Атомщик-учуонай Иоганн МАКСИМОВ: Экологическай бэйэҕэ тиийиниигэ баран иһэбит
02.04.2022 (2 дня назад) 16:17
Бу күннэргэ Саха сиригэр аатырбыт атомщик-учуонай, ССРС цветной металлургиятын ветерана Иоганн Егорович МАКСИМОВ Новосибирскайтан кэлэ сылдьар.
Иоганн Егорович Дьокуускайы таһынан Чурапчыга, Мэҥэ Хаҥаласка тахса сырытта, өссө Горнайга барыахтаах. Кини дойдутугар кэлбит сыала-соруга – экодухуобунас хамсааһынын олохтооһун.
84 саастаах ытык киһибит Aаrtyk.Ru интернет-хаһыакка интервью биэрдэ.
-Иоганн Егорович, эн үлэҥ сүнньэ, мин өйдөөбүппүнэн, “Айылҕа сокуона -киһи-аймах цивилизациятын сокуонуттан үрдүку туруохтаах” диэн.
-Туох баар социальнай сокуон хайаан да Айылҕа сокуонугар сөп түбэһиэхтээх, дьүөрэлэһиэхтээх. Дьиҥинэн, сокуон таһаарарга биир эрэ критерий, ирдэбил баар буолуохтаах этэ – Айылҕа сокуона. Оччоҕо эрэ социальнай сокуоннар экологическай содуллара, айылҕаҕа дьайыылара кыччыах этэ. Ити критерийи олоххо киллэриэххэ наада. Ити биһиги “Экодухуобунаспыт” концепциятын биир салаата онно туһуланар.
-Политикаҕа “экологиянан” саптынан сүүлүктээһин, туһаныы барар турар дии санаабаккын дуо?
-Мин, 2018 сыллаахха таһаарбыт кинигэбэр, “Экология уонна политика” диэн түһүмэх баар, ону өйдөөн көрөөрүҥ эрэ: сир үрдүнээҕи олохпутун (Орто дойдуну) политика салайан олорор диэн.
Мировые лидеры на «Саммите Земли» в Рио-де-Жанейро, Бразилия, 13 июня 1992 года. Фото ООН/Михос Цоварас
1992 сыллаахха ООНҥа Рио-де-Жанейро куоракка икки сүүсчэкэ судаарыстыба кыттыылаах улахан экофорум буолбута. Форум түмүгүнэн, ХХI үйэҕэ туруктаах сайдыы геополитикатыгар айылҕаны киинниир сокуон ылыллыбытыгар, биһиги, олус үөрбүппүт. Ол эрээри, олоххо киллэрэргэ уустук соҕус буолуо диэн сэрэхэдийбиппит. Ол курдук буолла. Дьиҥинэн, ол ООН быһаарыыта олус сиэрдээх уонна сөптөөх этэ. Икки атахтаах үлэтэ-хамнаһа, дьаһала, өйө-санаата Ийэ Айылҕа сокуонугар дьүөрэлэһиэхтээх диэн. Оччотугар олох атын эйгэ үөскүөх этэ.
Билигин айылҕа бэлэҕин ньүдьү-балай туһанан, кээрэтэн, урусхаллаан ыла олоробут. Ону мин “экологический суицид” – бэйэҕэ тиийинии, бэйэ иннин кэрбээһин диибин. Ону тохтотуох тустаахпыт. Киһи айылҕаҕа сыһыана тосту уларыйыахтаах, потребительскэй – сиир-аһыыр майгыттан, сыһыантан созидательнай – айар-тутар өттүгэр көһүөхтээхпит. Өй-санаа (разум) уларыйыахтаах. Ол буолар Экодухуобунас концепциятын сүрүн ис хоһооно.
-Учуонайдар айылҕаны ньүдьү-балай туттуу кэхтии суолугар тириэрдэрин бары өйдүүллэр дуо?
-Учуонайдар үксүн бэйэлэрин эрэ чинчийиилэринэн үлүһүйэн үлэлииллэр. Биллэн турар, айылҕа алдьаныыта үтүөҕэ тиэрдибэтин учуонай бары өйдуур. Ол гынан баран, научнай үлэни экологическэй өттүнэн сыаналааһын критерийэ суох. Оннук өйгө-санааҕа тиийэ иликпит.
-Иоганн Егорович, Саха сиригэр кэлэн элбэхтик боростой дьону – норуоту кытары көрүстүҥ. Ол аата экодухуобунас көҕүлээһинэ үөһэттэн буолбакка, алларааттан тахсыахтаах диэтэҕиҥ?
-Оннук! Ити мааҕыын ахтыбыт 1992 сыллааҕы ООН экофорума ылбыт быһаарыыта умуллан хаалла. Билигин дойду баһылыктарын экологияҕа сыһыаннара – климат уларыйыытын боппуруоһугар эрэ түмүлүннэ. Ол гынан баран үбү-харчыны уган айылҕа уларыйыытын чинчийэр, бохсор оннугар кураанах куолулара элбэх.
