News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2021 » Ахсынньы » 18 » ХОТОН-ХОНУУ ҮЛЭҺИТТЭРИН ХАС КИҺИ САЛАЙАРЫЙ?
ХОТОН-ХОНУУ ҮЛЭҺИТТЭРИН ХАС КИҺИ САЛАЙАРЫЙ? | 11:25 |
ХОТОН-ХОНУУ ҮЛЭҺИТТЭРИН ХАС КИҺИ САЛАЙАРЫЙ?
Бастаан сыыһабын билиниим. Мин ыстатыйаларбын наһаа уһуннук суруйабын. Ону дьон ситэ аахпат эбиттэр. Ол иһин мантан инньэ кылгата сатаан көрүүм. Ол оннугар биир сырыыга хас да туспа төбөлөөн таһааттарыахпын сөп. Онтон бу сырыыга т/х-тын, ол эбэтэр хотон-хонуу үлэһиттэрин хас киһи салайарын ааҕан көрүүм
* * *
Онуоха «ТХМ миниистирэ А.Атласовтан 9 ыйытыы» диэн «Кыым» хаһыат нөҥүө ыйыппыппар бэйэбэр 13 илиискэ суруйтаран ыыппыт хоруйа бу иннибэр сытар. Онно маҥнайгы ыйытыым т/х-тын систиэмэтигэр барыта төһө салайааччы үлэлиирий диэн этэ.
Онуоха миниистир бу курдук хоруйдаабыт. Онно кинини таһынан 4 миниистир солбуйааччылара, 11 департамент уонна отделлар салайааччылара барыта 86 киһи үлэлиир. Олорго сылга хамнастарыгар 103,3 мөл солк көрүллүбүтэ диэбит. Ол аата биир киһи ыйдааҕы орто хамнаһа 108 тыһ солк тэҥнэһэр эбит.
Министиэристибэ иһинэн 361 үлэһиттээх 6 учреждение («Сири оҥоруу сулуусбата» (52 үлэһит), «Сахаагроплем» (45), «Мелиорация уонна уунан хааччыйыы управлениета» (188), саха ынаҕын иитэр «Бытантай» питомник (22), тутуу дирекцията (14), «Тыа хаһаайыстыбатын хааччыйар киин» (40) үлэһиттээхтэрэ этиллибит.
Онон барыта ТХМ-ҥа 447(!) хамнастаах киһи сыралаһан хотон-хонуу үлэһиттэрин салайаллар, сүбэлииллэр эбит. Манна өссө кинилэр үгүс элбэх техүлэһиттэрэ, суоппардара, харабыллара киирбэттэрэ буолуо.
Ол даҕаны иһин ити ТХМ үлэлиир улахан уоруйаҕын 3 этээһигэр баппакка сорохторо атын дьиэлэргэ хонтуораланар буоллахтара.
Балары таһынан 34 улууска уонна Дьокуускай куорат т/х-тын управлениеларыгар барыта 571(!) киһи, кинилэр истэригэр 399 т/х-тын исписэлиистэрэ үлэлииллэрэ суруллубут.
Ол аата барыта 1018(!) ТХМ-тан хамнастаах салайааччы, исписэлиис баар эбиттэр. Олору үрдүнэн 2020 сылга киириигэ 447 т/х-тын потребительскай уонна производственнай кэпэрэтииптэр бааллара этиллибит. Олорго ортотунан 5-тии (дириэктэр, биригэдьиир, бухгалтер, кассир исписэлиис...) илиинэн үлэлээбэт дьон бааллара буолуо диэтэххэ 2235(!) киһи тахсар курдук. Оччотугар холбоон 3253(!) киһи.
Балары таһынан салалтаттан уратылара сорохторо илиилэринэн үлэлээтэллэр даҕаны ТХМ иһинэн бүддьүөттэн хамнастанар 13 үлэһиттээх таба иитиитинэн дьарыктанар «Березовскай» КП, 36 үлэһиттээх «Өлөөкө Күөл» сылгы собуота, 81 үлэһиттээх «Саха ынаҕа», барыта 130 үлэһиттээх 3 казеннай тэрилтэлэр үлэлииллэр эбит.
Биир тылынан хотон-хонуу үлэһиттэрин салайарга 3000 салайааччы, исписэлиис үлэлиир эбит диэн аахтым. Ынах сүөһүбүт төбөтүн ахсаана 180 тыһ буолаҕына хас 60 төбөҕө тастан биирдии киһи – салайааччы тиксэр эбит. Онтон ынах сүөһүбүт аҥара, сылгыбыт 41%-на кэтэх ыаллар бас билиилэрэ. Ынахпыт чиэппэрэ, сылгыбыт 39%-на КФХ-лар өлүүлэрэ. Кинилэр элбэх салайааччыга наадыйаллара буолуо дуо? Суоҕа чахчы.
