News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2022 » Кулун тутар » 4 » Записи Кулаковского А.Е. о Жиганской земле.
Записи Кулаковского А.Е. о Жиганской земле.
19:08
Корякин Петр Иванович
Записи Кулаковского А.Е. о Жиганской земле.
16 марта (4-го по ст. стилю) 2022 г. отмечается 145-летие со дня рождения одного из выдающихся сынов якутского народа, основоположника якутской литературы, философа, поэта и писателя Алексея Елисеевича Кулаковского. Юбилей Кулаковского совпал с 390-летием г. Жиганска. Как известно, некоторые из жизненных эпизодов писателя тесно связаны с Жиганской землей, ее жителями.
Во время правления Временного правительства, летом 1917 г. Кулаковского отправляют комиссаром в Верхоянский округ (сюда входили теперешние Булунский, Усть-Янский, Аллайховский, Момский, Жиганский, Абыйский и Верхоянский улусы).
Но еще до этого, Алексей Елисеевич интересовался жизненным укладом жителей тогдашнего Жиганского улуса, изучал влияние условий жизни на быт и нравы обывателей.
Так, в фонде Коллекция профессора Башарина Г.П. “Архив А.Е. Кулаковского” из Национального архива РС (Я) имеются записи Кулаковского написанные им будучи учителем Вилюйского трехклассного училища в год перевода этого образовательного учреждения в разряд высшего начального училища, т.е. в 1913 г. Эти записи Кулаковский А.Е. мог написать занимаясь перевозкой грузов в северные улусы в каникулярное время.
Его мысли 109-летней давности частично облеченные в стихотворную форму звучат как призыв из далекого прошлого и могут вызвать интерес у каждого современника.
Помимо описания чисто житейских проблем коренного населения Жиганского улуса, интерес представляет, прежде всего, мнение Кулаковского о назначенцах сверху и пришлом элементе. Проблема расстановки управленческих кадров указанная в письме актуальна и сегодня. Назначаемые из-за пределов Якутской области люди, не были подготовлены к исполнению своих должностных обязанностей в тяжелых северных условиях, у них не было должной меры ответственности за судьбы вверенных им жителей региона. Развивалась коррупционная схема, наблюдалось сращивание местных властей с миром криминала, который представляли сосланные сюда уголовные ссыльные.
Записи Кулаковского ярко раскрывают связанную с этим деградацию морально-этических норм обитатетей Жиганского улуса.
Представляемый читателям документ написан коричневыми чернилами на плотной писчей бумаге формата А4 с обеих сторон. Заглавие и дата написания отсутствуют. По содержанию записей представляется возможным датировать его 1913 г. Документ переложен на современный якутский шрифт без изменения стиля написания.
Саха норуотун биир биллэр чулуу уола, омукпут уус-уран литературатын төрүттээбит улуу убайбыт, айар тыл аҕата, бөлүһүөк, суруйааччы, ырыаһыт, хоһоонньут уонна алгысчыт Өлөксөй Дьэлиһиэйэбис Кулаковскай күн сирин көрбүтүттэн хайыы үйэ 145 сыл ааһа оҕуста.
Кулаковскай үбүлүөйэ Эдьигээн улууһун 390 сыллаах үбүлүөйүн кытта сөп түбэспитэ. Биллэрин курдук, Кулаковскай олоҕо Эдьигээн сирин-уотун кытта ыкса ситимнээх этэ. Өксөкүлээх Эдьигээннээҕи кэмин суругун ырытан бэчээккэ таһаарбыппыт.
Бу суругу кини хаһан, ханна олорон суруйбутай? Биллэрин курдук, Временнэй правительство былааһы ылан олордоҕун саҕана, 1917 сыл сайыныгар, Кулаковскайы Верхоянскай уокуругар (билиҥҥи Эдьигээн, Булуҥ, Усуйаана, Абый, Аллайыаха, Муома, Верхоянскай улуустара киирэллэрэ) комиссарынан анаан ыыппыттара.
Ол да иннигэр, кини Эдьигээн олохтоохторун олоҕор-дьаһаҕар тутул чэрчитин дьайыытын, сахалар уустук кэм үөскээһинигэр хайдах быһыылаах уларыйыылары көрсүбүттэрин үөрэппитэ-чинчийбитэ биллэр.
Ол курдук, Бүлүү куоратын үс кылаастаах училищата үрдүк таһымнаах высшай начальнай училища буолар сылыгар онно учууталлыы сылдьан суруйбут суруга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай архыыбыгар харалла сытар. Бу суругу Өлөксөй Дьэлиһиэйэбис Кулаковскай 1912-1913 сылларга бэйэтин каникулярнай кэмигэр сөп түбэһиннэрэн хотугу улуустарга таһаҕас тиэйиитинэн дьарыктана сылдьан билсибит дааннайдарыгар олоҕуран суруллубут буолуон сөп. Сурук суруллубут кэмигэр, ол аата 1913 сылга, Кулаковскай Охотск-Дьокуускай суолугар, Охотск-Юдома учаастагар таһаҕаһы тириэрдиигэ бэдирээччиктии
сылдьыбыта.
Суругу А4 формааттаах 8 лиискэ икки өттүгэр хоҥор өҥнөөх чэрниилэнэн ааптар бэйэтин илиитинэн суруйбут. Бетлинг алпаабытынан былыргы суруйуу истиилин туһанан суруйбута көстөр. Бу Кулаковскай бастакы биллэр сахалыы суруга буолар диэххэ сөп. Онон биһиги лингвистарбытыгар улахан сыаналаах докумуон буолар.
Кини 100 сылы эрэ кыайбат уҥуоргу кэмҥэ санаан-этэн ааспыт тыллара, билиҥҥи олоҕу кытта ыкса ситимнээх, биһиэхэ ыҥырыы курдук суруйбут суруга хайа баҕарар киһи интэриэһин тардыан сөп.
