News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2022 » Балаҕан ыйа » 5 » БЫРААППАР АНААН АҔЫЙАХ ТЫЛ
БЫРААППАР АНААН АҔЫЙАХ ТЫЛ | 15:44 |
БЫРААППАР АНААН АҔЫЙАХ ТЫЛ
Ермолай Еремеевич Скрябин биир суруйуутугар И.Пономарев биһигини “убайдарым” диэн ытыктабыллаах тылларынан ахтыбыт этэ. Махтана санаабытым. Онон туһанан бырааппар аҕыйах тылы этэбин.
“Туймаада” хаһыаты Ермолай биһикки сөбүлүүбүт, харааныттан эҕэрдэлии көрсүбүппүт. Аһаҕаһын, ааптарга киһилии сыһыаннаһарын, сэнээбэккэ, өйдөөҕүмсүйбэккэ киһи санаатын “цензурата” суох таһааран иһэрин иһин. Ол ааптардар истэригэр Ермолай биһиги курдук араас санаалаах, өйдөбүллээх да баар аҕай буоллаҕа. Ол иһин ардыгар мөккүөр да тахсан эрдэҕэ. Оттон хаһыаппыт дьылҕата кытаатта. Ону бу бүрүүкээн турар систиэмэ үгүс хаһыаты, араадьыйа биэриитин саппытын, суруналыыстары ылҕаабытын көрөн билгэлиибит.
Биир убайа, өссө учуутала, И.Пономарев “Лааһар Оруоһун уонна “Туймаада” хаһыат ” диэн хомолтотун биллэрэр ыстатыйата “цензураны” ааһыталаан икки хаһыакка таҕыста. Бу ааптар гонорары ирдэспэт, төттөрүтүн хас биирдии ыстатыйатын пенсиятыттан 200-500 солкуобайы төлөөн компьютерга бэчээттэтэн ыытар. Тыа хаһаайыстыбатын, дьону көмүскүүр санаата оччо улахан. Иван Петрович улахан суруксут буолан сыл бастыҥ суруналыыһа аатырбыта, хаартыската Суруналыыстар сойуустарын стендэтигэр билигин да ыйанан турарын соторутааҕыта көрбүтүм. Ермолай учууталын ыстатыйатыгар “н” уонна ”ҥ” дорҕооннору бутуйбут 4 сыыһатын булбут. Мин буоллаҕына Иван Петрович “оттон” диэн тылы ”онтон” диэҥҥэ кубулутар диирим, итинтэн атын омнуолуурум кини суруйууларыгар суох. Омнуолуурум да саарбах, баҕар бэйэм сыыһарым буолуо. Хаһан эрэ Күннүк Уурастыырап “сурук бэлиэтин билиммэтин” туһунан оонньоон дуу, кырдьык дуу эппитэ баара. Амма Аччыгыйа ити Күннүккэ, доҕоругар “Сааскы кэмин” рукопиһын аахтарбытыгар 100-кэ алҕаһы булан көннөрбүтүн ахтыбыта. Улуу суруйааччыбыт Николай Якутскай айымньытын харатын доҕотторо элбэхтик көннөрөллөрүн туһунан кэпсээн эмиэ баара. ССТА курдук бөдөҥ таһаарыыга өр сыл үлэлээбит Д.Бубякины эмиэ элбэхтик көннөрөллөрө үһү. Хайдах саҥараҕын да оннук суруйуохха диэччи баара эмиэ биллэр. Ити проблеманы учуутал И.Оконешников быһаара, суруйа сатыыр курдук. Сыыстарарым дуу. Уопсайынан суруналыыс уратыта кини позициятыгар, суруйуутун ис хоһоонугар сытар диэн бүччүм санаалаахпын. “Баһылык онно барда, кэллэ, кими эрэ кытта көрүстэ” диэнинэн муҥурданар суруналыыс кыра репортер эрэ, дьиҥнээх суруналыыс буолбатах диэн дьону өһүргэтэр санаалаахпын.
