Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Кулун тутар » 14 » АДЬАС ӨЙДӨӨБӨППҮН (Памфлет)
АДЬАС ӨЙДӨӨБӨППҮН (Памфлет)
11:26
  АДЬАС  ӨЙДӨӨБӨППҮН
     (Памфлет)
 
          Украинаҕа тоҕо сэрии киллэрдибит буолла? Адьас өйдөөбөппүн.  Онно туох эрэ кыра дьаһалы оҥоруох буолбуттара уонна төннөн кэлиэхтээхтэрэ да, ол дьаһалбыт сэриигэ кубулуйда курдук. Сэрии техниката, куорат, дьиэ-уот урусхалланар, дьон өлөр. Туох иһин? Бара сатаан итини эмээхсинтэн ыйытабын да быһаарбат. Билэр эрээри этиэҕин ситэ эппэт, куттанар курдук. Бачча тухары бииргэ олорбут киһибин билэр буоллаҕым: чахчы куттанар, туохтан эрэ дьаарханар, бэл миэхэ тугу эрэ ситэ эппэтин көрөн олоробун. Аймаммыта, долгуйбута биллэр, үчүгэйдик аһаабат, ситэ утуйбат да буолла. Күтүөттэрин саныыр быһыылаах диэн өтө сэрэйэбин, сэриигэ ылбаталлар, сиэннэр аҕата суох хаалбаталлар диирин таайабын.

Дьэ, үлүгэр диэтэҕиҥ.                             
Аралдьытыах санаалаах ону-маны туойаммын киһибин эбии буораттым быһыылаах. Билинэбин, сороҕор саҥарыа да суоҕу саҥарар идэлээхпин. Били уора-көстө ылан аҕалар чокуускабын ылбаппын, тохтоппутум, бу үлүгэр буола турдаҕына ону иһэн көччүйүөм дуо, кэбис!  

               Мариуполь куораты уон хонуктааҕыта дөбөҥ баҕайытык киирэн ылыах буолбуттара да кыайа иликтэр. Соччото суох сэрииһиттэрдээхпит дуу, хайдах дуу? ДНР армиятын көрдөрбүттэригэр биир курунньук курдук африка киһитэ баара, “ополченец” быһыылаах. Сталин Гитлери сэриинэн киир диэбэтэҕэ ээ, украиналар да көрдөспөтөх курдуктара. Биһиги аҕаларбыт уонна эһэлэрбит дойдуларын көмүскүү туруммуттара, немецтэр кинилэри националистар диэбэт этилэр, оттон дойдуларын көмүскүүр украинецтар националистар үһү. Адьас итини өйдөөбөппүн. Санкция бөҕөтүн түһэрдилэр, түһэрэллэрэ биллэр буоллаҕа.
Оттон салалтабыт ону өйдөөбөтөх курдук, сэриилии киириэх иннинэ барытын, миэлэһигэр тиийэ учуоттаныахтаах, суоттаныахтаах этэ да, ол – суох. Чурапчыга  оҕонньор баар, киниэхэ да эппиттэрэ буоллар барытын ааҕан, суоттаан биэриэх этэ.

Арассыыйа курдук дойду правительствотыгар Чурапчы оҕонньорун курдук  суох эбит. Аны Путин, Жириновскай, Зюганов, араас олигархтары этэ да барбаккын, бука бары санкцияҕа түбэстилэр. Ол аата - кыраныысса таһыгар үптэрин уураллар, дыбарыастары тутталлар, ойохторо онно эрэ оҕолоноллор, эмтэнэллэр, оҕолоро онно эрэ олороллор, үөрэнэллэр эбит. Аркаша Абрамович киһи бэрдэ футболун кулуубун атыылыы, харчытын күрэтэ сатаабытын тохтоттулар. Кимтэн эрэ самолетун, яхтатын былдьаатылар. Бу дьон бары атын дойдуну байыта олорбуттар, бэйэ норуотун кыһалҕата кинилэри долгуппатах. Биир улахан юрист маннык дьону таҥнарыахсыттар диэбитэ саамай сөп.