Суругун саҕаланыытыгар Өксөкүлээх Эдьигээн улууһун дьонун туһунан суруйбут. Кини эпипит: «...икки нэһилиэк тунгустарыттан ураты, аҕыс нэһилиэктэр, 1498 дууһалар, эребиискэй дууһалара 978, үлэһиттэрэ 520 дууһа, итигэннэ нэһилиэк тоҥустар дууһалара 150 эрэ»”, диэбит.
Кулаковскай Эдьигээн улууһугар балыгы бултааһын туһунан суруйарыгар Эдьигээнтэн Кумах сурт диэн сиргэ диэри илимнииллэр, муҥхалыыллар диэбит.
Эдьигээн уруккутун ахтарыгар «оччотооҕу дьон көнө буолаллар эбит, эппит тыллара эриэн, санаабыт санаалара садараҕа суох буолаллар эбит» «саха омуктар Дьааҥы, Вилюй, Якутскай киэннэрэ, эйэ дэмнээхтэр эбит», диэбит. Дьэ ол кэннэ үөлээннээхтэрин туһунан кэпсииригэр эппит: «Аныгы дьону бурдук уута булкуйан, арыгы, карты дьааттары булан, соҕурууҥу дойду сорсуннаахтара мунньустан, кырдьыгы сымыйаҕа таһааран, сымыйаны кырдьыкка ытыаран, араҥ абааһы ахсырытан, нуучча омук ньуура суохтара тойон буоланнар, муустаах муора хотун буурҕатын курдук, булкуйан, бииртэн биир бэрдин биллэрэн, бэйэлэрэ даҕаны холоон бастаах дьону, мэйиилэриттэн биэтиннэрдилэр, өйдөрүттэн өһүллүллэр», диэбит. Көрөрбүт курдук, Өксөкүлээх урукку уонна билиҥҥи дьону кэпсииригэр арааран суруйар эбит. Итинник дьон майгыта уларыйыытын Өксөкүлээх өссө харчыны сырсыы түмүгэр буолар диэбит. Манна кини кэлии атыыһыттар дьону халаан эргинэллэрин арыйар тыллара эмиэ бааллар. Кинилэри Өлөксөй Дьэлиһиэйэбис маннык диэбит: «...онтон көнө быһыынан саха сахатын икки ардыгар көнөтүк ылсарга төрүөт сатамдьыта суох дьоннор», диэбит. Билиҥҥи да олоххо маннык көстүү баара биллэр.
Дьэ кэлии дьоннору тойоннооһун туһунан быһа тардыыны аҕалан аахтахха маннык: «Үһүс сыла буолла быйыл, соҕуруу дойдуга суолу оҥорон көскө Эдьигээн улууһугар кэлбиттэрэ - 10 татар кэлтэ – биһиги черкестэрбит – диэччилэр. Ол маҥнай кэллэхтэринэ биирдии бэйэлэрэ иккилии быһаҕы сиэптэригэр уктар этилэр, сорохтор атахтарыгар уктар этилэр. Олохтоох дьонтон куттанан оннооҕор түүн харабыллаах хонор этилэр. Рындин сэтээтэл эрдэҕинэ оннооҕор кинилэргэ эҥин-эҥин саалары көҥүллүүр этэ, бэрдээнкиттэн бастыы көҥүллүүрэ. Олохтоох дьон нуучча өттө этэллэрэ: “Айыбыын черкестэр кэллилэр, хайа ол күтүрдэр өлөртөөн кэбиһиэхтэрэ, дьиэҕит аанын хатыы сылдьыҥ, борукка-сорукка биирдии киһи сылдьымаҥ”, - дииллэрэ.
Ол сүртэн-сүрдээх кэптээх-киэлилээх дьон икки сайыны, икки кыһыны олордулар да кинилэрэ суох карты оонньоммот буолла, биэчэр тэриллибэт буолла, дьахталлар даҕаны ньуурдарын бөрүкү толлубат буоллулар, син киһи да киһи дэһэр буоллулар, сорох нуучча дьахталлара артыал да гынар буоллулар.
Кэлиэхтэриттэн арыгынан, картынан эргинэр буоллуллар. Якутскай уобалас баһылык тойонун сүрдээх ыйааҕа саха икки нуучча иккигэ эрэ баар буолар эбит, нууччаттан сахаттан эккирэтэ сылдьан иһэр да арыгыларын тутталыыллар, оннооҕор испииринэн оҥоһуллубатах, күндү отонунан оҥоһуллубут арыгыны туталлар.
Биирдии черкес сүүрбэлии-отуттуу биэдэрэни эргиэн оҥоһуннахтарына ол тутуллубат, оннооҕор олохтоох сэтээтэлгэ тыллабыр киирдэҕинэ төрүт дьэдьийэ да соруммат.
Ороһооспо иннинэ үс хонук урут Мөҕө Кузмаа диэн киһини кытта, Кильдэм-Хаҥалас Данила Федоров диэн киһи, иккиэн арыгылаабыттар, ол дьону Сэтээтэл тойон хаайыыга угуталаабыт, онтон абаран Федоров ойоҕо Балбаара Сэтээтэлгэ баран тыллабыр оҥордо. “Сэтээтэл тойонум бу арыгы атыылааччылар дьону өлөрөллөрүгэр тиийдилэр, арыгыны, испиири атыылыыр дьону мин билэбин, испиирдэрэ баар даҕаны сирдэрин билэбин, тойонум казакта аҕал, эбэтэр бэйэҥ баран дьэгдьирдэ оҥор, мин ыйталаан биэриэм”, - диэтэ. Онуоха Сэтээтэл тойон эттэ, “сарсын күн ортотугар барыахпыт” - диэтэ. Ол гынан баран күнтэн күн тардыллан истэ, уһугар тиийэн букатын кыһаммат буолан хаалла.
