Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Кулун тутар » 7 » КЫРДЬЫК УОННА “КЫРДЬЫКСЫТТАР”
КЫРДЬЫК УОННА “КЫРДЬЫКСЫТТАР”
11:24

КЫРДЬЫК УОННА “КЫРДЬЫКСЫТТАР”

Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат, кырдьык кыайтарбат дииллэр. Хомойуох иһин, куруутун оннук буолбат эбит. Кырдьык кыайтаран хаарыан бэйэлээх дьоммут суорума суолламмыттара баар. Сайа этэринии, “хайдах курдук инникилээх, норуот туһугар тугу да кэрэйбэтэх чулуу уолаттарбыт баттахтара маҥхайыар диэри олох олорботохторо”. Мин маны С.Аржаков, П.Ойуунускай, М.Аммосов, И.Барахов, С.Васильев, Ксенофонтавтар о.д.а. саха чулуу уолаттарын тустарынан хомойон этиллэр дии саныыбын.

Кыларыйан турар кырдьыгы быһаардыбыт дииллэр да тоҕо син биир манна эргиллэн кэлэ турабытый? Тоҕо диэтэххэ, “кырдьыгы” быһаардахпыт аатыран кинини атыҥҥа туһаныы, тус бэйэ итэҕэһин сабыныы, сороҕор хамнас да иһин кигиини, ускайдааһыны, сакааһы толоруу оҥоһуллар курдук. “Туймаада” хаһыат сорох нүөмэрдэригэр Л.Оруоһун матырыйаалларын бэчээттиир. Бэчээттээтин ээ, ким ааҕар аахтын диэбитим ыраатта. Бу сырыыга эмиэ көтүтэн аахпатаҕым, ону телефоннааннар миигин хаарыйбытын туһунан эттилэр. Булан аахпытым “хаарыйыыта” да кыракый эбит, киһи өһүргэммэт да суруйуута. Онон сибээстээн инники суруйталаабытын эмиэ булан аахтым. Бу киһи сыыһатын арыйан, ол иһигэр саастаах да дьон этэн, суруйан, этэн көрбүттэрэ, өйдөн- төйдөн, сыыһа суолу тутуһума диэн. Лааһар онно эрэ кыһаммат.

Били Доосоҕо эмиэ иккиһин эргиллэн кэлбит, өлбүтүнэн туһанан. Кини тыыннааҕар Лааһар да баара ээ, оҕо сааһа ааһан сиппит кэмэ буолуо, арай “историк” буола илигэ ини. Харданы оччолорго ыларыттан чаҕыйан кэтии сылдьыбыт курдук. Доосо өлөрүн күүтэ сылдьан үрдүгэр түспүтүгэр Степанида Николаевна кэргэнин көмүскээбитэ, сидьиҥ быһыыттан хаххалыы сатаабыта, саха дьахтарын үтүө холобурун көрдөрбүтэ. Лааһары собулҕаны кэрийэн аһыыр, булчут булумньутун уорар, куһаҕан сыттаах сиэгэн кыылга холообута. Степанида Николаевна баара буоллар, билигин да харда биэриэх этэ, Лааһар кини суох буолан күннээн эрдэҕэ. Лааһар саҥа суруйуутугар “Бичик” кылаабынай редактора В.Луковцев кинини В.Сивцевы утары сурукта суруй диэн кигэ сатаабытын курдук эппит. Маны урут эмиэ суруйбуттаах, ол аата иккиһин хатылаабыт, дьоҥҥо куһаҕан өйдөбүлү соҥнуу сатаабыт. Мин дьиктиргээн Валерий Николаевичка эрийэ сырыттым, онтум баара киһим Лааһар ити суруйуутун урут да аахпатах, билигин да ааҕа илик эбит. Соһуйда, наһаа бэркиһээтэ уонна ити таһы-быһа сымыйатын эттэ. Кырдьык, уу тэстибэт доҕордуулар – Моисей Ефимов уонна Василий Сивцев икки ардыларыгар биир түгэҥҥэ иирсээн баара. Ону бары да ыарыылаахтык ылыммыппыт. “Норуодунай” ааты ылыыттан сибээстээн быһыылааҕа. Биирдэ мин В.Луковцевка үлэтигэр киирэ сылдьыыбар бу икки үтүө дьону хайдах эмэ эйэлэһиннэриэххэ диэн кэпсэтии буолбутун өйдүүбүн, өссө мин сурук суруйарга тылламмытым. Тоҕо диэтэххэ, бу икки киһи миэхэ наһаа үчүгэй сыһыаннаахтара. Биирэ Адыаччыга Бөтөҥкөһү тимирдэри утарбытым иһин, иккиһэ – Бүлүү өрүһү көмүскүүрүм иһин. Итини кинилэр миэхэ аһаҕастык этэллэрэ. Сонно тута суруйбатаҕым. Мин сыарҕам сыҥааҕа хаһан хоҥнуор диэри дьоммут эйэлэспиттэрэ, барыта этэҥҥэ буолбута. Эмиэ итинник “эйэлэһиннэрии” туһунан В.Луковцевтыын кэпсэтии буолбутун Лааһар дьоҥҥо атыннык тиэртэҕэ, күлүк түһэрдэҕэ ити.

