурбутум. Лиэксийэ ааҕа олорон: «Оҕонньоргут кэлбитэ, кэннигитигэр олорор», — диэбиппэр сорох дьахталлар куттаннылар. «Ньыыкан сахаттан бастакынан таҥара буолбут киһи. Таҥараттан куттамматтар», — диэн дьону өйдөттүм. Хомуска оонньообуппар Ньыыкан кыырда, дүҥүрүн охсуолуур, кутурар...

Түмүк оннугар
Бүлүү сүнньүнээҕи улуустарга барыларыгар өрөбөлүүссүйэ буолуон эрэ иннинэ илэ абааһы-киһи биллэ сылдьыбытын туһунан  үһүйээн-номох кэпсээн элбэх. Олор олоххо дьиҥ буолбукка тирэҕирэллэрин, ама, ким сымыйаргыай. Арай, сүүһүнэн сыл самыыра-хаара суурайан, арыллыбатах кистэлэҥ, таайыллыбатах таабырын буолан, устуоруйа булгунньаҕын кэтэҕэр хааллаҕа. Таҥараҕа-абааһыга итэҕэйбэт сэбиэскэй үйэҕэ Иван Гоголев-Кындыл «Хара кыталык» арамааныгар хос куолайдаах Хобороос-Хабырыыс уобараһын айан, ону ханалытан көрдөрбүтэ. Ньыыкан кырдьаҕас «кыыһы хос куолайдаах этэ» дииллэрин ылыммата оруннаах. Түҥкэтэх тыа сирин кыысчаана түөрт Бүлүүнү барытын тилийэ түбүлүүр кыаҕа суоҕа биллэр. Соҕурууттан бэйэтэ этэринии, «ыраахтааҕы былааһын иннигэр ыар буруйун иһин күн сырдыгар көстүбэт ыйаахтаммыт» улахан хомуһуннаах киһи кэлэ сылдьыбыта чахчы. Көстүбэт киһи тоҕо Ньыыкан (ойуун, отоһут, эмчит аатынан) Арамаанаппын (үс үйэ тухары ыраахтааҕылаах Арассыыйаны баһылаан олорбут династия араспаанньатынан) дэммитэ эмиэ туспа таабырын. Кини сүтээтин кытта өрөбөлүүссүйэ буолар, ыраахтааҕы былааһа сууллар...
 Василий Никифоров. Саха парламент хаьыат. 23.11.2020 с.
link https://www.instagram.com/p/CWkc6STgij3/?utm_medium=copy
Category: Дьикти. О невероятном | Views: 2127 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2021  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 95
Ыалдьыттар (гостей): 95
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024