Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Кулун тутар » 6 » СӨ Ил Дархана А.С.Николаевка Аһаҕас сурук
СӨ Ил Дархана А.С.Николаевка Аһаҕас сурук
15:05
СӨ Ил Дархана А.С.Николаевка Аһаҕас сурук

Ытыктабыллаах Айсен Сергеевич! Былырыыҥҥыттан тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга хаһан, ханна да ылыллыбатах саҥа мэхэниисим киирэн улахан мөккүөрдэри, өйдөммөт өрүттэри үөскэттэ. Мин ол туһунан элбэхтик суруйдум, мөккүстүм.
Соторутааҕыта “Кыым” хаһыат нөҥүө ТХМ миниистирэ А.Атласовка “ТХМ эт-үүт аҕыйыырын туһугар үлэлиир дуо?” уонна РФ бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлэ М.Мишустин ЛПХ-лары өйүүр туһунан (24.12.2021с.) 2451 №-х уурааҕын хайдах толороҕут?” диэн икки ыйытыыны биэрбитим.

Онуоха Александр Павлович хоруйа “Кыымҥа” (27.02.22.) тахсыбыта. Ол туһунан санааларбын эмиэ “Кыымҥа” ыытаары гынан баран, Айсен Сергеевич, Эйиэхэ быһаччы суруйарга сананным. Тоҕо диэтэххэ, син биир сүрүн быһаарыыны Эн – Ил Дархан ылынаҕын. Ол сөп даҕаны.

Сурукпар сүрүннээн 3 суолга тохтуоҕум. Онно урукку суруйууларбын, сыыппаралары хатылыырбын, арыый уһаппыппын өйдүөҕххүт дии саныыбын.

Тыа хаһаайыстыбатын бүгүҥҥү туруга

Аан маҥнай тыа хаһаайыстыбатыгар төрүт буолар сыыппаралары санатыым. Саҥа мэхэниисим киириэн иннинээҕи 2020 сылга уопсайа 183,0 тыһыынчаттан тахса ынах сүөһүбүт 50%-на ЛПХ-ҕа, 26%-на КФХ-рга, 24%-на КП-ларга иитиллэрэ. 79,0 тыһ.тоннаттан арыый тахса соҕотуопкаламмыт үүт аҥарын кэриҥин кэтэх ыаллар туттарбыттара.

180-ча тыһ. сылгыбытыттан 41%-нын кэтэх ыаллар, 39%-ын КФХ-лар, 20%-нын КП-лар бас билэллэр.

Мантан быстах түмүк.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр оҥоһуллар эт-үүт аҥарын үүт субсидиятыттан ураты туох да көмөнү ылбат, эрэйбэт даҕаны кэтэх хаһаайыстыбалар оҥорбуттара. Кинилэр онно баара суоҕа 1,3 млрд.солк. субсидиятын туһаммыттара. Онтон эппит-үүппүт 50%-нын оҥорор тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга салалта ороскуотун ааҕыстахха, кырата 10-ча млрд.солк. бардаҕа. Тэҥнээн көрүҥ. Хайалара барыстааҕын.

Мантан биир дьиибэ санаа үөскүүр. Арай үүт субсидиятын 2 төгүл курдук үрдэтэн уонна уопсайа 7-8 млрд.солк эрэ көрөн баран, аҥаардас ЛПХ-нан барбыппыт буоллар үгүс салалтата, айдаана-куйдаана суох билиҥҥитээҕэр быдан элбэх эт-үүт оҥоһуллуох этэ дии саныыбын.
Холобур, биһиэхэ чурапчыларга маарыннатан. Ырыынакка киириигэ биһиги бары кэриэтэ биирдиилээн ыалларынан уонна кыра ыал бааһынай хаһаайыстыбаларынан арахсан билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биир саамай элбэх сүөһүлээх, эти-үүтү оҥорооччуларга киирсэбит.

Ол кистэлэҥэ адьас судургу – чааһынай бас билии! Чурапчыга сүөһү-ас барытын кэриэтэ дьон бэйэлэрин суопсунастара. Кинилэр – көҥүл хаһаайыттар! Оччотугар тоҕо кыһаммат буолуохтарай? Онтон КП үлэһитэ, куруук суруйарым курдук, саах күрдьэр күрдьэҕин, оттуур атырдьаҕын да бас билбэт, аҥаардас хамнас эрэ иһин үлэлиир хамнасчыт (хамначчыт) буолар. Кини хаһан даҕаны толору күүһүнэн үлэлиэ суоҕа. Кэхтии төрүөтэ итиннэ сытар.