Оттон дойду таҥнарыахсыттарын өйөөччүлэри ким диэн ааттыыбыт?  Тэрилтэлэргэ, поликлиникаларбытыгар, балыыһаларбытыгар барыларыгар омук техниката турар, олору омуктар аны биэрэртэн аккаастаннахтарына хайдах буолабыт?  Телефон, калькулятор мэлийиэ, чиновниктар былыргы туораах суотунан ааҕарга күһэллиэхтэрэ. Немцов бокуонньук правительствоҕа кэлээт тойоттору омук массыынатыгар олорумаҥ, “Волга” массыынанан сылдьыҥ диэбитэ, собуоту тохтоппокко дойду массыынатын таһаара олороору. Өһүргэнии бөҕөтө этэ, кэлин тиһэҕэр өлөрбүттэрэ. Өтө да көрбүт эбит, хаарыан уол.  Дьэ, олох диэтэҕин. Адьас өйдөөбөппүн.                                                                                                                

 Эппитим курдук, чокуускабын тохтоппутум, илэ өйдөөх олороммун итинник буккуллубут санааларбын эмээхсиммэр иһитиннэрбиппэр сүрэҕин тутунна. Онно эрэ өйдөөтүм сыыһа саҥарбыппын. Сыыһа саҥарбыппыттан кэлэйбит эмээхсин:                                                                                                                                                    - 

Саатар чокуускаҕын ылан сыппайбаккаҕын уонна утуйуох, киһини сүгүн олордуох эбиккин. Хара сордоох, таҥнарыахсыттары өйөөччүлэри ким диэн ааттаары гынаҕын?  Сорохтор кырдьык, сорохтор бэрт буола сатаан, сорохтор өйдөөбөттөрүттэн буоллаҕа дии. Барыларын биир халыыпка угума!  Уонна мээнэ ону-маны лахсыйыма, сүгүн сырыт. Үүт ыларгар көрсөр бэйэҥ курдук түөһээҥкилэргэр эмиэ итинник саҥарарыҥ буолуо. 15 сылга хаайдахтарына билиэҥ.  Бачча тухары өйдөнөр диэн суох.                                                                                         

Наһаа хото эппититтэн аны мин өһүргэнэ санаатым, чокуускабын тахсан ылыах санаа кииртэлээтэ. Ол да буоллар син кыатанным, наһаа хотторботох курдук туттан уонна 15 сылы испэр салла истэн:                                                                                         
  - Дьэ, этэрин эттэҕин да, адьас өйдөөбөт диэн баар ээ. Санааларбын ити эйиэхэ эрэ быктардым, маҥаһыыҥҥа көрсөр оҕонньотторбор ончу долуой тугу да саҥарбаппын. Саҥардахпына да наадалаах сэрии баран эрэр диирим дуу, 15 сыл диэн айыкката бэрт доҕор. Төһө да холуонньаҕа аһатталлар уонна быраас, балыыһа баарын иһин онно барбатах ордук. Манна бырааһы көрбөтөхпүт иккис сыла, ити сэрииттэн сылтаан ыарыыбытын да умуннубут, короновирус эрэ, омикрон эрэ. Сэриилэһэр да дьоммут ковидтаабаттар курдук, буулдьаттан эрэ өлөллөр быһыылаах. Өссө тугу-тугу көрөбүт, истэбит.                   

 Ити тыллары эмээхсини алы гына таарыйа эппит курдук санаммытым төттөрү буолла, киһим эмиэ сүрэҕин тутунна:                                                                                 

 - Оо, дьэ, бар антах!  Саҥа саҥаран... Тахсаҥҥын чокуускаҕын ыл уонна оннугун бул. Оҕолор кэлэ сылдьыах буолтара, хаһан кэлэн абырыыллар, бу.                         
Мин бүгүн табыллыбат күнүм эбит: баар-суох киһибин хомоттум, хара маҥнайгыттан сатала суох тылластым, куттаатым да быһыылаах.  Кырдьык, оҕолор кэллэхтэринэ табыллыыһы. Бакаа чокуускабар тахса сылдьыам...


                               Отох Уйбаан                 2022 с., кулун тутар 14 күнэ.     
 
Category: Юмор, сатира, критика | Views: 2115 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 98
Ыалдьыттар (гостей): 98
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024