Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Олунньу » 8 » ЫТТАРТАН САҔАЛААН...
ЫТТАРТАН САҔАЛААН...
10:14

ЫТТАРТАН САҔАЛААН...

Ыттартан саҕалаан туохпут да кыайтарбат... Ылыммыт былаан туолбат, буруйу оҥоруу аччаабат. Арай телевидениябыт биэриитин аайы көрдөххө ас астыыллар, үҥкүүлүүллэр, ыллыыллар уонна былааһы хайгыыллар.

Көмүскэл баар дуо? Биллэн турар, былааһы да кэмигэр хайгыахха сөп бөҕө буоллаҕа, өскө дьон олоҕо тупсар, инникигэ эрэл дьиҥ - чахчы баар буоллаҕына. Ол эрэлбит баар дуо? Кырдьаҕастар сэрии эрэ буолбатар диэнинэн күнү саҕалыыбыт уонна күнү түмүктүүбүт. Оҕолору, сиэннэри ол буолар дуу, буолбат дуу сэриигэ умса анньаары армияҕа ылаллара, ахсаан өттүнэн сыл ахсын элбээн, эбиллэн иһэр. Ити кэнниттэн хайа ийэ уонна аҕа утуйар уута көппөт, уйулҕата хамсаабат буолуоҕай?

Хайа эрэ Москваҕа олорор тойон кими эрэ кытта сатаспатаҕын, кыыһырсыбытын, тугу эрэ үллэстибэтэҕин көмүскэтээри дьон оҕо төрөтөн, иитэн, улаатыннаран, үөрэттэрэн, атаҕар туруоран бэлэмнээн биэрэри сөбүлээбэттэрэ буолуо. Татаардар Чечня айдааныгар оҕолорун бырааттыы омуктарын кытта сэриилэһиннэрбэтэхтэрэ дииллэр. Ол сэриигэ биһигиттэн оҕо бөҕөтө барбыта, сорохторо сыыҥкабай хоруопка угуллан кэлбитэ. Тыыннаах хаалбыттара баас-үүт, дүүһа, ньиэрбэ ыарыыта буолан төннүбүттэрэ. Донбасска да сэриигэ кытыннарбыттар, оҕо өлбүт. Уолаттарбыт армияҕа да сылдьан хаайыыга барыылара үгүс эбит.

Ити туһунан Роман Обутов барахсан кэпсээнин иһиттим. Билигин биир бырааттыы омукпут судаарыстыбатын – Украинаны кытта сэриигэ бэлэмниир курдуктар. Хаһан эрэ Күлүмнүүр аан дойду сэриитигэр саханы ылларбатаҕа. Кини улахан дуоһунаһа суох, көннөрү интеллигент эрээри губернаторы нөҥүөлээн туруорсубут ээ. Билигин оччотооҕу кэм буолбатах - тойон бөҕөтө, быраабы көмүскээччи, уопсастыбаннай палаата, Ил Түмэн, Госдума дьокутааттара курдук тэрилтэ, чиновник республикаҕа кырыы-кырыынан. Ити сөҕүмэр күүс тоҕо туохха да кыһамматый? Республика бэйэ бодотун сүтэрбитин, наһаа барытыгар бэринэн кэбиспиппит муҥа буоллаҕа дуу?

Ыкка ыттыы сыһыан

Ыт проблемата үөскээбитэ ыраатта. Уонтан быдан тахса сыллааҕыта Сайсарыга ыт үөрэ эдэр кыыһы тутан кэбиспитэ, өлөрбүтэ. Аны бу саҥа

трагедия. Киһи ахтыан, санатыан да дьулайар дьыалата. Хойутаан баран мунньах үөһэ мунньах да туһата көстүбэт. Куорат дьокутааттара итиннэ анаан “истиилэри” ыыппыттарыгар сүүрбэ аҕыс дьокутааттаахпытыттан тоҕуһа эрэ кэлбит, олортон иккитэ ситэ истибэккэ баран хааланнар сэттиэ буолан куоластаабыттар. Тыл этиилэриттэн көрдөххө, проблемаҕа дьиҥ ыалдьар дьокутаат биир-икки быһыылаах. Холобур, Ил Түмэн дьокутааттара Госдумаҕа сокуон бырайыактарын ыкка эрэ буолбакка, олох бары өрүттэрин көрүүгэ киллэриэхтээхтэрэ. Кинилэри ол иһин талабыт.