Аан дойдуга барытыгар кэриэтэ т/х-та чааһынай бас билиигэ олоҕурбут кыра фермер хаһаайыстыбаларынан уонна ЛПХ-нан сайдан олороллор. Ордук 1.5 млдр.курдук нэһилиэнньэлэрин толору хааччыйбыттарын таһынан, биһигини уонна атын да дойдулары эбии аһатан олорор ыалларбыт кытайдар.

Айсен Сергеевич! Ону өйдүүр, сүбэлэһэр инигин? Онтон биһиэхэ ТХМ (министр Атласов) кыра фермердэри, ордук ЛПХ-лары күөмчүлүүр, эһэр, барыларын тэриллиилээх оҥоро сатыыр политиканы ыытара мэлдьэх буолбатах. Ол туһунан кэлин суруйуом.

Саҥа мэхэниисим ордуктара уонна итэҕэс өрүттэрэ

Миниистир А.Атласов суруйарынан бу саҥа мэхэниисим киирэн ааспыт сыл барыта 9715 кэтэх ыал ынах төбөтүгэр 35-тии тыһ.солк. ылбыттар. Александр Павлович ааспыт күһүн араадьыйанан кэтэх ыаллар улахан аҥаардара син биир үүт туттарбаттар, онон 35 тыһ.солк бэриллэрэ сөбүн курдук эппитэ. Бу баҕас балаһыанньаны төрүт билбэтиттэн, эбэтэр соруйан дьону бутуйуу. Оччотугар ЛПХ-лар чиэппэрдэрэ эрэ уопсай үүт аҥаарын кэриҥин туттарбыттара дуо?

Мин саныахпар ити 9715 ыалтан улааттаҕына 2 тыһ.ыалга тиийбэтэ үүт туттарбаттара эбитэ буолуо. Холобур, урут биһиэхэ Чурапчыга тарбахха баттанар эрэ ыаллар үүт туттарбат этилэр. Былырыын биир да ыал туттарбата. Ол түмүгэр 2 сыллааҕыта 7600тн былааммытын 2335 тоннанан кыччатан, 5265 тн эрэ сорудах кэлбитин 486 тоннанан толорботубут, 76 тонна арыынан аҕыйаҕы оҥордубут. Урукку сылларга бэйэ арыытын дьааһыгынан “бырахсар”, кыайан батарбакка Мииринэйгэ тиийэ тиэйэ сылдьан атыылыыр буоллахпытына, быйыл кыһын киилэнэн кэмчилээн атыылыырга күһэлиннибит. Онтон үгүс улуустарга ынах арыыта мэлийбитин туһунан күһүҥҥэттэн суруйаллар.

Саҥа мэхэниисим ордук өрүттэрэ

Бу саҥа киирии ити суруйар 2 тыһ.кыайбат үүт туттарбатах ыалларга таҥара бэлэҕэ буоллаҕа. Түһээн да баттаппакка сырыттахтарына халлаантан буор босхо, кытарах ынахтарыгар кытта 35-тии тыһ.түһэн кэлэр үчүгэй буоллаҕа дии. Күлүктэригэр имнэннэхтэрэ. Ол иһин кинилэр бу саҥа мэхэниисими, ол иһигэр Эйиигин, Айсен Сергеевич, халлааҥҥа диэри хайҕаан бассаабы, хаһыаты бараатылар. Ордук Үөһээ Бүлүү Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга С.В.Дмитриев. Сөпкө хайгыыллар. Босхо харчыны ким сириэй?

Манна үүтү туттарыы барыстааҕын, барыбытыгар туһалааҕын туһунан өйдөтөн ааһыым. Биир киилэ арыы 3,4%-х. 24 киилэ үүттэн кэлэр. Ити үүтү 60-нуу солк. туттаран 1440 солк. аахсан, 2 киилэ арыыны, ордугар төһө эрэ үрүҥ аһы атыылаһыахха сөп. Бэйэҥ сэппэрээтэрдээн эҥин бириэмэҥ барбат, сокуону кэспэккин. Күөх үүккэр сайынын сибиинньэ иитэҕин, сүөһүтэ суох дьону аһатаҕын. Куһаҕан дуо?

Саҥа мэхэниисим омсолоох өрүттэрэ манныктар.