Курдарытын быһан эттэххэ, соҕуруу дойду улаҕатыттан туран, Муустаах муора кытыытыгар баар дьиикэй дьоннорго “тойон буолуом” диэн ааҥнаан сэмэлээн кэлэн испитин бар дьон көрбүттэрэ буолуо эбээт, арай мин көрүүбэр, ойохтуун иккиэн хамнас ылан бэйэлэрин туһаларын эрэ тупсарар наадатыгар кэлбит тойонноох хотун курдук көрөбүн.
Хотун буоллаҕына, ыалдьыбыт сахалар ыҥырдахтарына, дьиэлэригэр барбат, оҕо да буоллун, улахан да киһи буоллун, манна аҕалыҥ диир. Киһи эрэ барыта сөһүөҕэр тура сылдьан ыалдьыбат, оҕо да буоллар ыһаардаах-тиһиктээх буолар. Мин бэйэм санаабар ыалдьыбакка сылдьар өлүөр дьахтар дьиэҕэ кэлэн эмтиэн даҕаны сөп ини, син нууччаларга сылдьар эбээт, саха туһа буоллаҕына сорох ардыгар, уоспутчутта аҕалыҥ диэхтээх. Ол биһиги Булуммут уоспутчуттаныахтааҕар, көлө дьүһүнүн дьылга бэрт ахсааннаахтык көрөн аһарабыт, итигэннэ куоратын иһинээҕи ыал бэрт кыараҕас, киһи күҥҥэ үстэ да төгүрүйбүтүн иннигэр бөрөкү сыларҕаабат сирэ.
Урут эмиэ айаҥҥа барарга даҕаны, эбэтэр бэйэ билэр ыарыытыгар ыарыттахха, Булун фельдшериттэн ылыллар буолара. Аны нууччаттан атын саха көрдөөтөҕүнэ, эрэйэ-муҥа, соро суох биэрбэт.
Саха дьахтара эмсэх тумугун көрдөөтөҕүнэ, - ээ, саха дьахтара син ынах буолбат дуо, эмсэҕэ даҕаны суох сатаныаҕа - диэн биэрбэт. Онон мин санаабар арай нуучча эрэ наадатын туһугар кэлбит курдук саныыбын, саха имни даҕаны - Көмүстээх көҕөннөөх, күрэн кулун күөкэстиир үйэбит күрэнэн хаалан, көҥүлбүт күрүөлэнэн, көмүс саҕалаахтар күөннэригэр күрүөлэнэн хаалбыт эбиппит.
Күүрүөх дьонум көрдүгүт дуо, ону көмүскээччи көстүбэт эбээт, Күн ыраахтааҕыга дылы ыраах, Сырдык таҥараҕа дылы үрдүк.
Көстөр аламай күн кырдьыгын сырдыга сабылынна, ураанхай икки атахтаах, араҥ албаһа аатырда!
Саха омук санаата саньыалхай буолан, атарах-сатарах буоллубут.
Үөскүүр эдэр ыччат дьон, үтүө үөрэх күүһүн үмүрүччү тардан ыллахтарына!
Арай оччоҕо көмүс саҕалаахтар күөннэриттэн көтүө инибит, аламаҕай күн үтүөтүн тутуох этибит. Төрүүр оҕо дьоло тобуллуох, иитэр сүөһү күрүөтэ көнүөх этэ! Икки атахтаах ураанхай саха санаата саҕаллыах этэ!”, диэбит Кулаковскай.
«Эдьигээн улууһун дьоно, икки нэһилиэк тунгустарыттан ураты, аҕыс нэһилиэктэр, 1498 дууһалар, эребиискэй дууһалара 978, үлэһиттэрэ 520 дууһа, итигэннэ нэһилиэк тоҥустар дууһалара 150 эрэ.
Эдьигээн улууһугар кээмэйинэн биэриллиэх бас билэр диэн диэн сирдэрэ суох. Тоҥус курдук булду батан иитиллэр дьон, олохтоох сирдэрэ букатын дуоспуруна суох. Олохтоох сирбит диэн аатырдар сирдэрэ баар: өрүс былааныгар Эдьиигэнтэн ыла, кумах суртка дылы. Ол тухарытыгар дылы, былыргылара илиминэн иитиллэр эбиттэр, мунхалаан булду бултуур буолбуттара, ахсааннаах дьыл буолбут, мунханы даҕаны дьиэлэппиттэрэ, Якутскай округа сахаларыттан, ол күнтэн бу күҥҥэ дылы, дайды сахаларыттан иитиллэр эбиттэр.
Уотунан уһууран айанныыр борокуот сэптэр үөдүйэ илигинэ, Якутскайтан сылдьаллар эбит, хойуугунан. Оччотооҕу дьон көнө буолаллар эбит, эппит тыллара эриэн, санаабыт санаалара садараҕа суох буолаллар эбит! Онон саха омуктар Дьааҥы, Вилюй, Якутскай киэннэрэ, эйэ дэмнээхтэр эбит.
Аныгы дьону бурдук уута булкуйан, арыгы, карты дьааттары булан, соҕурууҥу дойду сорсуннаахтара мунньустан, кырдьыгы сымыйаҕа таһааран, сымыйаны кырдьыкка ытыаран, араҥ абааһы ахсырытан, нуучча омук ньуура суохтара тойон буоланнар, муустаах муора хотун буурҕатын курдук, булкуйан, бииртэн биир бэрдин биллэрэн, бэйэлэрэ даҕаны холоон бастаах дьону, мэйиилэриттэн биэтиннэрдилэр, өйдөрүттэн өһүллүллэр.
