Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Муус устар » 4 » Сахалыы эмтиир киин КӨМҮС УОРАҔАЙА аһылынна
Сахалыы эмтиир киин КӨМҮС УОРАҔАЙА аһылынна
10:28
Сахалыы эмтиир киин КӨМҮС УОРАҔАЙА аһылынна

    Сонуннар    01.04.2022 11:30    7404
 Дьокуускай куорат хабыллар хаба ортотугар, бааһынай ырыынагын аттыгар, Лермонтов уулусса 60-с дьиэтигэр, сахалыы сиэринэн, былыргы өбүгэлэрбит туттар ньымаларынан, кинилэр утумнарын удьуордаан, ону сайыннаран уонна кэлэр көлүөнэ кэнчээри ыччата доруобай, чэгиэн буоларыгар туруулаһан, сахалыы эмтиир Киин арыллан үлэтин саҕалаата.

Манна кэлбит ыарыһахтары үрдүк категориялаах быраас-хирург, травматолог, норуот мэдиссиинэтин бэрэпиэссэрэ, сахалыы эмтээһини дэгиттэр баһылаабыт, уопуттаах быраас Григорий ПОПОВ, маны тэҥэ кини уола, хирург-травматолог Эрхан ПОПОВ уонна подолог идэлээх Ксения ПРОХОРОВА сахалыы сиэринэн сайаҕастык көрсөллөр, эмтииллэр, сүбэ-ама биэрэллэр.

Бу кииҥҥэ тугу эмтииллэр эбитий? Өбүгэ ньыматынан хаан­нааһын, түөннээһин, илбийии, отоһуттааһын. Маны тэҥэ хаан баттааһына, сүрэх-тымыр ыарыыта, сис, илии-атах сүһүөхтэрэ, хамсык ыарыы (Covid-19) кэнниттэн хаан хойдуута, тирии ыарыылара (псориаз), о.д.а. Билиҥҥи ба­лаһыанньаны учуоттаан, ыары­һахтары эрдэттэн суруйан көрөллөр-истэллэр.
* * *

Дьэ, ити курдук, ааспыт субуотаҕа Сахалыы эмтиир киин аһыллыытын сэргэҕэлээн, ааҕааччыларбар тиэрдэр сыаллаах-соруктаах, анаан-минээн бара сырыттым. Киирэ түһээти кытта, аныгылыы сиэринэн киирбит киһини көрсөргө аналлаах миэстэҕэ (ресепшен) чу­га­һыыбын. Хараҕым тута Ньыыкан кырдьаҕас мэтириэтэ ыйанан турарыгар хатанар. Бу аата, чахчы даҕаны, алаас салгынынан сайа охсор ытык сиргэ киирбиппин кэрэһилиир. Байбарылаах былааччыйалаах далбар хотуттар сэгэлдьийэ хаамсаллар. Олох дьикти, ураты эйгэ... Тута сэргэхсийэ түстүм, наадалаах сирбэр кэлбиппин эппинэн-хааммынан биллим. Ырааппыт даҕаны эбит, дьон-сэргэ ортотугар дьэгдьийбэтэх, сахалыы сыты-сымары ылбатах, күө-дьаа кэпсэппэтэх... Саҥа уораҕай малааһыныгар үтүө санаа бачыымын өйөөччү үгүс киһи тоҕуоруһа мустубут.

Сахаҕа былыр, мэдиссиинэ күүскэ сайда илигинэ, дьон-сэргэ норуот эмчиттэрин итэҕэйэрэ, сүгүрүйэрэ, билигин даҕаны убаас­тыыллар, итэҕэйэллэр.

Саҥа киин арыллыытын, арыылаах алаадьынан, дьөһө­гөй сиэлинэн, СӨ Дархан этээччитэ, Сунтаар улууһуттан кэлэ сылдьар, Бүлүү улуустарын дарханнарын дархана Михаил Евсеев-Кураһаай Мэхээлэ “Туймаадабыт туонатыгар саха хаан аймаҕа сарсыҥҥытын кэҥэтэр, үйэлээҕин тобулар үтүө­кэн бэйэлээх көмүс уора­ҕайа аһылынна” диэн алҕаан, арчылаан, аал уотун оттон арыйда.

