News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2022 » Тохсунньу » 24 » Эмтээх мастар уонна талахтар
Эмтээх мастар уонна талахтар | 09:32 |
Эмтээх мастар уонна талахтар
_Саха сиригэр үүнэр мастар, уонна талахтар киһи доруобуйатыгар олус туһалаахтар, хайдахтаах да ыарыыны эмтиир күүстээхтэр.
Хатыҥ уутун, эдэр сэбирдэҕин, үнүгэһин (почки), сүнньүнэн, эмп быһыытынан тутталлар. Үнүгэһин көөнньөрөн бүөр, быар, үөс, хабах ыарыыларын эмтииллэр. Оттон сэбирдэҕин эккэ-хааҥҥа бэссэстибэ солбуһуута кэһилиннэҕинэ, битэмиин тиийбэтигэр туттуллар. Хатыҥ уута арамачыыска, күөмэй ыарыытыгар (ангинаҕа) үчүгэй.
Тэтиҥ испиирдээх үнүгэһин хабахха, арамачыыска тутталлар. цистити түргэнник үтүөрдэр. Хабах уонна бүөр ыарыыта бэргээтэҕинэ, эдэр күөхтүҥү хатырыгынан эмтэнэллэр. Бу хатырык гастриты эмиэ эмтиир.
Харыйа туох да туһата суоҕа буолуо диэххит. Оннук буолбатах эбит. Мутугун көөнньөрөн күөмэй ыарыытыгар, тымныйыыга, тыынар уоргаҥҥыт ыарыйдаҕына эмиэ иһиэххэ сөп.
Бэс лабаатын төбөтүн, үнүгэһин, сыламатын эмп быһыытынан туһаналлар. Холобур, бэс үнүгэһэ боруонханы эмтиир. Оттон буспут уутун, арамачыыстаах дьоҥҥо, астмалаахтарга, водянкалаахтарга биэрэллэр. Үнүгэһи көөнньөрөн сэллик ыарыытыттан эмтииллэр. Оттон бэс мутуга сынгалаабыт, битэмииннэрэ тиийбэккэ ыалдьыбыт дьоҥҥо туһалаах. Мутугун көйөрөн суунуу сүрэххэ, ньиэрбэҕэ бэртээхэй эмп буолар эбит.
Сарбынньах (рябина) мас отоно битэмиин тиийбэтиттэн үөскүүр ыарыыны бохсор. Дабылыанньалаах дьон рябина отонуттан утах оҥостон иһиэхтэрин сөп. Аҕыйах хааннаа, бүөрдэригэр таастаах, арамачыыстаах дьоҥҥо эмиэ олус туһалаах. Оттон рябина хаҕа киһи мэйиитин тымырыгар үчүгэй, эбиитин умнуган буолууттан харыстыыр.
Хаппырыас (черемуха) сөтөлгө, бронхикка, сэбиргэхтэтиигэ туһалаах. Отонун оргутан убаҕаһынан сүүрдэ сылдьар (иһэ ыалдьар), дизентериялаабыт дьоҥҥо туһалаах, сыстыганнаах колиттан эмтэнэллэр. Сибэккитин буокканы кытта көөнньөрөн сүһүөх ыарыйдаҕына, арамачыыстаатахха сотоллор. Сибэккититтэн, отонуттан оҥоһуллубут утаҕы мүөтү кытары булкуйан баран, бэссэстибэ атастаһыыта кэһилиннэҕинэ иһэллэр.
Моонньоҕон отоно уонна муоруһа тымырдара быһа барар дьоҥҥо үчүгэй. Сэбирдэҕин хондуруос, арамачыыс, быччыҥ, сүһүөх ыарыытын бохсорго оргутан иһэллэр. Сэбирдэҕиттэн чэй оҥостон истэххэ. киһи уопсай туруга бөҕөргүүр.
Хаптаҕас тымныйбыт киһи кыраадыһын түһэрэр. Сибиэһэй хаптаҕастан оҥоһуллубут утах киһи этиттэн-сииниттэн тууһу суурайан таһаарар. Дабылыанньалаах, умнуган дьоҥҥо олус туһалаах.
Хатыылаах эрбэһин. Лопух войлочный.
Арамачыыһы, сүһүөх ыарыыларын, гастриты, куртах уонна куутуйа бааһыран ыалдьыытын, матка, куолай рагын, саахарнай диабеты, сирэйгэ тахсар хатааллары, кутургуйаны, уокка, ууга сиэтиини эмтииргэ туһалаах.
Үүнээйи хаппыт сэбирдэҕин үс тарбаҕынан ылан 1 курууска ууга кутан,кыратык оргутан күн устата иһэн бүтэриллэр.
Анемияҕа наһаа туһалыыр маннык субэ:
Свекланы буһарабыт, рис эмиэ туспа буһарабыт, иккиэннэрин ууларын дуршлагтаан ылан холбуубут уонна сөп буола² күнү быһа утаттахха иһэҕин. Бэйэҕит соһуйуоххут, анемия исчезнет через недолгое время, оннук заново оҥостон иһэ сылдьаҕыт, как морс. Лекарства покупать не надо, будьте здоровы!
