News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2022 » Атырдьах ыйа » 21 » УОЛАТТАР, МАЛАДЬЫАСТАР!
УОЛАТТАР, МАЛАДЬЫАСТАР! | 19:47 |
УОЛАТТАР, МАЛАДЬЫАСТАР!
Олох ирдэбилэ дуу, дьылҕа дук гыныыта дуу – кэлин кэмҥэ хас да киинэ оҥоһуллан дьону толкуйга түһэрдэ. Сэбиэскэй саҕана киргизтэр, үксүгэр улуу суруйааччылара Чингиз Айтматов айымньыларынан, бэртээхэй киинэлэрин көрөн астынарбыт, ордук саныыр этибит. Билигин бэйэбит оҕолорбут кистии, мэлдьэһэ сатыырбытын тиэрэ тардан таһаарар дириҥ ис хоһоонноох киинэлэри айар буоллулар.
Итилэртэн сорохторун ыллахха - “Хара хаар”, “Вертолет”, “Пугало”, эбэтэр “Дьулуур” курдуктар ама киһини долгуппат үһүлэр дуо. Билиҥҥи кэми, бу күн буола турары хайдах баарынан, тупсарбакка көрдөрөллөрүнэн киһини абылыыллар. Манна абардар, кэлэтэр, эбэтэр үөрдэр барыта баар. Киинэлэр оннооҕор сайдыылаах омуктар идэтийбит кириитиктэрин биһирэбиллэрин ылбыттара, үгүс бириискэ тиксибиттэрэ мээнэҕэ буолбатах дии саныыбын.
Сайдыылаах дэнэр 21-с үйэҕэ олоробут. Өрөспүүбүлэкэбит 100 сааһын бэлиэтээтибит. Биир үйэ ааһа охсубут. Ол тухары тугу ситистибит? Итини бу киинэлэр кырдьыгынан көрдөрөллөр. Ойуунускай, Аммосов, Барахов, Аржаков, Окоемов уонна онтон да үгүстэр, ама, бу олоҕу аҕалаары өлө-тиллэ охсуспуттара, ыра санаа оҥостубуттара, түмүгэр репрессияламмыттара, ытыллыбыттара дуо? Кинилэр кэннилэриттэн аҕаларбыт, эһэлэрбит ньиэмэс фашистарын утары сэриигэ бу олоҕу аҕалаары сэймэктэммиттэрэ, киһи аҥаара, чиэппэрэ буолан эргиллибиттэрэ дуо? Японияҕа Манньыаттаах уола саллаат уолбутун көрсүбүтүгэр гастронома баарын-суоҕун сураспыт этэ. Баар, турар диэбитигэр: ”Пахай, аныаха диэри улаханнык сайда илик эбиккит”, - диэбитэ үһү. Ол 80-ча сыллааҕыта буолуо.
Ол улуу киһи гастрономун динамит күүһүнэн нэһиилэ көтүрбүттэрэ уонна ол оннугар правительство дьиэтин туппуттара. Онно олорор салалта дьаһалын, үлэтин түмүгүн үөһээ ахтар киинэлэрбит көрдөрөллөр. Мин киинэлэри ырыта барбаппын, балары уу хараҕынан көрүөххэ уонна дууһаҥ нөҥүө аһаран сыана быһыахха наада. Бу кэлэн иһэр быыбардар иннилэригэр ити хайаан да наада. Улуустартан спортивнай күрэхтэһиини тугу да быраҕан туран көрө кэлэллэр, бу да сырыыга кэлэн киэҥ экраҥҥа ити киинэлэри көрөр наадалаах. Быыбарга дьаабыланыы бөҕөтө буолуо, хайдах курдук “сайдыбыппытын”, тупсуубут “балысханын” кэпсии-ипсии тиийиэхтэрэ, эрэннэрии арааһа, албын-түөкэй саҕаланыа, “кэрэ олох” ойууланыа. Кырдьыгынан кэпсиир кандидаты көрүөххүт суоҕа, биир эмэ баар да буоллаҕына бу киинэлэри көрө иликкитинэ кинини таларгыт уустук буолуо.
Оттон саҥалыы көрүүлээх, кырдьыгы кэпсиир киинэлээх уолаттарбытын инникитин да ситиһии арыаллаатын диэн алҕаатаҕым буоллун!
Иван БУРЦЕВ 06.08.2022 с.
|
Category: Люди. Человек. Народ. Общество |
Views: 1497 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 74 Ыалдьыттар (гостей): 74 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|