* * *

Үрдүк категориялаах хирург-быраас, норуот мэдиссиинэтин бэрэпиэссэрэ, уҥуох тутааччы, отоһут Григорий Попов өбүгэлэрбит төрүт былыргыттан туттар, сүөһү муоһу­нан хаанныыр ньымаларын ба­һылаабыт саха эмчитэ. Кини норуокка биллэр эмчит Ньыыкан кырдьаҕас туттар ньыматынан 30-тан тахса сыл үлэлээн кэллэ. Бэйэтэ этэринэн, ыарыы төрдүн-төбөтүн үгүс сыл устата кэтээн, чинчийэн көрөр. Ол курдук, ордук сүрэх-тымыр, хаан баттааһыннаах, сис, сүһүөх ыарыылаах дьону эмтээбитэ ырааппыт. Өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарын кэрийэн ыарыһахтары эмтиир, сүбэ-ама биэрэр кэтэһиилээх эмчиттэрэ буолар. Саамай табыллан эмтиир ньымата, хайысхата – хааннааһын. Григорий Попов өбүгэтин ситимин иҥэриммит, ону тутуһа сылдьар эмчит буоларын кинини кытта кэпсэтииттэн өйдүүгүн.

Григорий Попов: “Хаан­наа­һын киһиэхэ туох даҕа­ны куһаҕан дьайыыны оҥор­бот. Эдэр киһи хаана, сырдык, убаҕас, тыган олорор буолар. Онтон сааһырбыт киһи хаана хойуу, сыстаҥнас”.

Григорий ПОПОВ, үрдүк категориялаах травматолог быраас, хирург, Арассыыйа норуодунай мэдиссиинэтин бэрэпиэссэрэ:

– Норуот мэдиссиинэтинэн 90-с сыллартан саҕалаан дьарыктаммытым. Онон, 30-ча сыл араас хайысханы хасыһан, ньымалары үөрэтэн, дакаастаан, өбүгэлэрбититтэн кэлбит ньыманы билиҥҥи олоххо сы­һыа­ры тутан, бу Киин арынан, үлэлээн саҕалаатыбыт. Быйыл өрөспүүбүлүкэбит тө­рүт­тэммитэ 100 сылын туолар. Бу кэм устата саха мэдиссиинэтэ диэн суоҕун кэриэтэ. Онон, мин бу сүҥкэн күҥҥэ-дьылга сахам норуотугар бэлэҕим буолар. Бэйэм Нам улууһун Хатырыгар төрөөбүтүм. Биир дойдулааҕым М.К. Аммосов үйэ анараа өттүгэр өрөспүүбүлүкэ ыстаатыһын И.В. Сталинтан ылбыта.

Былырыын муус устар 22 күнүгэр Москуба куоракка норуот эмчиттэрин бэрэсидьиэнэ В.В. Егоровка саха норуотун мэдиссиинэтин дакаастаабытым. Онно бара сылдьан, норуот эмчиттэрин Кэнгириэстэригэр кыттаммын, дакылаат аахпытым. Кини миэхэ бэрэпиэссэр аатын, мэтээлин туттарбыта уонна “Саха норуот мэдиссиинэтин атаҕар туруор” диэн өйөөбүтэ.

* * *

к копия

Федот ТУМУСОВ, Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата, доруобуйа харыстабылыгар кэмитиэт бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччыта:

– Судаарыстыбаннай Дуума доруобуйа харыстабылыгар кэмитиэт иһинэн норуот мэдиссиинэтин эспиэрдиир сэбиэтэ баар. Мин ол кэмитиэт салайааччыта буолабын. Арассыыйа таһымыгар норуот мэдиссиинэтэ, традиционнай мэдиссиинэ сайдыытыгар сокуон өттүнэн сөптөөх буоларыгар үгүс үлэ-хамнас барар. Профилактика, реабилитация уонна эмтээһин өттүгэр норуот мэдиссиинэтэ баар буолуохтаах уонна бөҕөргүөхтээх диэн санаалаахпын.

