Саха омук туохтааҕар да өрө тутар, кэтэһэр өрөгөйдөөх күнэ – Туймаада ыһыаҕа быйыл от ыйын 25-26 күннэригэр ыытыллыаҕа. Бүгүн Дьокуускай уокуруктааҕы дьаһалтатыгар Туймаада ыһыаҕын тэрийиигэ уонна ыытыыга СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов бэрэссэдээтэллээх кэмитиэт мунньаҕа буолла.
Быйылгы ыһыах Үс Хатыҥҥа 25-с төгүлүн ыытылларын таһынан, Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар, Дьокуускай куорат олохтоммута 390 сылыгар, Арассыыйа норуоттарын култуураларын баайын сылыгар уонна өрөспүүбүлүкэҕэ биллэрибит Ийэ сылыгар анананар. Онон хас да бүк суолталаах уонна долгутуулаах.
Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Туймаада ыһыаҕын икки сылы быһа хааччахха олорбут Саха сирин олохтоохторо бары кэтэһэллэрин бэлиэтээтэ. Онон быйылгы ыһыаҕы үрдүк таһымҥа тэрийиэхтээхпит диэн тоһоҕолоон эттэ. Ол да иһин бэлэмнэнии үлэтэ сыл саҕаланыаҕыттан барбыт.
Быйылгы ыһыах сүдү суолталаах түгэнинэн салама баайыытын туома буолуо диэн устуоруйа билимин дуоктара Екатерина Романова иһитиннэрдэ. Кини бу туом ааспыт, билиҥҥи уонна кэлэр кэмнэр ситимнэһиилэрин бэлиэтиир диэн быһаарда. Ону таһынан учуонай түһүлгэлэргэ экран нөҥүө Кыайыы ыһыахтарыттан саҕалаан 90-с сыллар бастакы ыһыахтарыгар диэри уһуллубут киинэ каадырдарын көрдөрөргө уонна төрүт сахалыы ырыалары эрэ буолбакка, эдэр өрөспүүбүлүкэ саҕана айыллыбыт биллиилээх композитордар, мелодистар ырыаларын эмиэ тыаһатарга этии киллэрдэ.
Баһылык солбуйааччыта, Дьокуускай уокуруктааҕы дьаһалтатын аппаратын салайааччыта, тэрийэр кэмитиэт сэкирэтээрэ Руслан Тимофеев ыһыахха бэлэмнэниигэ 13 хайысханан бөлөхтөр тэриллэн үлэлии туралларын, сиэр-туом ыытыллар сомоҕо тутуутугар, кэнсиэртиир уонна күрэхтэһэр былаһааккаларга өрөмүөн үлэтэ барыахтааҕын кэпсээтэ.
«Туймаада ыһыаҕа-2022» добун түһүлгэ бырагыраамата yakutskcity.ru саайтка тахсыаҕа.
Хаартыска: Семен Винокуров