Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2021 » Ахсынньы » 18 » Эһээм «СМЕРШ» разведкаҕа сылдьыбыт
Эһээм «СМЕРШ» разведкаҕа сылдьыбыт
11:20
                                                                                                     Эһээм «СМЕРШ» разведкаҕа сылдьыбыт
 
Кыайыы 75 сылынан эһээм кэпсээниттэн тугу өйдөөн хаалбыппын суруйарга быһаарынным. Биир сарсыарда эһээбитин Чурапчы оройуонун байаҥкамаатыгар ыҥырбыттар. Саҥа военком эһээм байыаннай билиэтигэр баар бэлиэтин көрөн, Москваҕа ыйытык оҥорон баран: «Егор Максимович, кэм кэллэ, аһаҕастык кэпсиириҥ көҥүллэнэр», — диэбитигэр, чочумча утары көрөн турбахтаабыт. Эһээм Егор Максимович Макаров – Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, тыыл, үлэ бэтэрээнэ.

Кистэлэҥ чааска сылдьыбыт буолан, 48 сыл тухары кимиэхэ да, тугу да кэпсээбэтэх. Эдьиийим Акулина Егоровна Иванова Чурапчы тэлэбиидэнньэтигэр көрөн, соһуйуу бөҕөтүн соһуйан төлөпүөннээбитэ. Сөҕөбүн ээ, эһээм барахсан кистэлэҥи кытаанахтык тутан сылдьыбытын. “Биэстии сылга биирдэ, түүн, дьонум утуйа сыттахтарына. НКВД-тан кэлэн, «О неразглашении тайны» диэн улахан сурунаалга хастыы да илиискэ илии баттаталлара”, — диэбитэ. АҔА ДОЙДУ СЭРИИТИГЭР АЙАН 1942 сыллаахха Чурапчыга педагогическай училище бастакы кууруһун бүтэрэр. Атырдьах ыйын 18 күнүгэр бэбиэскэ тутан,

Аҕа дойду сэриитигэр барар. Усольеҕа ый курдук байыаннай бэлэмнэнии кэнниттэн, ыстаапка ыҥыраннар, хас да үрдүк сололоох хамандыыр, биографиятын, тугу үлэлээбитин, аймахтарын туһунан иҥэн-тоҥон ыйыталаспыт. Үс күнү быһа араас докумуоннары, чертежтары оҥорууга, аппаратууралары туһаныыга үөрэппиттэр. Онтон биир майор: «Миигин кытта ыстаапка барсаҕын, комсостав үөрэҕэр үөрэниэҕиҥ», — диэбит.

Улан Удэ аттыгар дивизионнай ыстаансыйаҕа баазаламмыттар. Даурия, Сретенск куораттарынан командировкаҕа сылдьан, дьону кытта кэпсэтэн, барыта 50-ча киһини талан аҕалбыттар. 1943 сыллаахха түүн үөһүн саҕана массыыналарга олордон, хайа анныгар дьөлө хаһыллан оҥоһуллубут 50-ча сөмөлүөт биирдэ киирэн тахсар киэҥ уораҕайыгар — ангаарга илдьэн олохтообуттар. Үлэлиир, олорор сирдэрэ барыта сир анныгар эбит. Красноярскайтан, Иркутскайтан аҕалыллыбыт чаастартан сөмөлүөттэри хому­йан, таҥан баран, сир аннынааҕы полигонтан сэриилэһэр аармыйаҕа быһа илдьэ бараллара үһү. Эһээм сөмөлүөт оҥоһуллар чертежтарын оҥорорум диэбитэ. Үлэлиир усулуобуйата наһаа ыарахан, куруутун кэтии-маныы сылдьаллар үһү. Биир сыл сулууспа­лаабыттары Баргузиҥҥа байыаннай госпиталга сытыаран эмтииллэр, сынньаталлар эбит. “Ити эрэ кэмҥэ күн сырдыгын көрөрбүт, сибиэһэй салгынынан тыынарбыт”, — диирэ.

КИСТЭЛЭҤНЭЭХ «ЫЛЛЫГЫНАН» Биирдэ ыстаапка кэлэннэр, 50 м ыраахха 10 испиискэ хоруопкатын ууран баран саллааттарга ыттарбыттар. Ону таппыттарга 50 киилэ кумахтаах үрүсээги сүктэрэн баран, араас суолларынан үс килэмиэтиргэ, бириэмэҕэ сүүрдүбүттэр. Итини эһээм барытын үчүгэйдик ааһан, хайҕанан, разведкаҕа ылыллыбыт. Сулууспата “Смерш” разведкаҕа салҕанар. Сөмөлүөтүнэн көтөргө үөрэтэллэр, бирикээһинэн ханнык баҕарар сиргэ, разведкаҕа бастакынан кинилэри ыыталлар. «Смерш» контрразведкаҕа кылаабынай управлениетын начаалынньыга В.С.Абакумовы көрбүтүн 1993 сыллаахха биирдэ кэпсээбитэ. Дьонноругар сурук суруйаллара эмиэ бобуулаах. Барыта оннук кистэлэҥ эбит. Эһээм Польшаҕа, Францияҕа, Германияҕа тиийэ сылдьыбыт. Өссө биир түгэни өйдүүбүн: фашистар баар сирдэригэр хаста да дьону арыаллаан илдьибиттэр-аҕалбыттар. Үксүгэр өстөөхтөрү муннаран, ытыалаан хайысхаларыттан уларыталлар эбит.