Бүгүҥҥү сааскы, ылааҥы күҥҥэ кэлэн кыттарбыттан сүр­дээҕин үөрэбин. Бу Саха мэдиссиинэтин киинэ аһылларын туһунан Арассыыйа Федерациятын таһымыгар билэллэр уонна сэҥээрэллэр. Ол курдук, Арассыыйа Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтиттэн уонна мин үлэ­лиир доруобуйа харыстабылын кэмитиэппиттэн эҕэрдэ суруктар кэллилэр. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит быйылгы улахан уратыта судаарыстыба буолбуппут 100 сылын туолар. Маны сэргэ доруобуйа харыстабылыгар үгүс үлэ-хамнас ыытыллар. Ол курдук, бу сотору кэминэн кардиологическай киин үлэҕэ киириэхтээх. Онкология киинин тэрийии үлэтэ-хамнаһа бүтэн эрэр.

Биһиги норуоппутугар бы­лыр-былыргыттан дьону-сэргэни эмтиир араас ньыманы баһылаабыт эмчиттэр, ото­һут­тар бааллара, билигин даҕаны бааллар. Араас кэмҥэ кинилэр күүстэрэ-уохтара дьону-сэргэни эмтээн-томтоон кэллэҕэ. Мин өйдүүрбүнэн, 21-с үйэҕэ киирэн баран бу – бастакы Киин. Онон саҕалааһын быһыытынан, бу киин аһыллыбыта улахан суолталаах. Саха сирин олохтоохторо манна кэлэн доруобуйаларын тупсарыахтара, туруктарын күүһүрдүөхтэрэ диэн эрэлбит улахан. Маннык киин баар буоллаҕына уонна инникитин өссө даҕаны элбээн истэҕинэ, норуот эмчиттэрин үлэлиир ньымалара күүскэ тар­ҕанан, дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаах буолуоҕа.

* * *

120 кв.м иэннээх, элбэх кэбиниэттээх, сүрдээх ыраас, тупсаҕай оҥоһуулаах Киин кэлбит киһи болҕомтотун тардыан тардар. Ыалдьыттары Григорий Гаврильевич үлэлиир кэбиниэттэринэн батыһыннара сылдьан көрдөрдө, билиһиннэрдэ уонна: “Туйах хатарааччы уолум Эрхан Григорьевич үлэлээн, салҕаан барарыгар эрэнэбин”, – диэн санаатын үллэһиннэ.

Уоллара Эрхан Григорье­вич Свердловскайдааҕы юридическай академияны үөрэнэн бүтэрэн, “төрөппүттэрим ту­йаҕын хатаран быраас буолар эбиппин” диэн үтүө санааны ылынан, ХИФУ мэдиссиинэ институтун үөрэнэн бүтэрэн, быраас идэтин баһылаан, дьонун кытта тэҥҥэ үлэлээн эрэ­рин хайгыы иһиттибит. Эдэр киһи быһыытынан сахалыы эмтэнии ньыматын аҕа­тыттан иҥэринэн, толору ба­һы­лаан, бу киин салайааччытынан үлэтин саҕалаабыта үөрдэр. Маны этэн эрдэхтэрэ “Утум уостубат, удьуор сал­ҕанар” диэн. Онон, Эрхан Григорьевич төрөппүттэрин үтүө үгэстэрин салгыа, олоҕун мэдиссиинэҕэ аныа диэн эрэ­ниэҕи баҕарыллар.

