Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Алтынньы » 17 » Владимир Поскачин ыҥырыытын өйүүбүт
Владимир Поскачин ыҥырыытын өйүүбүт
17:39
Владимир Поскачин ыҥырыытын өйүүбүт

    Тыа сирэ        17.10.2022 16:49
Күн сиргэ, дьоҥҥо, үүнээйигэ сылааһы, сырдыгы биир тэҥҥэ биэрэринии, үрдүкү салалта эмиэ биһиги олохпутугар үтүөнү барыбытыгар тэҥҥэ үллэрэр айылгылаах буолуохтаах. Ол курдук Ил Түмэн үлэтэ-хамнаһа норуоттан кими даҕаны матарбакка, атаҕастаабакка дьаһанан үлэлээһин-хамсааһын буолуохтаах.
Аспыт-үөлбүт – тыын боппуруоспут
 

Бүтүн Саха сирин үрдүнэн тыа хаһаайыстыбата уустук балаһыанньаҕа киирбитэ Украинаҕа сэрии күөртэмми­тинэн өссө кытаатан иһиэ. Путин В.В. эрэгийиэн ас-үөл өттүнэн куттал суох буолуутун бэйэтэ хааччыныахтаах диэ­битэ. Онон, ас-үөл оҥоруу билигин маҥнайгы нүөмэр­дээх кыһалҕа буолбутун бары билэн-көрөн олоробут. Ол иһин Үөһээ Бүлүү улууһун баһы­лыга В.С. Поскачин норуотун быыһыыр сорук туруорунан, өрөспүүбүлүкэҕэ Ыҥырыы таһаарбыта.

Ыҥырыы т/х сайыннарыыга тутуллар үүт лиитирэтин ал­лараа сыаната 90-130 солк. буоллаҕына уонна т/х үбүлээ­һиҥҥэ бүддьүөт 15 бырыһыана бэрилиннэҕинэ, т/х производствота эрэллээхтик сайдар суолга киирэр. Саха сылгытын этиттэн бородууксуйа аан дойду үрдүнэн үрдүк суолталаммытынан, төрөөбүт биэҕэ 35-45 тыһ. солк. диэри биэрэргэ этии киирдэ.

Кэтэхтэргэ төрөөбүт ынахха 35 тыһыынча бэриллиэхтээх. Ол эрээри, үстэн элбэх ынахтаах буоллаҕына, өскөтүн үүт сыаната тэрээһиннээхтэри кытта тэҥ түбэлтэтигэр туоннаттан итэҕэһэ суох үүтү туттарыахтаах. Оччоҕуна эрэ 35 тыһ. солк. мэктиэлэниэхтээх. Т/х аһын-үөлүн элбэтэр инниттэн сир реформата хайаан да ыытыллыахтаах.
И.Л. Степаненко саҕанааҕы хатыламматын
 

Ыҥырыыны олоххо киллэрии билиҥҥи балаһыанньаҕа аһара улахан суолталаах. Ону туруорсар таһымнаах дьон бырабыыталыстыбаҕа, улуустар салалталарыгар, муниципалитеттар уонна Ил Түмэн дьокутааттарын ортотугар суохтарыттан хомолтобут өссө дириҥээн иһэр.

Дьиҥэр, бу саха норуота баар эбэтэр суох буоларын быһаарар тыын суолталаах боппуруос. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кэмигэр Саха АССР салалтата куһаҕаныттан, обкуом сэкирэтээрдэрин, райсовет, райком үлэһиттэрин, холкуостар бэрэссэдээтэллэрин уонна НКВД үлэһиттэрин буруйдарынан тыа сиригэр уонунан тыһыынча дьон, үгүстэрэ холкуостаахтар эти, үүтү, аһылык арааһын илиилэригэр тутан олорон, ыгыы-хаайыы бэрдиттэн аһаабакка, хоргуйан, ыарыыга ылларан өлбүттэрэ. Бу саха дьоно хас да көлүөнэ устата төрөөбүтэ-ууһаабыта буоллар, ахсааммыт мөлүйүөнтэн тахса буолуохтаах этэ. Дьон хоргуйан өлүүтүгэр оччотооҕу обкуом сэкирэтээрэ И.Л. Степаненко буруйдааҕа чуолкай. Нам киһитэ И.Е. Винокуров туруорсуутунан, улуу Сталин дьаһалынан, Степаненко хамаандата 1943 с. үлэтиттэн ууратыллан, өссө улахан алдьархай тахсыбатаҕа.

