Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Тохсунньу » 3 » Ыкка ыттыы сыһыан?
Ыкка ыттыы сыһыан?
11:58

Ыкка ыттыы сыһыан?

30.12.2021 18:42 4
Ыкка ыттыы сыһыан?

Бэҕэһээҥҥи алдьархай сата баһын тоҕо тарта.

Дьон улаханнык айманна, социальнай ситимнэр оргуйан олороллор. Алдьархай тахсыбытын АГАТУ устудьуона көрөн тыллаабыт. Бэйэтэ ыкка туттара сыһа-сыһа университет территориятыгар куотан киирбит видеота баар.

Аан бастаан быһылаан туһунан иһитиннэрии уонна видеолар @Aartyk.ru телеграм-каналга тахсыбыттара, онтон социальнай ситимнэринэн, сайтарынан тарҕаммыттара. Ыттар дьахтарга саба түспүт видеолара (АГАТУ көньүүһүнэтин видеокамерата уһулбут) телеграм-каналга тахсыан иннинэ «дьахтар бэйэтэ өлбүт, ол кэннэ ыттар тиниктээбиттэр» диэн Суһал көмө быраастарынан саҥардыбыттара. Биллэн турар, хайа да бэйэлээх быраас  судмедэкспертизэ оҥоһуллуон иннинэ, хараҕынан көрөн эрэ, түмүгү оҥорор кыаҕа суох.  Ыттар дьахтары эккирэтэн кэлэн суулларан түһэрбит видеоларын @Aartyk.ru телеграм-канал тута таһаарбатаҕа буоллар, «бэйэтэ өлбүт» диэн версия хаалыах эбитэ буолуо дуу.

Быралгы ыты 2018 сыллаахха диэри туох да улахан айдаана-куйдаана суох өлөрөр этилэр. Онтон «Бурматов сокуона» диэн ааттаммыт «Кыылга эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыы туһунан» 498№-дээх федеральнай сокуоҥҥа Госдума депутаттара уларытыы киллэрэллэр — мантан бэттэх быралгы сылдьар ыттары өлөрөр бобуллар. «Гуманнайа суох».  Быралгы сылдьар ыты тутан ылан стерилизациялаан, быһыы туруоран баран төттөрү туппут сиргэр илдьэн ыытан кэбиһиэхтээххин. Сокуон ону ирдиир. Ыты, куосканы өлөрдөххүнэ холуобунай эппиэтинэскэ тардыллаҕын. Инньэ гынан, быралгы сылдьар ыттары өлөттөрбүт баһылык хаайыыга барар кутталлаах.

Өйдүүргүт буолуо, Сардана Авксентьева Дьокуускай мээринэн олордоҕуна, быралгы ыт приемнай пуунугар 200 куоска, ыт өлөрүллүбүтүгэр  айдаан бөҕө тахсыбытын. Бэл, Москваҕа республика бастайааннай бэрэстэбиилэстибэтин дьиэтин иннигэр плакаттаах дьон кэлэн ыһыы-хаһыы буолбуттара, «сидьиҥ сахалар» элбэхтик ыыстаммыппыт. Ол кыыллар тоҕо өлөрүллүбүттэрин РФ Генеральнай прокуратурата кытары кыраҕытык бэрэбиэркэлээбитэ. Ветеринар уол үлэтиттэн уһуллубутугар дьон «сөпкө гыммытыгар буруйданна» диэн аһынан-харыһыйан суруйсубута.

Ааҕааччыбыт Василий МЕСТНИКОВ санаата:

-Айылҕаҕа чугас, айылҕаттан аһаан-таҥнан олорор омуктар кыылга кыыл курдук сыһыаннаһабыт. Биһиэхэ хаһан да киһи кыылга тэҥнэспэтэҕэ. Элбэх ахсааннаах, куораттарынан олорор омуктар менталитеттара олох атын. Улахан куораттарга сылдьан көрөргүт буолуо — дьон ыты-куосканы наһаа бүөбэйдииллэр, олох оҕо курдук сыһыаннаһаллар, ол-бу таҥаһа-саба, оонньуура, иһитэ-хомуоһа, быата-туһаҕа, аһа-таймата… Аны вегетарианецтарбыт, веганнарбыт дии-дии кыылы-сүөлү өлөрөрү, ас-таҥас гынары эмиэ утарар улахан идеология баар.

Оттон биһиэхэ, айылҕабыт да атынынан, олохпут укулаата да уратытынан букатын атын өйдөөхпүт-санаалаахпыт. Тымныы сиргэ олорор дьон этэ суох кыайан олорбоппут. Кыыл тириититтэн таҥаһа суох сатаммаппыт. Бу барыта айылҕабыт уратытыгар сытар.