Маҥнайгыта. Миниистир А.Атласов суруйарынан, иллэрээ сыл 79,0 тыһ.тонна үүт соҕотуопкаламмыт. Былырыын – 60,4 тыһ.тонна. Ол аата 18,6 (!) тыһ.тоннанан аҕыйах. Итинтэн 775 (!) тонна арыы кэлиэ этэ. Ол түмүгэр олохтоох арыы дэписиит буолан сыаната, быһа холоон, 300 солк.үрдээтэ. Сылга ортотунан 3 тыһ.тонна арыыны оҥоруохха сөп буоллаҕына ити барыбыт хармааныгар 900(!) мөл.солк охсон тахсар. Өссө ити кырата.

Бэйэбит арыыбыт итиччэ ыараабытын кэннэ кэлии арыы, маргарин, үүт сыаналара үрдүүллэрэ эрэбил. Ол норуокка хас млд. солкуобайынан охсон тахсарын ааҕар уустук. Элбэх буолуо.

Иккиһэ. Бу “улуу” дьаһал киирэн сибиинньэ ахсаана 17,4% аҕыйаабыт. Кэтэхтэр күөх үүттэрэ суох хайдах иитиэхтэрэй? Ону мин 4200 төбө буоллаҕына нэһилиэнньэ 200(!) мөл.сууммалаах 326 тонна бэйэ тиэргэнигэр оҥорон таһаарар этиттэн матта диэн суруйан турабын. Төһө үчүгэйий?

Үсүһэ. 2019 с барыта 27 млрд солк т/х-тын баалабай бородууксуйата оҥоһуллубута. 3 сыл кэриҥэ атыыланар сыаналар балачча үрдээбиттэрин үрдүнэн былырыын ити көрдөрүүгэ тиийбэтибит. Ол аата таҥнары түстүбүт.

Төрдүһэ. Үүт тутуута лаппа аҕыйаан соҕотуопкалыыр тэрилтэлэр улаханнык оҕустардылар. Сорох сирдэргэ арыы сыахтара сабылыннылар. Аҕыйах да буоллаллар дьон үлэтэ суох хааллылар.

Бэсиһэ. Ити 35,0 тыһ.солк ылбыт 9715 ыаллартан үгүстэрэ кыра да буоллар доруобуйаларын көрдөрбөккө, үүттэрин анаалыстаппакка, маркет туруорбакка, көҥүл ылбакка, уора-көстө атыылааһыннара таҕыста аххан. Ол быыһыгар харчыларын ылан баран үүттэрин ИП иһинэн туттара сатааһын суох буолуо диэн киһи итэҕэйбэт. Эбэтэр, холобур, 6 ынахтарыттан 4-дүн ИП-га суруйтаран, 2-гэр 35 тыһ.солк ылан баран, барыларын үүтүн 60солк. туттарыахха эмиэ сөп. Онно туох да сокуону кэспэт курдуккун. Биир тылынан бу саҥа мэхэниисим көнө, чиэһинэй да дьону сокуону кэһэргэ, албынныырга-көлдьүннүүргэ күһэйдэ.

Алтыһа. Элбэх соҕус ынахтаах сорох чааһынайдар 60 солк эккирэтэн ИП буоллулар. Итинтэн кинилэр ынахтарын ахсаана, үүттэрэ эбиллэн кэлбэтэ эрэбил. Оннук саҥа ИП-лар 2 сылга нолуок төлөөбөттөр. Ол эрээри сылга 42,0 тыһ., 2 сылга 84,0 тыһ.солк подоходнай нолуоктарын булгуччу төлүөхтээхтэр. Бу – үлэһит киһини 60 солк манчыыктаан, ИП оҥоро сатааһын, нолуокка умса “анньыы” буолар.

Сэттиһэ. Сокону, техрегламены кэһии да буоллар бэйэлэр сэппэрээтэрдээн, астаан, үрүҥ астарын атыылыы сатаан баран кыайан батарбакка, үгүс ыаллар сайын эрдэттэн, күһүөрү ынахтарын барытын кэриэтэ оҕолору сыһыыга ыыталаан кэбистилэр. Ол түмүгэр, биһиэхэ элбэх ынах маститтаан буорту буолан туспа проблема үөскээтэ. Күөх сайыҥҥа көҥүл сылдьар ынах күҥҥэ 10 киилэ үүтү биэрэрэ буолуо. Ону кыра, аһаах ньирэй барытын кыайан эмпэтэ чуолкай. Ынах синньэ бэрдийдэҕэ ол. Аны, оннук ынаххын тутуннаххына 35,0 тыһ.солк төттөрү биэрэргэр тиийэҕин. Эмиэ биир кыһалҕа.

