Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Балаҕан ыйа » 18 » Улуус баһылыктарын талыы быйыл хайдах ааста?
Улуус баһылыктарын талыы быйыл хайдах ааста?
17:18
Улуус баһылыктарын талыы быйыл хайдах ааста?  

    Бэлиитикэ        16.09.2022 12:57




Балаҕан ыйын 11 күнүгэр кэнники биэс сылга Саха сиригэр муниципальнай таһымнаах саамай улахан быыбардар буолан аастылар. Уопсайа 32 улууска 484 быыбар хампаанньата ыытылынна: 9 улуус, 189 нэһилиэнньэлээх пуун баһылыктарын талллылар (ол иһигэр 13 улуус киннин). Маны таһынан, 275 нэһилиэк уонна куорат бэрэстэбиитэллээх уорганнарыгар уопсайа 2765 дьокутааты таллылар (ол иһигэр 6 оройуон дьокутатааттарын Сэбиэтигэр).

Мэҥэ Хаҥалас

Мэҥэ Хаҥаласка 16236 быыбардааччы, ол эбэтэр 65,48% кытынна (уопсайа 24769 быыбардааччы баар). Улуус баһылыгар 8 хандьыдаат туруммута. 58,51% куолаһы ылан, Майа сэл. баһылыгынан үлэлии олорбут Дмитрий Тихонов эрэллээхтик кыайда. Дмитрий Иванович “Биир ныгыл” чилиэнэ, ол эрээри кинини баартыйата праймеризка туруорбакка, бэйэтин баҕатынан турарга күһэллибитэ. Кини сүрүн утарсааччыта, былаас баартыйатын праймериһын кыайыылааҕа, улуус баһылыгын солбуйааччытынан үлэлии олорбут Семен Семенович Потапов 37,81% ылла. Хомуньуустар туруорбут Ким Нестеровтара — 1,31%, “Гражданская платоформаттан” турбут Евгений Шарин — 53 куолаһы, ол эбэтэр 0,33% ылла. ЛДПР туруорбут Семен Стручкова 40 куолаһы хомуйда (0,25%), “сиэрдээх” Софрон Афанасьев — 38 куоластаах (0,23%), бэйэтэ баҕатынан туруммут Роман Егоров 32 куоластаах (0,20%).

Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын быыбардарын кэтээн көрүү быдан интэриэһинэй буолла. Бу өрөспүүбүлүкэ стратегическэй суолталаах улууһун баһылыгын талыыны Саха сирэ бары да кыраҕатык кэтээн көрдө. “Тихонов-Потапов” киирсиитэ быйылгы быыбардары сэргэхситтэ диэххэ сөп.

Быыбар буолуо ый аҥаара баарына, социологическай ыйытыкка бу икки сүрүн утарсааччы олох тилэх баттаһа испиттэрэ, эдэр киһи Дмитрий Тихонов олох кыранан баһыйар диэн көрдөрбүтэ. Потаповка улуус аксакааллара улаханнык үлэлэстилэр. Кинилэр “Старостин киһитэ хаалыахтаах” диэн бириинсибинэн өйөөтүлэр да, кыайбатылар.

Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтата бу быыбарга орооспото, кинилэргэ Тихонов да, Потапов да буолара син биир, иккиэн чахчы кыахтаахтар. Инньэ гынан, «дьон бэйэтин баҕатынан таллын» диэн буолла быһыылаах. Ол да иһин Мэҥэ Хаҥаласка классическай, чиэһинэй уонна аһаҕас быыбардар буоллулар диэн үгүстэр бэлиэтииллэр. Этэргэ дылы, ким хайдах кыахтааҕынан, киирсибитинэн түмүгү тутта.