Оннооҕор ол улуу дьону үөҕэр киһи кинини баһааҕырдыбытыттан адьас соһуйбатын, Лааһартан тугу баҕарар күүтүөххэ сөбүн туһунан В.Луковцев билигин миэхэ этэр. “Туймаада” көҥүл хаһыат буоларынан арааһы бары сырдатар, кэпсиир. Холобур, “Паулин испииһэгэ” диэн хайа да хаһыат дэбигис таһаарбатын бэчээттээбитэ. Лааһар бу суруйууга сыана биэрбэт, тумнар. Кини атын да суруйуулара, өйдөөн көрдөххө, таайыы, ким эрэ тугу эрэ эппитин санатыы, сороҕор онно көрөн олорбут курдук тыллаһыы, архыып матырыйаалларын туһанар аатырар да хайа күннээҕитэ, нүөмэрдээҕэ биллибэт. Сабаҕалааһыны ким баҕарар оҥорор. Лааһар да оҥорорун ким да боппот эрээри, ону оҥоруон иннинэ кыратык толкуйдуохтаах буоллаҕа. Ол – суох. Дьааҥы улуу сир, онно үтүө дьон төрөөн ааспыттара, билигин солбук үүнэр. Николай Давыдов бэрт кыра кэмҥэ баран көҥүл тустууга тренердээри соморуодак бөҕөнү булбута, үөрэппит уолаттара Сойууска, Европаҕа, Аан дойдуга аатырбыттара. Норуодунай поэт М.Ефимов, кинини утумнаабыт В.Дедюкин, Х.Горохов, В.Стручков Саха сирин чаҕылхайдара. Суруналыыс уолаттары С.Юмшановы уонна А.Бурцевы – Салҕааһыны билэттиирим. Барахсаттар баардарын ситэ туһаммакка орто дойдуттан барбыттара олус хомолтолоох... Е.Бурцеваны – улахан учуонайы, наука дуоктарын билэбин.

СГУ историческайын бүтэрбит учуутал И.Колосов – дьиҥнээх историк. Эстрада сулуһа Лэгэнтэй баар. Биһиги, экологтар үтүөкэннээх киһини, дойдутун көмүскээччи Н.Божедонов кырдьаҕаһы умнубаппыт. Аҥаардас “Киһилээх хайаны” да ылан көр. Итинник бара туруохха сөп. Лааһар оччо суруксут буоллаҕына дойдутун-дьонун туһунан суруйара, үйэтитэрэ сатаммата буолуо дуо. Эбэтэр, Плесецкэй космодромтан көтөр ыарахан ракеталар тобохторун Дьааҥы сиригэр быраҕалларын, сотору тутуллуохтаах атомнай станция содулун үөрэтэри, сырдатары ылсыан сөбө. Ол эмиэ – суох. Дьааҥы баһыгар ядернай-испытательнай полигон баара оҕо энциклопедиятыгар ойууланар, ити улахан проблема быһаарыллыбакка хаалар буолла. “РОСАТОМ” уонна ”РОСКОСМОС” бааллар, тыыннаахтар, Өксөкүлээх курдук былыр үйэҕэ сири кытта сир, быыл буола иликтэр. Лааһар итилэри кытта аахсара, дойдутун көмүскүү сатыыра наада этэ.

