- Үрдүк сололоох, мин кими да тыыппакка Миитрий Миитриевичкэ мас атыылаһаары баран испитим ээ. Ону баара бу чиччик тарбахпын быһа ытырда. Мин тарбахпынан эрэ үлэлиир идэлээх киһибин, билигин нэдиэлэни быһа үлэм тохтуура буолуо, онон ороскуоппун төлөөтүнэр!
- Гм!... Сөпкө этэҕин... – Очумелов хааһын уордайбыттыы түрдэһиннэрэн кытаанахтык эттэ.
– Сөп... Ким ытай? Мин маны таах хаалларбаппын. Ыты мээнэ ыытары мин эһиэхэ көрдөрүөм! Тойотторго баар уураахтары толоруохтаахтарын санатар кэм кэллэ! Ыстараап түһэрдэххэ ыты мээнэ ыытары билиэхтэрэ! Мин кинилэргэ көрдөрүөм! ... Ельдырин, бу ким ыта буоларын бил уонна протоколла толор! Оттон ыты өлөрүөххэ наада. Түргэнник! Кини өссө иирбитэ, ыалдьыбыта буолуо... Ким ытай диэн өссө төгүл эһигиттэн ыйытабын?
- Бу Жигалов генерал ыта быһыылаах! – ким эрэ дьон быыһыттан саҥарда.
– Жигалов генерал ыта? Гм!... Ельдырин, соммун уһул эрэ. Куйааһа сүр. Ардах түһэр чинчилээх... Мин биири ситэ өйдөөбөппүн: хайдах бачча кыра ыт оҕото эйиигин, бачча уһун уҥуохтаах киһи тарбаххар өрө ыстанан ытырыан сөбүй?
– Очумелов Хрюкинтан ыйытар. – Эн тарбаххын тимир тоһоҕоҕо тэһэ анньан бараҥҥын харчы төлөтөр санаа төбөҕөр киирбит. Абааһылары, эһиги санааҕытын баҕас билэбин ахан!
- Үтүө санаалаах тойон, кини көрүдьүөстэнэн табах уотун ыт сирэйигэр таҕайбыта, онуоха биирэ тарбаҕын хап гыннарбыта. Дьээбэтин иһин бэйэтэ буруйдаах.
– Сымыйалыы турума, соххор! Көрбөтөҕүҥ уонна тоҕо сымыйалыыгын. Өскөтүн буруйдаах буоллахпына мировой суут быһаардын. Сокуоҥҥа барыта ыйыллар... Сокуон иннигэр бары тэҥмит... Билиэххитин баҕардаххытына..., мин бииргэ төрөөбүтүм жандармерияҕа үлэлиир...
– Кураанаҕы быһаара, ырыта турумаҥ!
- Бу генерал ыта буолбатах, киниэхэ маннык ыттар суохтар. Генерал булт ыттарын эрэ иитэр. – городовой Ельдырин чахчы билэрдии тутунна.
– Итини эн чахчы билэҕин дуо?
- Адьас чахчы!...
– Мин, дьиҥинэн, бэйэм да билэбин. Генерал ыттара ыар сыаналаах боруодалар, оттон бу баҕайы... Тас көстүү да, киһилии түү да суох сордооҕо! Хайа өйдөөх маннык ыты тутуоҕай?! Маннык ыт Петербурга дуу, Москваҕа дуу бэйдиэ сырыттын эрэ? Онно сокуону тутуһа барбаттар, тута тыынын иһиллиэх этилэр. Эн, Хрюкин, эмсэҕэлээбит киһи маны таах хаалларыма...
– Ол эрээри, баҕар, генерал да киэнэ буоллаҕына көҥүл. Кимиэнэ буолара сирэйигэр суруллубатах да, генерал олбуоругар маннык ыты көрбүттээхпин, - городовой Ельдырин аны саарбахтыыр санаатын эттэ.
– Чахчыта генерал киэнэ! - мустан турааччылартан ким эрэ саҥата иһиллиннэ.
– Гм!... Ельдырин, соммун кэтэт эрэ... Тоҕо эрэ тыалырда... Ыты генералга илт уонна ыйыталас. Миигин булан ылан эйиэхэ ыытта диэн эт... Уонна уулуссаҕа мэнээк ыыппаттарын туһунан эт. Баҕар ыар сыаналааҕа буолуо, ону хас сибиинньэ көрсө түһээт сирэйин уотунан сиэттэҕинэ, буорту да буолара өр буолбат. Ыт – нарын кыыл буолар... Оттон эн аҥала күтүр илиигин түһэр, өрө тута сылдьыма! Бэйэҥ буруйдааххын, аанньа тарбаххын көрдөрө сатаама!...
– Генерал повара иһэр, киниттэн ыйытыахха... Ээй, Прохор! Кэл эрэ манна! Ыты көр эрэ... Эһиэнэ дуо?
- Булан ыйыттаҕыҥ. Манныктары биһиэхэ хаһан да туппаттар!
- Манна тугу да ыйытар наадата суох, кини бэйдиэ сылдьар бырадьаага эбит! Үгүс кэпсэтии наадата суох... Бырадьаага диэтим да – бырадьаага... Суох гыныахха, онон бүтэр! – Очумелов түмүктүүрдүү быһыта баттаата.
– Бу биһиэнэ буолбатах, соторутааҕыта кэлбит, генерал быраатын киэнэ. Кини булчут ыкка наадыйбат.
– Быраата Владимир Иванович, дуо? Мин истэ иликпин. Ыалдьыттыы кэллэҕэ? – Очумелов сирэйэ сырдыы түстэ, ымманыйа быһыытыйда...
- Ыалдьыттыы...
– Ама дуу, тойон таҥара... Убайын аҕыннаҕа... Оттон мин итини аныаха диэри билбэккэ сылдьабын! Ол аата кини ыта буоллаҕа? Олус үөрэбин... Илдьэ бар... Хайдах курдук ыт оҕотой... Сытыытын... Тарбаҕы хап гыннарбыт!
Һаа-һа-һа... Киҥнээх ээ...
Прохор ыты ыҥыран ылан дьиэлэрин диэки бара турдулар... Мустан турар дьон Хрюкин диэки ыйа-ыйа күлэн алларастыыллар.
– Мин эйиигин хайаан да өссө булуом! – Хрюкиҥҥа саана-саана Очумелов баһаар болуоссатын устун бара турда.
А.П.Чехов бу кэпсээни суруйуоҕуттан 130 сыл ааста. Бу уһун кэм устата очумеловтар сүппэттэрэ, симэлийэн хаалбаттара, өссө үксээн иһэллэрэ дьиксиннэрэр. Хаһыаттары арый, телевизоры холбоо, ханна да киир – Очумелов бу олорор.Оттон, ыт айдаана оччоттон кыайтарбата.
Антон Павлович дэлэҕэ маннык тыллары этиэ дуо?:
- Такая нелепая, неуклюжая страна – эта наша Россия;
- В России честный человек – что-то вроде трубочиста, которым няньки пугают маленьких детей...;
- Вся Россия – страна каких-то жадных и ленивых людей: они ужасно много едят, пьют, любят спать днем и во сне храпят. Женятся они для порядка в доме, а любовниц заводят для престижа в обществе. Психология у них - собачья: бьют их – они тихонько повизгивают и прячутся по своим конурам, ласкают – они ложатся на спину, лапки кверху и виляют хвостиками....