Мин кыра кыыһым инвалид с рождения. Цнс мөлтөх. 2 сааһын ааһыар дылы хаампатаҕа.Түөһүнэн, разведчик курдук ,по пластунски сыыллар эрэ этибит.
Сахалыы, сүөһү ханнын сааҕар олордон эмтииллэрин истэр этим. Биир күһүн идэһэлэнэр кэмҥэ тута ханнын сааҕын баалынай иһиккэ уган дьиэҕэ киллэрэн, оҕо батар гына хайа сотон баран кыыспын туруусуктаах эрэ түөһүн тылыгар дылы онно олордон кэбистим. 2 чаас устата ытаан соҥоон, тиритэн хорутан, ардыгар нуктаан да ылар оннук олордон баран таһааран сылаас таастаах ууга, мыылата суох сууйан, сайҕаан баран суулаан, сытыаран, утутан кэбистим.
Сүөһү ханнын сааҕа адьас от отвара буолар эбит. Оҕобун тахсан барбатын диэн илиититтэн тутан олорон иһирдьэ баттаан олоортум. Онно,адьас иннэнэн анньар курдук дьөлүтэ анньар,ол от , уонна ис иһиттэн оргуйар курдук,үлүннэр үллэн иһэр эбит этэ. 2 чаас буолан таһаарарбар,түөһүн тылынан олордубут оҕобор адьас моойугар дылы үллүбүтэ .
Үлэбиттэн киэһэ кэлбитим,киһим, сымыйа курдук- утары ,саҥа хааман эрэр оҕолуу хааман ,хардыылаан утары кэлбитэ. Онтон эһиилигэр эмиэ иккистээн олордубуппут. Билигин сүүрэ сылдьар.
Баҕар ким эмэ туһаныа дуу, ис ыарыытыгар, адьас көҋдөрөн ыалдьыбыт оҕону эмиэ оннук эмтииллэрэ эбитэ үһү
Убаһа тыҥатын сиикэйдии кубиктыы кырбаан баран салаппаҥҥа тоҥорон кээһиҥ, онтон үөскүт бүөлэннэҕинэ ыарыйдаҕына киллэрэн 5-6кубигынан ууну кытта сиигит, куттаххытын үөскүтүн куһаҕанын оборон ылар ыраастыыр ыарыыта ааһан хаалар
Ба5ар кимиэхэ эмит наада буолуо
Зоб диэн ыарыылаах буоллахха щитовиднай железа сатаан гормонун аанньа хааҥҥа бырахпат буолар. Кини быраҕар гормона үөһү убатыахтаах. Гормонун аанньа бырахпат буолла да, үөс хойдор. Тааһырыан эмиэ сөп. Ол иьин үгүс дьон билигин операцияланаллар. Үөс убаҕас буолуохтаах уонна эфирнай арыылары паар курдук көтүтүөхтээх. Өскөтүн хойунна да ол эфир- паар аанньа көппөт буолар. Оччоҕо отложение холестерина барар хаан тымырыгар. Ол үөстэн тахсар эфир хаан тымырын устун баран, холестериҥҥин ыраастыахтаах. Ону үөс хойунна да аанньа көппөт буолан холестерин элбиир. Холестерин тымыр эркинигэр элбээтэҕинэ тымыр кыарыыр уонна сурэҕин улэтэ мөлтүүр. Урут киэҥ тымырынан хааны хачайдыыр сурэх билигин кыараҕас тымыр устун хачайдыы сатаан ( особенно улэлээтэххитинэ или кирилиэьинэн тахсаргытыгар) битиргэччи тэбэр. Оччого аҕылаа да аҕылаа буолаҕыт.сорохтор порок митрального клапана уонна увеличение левого желудочка диэн диагнозтаналлар. Маны таьынан холестерин элбээтэҕинэ, Д битэмиин выработката намтыыр оччоҕо сүһүөх ыарыылара буолаллар: шейный хондроз, поясничный хондроз, полиартрит артрит. Оччого олоппостон тураргыт көһүүн, массыынаттан тахсан баран нэһиилэ хаамар буолаҕыт. Салгыы бу дьон зобтарын эмтэммэккэ, холестериннарын ыраастаммакка сырыттахтарына артроз диэн диагноз буолаллар. Ол аата пяточнай шпора буолуохтарын сеп эбэтэр уҥуох ууннэ дииллэр. Ол аата туус көйөн тахсыбытын кыайан ейдеебеттер. Сапожка, тууппулэ кэтэргэ мэһэйдэтэ-мэһэйдэтэ сылдьаллар. Салгыы бу дьон эмтэммэтэхтэринэ- обменнарын үчүгэй оҥорботохторуна остеопороз буолаллар- ол аата уҥуохтара көмүрүө буолан көнө сир устун хаама сылдьан тостоллор.
Аны кыараҕас тымырынан аһыыр ис органнар ыран-дьүдэйэн маннык дьон иммунитеттара мөлтүүр уонна искэн ыарыыларынан ыалдьаллар: киста миома мастопатия аденома даже рак.