Ол иһин биир этиини киллэрэбин. Сүөһүбүт ахсааныгар уонна оҥорон таһаарыыбыт таһымыгар салайааччыбыт ахсаана элбэҕинэн аан дойду ГИНЕСС рекордугар дьыала түһэрэн киирсэн көрүөххэйин диэн.
Ол иһин быйыл саас «Мин миниистир эбитим буоллар» диэн суруйуубар аан бастаан салалта ахсаанын аҕыйатыыттан үлэбин саҕалыам этэ диэн суруйбутум.
Манан мин салалта наадата суох диэн төрүт эппэппин. Били И.В.Сталин «Кадры решают все» диэн кынаттаах этиитигэр дылы сөптөөх ахсааннаах салалта наада бөҕө. Онно улуу Кытай т/х-тын үрдүкү салалтатыгар 15 эрэ киһи үлэлиир эбит диэн аахпыппын холобурдуум. Ону тэҥнээн көрүн.
Аны манна сыһыаннаах 3 ыйытыыны биэриим.
1. Муостаҕа сытар кумааҕы «бугуллар» аҕыйаабыттара буолуо дуо?
Өрдөөҕүтэ ТХМ бэйэтэ «биригэдьиирдээн» үгүс төлөбүрдэри үөһэттэн быһа төлөөн албын-көлдьүн бөҕөнү таһаарарын саҕана мин бааһынайдыы сылдьан уонна саҥа сылгы базата туттарарбар кинилэргэ элбэхтэ сылдьарым. Онно тутууга, үпкэ-харчыга сыһыаннаах хосторго хас эмэтэ сүһүүнэн, баҕар тыһынчанан паапкалар, дьыалалар остуоллар тардардарыгар, истиэнэ долбуурдарыгар, түннүк холуодаларыгар уурулла сатаан баран баппакка муостаҕа бугул курдук өрөһөлөммүт буолаллара. Ол «бугуллар» билигин суох буоллулар ини.
2. Күнү быһа тугу дьарыктаналлара буолла
ТХМ иһигэр ити «Т/х-тын хааччыйар киин» 40 үлэһититтэн 10 киһи сүбэлиир Киин үлэһиттэрэ эбиттэр. Урут кинилэр өссө элбэх үлэһиттээх атын дьиэҕэ хонтуоралаах туспа тэрилтэ этилэр. Кинилэр, арааһа, хотон-хонуу үлэһитин хайдах ынаҕы ыырга, аһатарга, сиргэ үлэлииргэ, суокка-учуокка үөрэтиэхтээх, сүбэлиэхтээх, бастыҥ уопуту тарҕатыахтаах эбиттэрэ буолуо. Онтон кинилэр улуустары кэрийэн тугу эрэ кэпсээбиттэрин, тэрийбиттэрин, саатар биирдэ эмэ хаһыакка сурйбуттарын, араадьыйаҕа, тэлэбиисэргэ тахсыбыттарын соччо буолуохтааҕар төрүт истибэппин, көрбөппүн. Бу 10 киһи күнү, ыйы, сылы быһа тугунан дьарыктаналлара буолла?
Онно мин тус бэйэлэригэр соччо хомнообоппун. Систиэмэбит оннук буоллаҕа.
3. Хантан эбии хамнастаналларын билэллэрэ буолуо дуо?
Миниистир А.Атласов бу курдук суруйбут: - Т/х-тын хайысхатыгар орто уонна үрдүк үөрэҕи бүтэрбит эдэр специалистарга 2004 сылтан хамнастарыгар эбии төлөбүр көрүллэр. Быйыл уопсайа 358(!) специалист сөпсөһүү түһэрсэн үлэлии сылдьар. Быйылгыттан эбии төлөбүр кээмэйэ балтараа төгүл улаатта:
- алын сүһүөх анал үөрэҕи бүтэрбит специалист (арааһа урукку СПТУ-билигин колледж буолуо. Авт). Хоту улуустарга 12000 солк, атыттарга 9000 солк.
- орто үөрэҕи (анал техникуму буолуо. Авт) хоту – 16500 солк, атыттарга 12000 солк.
- үрдүк үөрэҕи бүтэрбиттэр: хоту – 22500 солк, атын улуустарга – 15000 солк хамнас таһынан ылаллар.
Бу хайысхаҕа барыта 40-тан тахса мөлүйүөн көрүлүннэ – диэбит.
Ону суоттуоххайын.
Ити сыалга 42 мөл солк бэриллибит буоллун. Оччотугар биир эдэр специалист сылга ортотунан 117318(!) солк эбии ылбыт. Быйыл 60 тыһ т үүт соҕотуопкаланнын. Ол эбэтэр, ЭН-ХОТОН ҮЛЭҺИТЭ, хас биирдии киилэ туттарар үүккүттэн 70(!) харчыны – ити эдэр үлэһиттэргэ биэрэр эбиккин. Онно сөбүлэһэҕин дуо?