«Икки тэҥ баайыылаах хандьыдааттан праймериз кыайыылааҕа Семен Семенович Потапов Дмитрий Ивановичка холоотоххо, быдан “харизмата суох” буолан кыайтарда» диэччилэр эмиэ бааллар. Дмитрий Тихонов быыбардыыр хампаанньатын “норуот хандьыдаата” диэн табыгастаахтык ыыппыта кыайыыны аҕалла. Семен Потапов, миниистир солуйааччытынан эҥин үлэлии олорбут буолан, быдан чунуобунньуктуу туттуулаах. Манна Өлүөхүмэҕэ 2019 сыллаахха баһылык быыбарыгар “Биир ньыгылтан” турбут Эдуард Кондратьев улаханнык кыайтарбытын өйдүү биэриэххэ сөп. Эдуард Владимирович эмиэ классическай чунуобунньук, харизмата суох буолан, быыбардааччы болҕомтотун тардыбатаҕа. Ол эбэтэр, «бу быыбардарга лиичинэс элбэҕи быһаарда» диэн түмүккэ кэлиэххэ сөп. Сорохтор “Потапов быыбардыыр хампаанньатын олус хойутаан ыыппыта” дииллэр, баһылык солбуйааччытынан үлэлии олорбут киһиэхэ “хойутаабыта” диир кыах суох.

Абый

Быйылгы быыбардарга хоту улуустар хоту улуустар былаас баартыйатын улаханнык өйөөччүлэр. Ол эрээри быйыл хамсааһын уларыйда. Ону Абый улууһун баһылыгын быыбара туоһулуур. Улууска быыбардааччы 49,02 % кытынна (уопсайа 3013 быыбардааччы баар). Икки киһи киирсибитэ – праймериз кыайыылааҕа Айдар Ефимов уонна баҕа өттүнэн туруммут Владимир Новиков. Владимир Вадимовиһы быыбардааччы 67,64%-на өйөөтө, оттон Айдар Михайловичка 30,84% куолас киирдэ.

Орто Халыма

“Биир ньыгыл” бу быыбардарга 3068 мандааттан 2,3 тыһ. тахса мандааты ылбытын туһунан суруйар. “Улуус баһылыктарын быыбардарыгар бииригэр эрэ кыайтардыбыт” дииллэр. Ол – Орто Халыма улууһун баһылыгар төрдүс төгүлүн туруммут Евгений Слепцов кыайтарыыта. Орто Халымаҕа быыбардааччы 49,50% кытынна (уопсайа улууска 5780 быыбардааччы баар). Кыайыылаах – “Полярные авиалинии” бортмеханигынан үлэлээбит, “сиэрдээх” (СРЗП) Иван Васильевич Лаптев 1404 куолаһы хомуйда (49,07%), оттон  Евгений Михайлович 1386 куолаһы ылла (48,44%). Евгений Слепцов балаһыанньата ыараабытыгар сыалай зампред Д.Д. Садовников “быыһыы” тиийбитэ да — туһалаабата, 18 куолас дьыаланы быһааран кэбистэ, билигин баһылык холуодьаһыттан ууну саҥа киһи амсайыаҕа.

Дьааҥы

Өссө үлэлии олорбут биир баһылык норуот итэҕэлин ылбата. Дьааҥыга быыбардааччы 56,92%-на учаастактарга кэллэ (улууска 8239 быыбардааччы олорор). 4 киһи киирсибитэ. Түмүккэ “ньыгыллар” туруорбут хандыдьааттара, улуус кылаабынай бырааһын солбуйааччы Владислав Иванов, 2424 (51,79%) куолаһы ылан, кыайыылаах таҕыста. Кини сүрүн утарылаһааччыта, баҕа өттүнэн туруоруммут, үлэлии олорбут баһылык  Гаврил Чириков, 2128 куолаһы хомуйда (45,47%). Социологическай ыйытыылар көрдөрбүттэринэн, Чириков балаһыанньата олох быстар мөлтөх эбитэ үһү. Ону Ил Дархан уонна Трутнев кэлэн барыылара «быыһаабыта» дииллэр. Дьааҥы баһылыгар АГИП үкчү Мэҥэҕэ курдук позицияны тутуспута. Владислав Иванов кыайыытыгар Дьааҥы улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ноговицына улахан өҥөлөөх дииллэр. Кини “АГиП Иванову өйүүр” эҥин диэн иһитиннэриилэри ыыппыта (ону АГиП билиммэтэҕэ). Баатаҕай баһылыгын быыбарыгар Егор Шестаков, баҕа өттүнэн туруорунан, “ньыгыл” Сергей-Дабаан Котельниковы 22 куолаһынан быраҕан, кыайыылаах таҕыста.

