Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Тохсунньу » 17 » ОЙУУН КӨРҮҮЛЭНИИТЭ
ОЙУУН КӨРҮҮЛЭНИИТЭ
18:22
 ОЙУУН КӨРҮҮЛЭНИИТЭ
Иннокентий Егоров
Бу дьикти суругу мин аҕам саха тылын учуутала, элбэх сэһэни, номоҕу билэр Павлов Прокопий Алексеевич кумааҕыларын быыһыттан булбутум. Испирдиэн Ойуун эппит тыллара диэн суруллубут этэ. Кимиэхэ да көрдөрүөхпүн баҕарбатаҕым эрээри суруйан эрэбин.
Күн тахсар сирин диэки
Көнөтүк көрдөхпүнэ,
Улуу омук удьуора,
Түҥ омук тобоҕо
Сүдү элбэх сүтүктэнэн,
Сөһүргэстээн, ытаан – соҥоон,
Сүһүөҕэр дьэ туран,
Сүдү үөрэҕи сөргүтэн,
Сүүс киһи өйүнүүн өрөлөһөр
Сөл албаһы тарҕатар эбит.
Ытыс чарапчыланан
Ыраах илини
Ынааран көрдөхпүнэ,
Кыта кыйма норуот
Кымырдаҕастыы кыймаҥнаан,
Кыаҕыран, күүһүрэн эрэр эбит.
Үрүлүйбүт үйэлэр
Үдүк – бадык үөрэхтэринэн
Үгүс омук өйүн сүүйбүт эбит.
Саргылаах сахам сиригэр
Сатыылаан кэлэн,
Саахыматтаппыт эбит.
Саталлаах өттүн
Сата тардан,
Санаатын сайҕаан,
Саба сабардаабыт эбит.
Арҕаа диэки
Антах хайыһан көрдөхпүнэ,
Аллараа дойду апчарай билиитин
Анааран алтыһар
Алтан бастаахтар
Аар саарга аатырбыт
Ааттаах бастарын холбоон,
Алыс быртах былаан
Аттаран айалаан,
Аан ийэ дойдуну
Атыйахтаах улуу
Аймыыр эбиттэр.
Ааһа – ааьа устэ төхтүрүйэн,
Алдьархайы аҕалар эбиттэр.
Хоту диэки хонтойон көрдөхпүнэ,
Хотугу муустаах байҕал
Хоой өттүгэр холбоһон олорор
Күрүөйэх төрүттээх,
Күтүр көҥөс кубулҕалаах
Күүлэй омук күүһүн түмэн,
Күрэнэр үйэлэр кирбиилэригэр
Көбөн, көстөн, көҥкөйөн,
Күн сирин көрдөс илиитигэр
Кумуччу тутан ылаары
Куомун көрдөһөр эбит.
Сахам сирэ барахсан
Саргылаах буолуон баҕаран,
Барҕа баайын
Бардамнык тарҕаппыт,
Барыны бары баһыгар киллэрэн,
Барҕарыы суолугар
Бардым дэммит.
Барыта бадараан ото буоларын,
Билээхтээбэт эбит.
Орто дойдубар
Одуруун үйэ
Очурдаах, оҕуурдаах
Охсуһуулаах кирбиитигэр,
Уһун тыллаах барыта
Удаҕан буолбут.
Ох тыллаах обургу өттө
Ойууммун дэммит.
Уот оттон ойуоккалаабыт.
Ой дуораанын оонньоппут,
Уот Иччитин уордаппыт.
Улаҕалаах эбит онто.
Элиэнэ эбэм
Эркээни иэнигэр
Эрдэттэн этитэн,
Саханы саха оҥорор
Саарын баар буолуо эбит.
Сатаан санаатын сааһылаппакка,
Сарыы саппыкылаах,
Сарыы таҥастаах,
Сабыта быраҕар аналлаах,
Саба баттаан кээспит.
Былыргы бырааскай омук
Бытырык быыра хааннаах
Бытаан бытааһах
Былыргыны быһан бырахпыт.
Билиибитин бигэ диэбэт эбит.
Бытанан, тарҕанан саха барахсан
Быыһанаары, быатын уһатаары
Бүтэй Бүлүүну
Былыр буларын курдук
Бытааһах урааҥхайдар
Быралгы барбыттар,
Бүгэн биэрбиттэр.
Тилиргээн, тигинээн
Тимир үйэ тиийэн кэлбит.
Тымныы тириитин
Тилэччи кэппит.
Тыыннаах куттаах
Тыынын тэскилэппит.
Тыһыынча сыл түмүллэ сыппыт
Түҥ санаа саһаҕа сырдаабыт.
Төгүрүччү туран,
Төбүрүөннээн олорон,
Төрүт дьон мустан,
Төрүүр оҕону төлкөлөөбүттэр,
Төттөрү барары төнүннэрбиттэр.
Үөһээ халлаан үөрбүт эбит.
Эрэй да эҥэрдэстэр
Эрэл кыыма кытыаста кыынньан,
Үтүө үөһэ дагдайан,
Иннибит уһаан,
Илин диэки көрөн,
Итии тыын киирэн,
Илбис – хомуһун хомуллан,
Истиҥ иһирэх тыллаах
Иэйиилээх этиитин истэн,
Ис иһиттэн иҥиэттэн,
Иччилээҕи этэн,
Ити Ким эрэ
Ил олохтуур эбит.
Үс бүк үйэ
Үөһэнэн ааста.
Үс саха тиллэн,
Үйэтэ уһаата.
Мин көрүүм көҥүлү көрдө.
Мин истиим иэйиини иһиттэ.

 Бу Ойуун, билиҥҥи олохпутун көрүүлэммит эбит.
Category: Саха | Views: 2401 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 13
Ыалдьыттар (гостей): 13
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024