Дайды сахалара саас аалынан, оҥочоннон, паабыһаҕынан уһааран аҕалаллар: бурдугу, арыыны, чаайы, атын даҕаны арааһынай табаары ол аҕалбыт эргиэннэрин кэлээт Эдьигээн дьонноругар иэс ыһан кэбиһэллэр, балыкка дии-диилэр, онтукаларын балыктаах дьыл буоллаҕына эрэйэ-буруйа суох, хомуйаллар, онтон, булда суох дьыл буоллаҕына, сылтан сылга, хаалан иһэр, урут ылан аһаан, сиэн кэбиспиттэрин эдьигээн сахалара улахан үп суолтатыгар уурбаттар, бииртэн биир буолан иһэр, олохтоох атыыһыттарга кэһии биэрэн албыннаһыахха эмиэ наада, сорохтор ылалларыгар сүрдээх үчүгэй буолаллар, бэриллэрин саҕана бэрт өртөн өстөөх киһи курдук буолаллар, хата төттөрү кэлэн албын аҥаардаах, түөкүнньүҥү киһиэхэ душаларын биэриэх курдук буолаллар.
Былыргы күннэр быһыыларын билэр атыыһыттар талан ыллахтарына, эбэтэр күргүйдээн, мөҥөн-этэн, тумнардахтарына оччоҕо дьэ киһи быһыылаах буоллаллар эбит, онтон көнө быһыынан саха сахатын икки ардыгар көнөтүк ылсарга төрүөт сатамдьыта суох дьоннор.
Эдьигээн улууһа кыл курдук төбүрүөннээн сылдьар сирдэрэ сүнньэ киэҥ дайды, холобура, быһа тарыйан аахтаахха алта-сэттэ сүүс көс буолуо, муустаах муора кытыытыгар баар дьаабыта суох элбэх арыы, ол арыыларга сороҕор дэҥ курдук олохторо чугас сиригэр, пас охсоллор, сорох арыылар чугаһыгар даҕаны сыстыбаттар, ол эрээри, барыта биһиги сирбит дииллэр, оннооҕор муора мууһа өрөһөлөнөн турарын көрдөхтөрүнэ этэллэр, э, ити биһиги арыыбыт дииллэр, сорох Эдьигээн дьоно, ханнык эмэ чугастара өллөҕүнэ, ол дьонуттан пастарын былдьаан ылан ханнык эмит нууччаҕа дуу, омукка дуу, киһиэхэ түүлээн кэбиһэллэр.
Норвегийаттан кэлбит сибэт Торгенсен диэн киһиэхэ түүлээбиттэрэ төһө эмэ көстөөх сири “Таба бастаах” туһуттан ыла, Быков чугаһыгар дылы, итигэннэ даҕаны сири түүлээбит киһилэрэ кыаныа суох, наада буолар күҥҥэ баар буоллаҕына биир-биир аччаталаан биэриэм.
Дайды сахалара өлөллөрүн утуйарга кэмнээн, иитиллэр кыһалҕаларыттан муораҕа киирэннэр киһи сылдьыбатах арыытыгар пас охсон биир эмит кырсаны ыллаҕына, эбэтэр ханнык эмэ муоһу буллаҕына, дьэ киэҥ алдьархай буолар, бай, биһиги муоспутун булла, биһиги өлөрөр кырсабытын өлөрдө, диэн суут, сууту барыах тустаах, иҥсэлэрин төрүт маска кыайан баайбат дьоннор, ол тухары туой дайды сахаларын борохуоттаан ыытыахха диэн истэхтэрэ.
Кумах буоллаҕына, урут погребаҕа, бэйэлэрэ тордууллара, ону сатаамыналар билигин, Областной Правленияҕа тордууллар, сберегательнай кассаҕа баар харчылара төһө да баарын билбэттэр, сорох упрабаларыгар баар кумахтарын кинигэлэрэ суох. Оластной Правления хас даҕаны сведенияны көрдүү сатаан кэбистэ, урукку Олесап суруксут эрдэҕинэ, 20 сылтан ылатааҕыттан көрдөөбүтэ да, ону урукку, арыйыах аҥаардаах суруксуттар хаян кыайан тэрийиэхтэрэй, билиҥҥи да суруксут делаларын эрэбиисийэ оҥороллоро буоллар син холоону булуох этилэр. Хата элбэх куорат атыыһыттарыттан кэлэр кыра суругу буллахтарына этиһиэ, арба сорҕотун уокка да биэртэлиэ ини бороҕон оҕото, быйыл олунньу ыйга Никииппэрэп атыыһыт бэйэтин приказчигар, Яков Филипповка ыыппыт суругун Эдьигээн улууһун суруксута иччитигэр барбакка эрэ, бэйэтэ алдьатан ааҕан баран биэртэ, ону эн тоҕо алдьаттыҥ диэтэхтэринэ, - ээ, мин улахан атыыһыт тугу суруйар эбит диэммин ону билээри алдьаппытым, - онон упраабаҕа баар суруктар, эбэтэр упрааба илиитигэр киирбит сурук эрэйэ-буруйа суох кэлбэт, сорох суруктар олох даҕаны сүтэн хаалаллар.
Үөһээ халааҥҥа Таҥара, Булун эбэҕэ Якып Санников баар эрдэҕинэ, хор тыыннаах эрдэҕинэ, бэркэ сэргэхсийэр буолара, көр мин кырдьык, Булун дьонугар, Таҥараҕа даҕаны тэҥнэммэтэҕим иһин, син ол эрэ аннынан ыраахтааҕы баар буоллаҕа, ол ыраах, оттон үрдүттэн олохтооҕум быһыытынан Булуҥҥа миигитэн үрдүкү баар буолуо дуо, нокоолор, - диир этэ. Онон сир биир аатаах дайдыга таҥара да курдук буоллаҕым, - диирэ.
Оччотооҕу улуус дуоһунастаахтара көрсүһүүлэригэр уруучука биэрэллэрэ ол гынан баран илиитин көхсүн угурууллара, син аккыырай курдук. Санников оҕонньор тугу даҕаны эппитэ барыта эрисиэн буолара кырдьыга даҕаны, сыыһата даҕаны барыта киниэнэ кирэ-хаҕа суох буолар этэ.
