Сайдыы аан дойдуга ыллар хардыынан барар. Арай биһиги, россияннар, ону сайыһа эрэ көрөр курдукпут. Чэ, “не будем о грустном”. Саатар омуктарга ымсыыра түһүөҕүҥ.
Инжиниринг специалистара. Инжиниринг – инженернэй-консультационнай өҥө. Бу идэни төрүт уус – “потомственнай технарьдар” эрэ талбаттар, прогресска сыһыаннаах дьон эмиэ талаллар. Стройиндустрия уонна производство автоматизациятын сайдыыта олус түргэтээтэ. Бу идэҕэ техническэй английскай тылы билэр наада, онон омуктуу билэриҥ үчүгэй. Аныгы үйэҕэ технология сайдан, араас өҥөнү оҥорор инженердэр наадалар.
IT-специалистар. Быһата, информационнай технологиялар специалистара – IT (ай-ти). Планшеттары, смартфоннары уо.д.а. араас гаджеттары оҥорууга үлэлиир дьон олус наадалар. IT-специалистар араас приложениелары туттан үлэлииллэр. “Google” эбэтэр “Microsoft” программалар билиҥҥи үйэҕэ олус наадалар. Эдэр ыччат маннык хайысханы сэргиир.
Быраастар. Киһи доруобуйата наар чөл, туйгун буолбат. Баҕарбатаҕыҥ да иһин хаһан эмит ыалдьаҕын. Ол иһин былыргыттан бу идэ олус наадалаах. Киһи доруобуйаны харчыга кыайан атыыласпат, ол иһин быраастарга наар сылдьыаххын баҕарбат буоллаххына доруобуйаҕын эрдэттэн көрүммүтүҥ ордук.
Туризм эйгэтин үлэһиттэрэ. Киһи барыта хаһан эмэ ханна эрэ айанныан, аан дойдуну көрүөн баҕарар. Ол иһин туризм диэн омук сиригэр олус сайдыбыт эйгэ. Специалистар туристическай агентствоҕа, гостиницаларга эбэтэр гидинэн үлэлииллэр, араас дойдуларга туох баарын, ханна барыахха сөбүн сүбэлииллэр. Бу идэ билиҥҥи бириэмэҕэ олус актуальнай, наадалаах. Маннык үлэҕэ омук тылларын үчүгэйдик билиэххэ наада.
Логистар. Табаар, бородууксуйа уонна араас мал-сал – материальнай сыаннастар хайдах тиэрдиллэллэрин салайар үлэһиттэр. Компьютерынан айаны, суолу-ииһи ааҕаллар, партнёрдары көрдүүллэр уо.д.а.. Аныгы үйэҕэ бу идэ эмиэ наадалаах буолбут эбит. Ол гынан баран, логистикаҕа киирсэр буоллаххына экономиканы үчүгэйдик билиэххин наада.
Экологтар. Аан дойдуга экология билигин соччо үчүгэйэ суох, тоҕо диэтэххэ эҥин араас бөхтөр, дьааттаах тобохтор наһаа элбээбиттэр. Төһөнөн сайдыы барар, оччонон кутталлаах тобохтор элбии тураллар. Онон экологтар билиҥҥи үйэҕэ наада буолбуттар.
Химиктэр и энергетиктэр. Айылҕа ресурсаларын эмиэ сатаан туттуохха наада. Онон химиктэр уонна энергетиктэр дьарыктаналлар. Химическэй састааптаах ресурстары сэрэнэн тутан-хабан үлэлээччилэр наадалар. Энергетиктэр сир энергиятын сатаан туттарга эмиэ үөрэхтээх буолуохтарын наада. Ити профессиялар билигин эмиэ наадалаах буолбуттар.
Нанотехнологтар. Эппиппит курдук, технология аныгы үйэҕэ сайда турар. Нанотехнология диэн эмиэ хаалсыбат. Билигин эҥин араас роботтар, автоматтар уо.д.а. киһи олоҕун олус чэпчэтэллэр. Ол гынан баран итини барытын оҥорон таһаарарга анал идэлээх дьон наадалар – нанотехнологтар. Бу идэ онон олус наадалаах.
Журналист, имиджмейкер. Журналистар билиҥҥи кэмҥэ эмиэ наадалар, тоҕо диэтэххэ пиар, информация, реклама олус актуальнайдар. Табаары, бородууксуйаны, араас өҥөлөрү рекламалыырга итинник үлэһиттэр наадалар.
Хаартыскаҕа: 1. Экологтар. 2. Нанотехнологтар.
Бэлэмнээтэ
Дмитрий СИВЦЕВ.