Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2021 » Ахсынньы » 27 » “ИЙЭ СЫЛЫГАР” БЫЛААҺЫ ДЬАХТАРГА!!! (Саҥа дьыллааҕы памфлет)
“ИЙЭ СЫЛЫГАР” БЫЛААҺЫ ДЬАХТАРГА!!! (Саҥа дьыллааҕы памфлет)
14:45

“ИЙЭ СЫЛЫГАР” БЫЛААҺЫ ДЬАХТАРГА!!!
(Саҥа дьыллааҕы памфлет)


Эмээхсин былырыын баччаҕа салалтаны барытын дьахтарга биэриэххэ, оччоҕо эрэ үтүөҕэ уларыйыы тахсыа диэн тылласпыта. Ону истибиттии, былаас дьахтары балачча өйөөтө. Доруобуйа харыстабылын уонна үөрэҕи дьахтар салайар буолла. Оннооҕор “Саха булт” курдук булка эрэ сыһыаннаах тэрилтэни дьахтар дьаһайар. Эмээхсин үөрэр, арай айылҕа харыстабылыгар эр киһи олорбутуттан хомойор. Эр дьон судьуйалыын, прокурордыын браконьердыы сылдьаллар буолбат дуо? Муҥар, айылҕаны харыстыахтаах саҥа миниистир “Мы всех растопчем” диэн программалаах ЛДПР киһитэ үһү.

Айылҕабытын эрэ буолбакка, бэйэбитин эмиэ үлтү тэпсиэ диир эмээхсин. Дьахтар мээрбит атаҕынан куоппутун эттэхпинэ саҥардыбат. Элбэх эр дьон тойон салайааччылар хаайыыга сыталларын ахтан саҥарыахтааҕар саҥарбат оҥорор. Лебедев диэн тустуук уолу көмүскэһэн туһамматым. Ханна да урут үлэлээбэтэх, кэлэктииби кытта үлэлиир кыаҕа суох, киһини кытта сатаан кэпсэппэт, бардам, туттуммат оҕону, харчы сиэри анааннар быһыылаах, инбэлиит оҥорон эрэллэр, хаанынан хотуолуу сытар үһү диэн аһынар. Улуу баай Абрамович бэйэтигэр 350 мөлүйүөн дуолларга саҥа “Боинг” сөмөлүөтү атыыласпыта иһилиннэ. Биһиэхэ Тарасенко оннугар кинини анаан бырабыыталыстыбаны салайтарыахха диэммин киһибин эбии кыйахаатым.

- Ол түөкүнү аҕалан эбии эһээри гынаҕын дуо!? - Тоҕо эһиэҕэй, Лондонтан министиэристибэлэрбитигэр харчы быраҕан биэрэ олордун ээ, манна уолаттар кыратык уоруохтара да, ол туох буолуой, элбэхтэн элбэх ордуо буоллаҕа. Чукоткаҕа инньэ гыммыта дии, чукчалар билигин да ахталлар, махтаналлар, өссө төттөрү ыҥыра сатыыллар үһү. – Кэлэр сыл “Ийэ сылынан” биллэрилиннэ. Дьахтар кимтэн да ордук дьаһайарын билинэн. Оннооҕор аҕа баһылыкпыт ойоҕо ыраах хоту, Лариса Попугаева курдук, алмаас көрдүүр эбит.

Дьахталлар хайдах курдук киинэҕэ оонньуулларый? “Пугаланы” көрдүҥ дии, аан дойдуга аатырда. – Оо, пахайбын! 21-с үйэҕэ сахалар итинэн “аатырарбыт” хаалбыт. Арай Аммаҕа итинник “эмчит” баар ини. Амма Екатерина Захарова, Ольга Иванова курдук улуу талааннар үөскээбит сирдэрэ этэ. Кинилэр бааллара буоллар... – Эн, искусствоны билбэккин, сааһыҥ тухары өйдөөбөккүн. Омуктар билэн хайгыыр буоллахтара, саҥата суох олор! Эр киһи тобоҕо... – Эһиги да эр киһитэ суох сатаммат инигит. Силовиктар бары эр дьон. Быйылгы сыл 11 ыйыгар Арассыыйаҕа 300-тэн тахса терракт бэлэмнэммитин силовиктар тохтоппуттарын туһунан Путин кэпсээтэ.