Сымыйаччы буолар “үтүө” холобурун республика урукку аҕа баһылыга Е.Борисов көрдөрдө. Кини Э.Березкини урут хаһыакка холуннарбытын кэлин кинигэтигэр иккиһин хатылаата. 2020 с. “Жизнь замечательных людей”

серияҕа 3000 экземплярынан таһаартарбыт “Егор Борисов” диэн кинигэтигэр күн арааһын кэпсиир, суруйтарар. Кинигэтин В.Федоров уонна А.Березовскай суруйбуттар.

Эмиэ Штыров курдук харчытын харыстаабакка суруйтардаҕа. Дьоно хамнаска үлэлииллэрин быһыытынан киһилэрин хайгыы сатаан баран оннооҕор маннык дииртэн туттумматахтар: ”Егор Афанасьевич со вкусом одевался, был видным мужчиной с хорошей спортивной фигурой и густыми волосами”. Маны ааҕан баран күлэ санаатым. Бу тыллар М.Николаевка, эбэтэр К.Ивановка анаммыттара буоллар син өйдүөххэ сөбө.

Оттон Е.Борисов кинигэтин 262-263 страницаларыгар Э.Березкини “садаҕалыыр”, холуннарар. Быыбардарынан сибээстээн Е.Борисов бэйэтин кэпсээнэ: ”Для таких превыше всего стоит личная выгода. Лишний раз мне довелось убедиться в этом перед выборами 2014 года. Тогда Березкин приходил ко мне и предлагал назначить его министром сельского хозяйства в обмен на то, что он не будет баллотироваться на пост главы республики. Я сразу дал понять, что не намерен торговаться. Собрался на выборы – иди. Но все - таки спросил: “А почему именно министром сельского хозяйства ?” Знаете что он мне ответил? – “Там много денег крутится”. К этому мне нечего добавить”. Мин 2014 с. быыбарга Э.Березкин итэҕэллээх киһитэ этим, Бүлүү улуустарын кэрийбитим, олус үчүгэйдик суруллубут программатын дьоҥҥо тиэрдэ сатаабытым. Е.Борисов ити үөһээ аҕалыллыбыт этиилэрин ааҕан баран Эрнс Борисовичтан ыйытааччы буоллум.Киһим соһуйда аҕай, эмиэ В.Луковцев курдук, итинниги аахпатах, билбэт эбит, Е.Борисов этэрин курдук кэпсэтии хаһан да буолбатаҕын туһунан этэр. Кими итэҕэйэбин?

Мин бу уонча сыллар усталарыгар билэрбинэн, үрдүкү салайааччылар ортолоругар марайдамматах киһи дэҥҥэ баар. Марайдаммыттар ортолоругар Е.Борисов биир инники күөҥҥэ сылдьарын суруйуу бөҕөтө. Арай Э.Березкин тугу эмэ уччуппутун, бэйэтигэр тарыммытын була иликтэр. Бука компромат булаары кыһалла сатаатахтара буолуо да, ытыстарын сотуннахтара. Судаарыстыбаттан кэппиэйкэни иҥэриммитэ суох, ити туһунан ханнык да хаһыат суруйбата.

Тугу эмэ буллаллар дирбиэн-дарбаан буолуох этэ. Ол – суох! Онон, Э.Березкини итэҕэйбэккэ Е.Борисовы итэҕэйиэм дуо?