Быраатым Ермолай “Туймаада” атырдьах ыйын 22 күнүнээҕи нүөмэригэр “Оннук дьонтон тугу булан ылаҕыт?” диэн ыстатыйатыгар учууталын И.Пономарев ыстатыйатын ырыппытын ити инники санаттым. Ыстатыйатын анныгар Оруоһун “Кураанаҕынан куолулаабыт” диэн, куруутун буоларыныы, куотунар, Пономаревы “самнарар” суруйуута баар. Ермолай бу сырыыга сүгүрүйэр Оруоһунугар албакааттыыр. Болдьоспуттар курдук. Лааһары кыайбат инигит диир. Ити киһини ким да кыайа сатаабат, онно наадыйбат. Оттон аҕа саастаахтара сиэрдээхтик сыыһатын этэ, суруйа сатаатылар. Ол иһигэр архыып докумуоннарыгар олоҕуран. Ньурбаттан Н.Николаев Лааһарга Сомоҕотто архыыба тиксибитинэн туһанар диэн суруйуута баар. Ол иһин Лааһар суруйуутугар “буолуо”, эбэтэр ”буолуохтаах” диэн тыл, саба быраҕыы үгүс, архыып докумуоннарын күнэ-дьыла, хайа фондата о.д.а. үксүгэр чуолкайа суох буолаллар. Миигин “башаринецтарга” холбообутуттан киэн туттуох санаам кэлэр. Миэхэ, историк буолбатах киһиэхэ, бу - улахан чиэс.
Төһө да мөккүөрдэр бу уустук кэмҥэ дьон сомоҕолоһуутугар туһата суохтарын иһин, Ермолайга, ылыннын-ылымматын, санаабын ситэри этэбин. Лааһарга мин киһиттэн истибиппин ааттаан-суоллаан, өйдүүр киһи өйдүүрүн курдук суруйабын да, ону өйдөөбөт, хаттаан суруйарга күһэйэр. Үөлээннээҕэ, биир дойдулааҕа В.П.Стручков мунньахха публикаҕа этиитин аҕалбытым. Виктор Павлович дойдутугар ытыктанар киһи буолара биллэр. Онно Лааһар элбэхтэ итириктээбитин, быраҕыллыбыт дьиэҕэ хоноро, үөрэҕин бырахпыта, барбах Сочига баран сынньанара, “дайды сахаларын кытта киирсэбин” диирэ этиллибитэ. Лааһар куттала суох, өлөн хаалбыт дьону “тиниктиирэ” , ама, сымыйа дуо? Донуоһу сөбүлээбэт киһи Айсен Николаев Ухханы националист диэн прокурор аатыгар донуос суруйбутун билэр да, ону ахтыа суоҕа, куттанар. Суох буоллаҕына күннүүрэ буолуо. Плагиаты абааһы көрөр курдук да, Е.Михайлова дьон суруйуутун устан ылан наука доктора буолбутун эмиэ билэр эрээри, ону суруйуо суоҕа, киһитэ тыыннаах, ол иһин. Ыча кыра, тыс кылгас буоллаҕа.
Дэлэҕэ, Доосо огдообото С.Федосеева Лааһар уочараттаах саба түһүүтүттэн абаран “Сиэгэн” диэн ыстатыйатын “Туймаадаҕа” бэчээттиэ дуо? Ыстатыйа “Туймаадаҕа” бэйэтигэр да утары курдугун иһин, таһаарбыта, бу - хаһыат биир уратыта. Степанида Николаевна ити иннинэ биир суруйааччы киһитин Доосону холуннарбытыгар эмиэ көмүскэһэн суруйбута. Анарааҥҥыта буруйун билинэн харда суруйбута. Манна даҕатан, эттэххэ “дьаарай башаринец” Е.Алексеев “Сыыстарбыппын” диэн ыстатыйата биир хаһыакка тахсыбыттаах. Оттон С.З.Борисовы ылан көрүҥ, кини үс классикпытын көмө сатаабыта сыыһатын, Башарин кырдьыгын билиммитэ эбээт, уурааҕын көтүттэрбитэ. Хорсун, чиэһинэй дьон итинник быһыыланаллар эбит. Лааһартан итинниги күүппэккин. Таарыйа өссө даҕатан этиим: биһиги дьахталларбыт бииргэ кырдьыбыттарын, холоонноох доҕордорун ханнык да түгэҥҥэ түһэн биэрбэттэрин, тиһэҕэр тиийэ бэриниилээхтэрин куруутун көрдөрөллөр. Хаарыаннаах дьону Федот Потаповы, эбэтэр Эрчимэни сымыйанан баһааҕырдыҥ эрэ, Зоя Багынанова уонна Харыстаана Кардашевская сөптөөх харданы биэриэхтэрэ. Барахсаттарга мин эрэнэбин.