Хам-түм үчүгэй күнэ киирдэҕинэ сэһэргиирэ, - көр бу Эдьигээн улууһа мин суоҕум буоллар, хоргуйан өлүөх этилэр, мин Эдьигээн улууһугар көр сүрдээх улахан үтүөнү оҥоробун, - диирэ. Ол сэһэнин истэн баран биир дайды сахата өйдөөн көрдөҕүнэ Санников оҕонньор букатын сымыйаннан сэһэргиир, хата кини бэйэтэ Эдьигээн улууһуттан биллэринэн-биллибэтинэн баайын хаҥаппыта. Оччоҕо киһи-сүөһү мунньуста илигинэ, арыычча аҕай көнөн эрдэхтэринэ тойон үксүү илигинэ, кулгаах-харах элбии илигинэ, кырса тириитэ солкуобайдыы эрдэҕинэ, чай атыыта иккилии эрдэҕинэ, бурдук 7-8 сүүс, сахар, табаах солкуобайдыы, арсыын сиитэс 50 харчы, кыһыл суппуун 3 сүүс эрдэҕинэ, бэл оннооҕор металлическай чайник үөдүйдэҕинэ, ону көмүс диэн атыылыылларын саҕана, оттон болускайы көмүс диир сыһыаннах буоллаҕа дии, оччоҕо муҥур ыраахтааҕы буолан Санников аатырбыта.
Ити үөһэ этиллибит сүрдээх сүүнэ баттал үрдүтүнэн мөҥөн-этэн ылара туһунан буолара. Ол гынан баран кумаҕы куортамнаһара, холобура, “Эбитиэм тэрититтэн Кураанах төрдүгэр” дылы, эргэ дьылларга бүтүн сайын 5 сүүс ылара. Аҕыйах дьыл буолла киһи – дайды сахалара элбээбиттэрин кэннэ 5-6 сыллаахха 25 сүүһүгэр уурайбыта ону даҕаны букатын туһунан сири холбуу “Эбитиэм тэритигэр” тардан ылан эргиэн оҥостубутун билэн биир сахата, Гоголев диэн киһи, баай бөҕө, били Санников атыыһыт тоҕо кини сымыйаннан киһиргиир, Эдьигээн улууһа мин суоҕум буоллар хоргуйан өлүөх этилэр диэн, бэйэтэ хараҥа суолунан туһанан олорон туох даҕаны үтүөнү-мөкүнү билбэт абыралы-баттабылы билбэт, өйдөөбөт, дьону тоҕо кини харахтарын сабан олорор, - диэн.
Биир саас 1908 сылыгар, упраабаҕа мунньуһуннулар Эдьигээн улууһун дьоһуннаах тойотторо Кулуба Федор Шахурдин, кандидат Афанасий Винокуров, быыбарнай Лука Дьяконов и.д. выборнай Илья Колтовской итигэннэ даҕаны атын дуоһунастаахтар. Исправник барон Дершау диэн тойон ортотугар мунньуһуннубут Кумах торгалаһаары, дайдыттан кэлбит дьонтон бааллар Кирилэ Спиридонов, Иннокентий Мигалкин, Никита Захаров, Николай Колмогоров итиэннэ даҕаны элбэх атын дьон.
Упрааба присутствията аһыллыбытын кэннэ Гоголев диэн киһи эттэ – соҕуруу Тыкый диэн сир баар ону торгалааҥ, - диэтэ, онуоха Иона Потапов эппитэ, - “бэйэ ол Санников оҕонньор сирин торгалатаары гынныҥ дуо?” – диэтэ да тахсан баран Санников атыыһыт кэллэ, ол кэлэн эттэ “ээ, тукаам, ол мин сирбин ылаары гынаҕын дуо, дьэ көрүөх эрэ, хайдах эбиккин” – диэтэ. Гоголев үҥпүтүн быһыытынан исправник тойон баһылыктарыттан ыйытта “хайа, ол “Тыкый” диэн сир “Эбитиэн тэрититтэн” туһунан сир дуу, холбуу сытар сир дуу” – диэн. Онуоха улуус дуоһунастаахтара бастаан кулуба Шахурдин, ол кэнниттэн быыбарнайдар эттилэр, - ол “Тыкый” диэн сир “Эбитиэни” кытта бииргэ сылдьара буолуо дии” – дэстилэр. Онуоха Гоголев эттэ - “туоһулары ыйытыҥ, Миитэрэпээн Потаповы, итигэннэ Карынысканы, исправник тойон иккиэннэрин ыйытылаата да туоһулар эттилэр көнө кырдьыктарын “Эбитиэм” икки “Тыкый” икки арда үрэх быыстаах” – диэн, онон дьүүлүн улуус дуоһунастаахтарыгар ылан биэрэн кэбистэ, ону ол дуоһунастаах кулубалар кыһаналлар дуо бэйэлэригэр киирбэт харчы. Санников оҕонньортон чэйи иһиэххэ эмиэ наада.