Кыылы сэймэктиири, кэбилээн өлөрөрү омугуттан тутулуга суох икки атахтаах бары утарар. Сахаларга булка сыһыан эмиэ ытыктабыллаах, туспа сиэрдээх-туомнаах. Сахалар дэлэҕэ даҕаны Байанай диэн булду-алды бэрсэр анал ытык иччилэниэхпит дуо? Бу барыта тыйыс усулуобуйаҕа олох олоруубут философията.  Бэйэҥ туһанаргын эрэ айылҕаттан ылыахтааххын.

Аны ити ыттарга-куоскаҕа сыһыан туһунан. Кыра омуктар, сахалар ол иһигэр, ыкка-куоскаҕа сыһыаммыт олох атын — функциональнай. Ыт биһиэхэ — харабыл, булчут, хоту — атах тардыстар миҥэ.  Ордук тыаҕа олорор дьоҥно ыт туһата улахан буоллаҕа. Оттон куоракка, кыараҕас кыбартыыларга ыты тутуу (ордук улахан боруодалары) — муода курдук. Эбэтэр оҕолор халаннарынан ылаллар. Сорохтор соҕотохсуйан кыылы ииттэллэр — аттыбар тыыннаах дууһа баар буоллун диэн.

Халыҥ омуктар, нууччалар эҥин, биир-икки оҕолоноллор. Ол да аҕыйах бэйэлэрэ аймахтаспаттар. Саха тоҕус көлүөнэтин ааҕан туран уруумсах. Элбэх оҕолоохпут, аймахтарбытын барыларын түмэ тардан билсэ-көрсө турабыт. Онон  ханнык да балаһыанньага «ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат» диэн санаанан салайтарынан олоробут. Кэпсэтэн-ипсэтэн, алтыһан, буккуһан, сороҕор хал буолуохпутугар диэри син бөрөһөн-сөрөһөн тутуһа сылдьабыт.

Оттон киһи, омугуттан тутулуга суох, айылҕата тугу ирдиирий?  Родительский инстинкт — кими эрэ бүөбэйдиэн, кимиэхэ эрэ кыһаллыан наада. Нууччаҥ биир-икки оҕото улаатан баран хаалар. Оттон төрөппүт инстиинэ ханна барыай, тахсыан наада — ыт, куоска ииттэр. Сахалар суулаһа сылдьан халыҥ аймахпытын кытары күннэтэ сэлэһэ-сэппэһэ сылдьабыт. Нууччаҥ эмиэ тыынын таһаарыан наада, кимниин эрэ «кэпсэтиэн» наада — ыт, куоска ииттэр.

Куоракка олорор дьон эти-үүтү, таҥаһы маҕаһыын прилавогыттан булар. Тыаҕа дьон аһын-таҥаһын бэйэтэ иитэн, өлөрөн, астаан олорор. Сүөһүнү сүүстүүр, хаанын сүүрдэр, иһин ырытар. Онон хааны көрө үөрүйэх. Оттон куоракка, төрөөбүт, улааппыт, олорор дьон сүөһүнү өлөрүөхтээҕэр ону көрдөҕүнэ да уйулҕата хамсыаҕа.

Аны ити аан дойдуга «оҕото суох буолуу» -бейбифри муодата баар. Оҕо оннугар кыылы оҕолууллар. Ити барыта арҕаа омуктарга ыты-куосканы киһиэхэ тэҥнииргэ төрүөт буолар. Ыты-куосканы өлөрөрү кыайан саҥарбат, өйдөөбөт оҕону өлөрөргө тэҥнииллэр. Ол иһин кыылы өлөрөрү утарсаллар, ону биһиги — сахалар, о.д.а. айылҕаҕа чугас омуктар, ону өйдөөбөппүт: кыыл аата кыыл буолуохтаах. Мин саныахпар, ити «Бурматов сокуонун» сокуонунан көтүттэриэххэ, эбэтэр регионнар, муниципалитеттар бэйэлэрин быһаарыыларыгар бириэхтэрин наада. Итии, сылаас, ас дэлэгэй сиригэр баҕар бырадьаах ыттарын өлөрбөтүннэр даҕаны. Оттон биһиги курдук тымныы сиргэ быралгы ыттары хайаан да өлөртүөххэ наада. Киҥэ-наара холлубут, аччык ыт бөрөтөөҕөр кутталлаах. Кэм бөрө тыаҕа сылдьар, дьонтон куттанар. Оттон ыт дьон ортотугар сылдьар, дьону бултаһар.