Мин Лааһар өлбүттэри хоруоптарыгар сүгүн сытыарбатын утары элбэхтэ суруйбутум, ону Ермолай билэр. Лааһар кырдьыгынан этитэрин сөбүлээбэт, ол иһин өстүйэр. Холобур биир суруйуубун маннык түмүктээбитим наһаа кыйахаабыт буолуохтаах: ”Оруоһуттар “Собака лает, а караван идет” диэн тылы таптаан тутталлар. Мин оннооҕор түһээн көрөбүн: бүдүк-бадык соҕуска, дьэргэлгэн быыһынан тэбиэн каравана баран иһэр буолар. Ыраах да ыраах иннилэригэр туох эрэ сырдык көстөргө дылы. Саамай инники тэбиэннэргэ Алампа, Өксөкүлээх, Күлүмнүүр, Ойуунускай, Бараахап, Омуоһап, Аржаков, Башарин уонна кини үөрэнээччилэрэ олорон иһэр курдуктар. Ыттар сырса сылдьан үрэллэр, олорго сиэгэн кыттыспыт курдук. Бу кыыл истиэпкэ хайаан кэллэҕэй дии саныыбын. Караван ону ол диэбэт, биллибэт ыраахха, сырдык диэки барбытын курдук бара турар, эккирэтэ сылдьан үрэр ыттарга кыһаммат...”. Лааһары бу тыллар таарыйаннар сөбүлээбэт.
Лааһар “Туймаадаҕа” маннык тылласпыттаах, түргэн үлүгэрдик быһаара охсон кэбиспиттээх: ”Г.П.Башарины Ленинскэй бириэмийэҕэ, ССРС НА чилиэн-корреспонденын аатыгар, Социалистическай Үлэ Дьоруойугар түһэрэ сылдьыбыттара. Онно барытыгар аккаас биэрбиттэрэ. Тоҕо диэтэххэ, кини биир да боччумнаах үлэтэ суох ”. Көрдүгүт дии – “Башарин биир да боччумнаах үлэтэ суох!” Лааһар ону быһаарбыт. Маннааҕы учуонайдар Башариҥҥа ити үтүө аакка түһэртииллэрин утары Лааһар сүгүрүйээччилэрэ, Новосибирскай учуонайдара Горбачевка, Лукьяновка үҥсүү суруйбуттар, онтон путч буолан адьас да көрүллүбэккэ хаалбыттар. Дьэ, дьиҥнээх үҥсүү диэн бу буоллаҕа уонна Лааһар сымыйаччыта көстө түстэҕэ ити, ханнык да аккаас суох эбит. Бу тыллар халлаантан түспэтилэр, маны Н.Николаев “Саха сирэ” хаһыакка докумуоҥҥа олоҕуран суруйуутуттан ыллым.
Уопсайынан Лааһар аҕалтыыра барыта историктарга былыр үйэттэн биллэр, манна “Эмиэрикэни арыйыы” суох. Хас мунньахха мөккүспэтэхтэрэ баарай учуонайдарбыт. Сырыы аайы З.Гоголев өлүүтүн үрүт-үөһэ ахтыахтара, онно Г.Башарины буруйдуохтара. Оттон учуонай П.Докторов этэринэн, Гоголевы утары тыл эппит соҕотох Башарин буолбатах, “некоторые историки” эмиэ бааллар эбит.
Биир общественность кыттыылаах мунньаҕы өйдүүбүн. Онно Г.Башарин, кини сааһын тухары утарсааччыта (оппонена) Ф.Сафронов баара. Г.Башарин онно киниэхэ туһаайан маннык диэбитэ өйбөр хатанан хаалбыт: ”Бу Сөдүөт мин быраатым. Дьэ, биһиги сааспыт тухары элбэхтик мөккүһэн кэллэхпит, кырдьыгы була сатаан. Онуоха киһи омнуолуура суох дии саныыбын”, - диэн бэрт эйэ дэмнээх тыллары эппитэ. Биир итинник түмсүүгэ Е.Алексеев, мунньахха сылдьыбатаҕа өр буолбут, Сомоҕоттону ыҥырбыта. Сомоҕоттону арыалдьыттааччы мин сиэн быраатым, “Военное дело якутов” монография ааптара, эдэр историк Ф.Васильев этэ. Кини киһитин сиэтэн трибунаҕа таһаарбыта. Сомоҕотто репрессия эҥин туһунан тыл эппитэ. Кини сахалар хантан да кэлбэтэхпитин, манна үөскээбит норуот буоларбытын туһунан түөрүйэтин өйөөбөтөхтөр. Оттон сахалар тылбыт бары түүр норуоттарыгар Саха сириттэн тарҕаммытын туһунан этиитин учуонайдар саарбахтыыллар курдук өйдөөбүтүм. Сомоҕотто ону ылыммакка үҥсүүнэн элбэхтэ дьарыктаммыта дииллэрэ. Кырдьыгы этэрбин ылымматтар диэтэҕэ.
