Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Тохсунньу » 9 » Эмиэ итэҕэл туһунан урукку суруйуум...
Эмиэ итэҕэл туһунан урукку суруйуум...
23:23
Эмиэ итэҕэл туһунан урукку суруйуум...

Варвара КОРЯКИНА
Саха дьахтарын санаата
Орто тураан дойдубут ахсыммыт уларыйар. Күн-дьыл ааһар, араас санаа-оноо саха дьонун сүрэҕин тууйар: Аан Ийэ дойдуга баар араас аймалҕан, Сахабыт сирин дьылҕата, инники кэскилбит, сирбит-дойдубут туруга, кэлэр көлүөнэ ыччаппыт олоҕун оҥкула, дьиҥ төрүт итэҕэлбит тиллиитэ...
Олохпут оҥкулун олохтуурга, кэлэр кэскилбитин кэҥэтэргэ, айыы киһитэ ааттанарга, саха буолан сайдарга төрүт итэҕэлгэ төннүү, өбүгэ үгэһин өрө тутуу, түҥ былыргы билиилэргэ эргиллии эрэ төһүү буолар кыахтаах!

Мин саха итэҕэлин онтон-мантан кыралаан, бытаммытын булан, үөрэтэ сатаабытым ыраатта, отуттан тахса сыл буолла.
Олох очуругар-чочуругар оҕустарбат курдук, норуот быһыытынан чөл хаалар туһугар ийэ тылбытын сүтэрбэккэ, төрүт итэҕэлбитин тилиннэрэн, инники диэки бардахпыта эрэ сатанар курдук. Тыл уонна итэҕэл биир таһымҥа тураллар этэ былыр, урут. Билигин үйэ уларыйан, арыый атын хаамыы, сайдыы баран иһэр. Билигиҥҥи цифровизация кэмигэр тыл дьайар суолтата уларыйда, ордук символлар, эбэтэр бэлиэлэр суолталара улаатта... Онон итэҕэл бэлиэлэрин - символларын таба, сөпкө туһана сатыахтаахпыт. Билиҥҥи үйэ – судургу бэлиэ (символизм, условность) үйэтэ. Дьэ, ол бэлиэлэрбит киһи өйүгэр-санаатыгар дьайар күүстэрэ сүдү буолбут, ордук ыччакка.

Дьиҥ түҥ былыргыттан кэлбит итэҕэлбитин араастаан тойонноон, эргитэн, хайдыһыы, өйдөспөт да буолуу баар буолар арыт. Дьэ оччоҕо хайдах буолабыт?
Мин көннөрү күннээҕи тулалыыр эйгэттэн, тутта-хапта сылдьыыттан, бэйэ-бэйэҕэ сыһыантан, саҥаттан-иҥэттэн саҕалаан уларыйыы, сырдыкка-ырааска, үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһыы барыан баҕарабын. Ити мин бэйэм санаам. Ону үллэстиэхпин баҕарабын. Аан Ийэ дойдубутугар туох барыта суолталаах, төрүөттээх, аналлаах, ыйаахтаах.
Сирбит-дойдубут төрүт анал ааттарын төнүннэриэхтээхпит. Ол эйгэни сааһылаан, дьаарыстаан биэриэ этэ. Барыта кыраттан саҕаланар. Эйгэ нэгирэ чөл буоларыгар, былыргаттан ааттанан кэлбит сир-дойду дорҕоон ааттара, сөпкө, нууччалыы иэҕиитэ суох, ааттаныахтаахтар эбит. Эйгэ нэгирэ чөлүгэр түстэҕинэ, олохтоох киһи кута-сүрэ күүһүрэр, сэниэ-күүс эбиллэр.
Ол эрэн күүс өттүнэн модьуйан, дьону сахалыы ааттаныҥ, сахалыы саҥарыҥ диэһин эмиэ биир уһукка охтуу-түһүү буолар. Киһи бастаан ис кута, онтон санаата, ол кэннэ өйө-төйө уһукта илигинэ, модьуйуу төттөрүтүн, киһини барыахтаах суолуттан тэйитэр, атын эйгэҕэ илдьэр, киһи уйулҕатын самнарар, ис күүһүн өһүлэр...

