News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2022 » Тохсунньу » 3 » Бу ааспыт ыарахан сыл бүтэһик күннэригэр аны полиитикаҕа туох буолан ааспытын дьөлөҕөс долоҕойбор иҥнэн хаалбытын түмүк диэххэ дуу?-оҥорон х
Бу ааспыт ыарахан сыл бүтэһик күннэригэр аны полиитикаҕа туох буолан ааспытын дьөлөҕөс долоҕойбор иҥнэн хаалбытын түмүк диэххэ дуу?-оҥорон х | 11:33 |
Бу ааспыт ыарахан сыл бүтэһик күннэригэр аны полиитикаҕа туох буолан ааспытын дьөлөҕөс долоҕойбор иҥнэн хаалбытын түмүк диэххэ дуу?-оҥорон холонон көрүөм.
Бу ааспыт ыарахан сыл бүтэһик күннэригэр аны полиитикаҕа туох буолан ааспытын дьөлөҕөс долоҕойбор иҥнэн хаалбытын түмүк диэххэ дуу?-оҥорон холонон көрүөм.
Наваальнай диэн Арассыыйаҕа хорооҥҥо сытар ыраахтааҕыбытын аһаҕастык утарар эрэйдээҕи сүһүрдэн өлөрө сатаабыттара сатаммата-аһара үрдүк сайдыылаах үлэһит,уоруйаҕа суох ньиэмэстэр барахсаттар Арассыыйа биир чулуу эр бэрдин быыһаатылар!!! Арассыыйаҕа хаалбыта буоллар ытаабыта буолан баран көмөөт умнубуппут ырааппыт буолуо этибит!- арыгыны эрэ саныыр Арассыыйа олохтоохторо эрэйдээхтэр! Наваальнайыҥ бэйи-тиллэн кэлэн ньоҕойугар төптөрү дойдутугар кэлээтин кытта көтөр аал иһигэр ыраахтааҕы көкөттөрө киирэн хандалалаан баран хаайан хачыгыраталлар!
Фургаал диэн лдпр хотойо төһө да кылгас кэмҥэ-сылга тиийбэт-Хабааровскайы салайдар-бэккэ салайбыт быһыылаах-күүстэринэн сымыйалаан эмиэ хандала кэтэрдэн хаайан кэбиспиттэригэр Хабааровскайда обургулар дьэ уһуннук күүскэ утарсан сылдьыбыттара бэл Маскуба күүскэ долуйа сылдьыбыттаах-ол да буоллар хорооҥҥо сытар күтүрбүт -ыраахтааҕыбыт буотаксата түспэтэ-эбии ньалҕаарыйбыт курдук буолла. Үрүҥ нууччалар Лукааларын кыайан суулларбатылар-били күтүр көмүскэһэн.Ыраахтааҕы кэтэх сэриитэ-Ваагнер сэриитэ Сиирийэҕэ сэбэ суох дьону үттү буомбалаан үтүмэн үгүс киһи дьоллоох Европа диэкки сатыы,харбаан эҥин таластылар.
Аара төһөлөөхтөрө өлбүтүн айбыт эрэ билээ эрдэҕэ. Онтон сорохторун Үрүҥ нууччалар көтөр аалларынан-тайаарарга албыннаан симэттээн баран Үрүҥ нууччалар олорор сирдэригэр кураанах хонууга Европа дойдуларын быыстарыгар таммалаттылар. Ол түмүгэр Литвааҕа,Поольшаҕа мээнэ дьон бөҕөтө күүстэринэн киирэ сатаабыттарын арыычча тохтоттулар. Аны Украиналар Арассыыйаны кытта холбоспоппут-Европа диэкки барабыт-диэбиттэрин эмиэ били хорооҥҥо сытар күтүрбүт сөбүлээбэккэ 2 төгүл үтүмэн сэриитин Украина быыһыгар тоҕуорутан 3- һүс аан дойду сэриитэ саҕаланан Арассыыйалар арайга атыттар-аакка барыахтара үһү!