АСТААХ ОСТУОЛ 2

* * *

Манна “подолог” диэн сорох-сорохтор саҥа истэр идэбит баара соһутта. Дьэ, тугу эмтиир эбитий подолог? Бу саҥа баар буолбут сэдэх идэ эбит. Киһи барахсан саҥа бастакы хардыыны оҥорон хаамар буолуоҕуттан үйэтин тухары атаҕын тилэҕэ элэйиэр диэри хаамар сүрүн чааспыт – тилэхпит буолар. Ол тилэхпит чэгиэн буоларын туһугар манна сахалыы эмтэнии киинигэр К.В. Прохорова анал кэбиниэт үлэлэтэн эрэр. Онон, сахалыы эмтэнии сонун хайысхатын инникитин даҕаны салгыы билсиэхпит, кэпсиэхпит турдаҕа.

* * *

Григорий Попов: “Аһы­лыкпыт барыта суолталаах, анабыллаах, хас биирдии уоргаҥҥа анал дьайыылаах буолар. Саахар сүрэххэ, сүрэх мөхсөрүгэр наадалаах. Эт, балык аһылыктар – быччыҥҥа, ол улаатарыгар. Килиэп киһи ис туругар сылааһы биэрэр”.

Билигин тас дойдуттан киирэр эмп-томп сааҥсыйаланан турар кэмигэр, саха норуота бэйэбит сахалыы оппутун-маспытын өйдөөн көрөн, ону туттан эмтэнэр кэммит кэлбитин Ийэ айылҕабыт сипсийэр. Бэйэбит айылҕабытыгар үүнэр тиит, бэс, хатыҥ мастарбыт, күөх хонууга чэчирии, наскыйа тыллар сибэккилэрбит “биһигиттэн күүстэ-уохта ылыныҥ эрээ-ээ” диэн, наскылдьыһа үүнэллэрин, сайаҕас санаалаах саха норуота өйдүүр кэммит кэллэ бадахтаах...

Дьэ, ити курдук Дьокуускай куорат килбэйэр киинигэр сахалыы эмтээһин Киинэ саха норуотун үөрүүтүгэр арылынна. Үтүө сүбэнэн-аманан туһанааччы, олох кэрэ киэлитигэр иккиһин эргиллээччи өссө элбиэ турдаҕа. Григорий Попов сахалыы эмтиир ураты кыаҕын, күүһүн итэҕэйэр дьон үгүс. Бастакы эмтэнии кэнниттэн тута төбөлөрө чэпчиир, харахтара сырдыыр, олоҕу көрүүлэрэ уларыйар. Онон, бу саҥа уораҕай сырдык олох салаллар үтүө мааны түһүлгэтэ буолуоҕа. Манна киһи этин-сиинин уларыйыытын, ыарыы төрүөтүн быһаарыахтара. Григорий Гаврильевич аныгы билими кытта төрүт сатабылы дьүөрэлээн, улуустары кэрийэ сылдьан төһөлөөх киһиэхэ көмөлөспүтүн ааҕан сиппэккин. Билигин кини кыаҕар, сатабылыгар наадыйааччылар биир сиргэ кэлэн көрдөрүнэн, эмтэнэн барар кыахтаннылар.

Бу кииҥҥэ эмтэнэ кэлбит хас биирдии ыарыһах үтүөрэн, үөрэн-көтөн барарыгар баҕа санаа бастыҥын аныыбыт. “Уоттаах харахтаах утары көрбөтүн, татаар тыллаах таба эппэтин диэн, сахалыы сиэри-туому өрө тутан, куйах гынан, өбүгэ үгэһин тутуһан, кинилэр өйөбүллэринэн үүнэн-сайдан иһиҥ, үлэҕит-хамнаскыт сити­һиилээх буоллун”, – диэн, Дархан этээччи Кураһаай Мэхээлэ алгыстаах тылынан суруйуубун түмүктээтэҕим буоллун.

Саха киһитин этигэр-хааныгар, өйүгэр-санаатыгар, кутугар-сүрүгэр чугас сахалыы эмтиир Кииҥҥэ көрдөрүнүҥ, эмтэниҥ, чөл туруктаах буолуҥ!
Сахалыы уораҕай аһыллыытыгар сырытта
Саргылаана БАГЫНАНОВА.
Category: здоровье | Views: 3811 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 9
Ыалдьыттар (гостей): 9
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024