УОЛАТТАР, МАЛАДЬЫАСТАР!
Олох ирдэбилэ дуу, дьылҕа дук гыныыта дуу – кэлин кэмҥэ хас да киинэ оҥоһуллан дьону толкуйга түһэрдэ. Сэбиэскэй саҕана киргизтэр,
үксүгэр улуу суруйааччылара Чингиз Айтматов айымньыларынан,бэртээхэй киинэлэрин көрөн астынарбыт, ордук саныыр этибит. Билигин
бэйэбит оҕолорбут кистии, мэлдьэһэ сатыырбытын тиэрэ тардан таһаарардириҥ ис хоһоонноох киинэлэри айар буоллулар.
Итилэртэн сорохторун ыллахха - “Хара хаар”, “Вертолет”, “Пугало”, эбэтэр “Дьулуур” курдуктар ама киһини долгуппат үһүлэр дуо. Билиҥҥи кэми,
бу күн буола турары хайдах баарынан, тупсарбакка көрдөрөллөрүнэн киһиниабылыыллар. Манна абардар, кэлэтэр, эбэтэр үөрдэр барыта баар. Киинэлэр
оннооҕор сайдыылаах омуктар идэтийбит кириитиктэрин биһирэбиллэринылбыттара, үгүс бириискэ тиксибиттэрэ мээнэҕэ буолбатах дии саныыбын.
Сайдыылаах дэнэр 21-с үйэҕэ олоробут. Өрөспүүбүлэкэбит 100 сааһынбэлиэтээтибит. Биир үйэ ааһа охсубут. Ол тухары тугу ситистибит? Итини бу
киинэлэр кырдьыгынан көрдөрөллөр. Ойуунускай, Аммосов, Барахов,Аржаков, Окоемов уонна онтон да үгүстэр, ама, бу олоҕу аҕалаары өлө-
тиллэ охсуспуттара, ыра санаа оҥостубуттара, түмүгэр репрессияламмыттара,ытыллыбыттара дуо? Кинилэр кэннилэриттэн аҕаларбыт, эһэлэрбит ньиэмэс
фашистарын утары сэриигэ бу олоҕу аҕалаары сэймэктэммиттэрэ, киһиаҥаара, чиэппэрэ буолан эргиллибиттэрэ дуо? Японияҕа Манньыаттаах уола
саллаат уолбутун көрсүбүтүгэр гастронома баарын-суоҕун сураспыт этэ. Баар,турар диэбитигэр: ”Пахай, аныаха диэри улаханнык сайда илик эбиккит”, -
диэбитэ үһү. Ол 80-ча сыллааҕыта буолуо.
Ол улуу киһи гастрономун динамит күүһүнэн нэһиилэ көтүрбүттэрэуонна правительство дьиэтин туппуттара. Онно олорор салалта дьаһалын,
үлэтин түмүгүн үөһээ ахтар киинэлэрбит көрдөрөллөр. Мин киинэлэри ырытабарбаппын, балары уу хараҕынан көрүөххэ уонна дууһаҥ нөҥүө аһаран сыана
быһыахха наада. Бу кэлэн иһэр быыбардар иннилэригэр ити хайаан да наада.Улуустартан спортивнай күрэхтэһиини тугу да быраҕан туран көрө кэлэллэр,
бу да сырыыга кэлэн киэҥ экраҥҥа киинэлэри көрөр наадалаах. Быыбаргадьаабыланыы бөҕөтө буолуо, хайдах курдук “сайдыбыппытын”, тупсуубут
“балысханын” кэпсии-ипсии тиийиэхтэрэ, эрэннэрии арааһа, албын-түөкэйсаҕаланыа, “кэрэ олох” ойууланыа. Кырдьыгынан кэпсиир кандидаты
көрүөххүт суоҕа, биир эмэ баар да буоллаҕына бу киинэлэри көрөиликкитинэ кинини таларгыт уустук буолуо.
Оттон саҥалыы көрүүлээх, кырдьыгы кэпсиир киинэлээх уолаттарбытынинникитин да ситиһии арыаллаатын диэн алҕаатаҕым буоллун!
Иван БУРЦЕВ 06.08.2022 с.
|