Зобтаах дьон өссө глаукома, катаракта буолаллар. Зобтаах буоллуҥ да какая-то стадия катаракты уже баар.
Маны таһынан зобтаах дьоҥҥо грибок оҕуруот аһын, фруктаны кытта киирдэҕинэ тарҕанар. Бастаан бронхит курдук ыарытыннарар, онтон балыыһалар антибиотик биэрдэхтэринэ ( тэллэй ону сөбүлүүр) пневмония курдук ыарытыннарар,(балыыһалар өссө күүстээх антибиотик биэрэллэр), онтон тыҥаны захваттыыр, ол грибок уонна ол киһи рак легких буолан суох буолар. Грибок өрө туран.
Сөтөлтөн
Маны түүн оҥороргут ордук. Оҕо да, улахан да киһи сөтөлүн түргэнник ааһардар. Полиэтиленовай пакеты ылаҥҥыт, тилэххит размерынан быһаҕыт, репчатай луугу бытархай гына быһан баран, пакеткыт уһунунан тарҕатаҕыт. Ол кэнниттэн лууктаах пакеткытыгар үктэнэн туран сэрэнэн үрдүнэн хб наскы кэтэҕит.
-Капуста сэбирдэҕин ылан сылаас ууга аҕыйах мунүүтэ уган ылаҕын, сымныаҕа онно муету сыбыыгын онтон туескэр уонна кехсугэр сыьыаразын, урдунэн сыстар футболка кэтэн баран утуйазын сетелге олох учугэй
СӨТӨЛТӨН
Бастаан биир стакан үүтү оргутаҕыт
1ст нь сүөһү арыытын эбэҕит
1 ст.ньуоска мүөт
Сымыыт араҥаһын үчүгэйдик буккуйан баран кутаҕыт
1/4 ч/нь сода
Оҕоҕо- термоска биир стаканы оҥорон баран күҥҥэ үстэ иһэрдиэххэ сөп. 2-3 күнүнэн сөтөлө ааһар.
Улахан киһи биир стаканы сразу иһэр сылаастыы.
Бронхитка, ларенгитка, трахеитка көмөлөһөр.
Күөмэй ыарытыгар 1 банан вилканан илдьиритэн баран 1 ст.л. мёд кутан буккуйаҕын. Кашица буолар. Ону күнү быһа кыралаан ч.ложканан ылан эмэн сиигин. Банан сымнатар, мёд бактериялары өлөрөр.
Моонньоҕон отоно уонна муоруһа тымырдара быһа барар дьоҥҥо үчүгэй. Сэбирдэҕин хондуруос, арамачыыс, быччыҥ, сүһүөх ыарыытын бохсорго оргутан иһэллэр. Сэбирдэҕиттэн чэй оҥостон истэххэ. киһи уопсай туруга бөҕөргүүр.
Хаптаҕас тымныйбыт киһи кыраадыһын түһэрэр. Сибиэһэй хаптаҕастан оҥоһуллубут утах киһи этиттэн-сииниттэн тууһу суурайан таһаарар. Дабылыанньалаах, умнуган дьоҥҥо олус туһалаах.
Сүүтүк сүбэлэр
Мас чоҕун маас курдук оҥорон баттаххытыгар баана сылдьыҥ. Баттаххыт кытаатар, ыраастанар, чэбдигирэр, уһуур
Баттах түһэригэр хатыҥ сэбирдэҕин, тиит мтукчатын оргутан суунуҥ.
Иммунитеты көтөҕөргө тиит мас хатырыгын оргутан иһиҥ. Бэйэтэ чэй бэрдэ. Хайа да индия чэйинээҕэр ордук.
Хаан баттааһынын таһаарарга анемиялаахтарга ьимэх ото бэрт
Хаан баттааһынын түһэрэргэ уулаах отону бэйэтинэн сиэн, тымныы отону кулгаах иһигэр уктан түһэрэҕин. Саахардаах барыанньа барсыбат.
Цистит, хабах ыарыыларыгар тимэх ото, чыычаах ото, таҥара ото үчүгэй'
Прыщикка тэтиҥ күлүн ынах арыытыгар буккуйан маас оҥорон сотуннун. Тэтиҥ сэбирдэҕин оргутан истин.
Таастаах үөскэ итии ынах үүтүн кытары, тыатааҕы сыата, убаһа сыата, убаһа тыҥата тоҥнуу батыһыннаран истэххэ оборор, кыра тааһы суурайар.
Орвига кыа отун оргутан иһэ сылдьыҥ. Хаппыт отун буруолатан салгыны ыраастыы сылдьыҥ.
Женскай тымныйыытыгар куобах тириитин таһыттан баанан сылытар ордук. Иһэргэ кровохлебка, ол аата ымыйах отун оргутан иһиҥ.
Багар ким эмит туьаныа диэн ыыттым.
|
Category: здоровье |
Views: 2727 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 5 Ыалдьыттар (гостей): 5 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|