Ньурба

Ньурба улууһун баһылыгын киирсиитэ быйыл хаһааҥҥытааҕар да уратытык баран испитэ. Быыбар хампаанньата саҕаланыаҕыттан сорох хандьыдааттар араас интириигэ ыытан, сууттаһан эҥин, уопсайынан, эмиэ интэриэһинэй быыбары көрдөрдүлэр. Улуус 55,54% быыбардааччыта кытынна, 4 киһи киирсибитэ. Алексей Михайлович Иннокентьев, 6752 куолаһы ылан (68,09%), эрэллээхтик кыайда. Быыбар күн Алексей Иннокентьев төрөөбүт күнэ этэ, онон биир дойдулаахтара үчүгэй бэлэҕи оҥордулар. Ньурбалар баһылыктарын өйүүллэрин туһунан социологическай ыйытыылар көрдөрбүттэрэ, онон улахан соһуйуу да суох. Ньурба мээринэн олорбут Александр Иванов суутунан туоратыллыбыта. Кини электората бүлүтүөнү марайдаата дииллэр, Ньурбаҕа балай эмэ элбэх “дьиҥэ суоҕунан» ааҕыллыбыт бүлүтүөн баара. Ордук Александр Иванов төрөөбүт нэһилиэгэр Дьаархаҥҥа (55 бүлүтүөн). Уопсайынан, Александр Иванов салгыы киирсибитэ да буоллар, күнү-дьылы улаханнык уларытар кыаҕа суох эбит. Онон кинини кутталлаах оппонент да курдук көрбөтөхтөр. Иванов 30%-нын ылыа, оттон “сиэрдээх” Иннокентьев кыл мүччү кыайыылаах да тахсан хаалыан сөп диэн долгуйбуттара. Александр Иванову “сиэрдээхтэр” уһултарбыттара диэн бэлиэтиир наада. Иннокентьев Алексей Михайловиһы кытары биир араспаанньалаах буолан, дьон булкуйан талан да кэбиһиэхтэрин сөп этэ. Урукку быыбардарга биир тэҥ араспаанньалаах техническэй хандьыдааттар кыайбыт түбэлтэлэрэ бааллар этэ.

Үөһээ Бүлүү

Алексей Михайловиһы кытары ыаллыы улуус баһылыга Владимир Семенович Поскачин эмиэ эрэллээхтик салгыы биэс сыллаах болдьоххо олордо. Үөһээ Бүлүүгэ 62,56% быыбардааччы кытынна (11916 быыбардааччы олорор). Улуус баһылыгар 2 киһи киирсибитэ: Поскачин уонна баҕа өттүнэн туруоруммут Эдуард Гаврильев. Сэрэйдэххэ, быыбар буоллун эрэ диэн, техническэй хандьыдаат буолуон сөп, тоҕо эрэ атын баартыйалар бу улууска туруоруна сорумматылар. Владимир Семенович, 93,87% ылан, бу быыбардар рекортарын олохтоото.

Томпо, Ленскэй,Бүлүү

Томпо, Ленскэй улуустарыгар урукку баһылыктара оннуларынан хааллылар. Ленскэйгэ баҕа өттүнэн туруоруммут Жумарт Абильманов эрэллээхтик кыайда. Кини утарылаһааччыта, “ньыгыл”, куорат мээрэ Сергей Хорунов кыайтарда. Хоруновы өйөөн,  бырамыысыланнас миниистирэ Терещенко тиийбит диэн баара. Абильмановка урукку быыбарга курдук, саха нэһилиэктэрэ эмиэ үчүгэйдик куоластаатылар.