Куорат дьокутаата Александр Яковлев истиилэргэ эппитинэн, кинилэр Госдумаҕа киллэрбит докумуоннара дуона суох, суоҕун да кэриэтэ. Ханнык эрэ сокуон бырайыага оҥоруохтааҕар, атын сокуон бырайыагар кыра көннөрүүнү: 2018 сылга - биири, 2019 сылга – биири, 2020 сылга – киллэрбэтэхтэр, 2021 сылга эмиэ - биири эрэ киллэрбиттэр. “Бурматов сокуона” кинилэри долгуппатах. Куорат бу мунньаҕар Госдума дьокутаата Данчикова кыттыыны ылбыт. Дьокутаат Александр Яковлев “Бурматов сокуонугар” кини хайдах куоластаабытын ыйыппытыгар хоруйдаабатах, ол аата өйөөбүт быһыылаах. Александр Петрович Госдума кириэһилэтигэр хаһыс да төгүлүн олорор Данчикова уонна атын да дьокутааттарбыт “Бурматов сокуонугар” хайдах куоластаабыттарын уонна билигин тугу гыналларын дьон билиитигэр таһаарара буоллар. С.Авксентьева мээр эрдэҕинэ ыт өлбүтүгэр Москваттан биир дьахтар кэлэн мөҕүтэлээн, саанан барбыта.

Быйыл Липецкэйтэн эдэр оҕо кэлэн көҥүл хаамыталаата. Бу дьону бэйэбит ис дьыалабытыгар орооһуннарбакка муус ураҕаһынан үүрэр оннугар көрсүһүү, ыалдьыттатыы бөҕөтө. Бырааппытын сүтэрэн, киһи аатыттан ааспыт эбиппит. ”Ыт дьыалатыгар” дьон долгуйар, мунньах бөҕөтө ыытыллар, хаһыат толору, мээрбит телевизорга тахса сырытта. Манна бары биири ахтыбаттара, тумналлара көстөр. Ыт тоҕо элбиирин төрдүн туһунан ахтыбаттарын этэбин. Куоракка буомус, уоруйах, бандьыыт сэбиэскэй саҕаттан элбэх, дьон онтон көмүскэнэн ыты иитэр. Тыһыынча даача – тыһыынча ыт.

Пригородтары аахпакка туран. Күһүн ыты ыыталлар, сорох бэйэтэ куотар – куорат туоллаҕа ол. Оттон ити этэр буомустары, уоруйахтары, бандьыыттары уодьуганныыр Арассыыйаҕа кыайтарбат, ол иһин ыт дьыалата эмиэ. Буомустарбытын ЛТП тэрийэн син дьаһайбыт курдук буолуохпутун сөп да, уоруйах, бандьыыт бу олоххо сүппэттэр, буруйу оҥоруу өссө элбиир. Ыттан быыһанар арай биир суол хаалбыт курдук. Бу туһунан дьон этэр, суруйар да, мин эмиэ хатылыым. Кытайга уонна Кореяларга ыт бастыҥ аһалык буолара тыһыынчанан сыл анараа өттүттэн буолуо. Биир эмэ тобуллаҕас киһи ыты иитэн Кытай, Корея

дойдуларыгар атыылыыр чааһынай тэрилтэ тэринэрэ, онно маҥнай утаа судаарыстыба көмө оҥороро тоҕо табыллыа суохтааҕый? “Бурматов сокуона” ыты атыылыыры боппот, өлөрөрү бобор, итини туһанар сөптөөх. Ыты хайдах иитэри Кытайга киһи ыытан көрдөрөр (оччолооҕу сылдьаллар) улахан дьыала буолбатах. Онтон бары өттүнэн тэрээһиннээх, специалистардаах тэрилтэ ыты уотан, сууйан-сотон, дуогабарынан атыылаатаҕына сотору куоракка ыты булуоҥ суоҕа. Тэрилтэ бэйэтэ төрүөх таһааран эргинэргэ тиийиэх этэ.

Көрдөрүү - иһитиннэрии туһунан

Дьон телевизортан салҕан хаалла. Сөбүлээбэт буоллаҕына көрбөтүн ээ диэхтэрэ. Бээ, тохтооҥ, Саха араадьыйата уонна телевиденията республика нэһилиэнньэтин туһугар тэриллибитэ, дьон нолуок төлүүр, саҥаны, кырдьыгы истиэн баҕарар. Бу ким эрэ суопсунаһа буолбатах! Республикаҕа буолбут сорох түгэннэри бастаан киин телевиденияттан истэбит, онтон эрэ бэйэбит дьоммут кэпсииллэрэ, көрдөрөллөрө баар суол. Ону да сороҕун. Холобур, соторутааҕыта Уһук Илиҥҥи федеральнай уокуруктан Андрей Мондохонов кыттыылаах прокуратурабыт уопсай мунньаҕыттан.

Республикаҕа үлэтэ суох буолуу Уһук Илин региоҥҥа барыларыттан элбэҕин, капитальнай ремоҥҥа былааммытын баара-суоҕа 14% толорбуппутун, 13005 буруй оҥоһуллубутун мунньахтан биллибит. Үлэтэ суох буолуу ахсаана улаатан иһэр эбит. Итилэри республика телевидениятыттан уонна араадьыйатыттан билбэккин. Туһалаах баайы ахтыахха. Холобур, Нерюнгритааҕы коксаланар, сэдэх көстөр таас чохпут БАМ саҕаттан, 40- ча сыл устата дьоппуоннартан саҕалаан онно-манна атыыланан кэллэ. Саппааһа 527 млн. тоннанан ааҕыллыбыта.