Ахсыһа. Өссө ити кырата. Саамай иэдээнэ ынах кытарааһыныгар сытар эбит. Хабаатыннардахха 74 тыһ.ынахпытыттан 33 (!) тыһ.төбө кытараабыт диэн суруйбуттара. Ол эбэтэр, 56 эрэ %-на төрөөбүт. Хаһан да буолбатах, киһи кыбыстар көрдөрүүтэ. Ол эмиэ бу саҥа мэхэниисим содула. Ыаллар эрдэттэн ынахтарын ыыталаан саптарыыта улаханнык кыһамматахтарын түмүгэ. Холобур, мин биир билэр ыалым 12 ынахтарын эрдэ ыыппыттара, билигин 4 эрэ ынахтара уулаахтар үһү. Ол да буоллар 8 кытарахтарыгар 280,0 (!) тыһ. солк босхо ылыахтара. Ол иһин аанньа кыһамматтар.

Тохсуһа. Бу мэхэниисим уһаатаҕына уопсай сүөһүбүт аҥарын иитэр кэтэхтэр сүөһүлэрин боруодата кэхтэрэ туох да мөккүөрэ суох. Үүт туттарбат эрээри туох өйдөөх киһитэ улахан боруода сүөһүнү иитэ сатыай?

Онуһа. Босхо диэн хапкааҥҥа ууруллубут кутуйах мэҥиэтэ эрэ баар. Ону сиэтэҕинэ хайдах буоларын билэҕит. Биһиги бу саҥа мэхэниисими киллэрэн дьону наһаа босхоҕо, бэлэмҥэ, албыҥҥа-көлдьүҥҥэ үөрэттибит диэтэххэ өһүргэс буолбат ини.

Балартан быстах түмүк. Онон бу мэхэнииһим олохтонон былырыын сүрүн көрдөрүүлэр бары кэриэтэ таҥнары түстүлэр. Ол иһин этэбин: “ТХМ эти-үүтү аҕыйатар туһугар үлэлиир дуо?”- диэн. Оннук буолбатах дуо? Аҥаардас үүппүт 18,6 (!) тыһ. тоннанан кыччаата. Ол түмүгэр сыана ыараан өрөспүүбүлүкэ дьоно барыта оҕустарда.

Айсен Сергеевич! Эн, Ил Дархан дуоһунаһыгар киирээт өрөспүүбүлүкэ дьонун үүт бородууксуйатынан 61% хааччыйарга диэн олус сөптөөх соругу туруорбутун. Онтон тоҕо төттөрү түстүн? Арай былырыын урукку курдук барыларыттан үүтү 60 солк туппут буорллар, көрүллүбүт үпкэ биир солк. эппэккэ эрэ, 80 тыһ.тонна үүт аа-дьуо соҕотуопкаламмыт, ити аахпыт 10 содулларым суох буолуо этилэр. Ол туох куһаҕаннаах буолуох этэй?

Үүт туттарыллар сыанатын үрдэтэр сөп дуо?

Бу мэхэниисим саҕаланыаҕыттан Эйиигиттэн саҕалаан бары тойоттор Үөһээ Бүлүү биллиилээх урбаанньыта С.С.Сортолова Ороһу нэһилиэгиттэн 35 тыһ.солк ылбыт кэтэхтэр үүттэрин 30-туу солк тутар диэн холобур оҥостон кэпсээн аххан биэрдилэр.

Мин Светлана Светлановнаҕа эрийэ сырыттым. Кини кэпсииринэн сайын устата баара эрэ 30-ча тонна үүтү туппут. Тоҕо диэтэххэ чугастааҕы 4 нэһилиэктэрэ таһыах буолан баран аҕалбатахтар. Оннооҕор Ороһулартан син элбэх ыал туттарбатахтар. 35 тыһ.солк босхо ылбыт харчыларынан дуоһуйдахтара.

Салгыы кини сыах оборудованиета эргэрбитин, тиийбэтин, таараларга хомуоһунан куталларын, саҥа оборудованиелары ылар сыаната ыараханын, эрэйэ элбэх диэн эһиилгиттэн аккаастанарын туһунан эттэ. Буолтун даҕаны иһин киниэхэ махтаныахха эрэ сөп.