Хорооҥҥо сытар күтүрбүт 2036 сылга диэри аһыыр аһын эҥин хааччынан тыыннаах хаалыа үһү-ханна хорҕойо сытарын аан дойду үрдүнэн ким да билбэт үһү-арай айбыт билэрэ буолуо да онтуҥ бэйэ-саҥарбат ээ!!! Онон оннук дьикти дойдуга олорон саҥа сылы көрсөөхтөөтүбүт. Күтүр этиитин-эҕэрдэтин хата истибэккэ абыранным-саатар 1 ыйы быһа сүөгэй булбакка санаам холлон хобдох саҥа сылбын албын сампаан эрэ сайҕаата-3 үрүүмпэ кэнниттэн холуочуйан баран хата бэйэм президент курдук сананан баран бассаап барахсанынан бар дьоммор-600000 ахсааннаах аан дойдуга ыһыллыбыт ураанхайдары эҕэрдэлээбитим!- хайа да урааҥхай эппэтэҕинии!- булан ылан хата төптөрү бэйэбэр ыытаарыҥ-хаһааныахпын. Онон оннук-олох салҕанар. Тыыннаах буоллахха-ньыгыллар өлөрбөтөхтөрүнэ суруйа олоруоҕум.
Көрсүөххэ диэри-саҥа сылга!-2022 сыл. Тохсунньу 2 күнэ. Сахаада. Өрөбүл
Наваальнай диэн Арассыыйаҕа хорооҥҥо сытар ыраахтааҕыбытын аһаҕастык утарар эрэйдээҕи сүһүрдэн өлөрө сатаабыттара сатаммата-аһара үрдүк сайдыылаах үлэһит,уоруйаҕа суох ньиэмэстэр барахсаттар Арассыыйа биир чулуу эр бэрдин быыһаатылар!!! Арассыыйаҕа хаалбыта буоллар ытаабыта буолан баран көмөөт умнубуппут ырааппыт буолуо этибит!- арыгыны эрэ саныыр Арассыыйа олохтоохторо эрэйдээхтэр! Наваальнайыҥ бэйи-тиллэн кэлэн ньоҕойугар төптөрү дойдутугар кэлээтин кытта көтөр аал иһигэр ыраахтааҕы көкөттөрө киирэн хандалалаан баран хаайан хачыгыраталлар! Фургаал диэн лдпр хотойо төһө да кылгас кэмҥэ-сылга тиийбэт-Хабааровскайы салайдар-бэккэ салайбыт быһыылаах-күүстэринэн сымыйалаан эмиэ хандала кэтэрдэн хаайан кэбиспиттэригэр Хабааровскайда обургулар дьэ уһуннук күүскэ утарсан сылдьыбыттара бэл Маскуба күүскэ долуйа сылдьыбыттаах-ол да буоллар хорооҥҥо сытар күтүрбүт -ыраахтааҕыбыт буотаксата түспэтэ-эбии ньалҕаарыйбыт курдук буолла.
Үрүҥ нууччалар Лукааларын кыайан суулларбатылар-били күтүр көмүскэһэн.Ыраахтааҕы кэтэх сэриитэ-Ваагнер сэриитэ Сиирийэҕэ сэбэ суох дьону үттү буомбалаан үтүмэн үгүс киһи дьоллоох Европа диэкки сатыы,харбаан эҥин таластылар. Аара төһөлөөхтөрө өлбүтүн айбыт эрэ билээ эрдэҕэ. Онтон сорохторун Үрүҥ нууччалар көтөр аалларынан-тайаарарга албыннаан симэттээн баран Үрүҥ нууччалар олорор сирдэригэр кураанах хонууга Европа дойдуларын быыстарыгар таммалаттылар. Ол түмүгэр Литвааҕа,Поольшаҕа мээнэ дьон бөҕөтө күүстэринэн киирэ сатаабыттарын арыычча тохтоттулар. Аны Украиналар Арассыыйаны кытта холбоспоппут-Европа диэкки барабыт-диэбиттэрин эмиэ били хорооҥҥо сытар күтүрбүт сөбүлээбэккэ 2 төгүл үтүмэн сэриитин Украина быыһыгар тоҕуорутан 3- һүс аан дойду сэриитэ саҕаланан Арассыыйалар арайга атыттар-аакка барыахтара үһү!