Ааҕааччы Надежда ИВАНОВА:

-Биллэн турар, быралгы ыт хаһан эрэ дьон бырахпыт ыттара. Ол гынан баран дьону эппиэтинэстээх оҥоруу элбэх сылы эрэйэр. Биир күн турдуҥ да барыбытыгар эппиэтинэс үөcкүү охсубат, оттон субу билигин тирээн турар күҥҥэ — мээнэ сылдьар ыттары дьоҥҥо куттала суох буолалларын быһаарыы ылыахха наада. Дьон бассаапка Дьөгүөр Барыыһабы саныыллар — үөҕүллэрин билэ-билэ ыттары ытыалыырга ыйаах таһаарбыта диэн. Кэмэ атын этэ. Ол саҕана «Бурматов сокуона» ылылла илигэ, регион бэйэтэ быһаарар кыахтаах этэ. Билигин Айсен Николаев да, Евгений Григорьев да оннук дьаһалы ылар кыахтара суох. Айсен Николаев урут оннооҕор мээрдии олорон быралгы ыты кыайбатаҕа, хата Дьөгүөр Барыыһап эппиэтинэһи ылан ытыалаттарбыта. Билигин Евгений Григорьев оннук дьаһайда эрэ супту хаайыыга барар.

Кутталлаах, ыарыһах ыттары анал пууннарга тутуохтааххын диэн сокуон ирдиир. Ол пууну тутарга аны харчы суох аатырар. Дьиҥэ ити пууннар агрессиванай ыттары уулуссаҕа таһаарыа суохтаахтар диэн этэ.

Мантан саас дьаһал ылыллыбатаҕына ыттарбыт өссө иириэхтэрэ.

«Бурматов сокуонун» хайдах халыйыахха сөбүй? Сокуонунан. Ол эрэн ол сокуону өссө Госдумаҕа киллэриэххэ, көмүскүөххэ наада, барыта бириэмэни ирдиир. Оттон билигин хас биирдии олохтоох эр дьон быралгы ыты хайдах эмэ гынан тутан ылан, ошейниктаан баран ветеринарнай клиникаларга илдьэн өлөртөрүөн (утилизация) сөп. 1 тыһыынча буолар. Иччилээх ыты ветеринарнай клиникалар туталлар. Сокоун ону утарбат.

Иккиһинэн, ыттары дьиэ сүөһүтүгэр тэҥниэххэ наада. Ынаҕы, сылгыны, табаны өлөрөбүт, сиибит, тириитин таҥас оҥостобут. Ыттан бэргэһэ, саҥыйах, сутуруо кэппит сахалар бааллара буолуо. Бэл, 90-с сылларга Дьокуускай дьахталлара ыт саҥыйахтанан лөглөрүһэ сылдьыбыппыт. Оччотугар таҥаска туттуохха сөп буолбатах дуо?

Ааҕааччы Иван БУРЦЕВ: 

-Дьокуускайдар даачаларга ыты тоҕо туталларый? Уоруйахтартан, бандьыыттартан көмүскэнээри. Сайын даачаҕа ыт туталлар, күһүнүгэр ыытан кэбиһэллэр, эһиилигэр эмиэ атын ыты ылаллар. Элбэх киһи оннук гынар. Куоракка кыарагас, усулуобуйа суох диэн илдьэ барбаттар. Сол курдук быралгы ыт элбии турар. Онон криминал уодьуганнаныар диэри иччитэ суох ыт боппуруоһа быһаарыллыбат курдук көрөбүн. Оччотугар быралгы ыттар дьылҕаларын субъект бэйэтэ быһаарар сокуона төннүөхтээх. Өлөрөрүн дуу, төлөһүтэрин дуу олохтоох былаас бэйэтэ быһаарыахтаах.

Итиннэ Госдумаҕа депутттары кытары Ил Түмэн депутаттара күүскэ үлэлиэхтээхтэр. Былырыын Галина Данчикова «Бурматов сокуонун» утаран үөҕүллүүгэ барбыта. Быйыл Петр Аммосовтаах Сардаана Авксентьева эмиэ Госдумаҕа  Бурматов тыл этэ турдаҕына «сокуону уларытыахха» диэн эппиттэригэр анараа киһи «бэйэҕит буруйдааххыт!» диэн ылардаах буолбута. Ону син биир кимэн киириэххэ наада.

Атын регионнарга быралгы ыттар оҕоҕо-дьахтиарга, кыаммакка-кырдьаҕаска саба түһэллэрин туһунан эмиэ интернеккэ баар. Ол өссө биллибитэ оччо. Төһөлөөх быһылаан биллибэккэ  ааһарын айбыт Таҥара бэйэтэ билэн эрдэҕэ.

***

Aartyk.Ru

Category: Право, закон | Views: 2339 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 81
Ыалдьыттар (гостей): 81
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024