Итэҕэл туһунан этэр буоллахха бу саамай ыарыылаах, түгэхтээх, силистээх-мутуктаах, салгыҥҥы ыйаммыт ыйытык.
Саха итэҕэлэ – сүдү билии, үтүмэн үгүс үйэлэри уҥуордаан кэлбит кистэлэҥ үөрэх. Хас биирдии киһи кутун, куттарын сайдыытын таһымынан ол билиини, үөрэҕи ылынар. Ол иһин биир көрүү, биир санаа түмүллэрэ олус уустук эбит. Түмүллэрэ да биллибэт...
Итэҕэлбит сүнньэ тугуй?
1. Бастатан туран, ил эйгэлээх ийэ тылбыт. Саха итэҕэлин сүрүн туома – Алгыс ийэ тылынан эрэ этиллэн, эйгэ нэгирдэрин кытта ситим олохтуур кыахтаах.
2. Олоҥхо, түҥ былыргы номохтор – бу ааспыт кэм кэрэһиттэрэ, норуот дьиҥ историята манна кистэҥэ сылдьар, өбүгэ мындыр өйө, үйэлэри уҥуордаан кэлбит түҥ былыргы төрүттэрбит илдьиттэрэ буолар. Ону үөрэтэн, тойонноон, культура эрэ өттүнэн көрбөккө, итэҕэл олоҕо буоларын өйдүөххэ.
3. Ыһыах курдук улахан улуу сиэрдэр-туомнар. Саха Улуу Куйаар тэтиминэн олорор буолан, түөрт Улуу туому оҥорор эбит. Үрүҥ Күнү кытта сибээстээх дьыл түөрт кэмигэр оҥоһуллар сиэри-туому тилиннэрэн, тутуһуохха.
Ыһыах сиэрин-туомун шоу оҥорон бүтүөххэ. Улуу ритуалы түҥ былыргылыы бэлэмнээн, бэлэмнэнэн Алгыс ылардыы, Үөһэттэн үтүөнү түстээн түһэрэрдии тэриниэххэ.
4. Алгыс – Улуу Куйаар көмүскэс үрүҥ, үтүө күүстэриниин ситими сөргүтэр, сибээһи бөҕөргөтөр таайтарыылаах таабырын тыллар. Алгыһы этии сиэрин өйдөтөн, суолтатын, күүһүн быһааран, Алгыс ыларга үөрэниэххэ.
5. Таҥас-сап, киэргэл-симэх, иһит-хомуос, дьиэ-уот ис суолталара. Сөптөөхтүк туттуу, тэринии – олохпут дьолун, саргытын оҥкула буоларын билии. Сахаларга бу эйгэҕэ үгүс элбэх үгэс, сиэр-туом баар.
6. Кут-Сүр туһунан өйдөбүллэр. Бу итэҕэл сүрүннүүр үөрэҕин бастатан туран иҥэринии буолар.
7. Тулалыыр эйгэ туһунан өйдөбүл - сирдээҕи Иччилэр суолталара. Сиргэ киһи бэйэтин оннун булууга суола-ииһэ бу өйдөбүллэртэн саҕаланар.
8. Үтүө Үрүҥ Айыылар тустарынан үөрэх - Улуу Куйаар күүстэриниин ситими олохтуурга үөрэнии.
9. Аар Айыы туһунан өйдөбүлү иҥэринии. Итэҕэл чыпчаала туохха үөрэтэрин, туохха угуйарын иҥэрэр, быһаарар кэм кэлбит эбит.