Дьэ, буолар да эбит! Киһини Е.Борисов өттүттэн ити курдук хараардар, түһэрэр сидьиҥ быһыы буолбатах дуо? Бу киһи республиканы салайбыта, билигин Федерация Сэбиэтигэр мунньахтыыр. Куһаҕан быһыытынан сымыйа историк Лааһар Оруоһун таһымыгар түспүт. Хаан-уруутугар Г.Башариҥҥа уонна учууталыгар Далаҥҥа санаатаҕын аайы атаҕын соттооччу – Лааһар Оруоһун буолар. Оттон дьиктитэ диэн - “Дьикти саас” арамааҥҥа Е.Борисов сүрүн герой буола сылдьарын астынан ахан кэпсиирэ иһиллэр. Республикабыт 100 сылын көрсүөх буолабыт. Онуоха маннык “үтүөкэн бэлэхтэр” көстөллөр. Туохпутунан көрсөбүт?

Киин уулуссабыт – проспекпыт түөрэ сүргэйиллэн сытар. Көрүөххэ сүөргү, сэрии бара турар Донецкай куорат уулуссатын санатар. Мэрбит соруйан оҥорор дуу, тугу да өйдөөбөт киһи дуу?

Аны дьиҥнээх аатын суруйбатах Саллай Сүөдэр диэн киһи хас да үйэ устата номох оҥостубут Манчаарыбытын “ыкка бырахпыт”. Манныгы урут туора омук урдуһа П.Казарян эмиэ суруйан турар да норуот ылымматаҕа, киэр илгибитэ. Манчаарыны өрө тутууга коммунистическай идеология туох да сыһыана суох. Манчаарыны ити этэр идеология сыта да суоҕуна норуот бэйэтэ талбыта, ырыаҕа ыллаабыта, хоһооҥҥо холбообута. Манна норуоту буруйдуур табыллыбат, норуот ону сөбүлүө суоҕа. Хайа да норуот көҥүлгэ дьулуһарыгар күөн туттар, ыраахтан көстөр былаах оҥостор киһилээх буолар. Онтун көрүҥүн тупсарыан, сороҕор кырааскалаан кылбатыан сөп.

Ойоҕумсах Робин Гуд, “анархист” Джузеппе Гарибальди, ханна да баппатах, хаатыргаҕа өлбүт Салават Юлаев ол иһин үйэлэри туораан кэллэхтэрэ, үтүө өйдөбүл, номох буоллахтара. Саллай Сүөдэр Башкирдарга, Англияҕа, эбэтэр Италияҕа бу дьоҥҥутун аны ахтымаҥ диэн сурук суруйара дуу. Мин Саллай Сүөдэри, дьиҥнээх аатын суруйбатаҕын иһин, Аллараа Бэстээххэ батыйатын өрө тутан туус маҥан атынан көтүтэн иһэр

Манчаарыны охторо сатыыр аатын эппэт, мааскалаах росгвардия байыаһыгар холоотум. Үйэлээх Өйдөбүнньүк тулуһуоҕар, сууллуо суоҕар эрэлим улахан. Оттон Саллай Сүөдэргэ Н.Борисов Москва, Санкт-Петербург архыыптарын хасыһан , үгүс сыратын бараан булбут матырыйаалларыгар олоҕуран суруйбут үтүөкэн кинигэтин ааҕарыгар сүбэлиибин. Эбиитин Николай Федорович көннөрү юрист буолбатаҕын – Республика прокурорунан үлэлээбитин санатыым. Прокурар диэн - сокуону тутуһары модьуйар, сокуон кэһилиннэҕинэ накаастыыр, хаайыыга олордор эбээһинэстээх киһи. Маннык киһи Манчаары туһунан түмүктэрин “мааскалаах” Саллай Сүөдэр ааҕара наада этэ.

Манна олорор бары омуктары бэйэ-бэйэни харыстаһыы эрэ сомоҕолуо. Республика 100 сыла көннөрү даата буолбатах, бу – баттахтара маҥхайарыгар тиийбэтэх, норуот туһугар бастарын былаахыга уурбут ньургуннарбытын үтүө тылынан ахтар, кэриэстиир даата. Мин бу тылларбын, бастакы уочарат, Лааһар Оруоһуҥҥа, Саллай Сүөдэргэ уонна Дьөгүөр Барыыһапка аныыбын.

Иван БУРЦЕВ 04.03.2022 с.

Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1984 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 45
Ыалдьыттар (гостей): 45
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024