Айылҕа сокуонун кэһимиэххэ, учуоттуохха наада диэн хас биирдии судаарыстыба сайдар стратегическэй былааныгар киллэрэрэ буоллар дэлэлээх үчүгэй буолуох этэ дуо? Киһи-аймах айылҕаҕа содула улахан, ону өйдүүр кэм кэллэ. Оттон ол өйдөбүлү иҥэрии – иитии, үөрэтии нөҥүө киириэхтээх. Ол иһин педагогтары, психологтары, төрөппүттэри, эбэлэри-эһэлэри кытары көрсүһүү тэрийдибит.
Аан бастаан 2008-2012 сылларга экодухуобунас туһунан научнай үлэни суруйбутум. Онтубун бу кэлиҥҥи 11 сыл устата чиҥэтэн, чинчийэн, ырытан научнай олугун оҥордум. Сөптөөх материал баар буолла. Мин үлэбин салгыыр дьон көстүөхтэрин наада. Саас ыраатта, эрчим да кэмнээх.
Депутаттары, миниистирдэри кытары көрүстүм. Дьон сүрдээҕин уларыйбыт, онтон наһаа үөрдүм, сүргэм көтөҕүлүннэ. Инновация миниистирэ Анатолий Семенов, үөрэх миниистирэ Ирина Любимова, “Кэлэр көлүөнэ” Фонда салайааччыта Владимир Егоров, Арчы дьиэтин салайааччылара, онтон да атын үрдүк сололоохтор бары өйүүбүт диэн көҕүлүүр бөлөххө киирбиттэриттэн астынан олоробун.
…Урут Феодосия Габышева үөрэх миниистиринэн олордоҕуна киирэ сылдьыбытым даҕаны, өйүүрүн өйөөбүтэ эрээри, салгыы дириҥэппэтэҕэ хомолтолоох. Биллэн турар, миниистирдэр сокуонунан, ФГОС ирдэбилинэн хааччахтаналлара баар эрээри, син үүт-хайаҕас көстүөн сөбө. Кыһалыннахха.
-Саха сириттэн экодухуобунас хамсааһына саҕаланара мээнэҕэ буолбатах?
-Экодухуобунас хамсааһына Саха сириттэн барара ордук. Кэскиллээх хамсааһын, кэнэҕэс национальнай идиэйэҕэ да кубулуйуон сөп. Биһиги өбүгэлэрбит аҕыйах ахсааннаах эрээри бачча аарыма сири-уоту баһылаан олорбут кистэлэҥнэрэ, аныгылыы эттэххэ, квантовай-виртуальнай өйдөрө сайдыбытыгар сытар. Үөрэҕэ да, сэбэ-сэбиргэлэ да суох бачча улахан сири бас билии – айылҕаттан айдарыылаахтарын, интиутивнай өйдөрө сайдыбытын туоһулуур. Өбүгэлэрбит үөрэхтэрэ, Айыыларга, Айылҕага итэҕэллэрэ, Күҥҥэ сүгүрүйүүлэрэ – наһаа күүстээх билии – экомуударас. Мин суруйбут концепциям ити туох да баһаам өркөн өй билиитин наука өттүнэн хайар, сүрүннүүр, салгыы сайыннаран ЭКОДУХУОБУНАС диэн өйдөбүлгэ түмтэ.
-Саха промышленнаска сыстан быстан испэтин сорох дьон: ген таһымыгар сири алдьатары утарарбыт харгыстыыр диэн быһаараллар. Төһө орунааҕый?
-Олохтоохтор сири алдьаппаппыт, тастан киирээччилэр алдьаталлар. Ол иһин олохтоох дьон промышленнай компаниялары аһан, бэйэбит үлэлиэхпитин наада. Оччоҕо айылҕаҕа содул олох аччыа диэн мин бүк эрэнэбин, саха айылҕа оҕото буоларын быһыытынан, ийэтигэр -айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыана, кырдьык, этигэр-хааныгар иҥэ сылдьар, уһуктуон эрэ наада. Матвей Евсеев холобура да ону туоһулуур. Онон саха ыччата инженернэй-техническэй үөрэҕи, идэни хайаан да баһылыахтарын наада.
-Дойдугар өссө хаһан кэлэ сылдьар былааннааххын?
-Ыҥырыы элбэх. Баҕа санаам баһаам, сүһүөх уйуон эрэ наада. Дойдубуттан бу сырыыга астынан, дуоһуйан баран эрэбин. Дьон өйө-санаата уларыйбыта илэ көстөр.
-Махтал, Иоганн Егорович, этэҥҥэ сылдьаргар, аны да сахаҥ дьонугар өй-санаа саҕа сылдьаргар баҕарабыт!
***
Афанасий МАХАТЫРОВ, бизнесмен
Манан даҕатан, Иоганн Максимов Саха сиригэр айанын уйуммут, тэрийбит киһиэхэ Афанасий МАХАТЫРОВКА, “Хоту тент” компания салайааччытыгар, махтанабыт. Норуотугар туһалаах бизнесменнэр бааллара киһини олус үөрдэр.
***
Кэпсэттэ Туйаара НУТЧИНА,
Aartyk.Ru
|