Билиҥҥи кэмҥэ саха дьонун сорох өттө саха итэҕэлин – Айылҕаҕа, Аал Уокка сүгүрүйүү, Байанайы ытыктааһын, иччилэри алы гыныы - диэн судургутук өйдүүр буолбут. Дьэ, бу күннээҕи олоххо оҥоһуллар туомнар буолаллар, итэҕэл күннээҕи туомунан муҥурдаммат буоллаҕа.
Сорох өттүбүт өссө итэҕэли наар ойуннааһын эрэ курдук ылынар эбит. Ол татым. Ойуннааһын - саха итэҕэлин биир салаата, биир улахан өттө. Дабыннарыгар көппүт Аарыма Улуу Кырдьаҕастарбытын өйдүү-саныы сылдьыахтаахпыт. Үгэс быһыытынан ити Улуу Дьону ааттарын да ааттаабат этилэр. Саха былыр былыргаттан ойуун, удаҕан харалла, кистэнэ сытар сирдэриттэн дьулайар, халты хаамар, тэйиччи туттар. Ити ытыктабыл уонна түҥ былыргы итэҕэл бэлиэтэ. Атын сиргэ барбыт дьону айманыллыбат, аһары ахтыллыбат эбит. Наһаа ол өттүгэр барыы хараҥа өрүтү арыйыан сөп, атын сир аһыллыа суохтаах ааннарын. Урут кырдьаҕастартан истэр этим, дабыныгар көппүт Ааттаммат Кырдьаҕастары сирдээҕи олохтон барбыттара биир, үс, тоҕус сылларыгар уһуллубут, утумнаабыт дьонноро ахтан ааһараллара эбитэ үһү. Эбэтэр бэйэтэ түүлгэ-биккэ биллэн, кэлэн, этэр эбит тугу гыныахтаахтарын. Былыр ойууну эмэгэт оҥорбот этилэр. Биирдэ эмит ойуун эмэгэтэ баар да буоллаҕына, бэйэтэ анаан биэрбит киһитэ кистээн кэпсэтэр дииллэр этэ.
Ойууннааһын эмиэ икки өрүттээх. Үрүҥ Ойуун – итэҕэли тарҕатар, Аарыма Аар Айыылардыын ситиммитин сөргүтэр, бөҕөргөтөр, Алгыс тылын үөһээ көтүтэр сүдү киһи.
Оттон Эмчит Ойуун – бу туспа эйгэлэринэн сылдьар ураты дьоҕурдаах, ыарыы силиһин-мутугун булан суох оҥорор кистэлэҥ күүстээх, атын айдарыылаах киһи.
Бу маны кытта сибээстээх Алгыс уонна Арчы диэн өйдөбүллэр бааллар. Алгыс – үтүөнү түстээһин, ырааһы ылыныы, Аар Айыыга, Үрүҥ Айыыларга ананар тыллар. Улуу Куйаартан күүс-көмө ылар хомуһуннаах саҥа. Арчы – улахан алдьархайга, куһаҕан буулаатаҕына оҥоһуллар сиэр – туом. Итини биһиги умна быһыытыйдыбыт дуу.

Бу билиҥҥи билиилээх-көрүүлээх дэммит үйэҕэ ханна эрэ үөһээ халлааҥҥа Таҥара дуу, Аар Айыы дуу ис-дьиҥ баар дии саныыр киһи да аҕыйах. Ханнык баҕарар итэҕэли эттиин-хаанныын, өйдүүн-санаалыын, сүрэхтиин-быардыын ылынар дьон тарбахха баттанар. Барыта үлүбээй, ис суолтатын билбэккэ, быһаарбакка, тыал хоту, сүүрүк устун барсан иһии эрэ.