Ермолай уонна Лааһар улахан учуонай Н.Н.Тобуроков туһунан үчүгэй тылынан ахталлар. Мин кинини хаайылла сылдьыбыт доҕорум Э.Соколов биир айымньытыгар аан тылы наһаа иһирэхтик хайҕаан суруйбутун ааҕаат ытыгылыы санаабытым. Оттон биир сүгүрүйэр киһибит М.Алексеев – Дапсы Тобуроковтан кэлэйэн, хомойон суруйбута баара. Ону эмиэ түөһэбит дуо? Ол кимиэхэ нааданый? Миэхэ наадата суох! Эбэтэр Ермолай арыгы эмтиир сиргэ кыл мүччү тэбэспэтэҕин, аҕата иккитэ хаайылла сылдьыбытын ахтар. Маны эмиэ оруубут, билиигэ таһаарабыт дуо? Бу миэхэ, холобура, наадата суох. Сэриилэспитин, дойдутун, норуотун көмүскэспитин иһин бу Дьэрэмэйгэ сүгүрүйүөххэ наада!
“Айар”(уруккута “Бичик”) кинигэ кыһатыгар бэртээхэй кэлэктиип үлэлии-хамсыы сылдьар. Маны тэрийбит А.Егоровы уонна В.Луковцевы холуннара, була сатыы-сатыы баһааҕырдыбакка сүгүн үлэлэтиэххэ баара. Саха бэчээтин аар-саарга аатырдан ырааттылар, ону учуоттуохха.
Лааһар салгыы туох соруктааҕа дуу, сорудахтааҕа дуу буолла? “Лааһар диэтэх киһи кэлин тэнийэн суруйуоҕар, онто сонун, сэргэх суруйуу буолуоҕар” Ермолай эрэнэр. Б.Ойуунускай үс ойохтооҕун, сууттаммакка өлбүтүн, сууттаммыта буоллар дьиҥ иһэ арыллыахтааҕын, баҕар кырдьык дьоппуон үспүйүөнэ буолара биллиэхтээҕин туһунан таайтаран соҕус этии иһиллибитэ. Итини оруур сорук баҕар баара буолуо. Ойуунускайы Москваттан тарбахтара тоһута сынньыллыбыт, ачыкыта суох, көрбөт кэриэтэ (ачыкытын халыҥ хобулуктаах саппыкынан, сиэрэй хаатыҥка тилэҕинэн үлтү үктээбиттэрэ буолуо), хаҕа эрэ хаалбыт, “буруйун барытын билиммит” киһини, аҕалбыттара. Биһиги аныгы “историктарбыт” кинини Дьоппуон үспүйүөнэ оҥорботоллор ханнык... Ойуунускай аатын Орджоникидзе болуоссатыгар биэриини сорунуулаахтык утарбыттара туох эрэ сыаллаах буолаарай? Үгүс биллиилээх, ааттаах-суоллаах дьоммут туруорсуулара уонна кэлин 2000 илии баттааһына туһалаабатаҕа. Республика кылаабынай хомуньууһа В.Губарев илии баттаабыттары Украина националистарыгар холообута. Лааһар утарар санаатын биллэрбитэ, кини онтон хаалыа дуо?
Түмүккэ, “библиотекаҕа сылдьар, ол иһин өйдөөх уонна толлор, сүргүн баттатар” киһигиттэн Ермолай сэрэниэҥ этэ.Сэрии саҕана хачыкааттар саамай сөпкө “башаринецтары” дьууктаабыттара диэн суруйаарай. Оннук буолбатар үчүгэй этэ.
Иван Бурцев 03.09.2022 с.
|
Category: Люди. Человек. Народ. Общество |
Views: 1272 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 88 Ыалдьыттар (гостей): 88 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|