Хорооҥҥо сытар күтүрбүт 2036 сылга диэри аһыыр аһын эҥин хааччынан тыыннаах хаалыа үһү-ханна хорҕойо сытарын аан дойду үрдүнэн ким да билбэт үһү-арай айбыт билэрэ буолуо да онтуҥ бэйэ-саҥарбат ээ!!! Онон оннук дьикти дойдуга олорон саҥа сылы көрсөөхтөөтүбүт. Күтүр этиитин-эҕэрдэтин хата истибэккэ абыранным-саатар 1 ыйы быһа сүөгэй булбакка санаам холлон хобдох саҥа сылбын албын сампаан эрэ сайҕаата-3 үрүүмпэ кэнниттэн холуочуйан баран хата бэйэм президент курдук сананан баран бассаап барахсанынан бар дьоммор-600000 ахсааннаах аан дойдуга ыһыллыбыт ураанхайдары эҕэрдэлээбитим!- хайа да урааҥхай эппэтэҕинии!- булан ылан хата төптөрү бэйэбэр ыытаарыҥ-хаһааныахпын. Онон оннук-олох салҕанар. Тыыннаах буоллахха-ньыгыллар өлөрбөтөхтөрүнэ суруйа олоруоҕум. Көрсүөххэ диэри-саҥа сылга!-2022 сыл. Тохсунньу 2 күнэ. Сахаада. Өрөбүл
Эргэ Европа сыла бүтэ илигинэ Арассыыйа муҥур ыраахтааҕыта хороон иһиттэн Эмиэрикэ муҥур тойонун-президенэ Баайдены кытта һэлэспэ нөҥүө һэлэспиттэр. Күөх хоптолор ону улахан ситиһии курдук айдаан бөҕөтө! Ыаллыы дойдуларын -биир хааннаах инилэрин күүс өттүнэн холбоно сатаан эрэйи көрөн эрэр-ыраахтааҕыбыт. Онтон атын өттөйөрө суох быһыылаах. Эмиэрикэлэр ол кэмҥэ УЭББ -диэн ааттаах сүүнэ тэрили куйаарга таһаардылар. Аһара ыраах көтөн тиийэр телескоп-диэн буолла. Сир хараҕа-диэххэ сөп. Куйаар хаһан хайдах үөскээбитин билиэ,быһаарыа үһү. Америкалар,Европалар,Канадалар кыттыһан айбыттар-оҥорбуттар. Куйаарга-" хара дьөлөҕөстөр" диэн дьикти-дьиибэ орто киһи өйдөөбөт эттиктэрэ бааллар-олору эмиэ таарыччы үөрэтиэ үһү.
Бу иннинэ НАСА уонна Европа астрономнара -Хаббл-диэн Сири тула эргийэр мин өйдүүрбүнэн 2 аргыһы 1990 сыллаахха таһааран эмиэ куйаары үөрэтэн үгүс билиини эбэллэр. Ол телескоптар билиҥҥэ диэри этэҥҥэ үлэлии-көтө сылдьаллар. Аны туран соҕотоҕун куйаары баһылыырга туруммут аан дойду үрдүнэн баппатах Илон Маск диэн эдэрчи инженер киһи сөҕүмэр ситиһиини көрдөрдө-ханнык эрэ 10 сыл иһигэр сүүнэ оҥорон таһаарар заводтары,өрөкөтөр тэриллэри айан,оҥортоон! Соҕотоҕун саҕалаабыт киһи! Сураҕын иһиттэххэ 100 киһи олорон көтөр өрөкөтөрүн айбыт үһү! Аны билигин онтун айааһыы сылдьар-диэн куйаар ситимэ иһитиннэрэр-гуугул, Үтүүп, бэл бассаап. Бу өрөкөтөр тэриллэр Ыйга бааза оҥоруохтаахтар эбит. Онтон салгыы Маарыска улахан сабыылаах-бүрүөһүннээх куорат тутуллуо үһү.