Дайды киһитэ үҥтэ ди диибит баар эрэ биир оҕонньорбутун кыыһырдыахпыт дуо, - дэстилэр, онон ол кырдьыктаах дьүүл сабыллара тиийтин кэннэ ол дайды сахата быыкаайык үөрэх дуомнаах эбит, онон арай Санников оҕонньор Эргис Никифор Алексеев Ефремов диэн киһиэхэ түүлээбит суругун булан ылбыт, дьэ ону киллэрэн исправник тойоҥҥо биэрэр. Хаһан даҕаны мин эппит итэҕэйбэтигит туоһуларбын даҕаны дьон суотугар аахпатыгыт, бу Санников оҕонньор бэйэтэ биэрбит суруга баар, ону итэҕэйэҕит дуу, суох дуу? Исправник ол суругу ылан баран дьэ Санников оҕонньорго этэр, - бэйи бу бэйэҥ арааран биэрбит суругун баар эбит дии, онон арай тордууһукпут, - диэтэ. Көр итинник көстөн турар бэйэлэригэр киирэр үпкэ наадыйбакка оҕонньордоругар өйдөрүн баһыттаран кэбиһэн иһэр чайга кырдьыгы улаханнык саппыт дьоннор, дьэ, онон ол “Тыкый” диэн кумаҕы туһунан тордаатылар, “Эбитиэм тэрититин” 25 сүүскэ “Тыкый” 60 сүүскэ Санников оҕонньор ылла, били дайды сахатын тыла онон тилиннэ,
Эдьигээн улууһун итээбит диэбит тыла төннөн арай сымыйаннан бэйэтэ туһанан байан олорбут суола арылынна. Онтон урут даҕаны бэйэтэ ыарытыган оҕонньор, сааһын-үйэтин тухары икки атахтаахха үксэн кыаттарбатах оҕонньор, онтон ыла букатын өлөн түстэ. Соҕотох санаатыттан даҕаны дьарайда. Бэл бу Гоголев тыла тиллэн “Тыкый” торгата таһааттардаҕа дии, эгэ арыычча бэйэбин кытта утарылаһар дьон киһилиэхтэрэр дуо? Били Антипины эппитим. Арыый аҕай 20 сыл кэннибэр буолларбын мин дайдыттан кэлэр эҥин-эҥин сахалары, нууччалары туора суолларын булуох этим диэн. Кэбис, доҕоттор көҥүл үйэбит күрэммитэ кырдьык эбит. Мунду хараҕын курдук үөрэх дуомнаах дьон киһилиэхтэрэ суох, - диэн бэркэ кутуруйбут киһи быһыытынан чор-чор оронтон кыайан өрө көтөҕүллүбэт буолан истэ. Ол күһүн кэлэн Күһүргэ таҥаралаата.
1909 сылыгар саас Управаҕа кристиэп аҕай иннинэ сол Гоголев диэн киһи билэн, ити Иона Потапов үс сылга 5-тии сүүс бултаабыт кумаҕа “Чиэрэс” диэн ааттаах сир остуруога быйыл бүттэ. Ону эһиги баһылыктар торгаттан таһаарыҥ, - диэтэ. Ону Шахурдин кулуба Олесов суруксуттуун кырдьык торгаттан таһаарыахха сөп, - дэстилэр. Ол гынан баран киристиэп иннинэ үс хонук урут иһилиннэ. Эдьигээн управата “Чиэрэһи” Иона оҕонньорго үс сылга 50 сүүс биэрэллэр үһү, - дэстилэр. Ону истээт Гоголев таҥара дьиэтиттэн сүүрэн тиийэн кумааҕыннан прошение биэрдэ. Ол прошениятынан этэр эбит, - эһиги Иона оҕонньорго үс сылга 50 сүүс биэрэр буоллаххытына миэхэ үс сылга биирдии мөһөөк кулуҥ – диэбит. Саас ахсын биирдии мөһөөгү урут биэрэн иһиэм диир эбит, ону ол кыра киһи этиитин кулгаахтарын таһынан иһиттэхтэрэ буолуо, тугу даҕаны хоруй көрдөрбөккө им-дьим саҥата суох хааллылар.
Эргинэ сылдьар дьон кумах ылыахпыт этэ диэн олоруохтара дуо? Арҕаа Өлөөн төрдүгэр таҕыстылар, ол тахсыбыттарын кэннэ кулуба тойон Иона Потапов аймахтарыгар дьылга 50 сүүс үс сылга контрагын биэрбит. Ону Гоголев киирээт сол саас исправник барон Дершау диэн тойоҥҥо үҥүү сурук биэрбит. Бу кулуба тойон майгы-тас өттүнэн торгаҕа таһаарбакка эрэ “Чиэрэс” диэн сири Иона оҕонньор эмээхсинигэр биэрбит, ону дьүүллээҥ диэн. Ол эгэ туоһулаах үҥүү, суругунан сирэйгэ-харахха анньа турар дьыала, өрө көтөҕүллүбэт, эгэ ити дьыала салаллыа дуо. Онон ол сайын Гоголев Губернаторга иккиһин үҥүү суругу биэрбитэ, ол биэрбит прошенията күн билиҥҥэ дылы дьүүлгэ тахса илик, ыраах кыраай сир буолан ханнык да кырдьык барыта сабылла турар, кырдьыгы булларыллыаҕы исправник икки сэтээтэл иккиттэн атын тойон суох, онон олохтоох дуоһунастар тылга иҥнэр суоллары оҥорбуттара хаалан сабыллан иһэр.
Быйыл 1913 сылыгар март ыйга Эдьигээн управатыгар сэлиэстийэлээн эрэллэрэ саҥа дуоһунаска талыллыбыт кулубалар, ити үөһэ этиллибит Гоголев үҥүүтүн туһунан, онуоха быыпсай кулуба, кулҕааҕым таһынан иһиттэхпинэ, этэн эрэр этэ ол “Чиэрэс” диэн сири Иона оҕонньорго торгаттан биэртим, - диэн. Төрүт онно суох суолу, ол албыһарара буолуо, - мин манна Булун Управатыгар тугу даҕаны эппитим иннигэр син прав буолуом, - диэн ол дьыаланы букатын Верхоянскай округ дуоһунастаахтарыттан атын тойон кэлэн силээннээтэҕинэ, очоҕо эрэ кырдьыга көстүө этэ. Биир округ иһигэр баар дуоһунастар харах харахтарын оҥсон кэбиһиэхтэрэ дуо. Ыра сымыйа суоллар кырдьыкка тахсан иһиэхтэрэ буоллаҕа дии.
1909 сылыгар ити үөһээ этиллибит Гоголев кыра киһи өлүүтэ-сүтүүтэ бэрдиттэн эмиэ баайы да дьадаҥыны да хаалларбакка, мунньахтан бары сөп буолаллар, Булуҥҥа благотворительнай общество диэн тэрилиннэ. Ол харчытын Гоголев сатыы сылдьан Булун да Күһүр даҕаны олохтоох дьонноруттан тардан үс мөһөөк харчыны муста. Ол иннинэ мунньуллубут харчыларын саха Винокуров оҕонньор сиэбиттэн куттанан, талыыннан, благотворительнай общество тойотторугар оҥордулар председатель тойонунан олохтоох сэтээтэли, помощнигынан олохтоох аҕабыыты, казначейынан – Громов, довереннайынан Н.Н. Олесовы, попечителинэн Ив. М. Гоголевы, итигэннэ секретарынан Охлопков учууталы.
