Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Ыам ыйа » 24 » ДЬИҤНЭЭҔИНЭН КӨРҮӨХХЭ!
ДЬИҤНЭЭҔИНЭН КӨРҮӨХХЭ!
09:22
ДЬИҤНЭЭҔИНЭН  КӨРҮӨХХЭ!
           
                                 Анатолий Игнатьевич уонна Диана Васильевна Чомчоевтар тустарынан Республика араас хаһыаттара хас да сыл устата салгыбакка суруйан ахан биэрдилэр. Кинилэр тустарынан киһи билбэтэ суоҕун да кэриэтэ. Анатолий Игнатьевич Ил Түмэн бастакы быыбарыгар бастакы туурга эрэллээхтик  бастаан дьокутаат буолбута. Ол – талбыт дьон итэҕэйиилэрин туоһута буолуо. Кэлин Кэҥкэмэҕэ сир ылан, сыра бөҕөнөн, дьиэ-уот туттан олорбуттара. Таах олорботохторо:  икки биир санаалаах дьон - Диана Васильевна саха ынаҕын пропагандатынан, Анатолий Игнатьевич аҥаардас атом алдьатыытын буолбакка,  атомтан куттала суох барыыстаах энергияны ыларга үлэнэн дьарыктаммыттара. Биллэн турар, былааска эбэтэр, таах хамнас эрэ ыла  олорор учуонай эйгэҕэ кинилэри сэргээччи суоҕун кэриэтэ.   

                                    Кэҥкэмэҕэ дьон бөҕөтө тиэстибитэ, лекцияны да истибитэ, ону хаһыат арааһа сырдаппыта. Үтүө айылҕалаах да буоллар, куораттан биэс көстөөх сиргэ олорорго үгүс уустуктар баалларын туһунан хаһыаттар суруйаллара. Олорго киһилии сибээс суоҕа, суһал көмөнү ыҥырыы олус уустуга, о.д.а. проблемалар ахтыллар этилэр. Хайҕатыан иһин, Анатолий Игнатьевич биир кэмҥэ үлэлэспит дьокутааттара, араас учуонайдар итини билэллэрэ, тиийэн ыалдьыттаан, сынньанан төннөллөрө.                                                                                                    

                                             Онтон дьэ бу алдьархай!  Хаһыат барыта өрүсүһэ сылдьан суруйда.   Дьокутааттар Голоморева, Христафорова баар буола охсубуттар. Чомчоевтар урукку проблемаларын хаһыат барыта сырдаппыта, оттон кинилэр ол саҕана ханна сылдьыбыттарай?  Эрэллээх сибээһинэн хааччыйар туһунан толкуй киирээхтээбэтэх эбит. Кыаллар да суол эбит да Любомир Михайлов  Афанасий Ноевка этии киллэриэр диэри былаас кыһаллыбатах, болҕомтоҕо ылбатах. 

                                      Буолар буолбутун кэннэ Кэҥкэмэҕэ киһи барыта мустубут. Ол туһунан араас хаһыат толору. Олорбут холомолорун көтүрэ охсубуттар, саҥа холомо тута охсуохтаахтар үһү.  Хомуньуустуу субуотунньук!  Араас эрэннэрии!            

                                         Мин саамай кэлин Маай бырааһынньыгын эрэ иннинэ кинилэргэ тахса сылдьыбытым. Туох аанньа буолуой:  Анатолий Игнатьевич хараҕа, кулгааҕа, иһэ-үөһэ, илиитэ-атаҕа мөлтүүрэ, оттон Диана Васильевна хаанын баттааһына эҥин курдуктар сааһырбыт дьонтон арахсыбат аргыстар буоллаҕа. Научнай үлэ суруйабыт дии олороллоро, кэлэр көлүөнэҕэ анаан. Биһиги дойдубутугар, бу үйэҕэ, ким ол эһиги үлэҕитин аахайыай, хайа былаас дуу, наука тойоно дуу болҕойо  сатыа дуо диэбиппин ылыныах бэйэлээхтэр буолуо дуо, кэлэр көлүөнэ туһаныа дииллэр. Куораккытыгар көһөн күккүрээн киириҥ диэбитим эмиэ баара. Саха ынаҕа үтүөтүн дакаастаатыгыт, атом туһунан квартираҕа да олорон мөккүһүөххө сөбө буолуо диэн.                                                                                       

                                     Саха сирэ хоруупсуйа, бандьыыттааһын уйата буолбута ыраатта. Аҥаардас “Криминальная Якутия” хаһыаты арыйыҥ эрэ, онно барыта сурулла сылдьар, ханна ким тугу уорбута, өлөрбүтэ,  о.д.а.  А.Чомчоевы Росгвардия киһитэ, молдованин өлөрө сатаабытын туһунан баара. Манна омугунан араарсыы сөбө суох, саха бандьыыттара кимтэн да итэҕэһэ суохтара биллэр суол. Оттон Росгвардия “Биир ньыгыл Арассыыйа” политическай партия “төрөппүт оҕото“, бэйэтин көмүскэтээри дииллэр.  Ити партия эрэллээх чилиэнэ Голомарева партиятыттан ыйытыан наада, тоҕо бу Росгвардиябыт дьону өлөрө сатыырый диэн.           

                                         Александр Габышевы 50 куйахтаах, бастыҥ сэбилэниилээх Росгвардия эрэттэрэ туппуттарын  өйдүүбүт, умна иликпит, итинниги умнар уустук. Росгвардия байыаһа, хас да хонон баран “өйдөөн кэлэн”,  Габышев батыйатынан охсон буутун этин бааһырпытын туһунан кэпсээбитин дьон итэҕэйбэтэҕэ. Били ИДЬМ миниистирэ, преступник Стахов итириктээн дьонун кытта охсуһа сылдьан дуу, куҥ этигэр быһах суоллааҕын олохтоох эбээннэргэ түһэрэ сатаабытын дьон эмиэ итэҕэйбэтэҕэ. 

                                      Мин бэркэ билэр ветеран юриһым: “Чомчоев дьыалатыгар холуобунай дьыала тэрийэллэригэр ыстатыйаны сыыһа көрбүттэр, дьиҥинэн “өлөрүүгэ холонуу” ыстатыйаны тутталларын тумнубуттар, куоттарыыга барыы көстөр” - диэбитэ. Общественность, аҥаардастыы күүркэтиинэн эрэ муҥурдаммакка, буруйдаахтары куоттара сатыылларын хонтуруолга ылара буоллар.                                                              

                                            Бэйэм өттүбүттэн санаам:  республикаҕа күлүгээн, бандьыыт ахсаана элбээн иһэр. Росгвардия кинилэри уодьуганныырын оннугар бэйэбитин тута, өлөрө сатыыр. Чомчоевтары куоракка көһөрөр наадатын өйдүүргэ уолдьаста. Ол кинилэр айа сатыыр наукаларын ким да өйүү, өйдүү, сэргии сатыа суоҕа. Кэлэр да көлүөнэ онно наадыйыа биллибэт.


            Саат- суут Росгвардияҕа!  Саат- суут “Биир ньыгыл Арассыыйаҕа!  Саат-суут Республика салалтатыгар! Саат- суут Ил- Түмэн дьокутааттарыгар!  Саат-суут билиҥҥи систиэмэҕэ!

          Иван БУРЦЕВ,  1989 с. РСФСР Үрдүкү Сэбиэтигэр дьокутаакка кандидат А.И. Чомчоев итэҕэллээх киһитэ.     20.05.2022 с.
 
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 3323 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ыам ыйа 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 30
Ыалдьыттар (гостей): 30
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024