Мин саныахпар Хоту барааччыларга эбии хамнастыахха сөп. Онтон Дьокуускайтан Намҥа, Хаҥаласка... тахсыбыттарга төһө сөп эбитэ буолла? Холобур киин сирдэргэ үлэлии барар учууталларга, эмчиттэргэ, экэнэмиистэргэ, тутуу прорабтарыгар уо.д.а эдэр специалистарга эбии хамнас көрүллүбэт ээ. Онтон т/х-тын специалиһын сыалай академия, анал техникум бэлэмнииллэр. Ол кэннэ, ама, специалист тиийбэт аатырдаҕай?
Ити сылга 100 тыһ солк тахса эбии хамнаһы аахсар эдэр дьон бу биһиги сылга биир күн өрөөбөт хотон-хонуу үлэһитигэр тиийиэхтээх харчыттан эбии хамнастанабыт диэн билэллэрэ, саатар санаан көрөллөрө буолуо дуо?
Эдэр специалистары үлэлэтэр КП-р бэйэлэрэ эбии хамнастыыллара, атын да чэпчэтиилэри оҥороллоро тоҕо табыллыбат?
Түмүк
Итилэри таһынан миниистир миэхэ хоруйугар «Туймаада» ФАПК-ҕа 250 мөл солк көрүлүннэ. Ону таһынан «Туймаада Агроснаб» 5 тыһ туонна оҕуруот аһа харайыллар дьиэтин реконструкциятыгар 7867 мөл солк көрүллүбүтэ диэбит (Бу баҕас отпечатка буолуо). Салгыы миниистир ТХМ быйыл 51(!) араас субсидиянан 3 млд 171 мөл солк хаһаайыстыбаларга түҥэппитин ыйбыт.
Аны туран Бэтэринээрийэ Департамена туспа былаас уоргана буолар уонна ТХМ-ҥа бэриммэт. Ол иһин төһө киһи үлэлиирин, хамнастара төһөтүн Департаментан бэйэтиттэн ыйытыаххытын сөп диэн суруйбут. Дьэ, дьикти! Тустаах миниистир хас бэтэринээрдээҕин, төһө үп көрүллэрин билбэтэ. Онуоха Департамент салайааччыта П.К.Петров бу систиэмэҕэ барыта 1736 киһи үлэлиир диэн араадьыйаҕа эппитин истибитим.
Балары таһынан саҥа тэриллибит «Туймаада-Холдинг» тэрилтэ обургу 3 этээстээх дьиэҕэ толору чиновниктар үлээлиилэр дииллэр. Бу холдинҥа хас да сүүс мөлүйүөн үп бюджеттан бэриллэр дьииллэр. Ама кырдьык буолуо дуо? Оччотугар кинилэр эмиэ хотон-хонуу үлэһитигэр тиийиэхтээх харчыттан хамнастанар буолллахтара. Бэйэтэ иккис ТХМ курдук буоларыгар тиийэр. Онтон мин бэйэлэрэ салайар хаһаайыстабаларыттан үбүлэнэллэрэ буолуо дии саныырым. Маны быһаарыахтара сөп этэ.
Мин биир ыйытыыбар уопсай ынахпыт, сылгыбыт ахсаанын төрүт кэриэтэ салалтаҕа наадыйбат бэйэлэрэ үлэлээх, хамнастаах чааһынай ыаллар уонна пенсияҕа тахсыбыт аҕам саастаахтар иитэллэр. Онтон баайбыт чиэппэрин үгүстэрэ соцпакет төлөөн үлэһит туппат ыалынан фермердэр көрөллөр. Онон атын үлэ суох, аҥардас сүөһү иитэн, сиргэ үлэлээн айахтарын ииттэр 5 тыһ эрэ киһи, уопсай нэһилиэнньэбит 1 %-на эрэ үлэлиир эбит диэн аахпытым.
Олору салайарга ити үөһээ аахпыттарбар бэтэринээрдэри эптэххэ эмиэ 5 тыһ салайааччы, специалист, сүбэлээччи, ол аата 1 үлэһиккэ 1 киһи тиксэр курдук. Олорго өссө кинилэри хааччыйар суоппардары, харабыллары, техүлэһиттэри аахпакка туран.
Ол иһин этэбин т/х-гар салайааччыбыт ахсаанынан Гинесс рекордугар киирсиэҕин диэн. Эбэтэр мин сыыстарабын дуу?
Түмүгэр тылбын эмиэ ситэ толорботум. Кылгата сатаатым да уһуу турар. Биир көрдөһүү. Бу суруйуубун бассаабынан киэҥник тарҕата, санааҕытын суруйа сатаан эрэ.
Уйбаан Пономарев.
Чурапчы.
|
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 1802 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 4 Ыалдьыттар (гостей): 4 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|