Сылга 12-15 млн. тоннаны хостуубут дииллэр, ол аата түгэҕэ көстүбүт. Ити курдук бииртэн биир баай бүтэн иһэр, кэлэр көлүөнэҕэ туох хаалар? Чохпут, ньиэппит, гааспыт, көмүспүт атыыта дьиҥнээҕэ төһөнүй, олохтоох дьоҥҥо, нэһилиэнньэҕэ аҕалар үөрүүтэ хаччаный? Маны киһилии сырдатыы суох. Улахан хампаанньалар көмөлөһөллөр, араас тутууну ыыталлар дииллэр. Маннык үтүө .быһыылары киэҥник, кырдьыктаахтык, чуолкайдык сырдатыы кэмчи. Хаандыгаҕа бэртээхэй хайа техникума тутуллубута. Тутуугугар “Гражданскай платформа” тойоно Михаил Прохоров көмөлөспүтэ биллэр, соҕотох Штыров өҥөтө уолбатах. Онон Михаил Прохоровы көйгөтүппэккэ кырдьыгынан ахтар тоҕо сатаммата буолла? Адьас соторутааҕыта араадьыйаҕа ырыаһыт Лэгэнтэй “Вертолет” диэн киинэ оҥорбутун туһунан кэпсиирин истибиппит. Хойутаан холбооммун ким биэриини ыыппытын билбэппин. Араас ыйытыы киирбитэ, киинэ көстүөн

иннинэ тоҕо маннык биэрии тахсарын туһунан эмиэ. Кырдьык даҕаны, киинэни көрдөрө иликтэн хайҕааһын, сыана быһыы, араас наҕараадаларын ааҕыы соччото суоҕа биллэр. Тыа ыалыгар кыыстара куораттан тахсан эргэ барбытын, киһитэ солото суох буолан кэлбэтэҕин, кини хайдах курдук үлэһитин, маанытын кэпсии олороругар маарыҥныыр этэ. Күтүөт хайдаҕа дьиҥнээҕэ биллибэт, баҕар буор иһээччи, бөкчөгөр, о.д.а. буолуон эмиэ сөп. Мин, таҥараҕа тиксибиттии, дьэ биирдэ ыйытыы оҥорор чиэскэ тигистим. Урукку өттүгэр холбооччулара суох, “хара испииһэккэ” баарыҥ буолуо дииллэрэ. Миигин эрэ буолбатах, үгүс киһини холбооботтор үһү.

“Хара испииһэк” чахчы баар дииллэрэ да, итэҕэйбэт этим. Лэгэнтэй наһаа уустук, киһи эрэ ылсыбат тиэмэтин таарыйбыта чуолкай. Усуйаанаҕа көтөн испит вертолет сууллуутун туһунан киинэ оҥорбутун кэпсээбитэ. Ити саахал быыбар иннигэр буолбута. Баатаҕайтан ыраас халлааннаах күҥҥэ көтүөхтээх вертолет, “Ньыгыл” партия дьоно Ефимов уонна Морозкин аэропортка кэмигэр кэлбэккэ күүттэрэннэр, күн-дьыл уларыйбыт нөҥүө күнүгэр көтөн аана суох алдьархай тахсыбытын суруйбуттара. “Ньыгыл” партия сахаларга оҥорбут биир “үтүөтэ ” – ити. Иэдээҥҥэ түбэспиттэргэ материальнай, моральнай хоромньуну республика бюджета буолбакка, баай “Ньыгыл” партия уйунуохтааҕа. Киинэҕэ ити киирбэтэх буоллаҕына ис хоһооно кэрэгэй, ситэтэ суох буолара чуолкай.

Мин араадьыйаҕа итини ыйыппытым да биэриини ыытааччы хоруйдаппатаҕа. Ыйыы - кэрдии бөҕөтүн ылбыт, чахчы “сэргэх” ыытааччы быһыылаах. Тыа сиригэр маҕаһыыҥҥа тэтэрээккэ суруйан иэс ылан аһыыллара баар. Оттон телевизорбытыгар күн аайы араас күндү аһы астыыллар, бүтэһигэр амсайан астыналлар, көөчүктүүллэр, тыалары күлүү гынар курдуктар. Кыбыстар, туттунар - суох. Атын да биэриилэрэ үксүгэр шоу, уруй-айхал, дьону салаҥ баҕайытык аралдьыта сатааһын. Биирдэ эмэ үлэ киһитэ көстөн ааһыа, онно да сатала суох сөҕүү-махтайыы, күлүө да суохха күлүү, үөрүө да суохха үөрүү. Ермолай Скрябин ол да иһин кэлэйбитин биллэрэн “Саха” НКИХ салалтатын уларытарга сөп буолбутун эппитэ. Мин кинини толору өйүүбүн.

Иван БУРЦЕВ 06.02.2022 с.

Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 2314 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 4
Ыалдьыттар (гостей): 4
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024