Ол харчы тардыллыбыта кыһалҕатыттан, иитиллэр наадатыттан Булун эбэ хотун аттыгар бултуу киирбит дайды сахалара кыайан дайдыларыгар тахсымына элибэтэр хамнаска киирэн аһаан абыранаары кэргэттэрин иитэн абыраары хаалбыт дьон, кыһынын ыалдьан өлөн хаалалларыттан кыһын атыыһыттар айаннаан хаалбыттарын кэннэ суолталаах дьаһал суоҕуттан олус улахан кыһалҕа буоларыттан киһи эрэ барыта уруулаах-аймахтаах, баайдаах-тойдоох буолбат, уруулааҕын иһин кыһалҕа тиксэр күнүгэр ыраатан биэрэр буоларыттан. Ити үөһэ этиллибит харчыны Гоголев, Рындин сэтээтэли кытта ирбэлэһэн, оҕуста диэн үрдүкү суукка хобулаан суруйбутунан Якутскай куоракка тутуллан үҥсэ сырыттаҕына Люц сэтээтэл, председатель тойон буолан сыллааҕы отчета эмиэ дьыала буолуоҕа, бэйэм да дьыалабын кыайбаппын диэн, кыһалҕаҕа бэрики таарыйылла илик дьону сорох кыһалҕаны билбиттэрин даҕаны иһин майгы сигилитин кытта үтүрүһэ илик дьону тылыгар киллэрэн муспут харчыбытын Якутскай казначействатыгар сберегательнай кассаҕа ыыппыттар, сылга солкуобайыгар түөртүү харчы проценыгар, ол процент кэлэн биһиги наадабытын-кыһалҕабытын толорбот, оннук бырыһыана наадыйар буоллахха бу Булуҥҥа даҕаны эргиэнньит элбэх, сорҕотун хааччынан баран сорох харчытын бырыһыанныахха даҕаны сөп.
Ити үөһэ этиллибит суоллар тас өттүлэринэн, Гоголев Эдьигээн улууһугар туһаны оҥорбута, кыра киһи быһыытынан элбэх биир дьыл упраба содержанията үстүү мөһөөх эрдэҕинэ, бээ мин Эдьигээн улууһугар биллэриэмий диэн биир мөһөөк биэс уон сүүскэ ылынан, остуорастаары кэпсэтиилээх сылын бэрт үчүгэйдик толордо. Итигэннэ тойон кэлиитигэр-барыытыгар көлөлөрө тиийбэтэҕинэ таба көлө салгыыр буолара. Күһүн аайы өрүс турдаҕына суол солуурга биирдии-иккилии хамначчытын көмө биэрэр буолара. Күһүн-саас мунньахтара буоллаҕына нуучча атыыһыттарыгар түһэр буолаллар, ону ол нууччатыҥы дьон саха аһыырын курдук буолбатах, аччыктыы түстэхтэринэ, Гоголевка кэлэн тото аһаан барар буолаллара. Мунньахха кэлбит дьон наадалааҕа элбэх буолар, арааһынай суруктарын босхо оҥоттороллоро атыыһыттартан иэс ыла-ыла Эдьигээн дьонугар иэс биэртэлиир айыылаах этэ. Ол бары үтүөтүн махталларын оннугар, баһыыба биэриэхтэрин оннугар сэтээтэли кытта саха көмүскэлигэр этиспитин иннигэр, улуус дуоһунастаахтара приговор оҥорон махталларын төннөрдүлэр. Арба бүтүн Эдьигээн улууһугар киһи быһыылаах киһилэрэ даҕаны суох, бука бары ыыны-ааҕы кытта сылдьар дьоннор. Ол кинилэр оҥорон илии баттаабыт приговордарыгар айыыта-буруйа суох киһи кырдьык куһаҕан аты ылыа диэн өйгө киллэрбэт дьон. Эбэтэр биһиэхэ туох даҕаны куһаҕан суолу оҥорботох киһи диэн, сыанаҕа таһаарбат дьон, дэлэ дьон үтүөнү-куһаҕаны араҥалаабат буолуохтарай.
Кулубалара Гаврила Бобровскай төрөппүт кыыһын сыл аайы эргэ биэрэн баран, үлэтэ бүппүтүн кэннэ былдьаталаан ылаттыыр. Онон оннооҕор төрөппүт оҕотун саатын сыанаҕа таһаарбат киһи, ол эгэ киһини харыстыа дуо.
Иккиһинэн буоллаҕына ити кулуба Рындын Сэтээтэлтэн икки кэрэмэс саһылы бэлэх ылбыта, онон оннооҕор Сэтээтэл бэлэх биэрэр тойоно буолбут курдук буолан, кыра киһини, аччыгый соҕус куһаҕаҥҥа даҕаны ыпсара түстэххэ туох буолуой – диэн саныыр буоллаҕа дии.
Үһүс сыла буолла быйыл, соҕуруу дойдуга суолу оҥорон көскө Эдьигээн улууһугар кэлбиттэрэ - 10 татар кэлтэ – биһиги черкестэрбит – диэччилэр. Ол маҥнай кэллэхтэринэ биирдии бэйэлэрэ иккилии быһаҕы сиэптэригэр уктар этилэр, сорохтор атахтарыгар уктар этилэр. Олохтоох дьонтон куттанан оннооҕор түүн харабыллаах хонор этилэр. Рындин сэтээтэл эрдэҕинэ оннооҕор кинилэргэ эҥин-эҥин саалары көҥүллүүр этэ, бэрдээнкиттэн бастыы көҥүллүүрэ. Олохтоох дьон нуучча өттө этэллэрэ: айыбыын черкестэр кэллилэр, хайа ол күтүрдэр өлөртөөн кэбиһиэхтэрэ, дьиэҕит аанын хатыы сылдьыҥ, борукка-сорукка биирдии киһи сылдьымаҥ, - дииллэрэ.