Сөҕүмэр сайдыы! Биһиги итини барытын ымсыыра көрөбүт,истэбит эрэ. Арассыыйабыт эрэйдээх биир сиргэ тэпсэҥниир курдук. Туохпут да сайдара көстүбэт-биллибэт. Биир Уазикпыт 50-60 сыл улаханнык уларыйбата. Жигулибыт ханна тиийбитэ биллибэт. Газ диэн аатырбыт һобуоттаах этибит. Хата Газель-диэн кыра соҕус тимир көлө оҥорон абыраатылар. Кыра тыраахтыры оҥорон сатыы иликпит быһыылаах. Омук кыра техниката бөҕө дэлэйэн дьэ хата билигин-гараас иһигэр айааччылар-диэн улахан хамсааһын тахсан эрэр-диэн Вильнюска буолбут 11- ис көҥүл Арассыыйа түһүлгэтиттэн биллим. Гарри Каспаров,Михаил Ходорковскайдаах бэртээхэй кэпсэтии таһаараннар. Эрэлбит олор эрэ буолла быһыылаах. Билигин ньыгыллар салайан олорор дойдуларыгар 100 чэ Америка долларынан миллиардердар Арассыыйа баайын супту оборон атын дойдулары байыта олороллорун истэбит эрэ. Арассыыйа олохтоохторун олоҕо били 1985-90 сылларга быста дьадайан дойдубут биир үтүө күн сууллан күр гыммытын курдук тиийэрин эрэ кэтэһээхтиибит быһыылаах.
Онон-былырыын ыарахан сыл этэ-быйыл эмиэ онтон ыарахан буолуоҕа-эмискэ биһиги үрдүбүтүгэр элбэх кыһалҕа сууллуоҕа-диэн айдарыылаах Арассыыйа ырыаһыта Сэргэй Слепаков ырыатынан эрэ олорорбутугар тиийээхтиибит-эһиил баҕар олохпут тупсуо-диэн. Ньыгыллар өлөрбөтөхтөрүнэ көрөн абыраныахпыт. 600000-чэкэ аан дойду үрдүнэн ыһыллан хаалбыт урааҥхай сахалары кэлбит Европа 2022 сылынан эҕэрдэлиибин! Этэҥҥэ эрэ сылдтыҥ-олоруҥ. Кытаатан үлэлээҥ-хамсааҥ! Байыҥ-тайыҥ! Ыалдьымаҥ-мэлдьи чэгиэн-чэбдик сылдьыҥ! Былырыын уонна иллэрээ да сылларга эппитим курдук хас эдэр ыаллар кырата 5- тии оҕолоно сатааҥ !
Оҕолорбутун барыларын уонна бэйэбит эмиэ өлүөхпүтүгэр диэри кырата 5 омук тылын үөрэтэн билэргэ еыһаныаҕыҥ! Ынахтарбытын,сылгыларбытын төһө кыалларынан элбэтэ сатыаҕыҥ-омук быһыытынан өлбөт туһугар булгуччу тылбыт барахсаны тыыннаах хааллара сатыаҕыҥ! Итэҕэлбитин сааһылыы сатыаҕыҥ! Сахалар ханнаёда сырыттарбыт өйдөһө-өйөһө сылдьыаҕыҥ! Сирбитин муҥутуур туһаныаҕыҥ-иччилиэҕиҥ! Конгресспытыгар көхтөөхтүк кыттыаҕыҥ! Ил Дархаммытын өйүөҕүҥ! Ахсааммытын 2050 сылга 1 үтүмэҥҥэ тириэрдэ сатыаҕыҥ!!!- оччоҕо баҕар ити ирдэбиллэр барыта туоллахтарына омукпут өлбөт бигэ үөстэниэ!!! -2022 сыл. Тохсунньу 3 күнэ. Үлэ бастакы күнэ-уһун өрөбүллэргэ. Киин куораттан 80 көс ыраах үрэх баһыгар олорор орто саха оҕонньорун баҕа санаата-саха омукка бүтүннүү! Сөбүлээтэххитинэ салгыы күүскэ тарҕатаарыҥ-бүтүн Саха Сирин эргийдин уонна бүтүн аан дойдуну кытта эмиэ!
Бигэ Өрүкүй. Ньурба
|
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения |
Views: 2299 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 40 Ыалдьыттар (гостей): 40 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|