Тыа хаһаайыстыбата, чахчы, сайдар кэскиллэннэҕинэ, барыстаах буоларын өйдөөтөх­төрүнэ ыччаттар, атын дьон-сэргэ т/х тыаҕа күүскэ өрө та­һаа­рыахтара. Биһиэхэ оннук олохтоохтук толкуйдаммыт бэлиитикэ наада. В.А. Штыров бэрэсидьиэнниир кэмигэр 2002 с. алтынньы 17 к. N 566 ыйааҕынан т/х-гар бүддьүөт 15 бырыһыанын биэриини олохтуу сатаабыта. Ону бэйэбит дьоммут, сахалар, буруйдарынан олоххо киирбэтэҕин тыа дьоно 20 сыл устата умна иликпит. Онон, үрдүк таһымнаах, тыа сирин сайдарын туһугар өйдөрүн-санааларын түмэн киирсэр дьон баар буолбуттарыттан үөрэбит.

 В.С. Поскачин субу алтынньы 3 күнүгэр Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэрин баһылыктарын аҕалан, Ил Түмэҥҥэ уонна ТХМ-ҥа сырыттылар, ыҥы­рыы­ны дьүүллэһии үрдүк таһым­наахтык барда. Норуот дьокутааттара В.М. Прокопьев, С.М. Афанасьев, В.Н. Губарев, А.М. Находкин уо.д.а. этиилэри үөрэтиэххэ уонна өйүөххэ диэн санааларын эттилэр.

Бу дьүүллэһии түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ төрүттэммитэ 100 сылынан сибээстээн, Ыҥырыыга этиллибит т/х-тын сайдыытыгар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн 15%-тан итэҕэһэ суох үбү биэрэргэ диэн туруорсууну 2023 с. бүддьүөккэ халбаҥнаабакка киирэрин туһунан кэпсэтии барда. Кэлэр сылга “пилотнай проект” эҥин диэн эспэримиэн оҥорбута буолан, дьыаланы уһатары төрдүттэн утарабыт. 2012 с. өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэригэр барыларыгар кэпэрэтииптэри тэрийэн, үүт харчыта нэһилиэктэргэ быһа ыытылла турбут үтүө быраактыкатын санатабыт. Ити хаарыаннаах тэрээһини аан дойдутааҕы эргиэн тэрилтэтин (ВТО) сокуона киирэн тохтоппута.
Баһылыктар тоҕо ньимиликээн олороллоруй?
 

В.С. Поскачин өрөспүүбү­лүкэ үрдүнэн сүүрэ-көтө, киэҥ далааһыннаах үлэни ыыта сылдьарын билэ-билэ, киһи сөҕүөх, атын 30-ча улуустарын уонна сүүһүнэн нэһилиэктэрин баһылыктара уу чуумпутук, ууну омурдубут курдук олороллор, бааллара-суохтара биллибэт. Саха норуотун инники дьылҕата кинилэри олох да долгуппат курдук.

 Тыа дьонун куолаһын хомуйан баһылык, дьокутаат буолбут тойотторбут тыа үлэһит дьонун кыһалҕаларыгар олох да наадыйбаттара көһүннэ. Итинтэн кинилэри үрдүк хамнас, биэнсийэлэрин, бириэмийэлэрин үрдээһинэ эрэ ымсыырдар эбит диэн түмүктүөххэ сөп. Маннык мөлтөх хаачыстыбалаах баһылыктары, дьокутааттары кэлэр быыбардарга таларбыт төһө сөбүй? Кинилэр тус олохторун эрэ тупсарар, бэйэлэрин иннилэрин эрэ көрүнэн үлэлииллэрин үтүктэн, ыччаппыт буорту буолар. Ол аата, кинилэр уопсастыба олоҕор улахан алдьатыыны оҥорор дьон буолсулар.

Бэрэсидьиэн В.В. Путин ас-үөл өттүнэн куттал суох буолуутун туһунан сорудаҕын толорууну бу баһылыктар наадалааҕынан аахпаттар дуо? Ол аата, “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа үлэтин-хамнаһын уонна былааннаахтык, таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар Ил Дархан үлэтин утаран олороллор дуо? 2021 с. Госдума быыбарыгар “биир ньыгыллар” тоҕо хотторбуттарын бу улуустар умнубуттара түргэнин.

Кинилэр 2023 с. буолар улахан быыбардарга тыа үлэһит дьонун интэриэһин көмүскүүр баҕалара суоҕа көстөр. Ол иһин улуустар уонна нэһилиэк баһылыктарын тылларын-өстөрүн норуот итэҕэйэр кыаҕыттан таҕыста, аптарытыаттара, эриэйтиннэрэ, саарбаҕа суох, аллара түстэ. Итини 2022 с. быыбарга, тоҕус улуус баһылыктарын быыбарын түмүгүнэн түөрт улууска “биир ньыгыллар” хотторбуттара көрдөрөр. В.С. Поскачин курдук норуоттарын түмэр кыахтара суоҕа көһүннэ.

Быыбардар түмүктэринэн өрөспүүбүлүкэ каадырын бэлиитикэтигэр улахан болҕомто уурдаҕына табыллыыһы диэн, уопсай түмүк оҥоруохха сөп.
Тыаҕа оҕо аҕыйыыра болҕомтоҕо ылыллыахтаах
 

Сыл аайы т/х сайыннарыыга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр үп тиийбэтинэн, аҕыйах үп бэриллэр диэн буолара. Ону баара, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы М.В. Никифоров балаҕан ыйын ортотугар эмискэ: “2022 сылга т/х-гар балысхан улахан үбүлээһин буолла», – диэн соһуталаата. (“Саха сирэ” хаһыат, балаҕан ыйын 15 күнэ, “Тыа хаһаайыстыбатын биисинэс курдук көрүөхтээхпит”). Быйыл т/х-гар бүддьүөт 4,89 %-на эрэ бэриллибитин тыа дьоно билбэттэрэ буолуо дии санаан эрдэҕэ буолуо... Тоҕо саамай тыын суолталаах кыһалҕаҕа тиийэн, үбү кэмчилээбитэ буолан, т/х “тиийбэт тирии, тарпат тараһа” олохтоох оҥоробутуй?

Хаһыакка сыл аайы тахсар Ил Түмэн дьокутааттарын уонна тойоттор дохуоттарын ырыттахха, Төрүт сокуоҥҥа тиийэ араас сокуоннарынан ким да утарсыбатын курдук, бэйэлэрин туһаларыгар хамнастарын, биэнсийэлэрин, бириэмийэлэрин муҥутуур үрдэтинэр сокуону кытаанахтык олохтоон олороллор. Дьокутаат сыллааҕы дохуота, ортотунан 3,0-3,6 мөл. солк. диэри хамсыыр. 10 сыл үлэлээтэхтэринэ, ыйдааҕы биэнсийэлэрин кээмэйэ, хамнастарын 80 бырыһыанынан ааҕыллар. Аҥаардас ити эрэ туһуттан дьокутаат буолуохтарын баҕарар ымсыы дьон ахсаана аҕыйаҕа суох. Ол иһин быыбарга элбэх харчылаах улахан баай эрэ дьон киирсэллэр. Кыраҕа-кыаммакка, сэрии оҕолоругар, тыа сирин олоