Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Тохсунньу » 17 » БУЛЧУТ СҮБЭТЭ, ТУСКАР ТУҺАН
БУЛЧУТ СҮБЭТЭ, ТУСКАР ТУҺАН
18:55
БУЛЧУТ СҮБЭТЭ,  ТУСКАР ТУҺАН

КУБА кырыыстааҕынан кырыыстаах буолан баран 2-куба кэллэҕинэ иккиэннэрин өлөрүөхтээххин уопсайынан барыларын өлөрүөхтээххин хас да кэллин. Соҕотох буоллаҕына ыппаккын. Доҕорун өлөртөрбүт куба онтукатын аһыйан ытыыра соҥуура оо, истиэххэ ынырык буолар, 9сылы быһа умнубат онтон тохсус сылыгар кэлэн ытаан ытаан баран доҕоро өлбүт сиригэр үөһэттэн монньун булгу түһэн кэбиһэр, ол кэннэ бэйэҥ бараҕын.

МАС КӨТӨРҮН ойуурга уйатын көрдөххүнэ көрө көрө көрбөтөҕө буолуохтааххын. Мас көтөрүн уйата киһиэхэ мээнэҕэ көстүбэт эбит, дьэ онно көрөн баран саба сүүрэн тиийэн көрдөххүнэ уйатын быраҕан баран хаалар. Барыан иннинэ оҕолорун аһыйан айманара ынырык куһаҕан буолар, оннукка түбэспит киһи өр үйэлэммэт.

КИРГИЛ эмиэ мээнэ көтөр буотах эбит анараа дойду уола диэн ааттыыллар атыннык. Дьиэ таһыгар кэллэҕинэ ол дьиэттэн киһи өлөр, киһи кутун сүрүн дууһатын ыла кэлэр эбит, биитэр эн маннык гыныахтааххын-тутан ылан баран бырастыы гын, эн бэйэҥ киирэн биэрдиҥ мин эйиигин тыытыһар санаам суоҕа диэн баран моонньун быһа эрийэн кэбиһэҕин уонна кынатыттан биир куорсуну ылан баран тумсугар ытыттараҕын уонна сир анныгар кистиигин.

МУУС ТУМУС диэн баар кырдьык даҕаны (ити куоҕастартан саамай улаханнара хоту үөскүүр муоралаах сирдэргэ Усть Яна игин диэки) ол саамай сэрэхтээх көтөрүнэн биллэр эбит былыргы хотугу ОЙУУНАР, УДАҔАННАР үксүн Муус тумус буолан сылдьаллар эбит.
Онон билбэт көтөргүн ытыма, туох барыта кэмнээх кэрдиистээх дииллэрэ чахчы. Син биир бэйэҕэр эргийэн кэлэр бэйэҕэр кэлбэтэҕинэ бэдэргэр кэлиэ, онон сэрэхтээх буолуҥ.
Манна биһиэхэ икки кубаттан биирдэстэрин ытан сиэбит 5-уолаттар билигин бары суохтар бары ол күөллэригэр түһэн өлөөхтөөбүттэрэ, эдэр баҕайы дьон биир уолу букатын чып чыһаҕаска сытар диэбиттэрэ икки ытыалаабыт уолаттары олох да булбатахтара, билигин ол сиргэ ким да сылдьабат сирэ. Күһүҥҥү хараҥаҕа дьоннор ыһыытаһар хаһыытаһар саҥаларын дуораана иһиллэр үһү, биитэр күөлгэ икки тыылаах дьон сылдьаллара көстөр үһү. Киһи барыта тумнан ааһар сирэ буолан турар сылгы да сылдьыбат, кус түспэт туох да суох сирэ уруккута ити быһылаан иннинэ ааттаах үчүгэй сир этэ, оттонор ходуһата, балыга, аһа үөлэ, куобаҕа, куһа, булда дэлэйэ онтон ити кэннэ мэлисээй туох да тохтообот киһи сүөһү сылдьыбатаҕа ырааппыт буолан хайдах эрэ киһи КУТа СҮРэ тохтообот дойдута буолан тураахтыыр.

ТУРУЙА хас да көрүҥэ САХА СИРИГЭР кэлэн үөскүүрэ биллэр ордук кини Туундара бадарааныгар үөскүүр ити көтөр эмиэ сэрэхтээҕинэн биллэр, чугастан көрдөххө дьүһүнэ наһаа ис киирбэҕэ суох дьүһүннээх кыыл. Кини эмиэ Куба курдук доҕорун кэриэстээн 9-сыл умнубат эмиэ моонньун булгу түһэн кэбиһэр тиһэҕэр.

КЫТАЛЫК бу эмиэ туундара бадарааныгар үөскүүр кыыл буолар, ыраахтан көрдөххө наһаа кыраһыабай кыыл курдук көстөр дьиҥинэ кини эмиэ туруйа курдук наһаа ис киирбэҕэ суох дьүһүннээх көтөр, кинилэр Ийэ Ууһунан сылдьыахтарын сөп, эбэтэр паралар буолуохтарын сөп. Кини атаҕыттан көхсүгэр диэри турдаҕына орто уҥуохтаах сиэнчэр Сылгы саҕа эбит. Кинилэри гипнозтаах көтөрдөр дииллэр.
Киһиэхэ көстүмээри гыннахтарына борооску буолан хаалаллар үһү. Ардыгар көрдөрбүтүнэн сүтэн хаалаллар үһү. Кинилэр тыытыспатахха туох да куһаҕана суох көтөрдөр. Үҥкүүлэрин сотору өлөөрү гыммыт Айылҕа хараһыйар киһитигэр анаан минээн Айылҕа мааны көтөрдөрүн үҥкүүтүн көрдөрөр дии саныыбын биир бэйэм. Бэйэм Хоту Дойдуга олоробун биирдэ да көрбөтөҕүм. Кыталыктар үҥкүүлэрин көрбөтөх да киһи бэт этэ.
Ол курдук 9, ардыгар 7 буолан сылдьаллар.

ХОТОЙ, ТОЙОН КЫЫЛ, ЭЛИЭ, БОРУЛЛУО, МОХСОҔОЛ, МЭКЧИРГЭ хас да арааһа уонна да атын тыҥырахтаах көтөрдөр бары түүктээхтэр, кырыыстаахтар. Мэкчиргэлэртэн биирдэстэрэ ХААР ЭБЭ ордук кырыыстаах. Кини туундараҕа үөскүүр, улахана да бэрт, хоҥор хааһы иккитэ холообут саҕа баара ду, кини күнүстэри утуйар түүн бултуу барар интэриэһинэйэ диэн баар бэйэтин территориятыгар баар булдун тыыппат, куобах да буоллун кутуйах да буоллун атын Мэкчиргэ территориятыгар тиийэн бултуур. Ол Мэкчиргэ кини территориятыгар барар онно сытар интэриэһинэйэ
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 2310 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 51
Ыалдьыттар (гостей): 51
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024