– Һэ,һэ... ол террактан биирдэстэрин биһиги киһибит Ойуун Сааска бэлэмнээбитэ диэхтэрэ. Хата киһи да күлэр... – Күлэҕин да дьахталлар ол абыраллаах силовиктары эр киһи “кыттыгаһа” уонна “көмөтө” суох төрөппөтүлэр ини. Эмээхсин итинниги сааһын тухары сөбүлээбэт, быдьар тыллаһыынан ааҕар. Кэлэйдэ, кэпсэтии тохтообутун бэлиэтигэр антах хайыста, туран барда. Оттон мин 2 чааһым чугаһаабыт, хомунан тахсаммын килиэп, үүт уонна... эмээхсинтэн дьалты ууруллубут хаһаас харчыбынан өлүү буоккабын ылыам.

Итинник, үксүгэр солуута суох, кэпсэтиилэргэ күммүтүн барыыбыт. Иллэҥ да эрэй диэтэҕиҥ. Дьаҥтан дьиэбитигэр хорҕойбуппут икки сылга чугаһаан эрэр. Республика баһылыга таһырдьа тахсары боппута, сотору баппыыска ылара, “браслет” кэтэрдэрэ буолуо. Өссө маннык баар: бэйэм санаабар “улахан политическай суолталаах” кэпсэтии ааспыт сайын буолбутун эһиэхэ кэпсиим. Кыра холуочук этим. Ыраах улуус түгэҕин “Кэскил” учаастагыттан үөрэх туттарса кэлбит чугас аймах оҕобут Владимир Путин, Айсен Николаев диэннэри истибэтэх, билбэт эбит. Соһуйдум, аньыыбын кистээбэппин, үөрдүм да диэххэ сөп. Киһибэр сэрэнэ соҕус тыл быктардым. – Эмээхсиэн, дойдубутугар чөл сир син ордубут эбит.

Ити оҕо олорор “Кэскил” учаастагар көһүөххэ, сааспыт тобоҕун нус-хас олорон аһарыахха. - Эрэйдээх, онно кырдьык “чөл олох”, ол иһин Путины да, Николаевы да билбэттэр. Дьахталлар барахсаттар дьаһайаннар онно арыгы атыыламмат, сотору табахтарын бырахтарыахтаахтар. Баһылыктара дьахтар учаастак дьонун хас сарсыарда аайы алта чааска туруортаан хаалыктаах хаамтарар. Батсаап, интернет кинилэргэ бобуллубута, онон оҕолор абыраннылар. Эн онно сатаан олорбоккун, тута төттөрү көһөөрү тииһиэҥ.
– Онно отон арааһа, мас-от элбэх.

Сомогуон-пиибэ өрүнүөм буоллаҕа... Саха сатаабата суох! Киһим кынчарыйан эрэ кэбиспитэ. Ити ааспыт сайыҥҥы кэпсэтиини аҕынным. Оттон бүгүн эмээхсиммэр хотторон буугунуу – буугунуу маҕаһыыммар тахса сырыттым. – Сордоох, “күндү аскын” тобоҕолоо уонна утуй! Дьахталлар эрэ быыһыыр кэмнэрэ кэллэ. Сэриинэн ииригириини көр, барыта эр дьон аҕала сатыыр алдьархайдара, итиннэ дьахтар эрэ ороостоҕуна табыллар буолла.

- Сөп-сөп... Дьахтар ороостун. Үүнэр саҥа дьылга былааһы ДЬАХТАРГА!!!

Отох Уйбаан 2021 с. Ахсынньы 30 күнэ

Category: литература | Views: 1804 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2021  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 98
Ыалдьыттар (гостей): 98
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024