Аны Ороһу нэһилиэгин баһылыга А.В.Антонов диэн билбэт киһим миэхэ иккитэ эрийэ сырытта. Анатолий Васильевич этэринэн, арыы сыаҕа нэһилиэк бас билиитэ эбит. Сыах 3 үлэһитин нэһилиэктэн хамнастаабыт. Ол иһин бас билэр арыы сыахтаах, сыах үлэһиттэрин нэһилиэктэн хамнастыыр, олор истэригэр масыынатын бэйэтэ ыытар буолан суоппарын хамнаьын кытта биэрэр, кыһамньылаах баһылык Саха сирин үрдүнэн суох буолуо. Онон Ороһулары наар “былаах” оҥостон атыттары күөртүүр соччо сөбө суох буолуо диибин.

Бу боппуруоска мин санаам маннык. Ынаҕы-сылгыны иитэр, үүтү-эти оҥорор улахан уустуга суох. Ырыынак уйэтигэр ол эти-үүтү соҕотуопкалаан, астаан-үөллээн сөптөөх сыанаҕа батарыы саамай уустук. Холобур, үүт бородууксуйатын болдьоҕо 3 суукка. Онно батарбатын даҕаны атыыттан устуохтааххын. Ол иһин бу 30 сыл устата үгүс переработка тэрилтэлэрэ эһиннилэр, адьас байбыт, кыаҕырбыт биир да тэрилтэ суох.
Кинилэр тутар сыаналарын үрдэттэхтэринэ атыылыыллара эмиэ үрдүүрэ чахчы. Ол атыылаһааччыларга барыларыгар охсуоҕа. Онон наар тутар сыананы үрдэттэрэргэ туруорсар соччо сөбө суох.

Түмүк

Айсен Сергеевич! Бу үөһээ суруйбуттарбар олоҕуран быһаччы-балтаччы Эйиигиттэн 3 суолу туруорсабын.

Маҥнайгыта. Бу саҥа мэхэниисим омсолоох өрүттэрэ үчүгэйинээҕэр хас эмэ төгүл элбэҕинэн – тохтоторго. Уһаттахха – охсуута өссө баһаам буолара эрэбил. Эбэтэр бу саҥа мэхэниисим ордугун туһунан дьоҥҥо өйдөтүү үлэни ыыттараргар. Ол кэннэ үүтү барыларыттан тэҥ сыанаҕа тутары олохтуурга.

Иккиһэ. Харчы элбэҕэ быһаарбат. Кини атыылаһар дьоҕура быһаарар. Саҥа сылга киирэн баран бары көрүҥнэргэ сыаналар аһары ыараатылар. Доллар, евро куурустара эмиэ үрдээтилэр. Онон инфляция 15%-ҥа тиийдэ диэн суруйаллар. Оччотугар үүт тутуллар сыаната 45 солк диэри таҥнары түстэ.

Ол иһин киилэ үүт тутуллар сыанатын саатар 10 солк. улаатыннаран 70 солк. тиэрдэргэ туруорсабын. Онуоха бюджет бигэргэтиллибитин кэннэ 6 млрд үп эбии киирдэ, өссө да эбиллэр туруктаах диэн истибитим. Онно соччо элбэҕэ суох 600 мөл. солк. харчы наада. Олус элбэҕэ суох үп.

Онон, Айсен Сергеевич, сылга биир күн өрөөбөккө түбүгүрэр хотон-хонуу үлэһиттэригэр утары баран үүт сыанатын үрдэттэриэн диэн, Эйиэхэ эркин курдук эрэнэбин.

Үсүһэ. Тыа хаһаайыстыбатын, үүт-эт оҥоһуутун аҥардас аһылык курдук буолбакка, бу – саха омук төрүт дьарыгын, доруобуйатын, төрүт үгэстэрин, тыа дьонун үлэнэн хааччыйыы, кылаабынайа - Ийэ тылын сүтэрбэт сүрүн төрүөт быһыытынан сыаналыыргар баҕарабын.
Айсен Сергеевич! Эйиэхэ чэгиэн доруобуйаны, олоххор-үлэҕэр үрдүк ситиһиилэри!

Уйбаан ПОНОМАРЁВ,
Кытаанах нэһилиэгин уонна Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Россия үтүөлээх фермерэ, РФ Суруналыыстарын союһун чилиэнэ.
“Туймаада” хаһыат, 03.03.2022 сыл.
Кунду аагааччылар! Бу суругум Республика дьонугар барытыгар сыьыаннаагынан киэнник таргатаргытыгар, бэйэгит санаагытын бары ханаалларынан, саатар лайктаан биллэрэргитигэр кердеьебун.
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1824 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 20
Ыалдьыттар (гостей): 20
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024