Разведкаҕа сылдьан ханнык сэрии сэптэрэ баарын, ханнык туочукаҕа тугу аҕалбыттарын билэллэр. Эппит сирдэригэр бараннар, дьону булан кэлэллэр. 1945 сыллаахха сорудахха сырыттаҕына, сөмөлүөт чаастарын тиэйэн илдьэр платформа төлө баран, эһээм атаҕын тоһуппут. Сэттэ ый госпиталга эмтэммит. Инбэлиит буолан, 1945 сыллаахха балаҕан ыйыгар байыаннай киһи арыалдьыттаах дойдутугар кэлэн, «Красная Якутия» балыыһаҕа үс ый эмтэммит. Сэрии да кэнниттэн, ханна сылдьыбыттарын, сэриилэспиттэрин туһунан тугу да кэпсиэ суохтааххыт диэн мэктиэлэтэн, түөрт амбаарынай кинигэҕэ илии баттаппыттар. 1970 сыллаахха икки нуучча киһитэ Чурапчыга байаҥкамаакка киллэрэн эмиэ илии баттаппыттар, урукку баппыыската баарын санаппыттар.

РАЗВЕДЧИК САЛЮТА Кыайыы күнүгэр бэтэрээннэри барыларын чиэстииллэрэ-бочуоттууллара, сибэкки дьөрбөтүн, бэлэх туттараллара. Кыбартыыра, массыына бөҕө ананара. Арай, ыарахан, кутталлаах сулууспаҕа сылдьыбыт биһиги эһээбит барахсан хойукка диэри бэтэрээнинэн ааҕыллыбатаҕа. Сылаҥҥа Кыайыы параадыгар салют ытааччынан ыҥыраллара. Онно туох да саҥата суох баран салют ытара уонна тута төннөн кэлээхтиирэ. Ама да ааспытын иһин, наһаа да абалаах эбит! Эһээм барахсан… Оччолорго төһөлөөх хомойорун бэйэтэ эрэ билэн эрээхтээтэҕэ…

Барахсаммыт сэрии кэнниттэн 48 сыл тухары сэрии бэтэрээнэ буолбакка сылдьыбыта, туох даҕаны чэпчэтиинэн туһамматаҕа. Арай, кэлин, сэрии бэтэрээнэ буолан, санаата көтөҕүллүбүтэ буолаахтыа… Биһиги кэлин үлэлии кэлбит военкомҥа махталбыт улахан. Кини болҕомтотун ууран, күндү киһибит байыаннай разведкаҕа сылдьыбытын биллэхпит…

ТӨРӨӨБҮТ СИРЭ, ОЛОҔО, ҮЛЭТЭ


Эһээбит Сылаҥ нэһилиэгин Уһун Күөлүгэр 1924 сыл­лаахха ыам ыйын 6 күнүгэр Дария Николаевна, Максим Егорович Макаровтар дьиэ кэргэттэригэр иккис оҕонон күн сирин көрбүт. Бииргэ төрөөбүттэр үһүөлэр. Кытаанаҕынан, Сылаҥынан 7 кы­­лааһы үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрбит. Сэрии кэнниттэн, госпиталтан тахсан баран, төрөөбүт Чурапчытыгар, бастаан Алаҕарга буҕаалтырдыыр. Эбээбин Клавдия Гаврильевна Слепцованы онно көрсөн ыал буолаллар, биэс уолланаллар. Авксентийы, Андрейы, Василийы Макаровтар, Уйбааны, Ганяны Слепцовтар дэтэллэр.

Мин аҕам Иван Егорович үһүс уол. Уолаттар бары үөрэхтээх дьон. Эһээбит сэттэ сиэннээх, уон биэс хос сиэннээх. Эйэлээх олоххо холкуоска, сопхуоска араас үлэлэргэ бастыҥнарга сылдьыбыт. Ыарахан үлэ, ыраах барыы баар буоллаҕына, салалта кинини кытары сүбэлэһэрэ. Кураан дьылларга оттуур сири көрөөччүнэн, атын оройуоннарга кэпсэтээччинэн эмиэ эһээм буолара. Улаханнык алдьаммыт тыраахтары, массыынаны өрөмүөннээн сүүрдэрэ. Ийэм кэпсииринэн, сарсыарда матасыыкылын араамата эрэ хаалыар диэри туох баар чааһын барытын устан, куул үрдүгэр уурталаан баран, эбиэт иннинэ төттөрү хомуйан, маҕаһыынтан килиэп ылан кэлэр эбит. Сыҥаһалаах эбэҕэ кустуура, андылыыра. Күһүн куобахха Мырылаҕа Түгэх Иһинэн, Хахыйаҕынан киирэннэр, өлгөмнүк бултуйаллара.

Илимнииригэр миигин илдьэ сылдьара. Көмүс хатырыктааҕы ыалларыгар түҥэтэн үөрдэрэ. Сопхуоска кадровай булчутунан сылдьан, былаанын куруук аһара толороро. Дьааҥыга тиийэ барара. Үрдүгүнэн 190-тан тахса этэ. Сылаҥнар Макаарап Боссоой (Большой) Дьөгүөр дииллэрэ. Кэтэр таҥаһын размера маҕаһыыҥҥа атыыламмат буолан, эбээм тигэрэ. Оттон атаҕын таҥаһын соҕуруу барааччыларга үлэһэллэрэ. Эһээм икки тирии куру холбоон курданара. Сарсыарда 4 чааска оһоҕун оттон баран кинигэ, сурунаал, хаһыат ааҕарын сөбүлүүрэ. Тапталлаах эһээбит 83 сааһыгар Чурапчытыгар, Сылаҥҥа олорон орто дойдуттан барбыта. Авксентий СЛЕПЦОВ,


© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/smersh/
13:18 12.05.2020 Айтана Аммосова
Category: Люди. Человек. Народ. Общество | Views: 1768 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2021  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 97
Ыалдьыттар (гостей): 97
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024