Томпоҕо 2017 сылтан баһылыктаан олорор “ньыгыл” Яков Степанов эмиэ эрэллээхтик кыайда. Бүлүү улууһугар уруккута дьаарай “сиэрдээх”, билиҥҥитэ “ньыгыл” Сергей Винокуров эмиэ чэпчэкитик уонна эрэллээхтик кыайда.

Мээрдэр

Интэриэһинэй киирсиилэр өрөспүүбүлүкэ куораттарын баһылыктарыгар буоллулар. Саха сирин иккис улахан куоратыгар – Нерюнгрига — 32 саастаах Роман Щегольняк диэн эдэр ыччат мээринэн талылынна (саамай эдэр мээр – Өлүөхүмэ мээрэ Сергей Щебляков, 28 саастаах). Кини ЛДПР-тан турбута уонна утарылаһааччытын, “ньыгыл” Олейнигы, ырааҕынан бырахта. Оттон Нерюнгрига Айсен Николаев сотору-сотору сылдьарын билэбит, онон “ньыгылларга” өйөбүл тугу да биэрбэтэ. Эһиил Госдума “О публичной власти” сокуону ылыннаҕына, Нерюнгри мээрэ суох хааларыгар тиийэр, ол иһин улаханнык киирсибэтилэр дуу? Биир сыл иһигэр мээрдээн, улахан үлэни оҥорбото биллэр.

Кырылас кумахтаах кырдьаҕас Бүлүүгэ эмиэ интэриэһинэй быыбар буолла. Ньургустаан Афанасьев араас “хайптарынан” өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр. Ол эрээри “хайптаан” элбэҕи ситиспэккин, Афанасьев иккис болдьоҕор олорбот буолла. Кини оннугар эмиэ эдэр, киин куорат мээрийэтигэр үлэлии олорбут Ян Попов кыайыылаах таҕыста. Манна киһи сэҥээрэрэ баар – куорат уонна улуус баһылыга ыттаах куоска курдук буолбакка, дьэ бииргэ түмсэн үлэлиэхтэрэ диэн эрэл баар. Ким ордугун быһаарса сатаан хайдыһыы бардаҕына, бастатан туран, нэһилиэнньэ хаарыллар. Онон бүлүүлэргэ бу быыбар үтүө түмүктээх буолуо дии саныыбыт.

Маны таһынан, урукку өттүгэр оппозиция кыайар Мииринэй куоратыгар билигин улуус да, куорат да баһылыктара эмиэ ньыгыллар буоллулар.

Быйылгы быыбардар эһиил ыытыллар улахан быыбардарга – Ил Дарханы уонна Ил Түмэн дьокутааттарын талыыга (маны таһынан сорох улуустар баһылыктарын) — бэлэмнэнии, тургутуу курдук буолбута саарбахтаммат. Ил Дархан бу быыбардар түмүктэрин туһунан “чиэһинэй, аһаҕас быыбардар буоллулар, норуот санаатын сайа эттэ, саҥа талыллыбыт баһылыктары кытары бииргэ үлэлэһэргэ бэлэммин” диэн эппитэ. Онон сомоҕолоһон, өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут сайдарын туһугар дьаныардаахтык үлэлиэхтэрэ диэн саарбахтаабаппыт. Таарыйа эттэххэ, Амма улууһун баһылыгын талыы, улуус дьокутааттара бигэргэттэхтэринэ, быйыл ахсынньыга буолуон сөп.

Эһиилги быыбардарга көрсүөххэ диэри!

 Дмитрий ИВАНОВ

 Хаартыска: https://www.sakhaparliament.ru
Category: Мэрия, районы, муниципалитеты | Views: 1488 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
2627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 32
Ыалдьыттар (гостей): 32
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024