Ол сүртэн-сүрдээх кэптээх-киэлилээх дьон икки сайыны, икки кыһыны олордулар да кинилэрэ суох карты оонньоммот буолла, биэчэр тэриллибэт буолла, дьахталлар даҕаны ньуурдарын бөрүкү толлубат буоллулар, син киһи да киһи дэһэр буоллулар, сорох нуучча дьахталлара артыал да гынар буоллулар.
Кэлиэхтэриттэн арыгынан, картынан эргинэр буоллуллар. Якутскай уобалас баһылык тойонун сүрдээх ыйааҕа саха икки нуучча иккигэ эрэ баар буолар эбит, нууччаттан сахаттан эккирэтэ сылдьан иһэр да арыгыларын тутталыыллар, оннооҕор испииринэн оҥоһуллубатах, күндү отонунан оҥоһуллубут арыгыны туталлар.
Биирдии черкес сүүрбэлии-отуттуу биэдэрэни эргиэн оҥоһуннахтарына ол тутуллубат, оннооҕор олохтоох сэтээтэлгэ тыллабыр киирдэҕинэ төрүт дьэдьийэ да соруммат.
Ороһооспо иннинэ үс хонук урут Мөҕө Кузмаа диэн киһини кытта, Кильдэм-Хаҥалас Данила Федоров диэн киһи, иккиэн арыгылаабыттар, ол дьону Сэтээтэл тойон хаайыыга угуталаабыт, онтон абаран Федоров ойоҕо Балбаара Сэтээтэлгэ баран тыллабыр оҥордо. Сэтээтэл тойонум бу арыгы атыылааччылар дьону өлөрөллөрүгэр тиийдилэр, арыгыны, испиири атыылыыр дьону мин билэбин, испиирдэрэ баар даҕаны сирдэрин билэбин, тойонум казакта аҕал, эбэтэр бэйэҥ баран дьэгдьирдэ оҥор, мин ыйталаан биэриэм диэтэ. Онуоха Сэтээтэл тойон өттө, сарсын күн ортотугар барыахпыт диэтэ. Ол гынан баран күнтэн күн тардыллан истэ, уһугар тиийэн букатын кыһаммат буолан хаалла.
Курдарытын быһан эттэххэ, соҕуруу дойду улаҕатыттан туран, Муустаах муора кытыытыгар баар дьиикэй дьоннорго тойон буолуом диэн ааҥнаан сэмэлээн кэлэн испитин бар дьон көрбүттэрэ буолуо эбээт, арай мин көрүүбэр, ойохтуун иккиэн хамнас ылан бэйэлэрин туһаларын эрэ тупсарар наадатыгар кэлбит тойонноох хотун курдук көрөбүн.
Хотун буоллаҕына, ыалдьыбыт сахалар ыҥырдахтарына, дьиэлэригэр барбат, оҕо да буоллун, улахан да киһи буоллун, манна аҕалыҥ диир. Киһи эрэ барыта сөһүөҕэр тура сылдьан ыалдьыбат, оҕо да буоллар ыһаардаах-тиһиктээх буолар. Мин бэйэм санаабар ыалдьыбакка сылдьар өлүөр дьахтар дьиэҕэ кэлэн эмтиэн даҕаны сөп ини, син нууччаларга сылдьар эбээт, саха туһа буоллаҕына сорох ардыгар, уоспутчутта аҕалыҥ диэхтээх. Ол биһиги Булуммут уоспутчуттаныахтааҕар, көлө дьүһүнүн дьылга бэрт ахсааннаахтык көрөн аһарабыт, итигэннэ куоратын иһинээҕи ыал бэрт кыараҕас, киһи күҥҥэ үстэ да төгүрүйбүтүн иннигэр бөрөкү сыларҕаабат сирэ.
Урут эмиэ айаҥҥа барарга даҕаны, эбэтэр бэйэ билэр ыарыытыгар ыарыттахха, Булун фельдшериттэн ылыллар буолара. Аны нууччаттан атын саха көрдөөтөҕүнэ, эрэйэ-муҥа, соро суох биэрбэт.
Саха дьахтара эмсэх тумугун көрдөөтөҕүнэ, - ээ, саха дьахтара син ынах буолбат дуо, эмсэҕэ даҕаны суох сатаныаҕа - диэн биэрбэт. Онон мин санаабар арай нуучча эрэ наадатын туһугар кэлбит курдук саныыбын, саха имни даҕаны - Көмүстээх көҕөннөөх, күрэн кулун күөкэстиир үйэбит күрэнэн хаалан, көҥүлбүт күрүөлэнэн, көмүс саҕалаахтар күөннэригэр күрүөлэнэн хаалбыт эбиппит.
Күүрүөх дьонум көрдүгүт дуо, ону көмүскээччи көстүбэт эбээт, Күн ыраахтааҕыга дылы ыраах, Сырдык таҥараҕа дылы үрдүк.
Көстөр аламай күн кырдьыгын сырдыга сабылынна, ураанхай икки атахтаах, араҥ албаһа аатырда!
Саха омук санаата саньыалхай буолан, атарах-сатарах буоллубут.
Үөскүүр эдэр ыччат дьон, үтүө үөрэх күүһүн үмүрүччү тардан ыллахтарына!
Арай оччоҕо көмүс саҕалаахтар күөннэриттэн көтүө инибит, аламаҕай күн үтүөтүн тутуох этибит. Төрүүр оҕо дьоло тобуллуох, иитэр сүөһү күрүөтэ көнүөх этэ? Икки атахтаах ураанхай саха санаата саҕаллыах этэ!”.
Category: История, философия |
Views: 1714 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 80
Ыалдьыттар (гостей): 80
Кыттааччылар (пользователей): 0