Таҥара туһунан билиҥҥи олоххо дьүөрэлээх өйдөбүлү үллэстиэхпин баҕарабын. Наука да этэр: «Энергия ниоткуда не возникает и никуда не исчезает; она лишь переходит из одного вида в другой или от одного тела к другому. Это утверждение называется законом сохранения энергии».
Аан Ийэ дойду итинник ис күүстэн, уустук нэгиртэн турар. Улуу Куйаар үтүө айар күүһэ, билии-көрүү ыытар нэгирэ – Үрүҥ Аар Айыы буолар, дэнэр эбит. Тулалыыр эйгэбит барыта ис күүстээх, ол иһин тулабыт барыта тыыннаах, истэр-билэр, ылынар, киһи дьайыытыгар эппиэттиир – дьэ бу буолар саха итэҕэлин төрдө, олоҕо. Куруук ити ис күүс атастаһыыта бара турар. Ол иһин былыр-былыргаттан саха барахсан олоҕун Улуу Куйаар эргиирин кытта тэҥнии тэринэр эбит, эйгэттэн үтүөнү ылаары үтүө-мааны майгылаах буолар эбит, аргыый аҕай наҕыл туттуу-хаптыы уу-нурал олоҕу аҕалар эбит. Киһи хайдах тутта сылдьар да, тулалыыр эйгэттэн, Улуу Куйаартан оннук эппиэт кэлэр эбит.
Киһи бэйэтэ эмиэ ис күүс, ол иһин саха итэҕэлэ киһи Үс Куттаах уонна ол Куттары холбуур Сүдү Сүрдээх диир. Нууччалыы судургулатан эттэххэ, киһиэхэ үс «информационная матрица» баар.
Буор Кут – киһи этэ-сиинэ, тас көрүҥэ, сирдээҕи эттиктэртэн турар (Менделеев таблицатын химическэй элэмиэннэрэ барыта баар). Бу биологическэй өрүттээх информация диэххэ сөп. Бу Куппутун ийэлээх аҕабыт уонна Аарыма Айылҕа биэрэр. Киһи өллөҕүнэ, Буор Кут сиргэ барар, буор-күл буолар.
Ийэ Кут – бу киһи геннай уратыта, төрүт-хаан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр информация (наследственность). Өллөхпүтүнэ удьуордарбытыгар, хаан уруу дьоммутугар Күн сиригэр, Орто дойдуга хаалар.
Салгын Кут – бу тулалыыр эйгэлиин, Аар Айыылыын ситимниир ураты дьикти күүс. Киһи Күн сириттэн бардаҕына бу информация үөһээ эйгэҕэ, Айыыларга көтөр.
Оттон сүдү Сүрбүт – бу биһиги психикабыт, уйулҕабыт. Психиката айгыраабыт киһини – сүрэ тостубут, уйулҕата хамсаабыт дииллэр. Сүр - бу киһини сүрүннүүр, киһини киһи оҥорор күүс.
Киһи ис күүһэ, нэгирэ тулалыыр эйгэҕэ информация буолан сылдьар, өлбүт да кэннэ бу суол-иис кэлиҥҥи көлүөнэ олоҕор дьайар. Ол иһин саха хаһан баҕарар бэйэтин эрэ көрүммэт, бэдэрин туһунан эмиэ саныыр этэ.
 Бу этиллибит өйдөбүллэр бары саха итэҕэлин төрдө, төбөтө буолаллар. Саха итэҕэлэ религия буолбатах, канон, догма суох. Саха итэҕэлэ - Улуу Билии, Айылҕа Үөрэҕэ. Саха итэҕэлэ киһи куттарын көҥүлгэ көтүтэр сүдү күүс. Куттарбыт көҥүлү билбэтэх буолан, киһи барахсан аньыыны-хараны оҥорор. Кут хааччахтаныыта диэн аныгылыы эттэххэ, “комплексы”, таптамматах, тапталы билбэтэх, таптыырга үөрэммэтэх, бэйэни тутахтык сананар саппах санаа. Хас биирдии киһи үтүөҕэ-кэрэҕэ ананан төрүүр, үтүөнү үксэтээри Күн сиригэр кэлэр. Ол аналбытын, үтүөнү ылына үөрэммэтэх буолан, сороҕун толорбокко да хаалабыт.
Бу көннөрү судургу өйдөбүллэри бэйэм хайдах саныырбынан этэ, быһаара сатаатым. Баҕар, ким эрэ истиэ, өйдүө, болҕойуо, төрүт итэҕэли ылынар суолу тутуһуо.
Итэҕэл туһунан сэһэн-кэпсэл уһун-киэҥ, кыра кылгас быһаарынан бүппэт.
Саха итэҕэлэ – Сырдыкка-Ырааска, Үтүөҕэ-Кэрэҕэ, Харыстас буоларга-Ытыктабылга, Тапталга-Махталга угуйар Улуу итэҕэл. Ол иһин күннээҕи олохпутугар итиннэ дьүөрэлээх өйдөбүллэри киллэрэн, олохпут оҥкулун оҥостон, кэскилбитин кэҥэтэн иһиэхтээх эбиппит.
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 2198 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 88
Ыалдьыттар (гостей): 88
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024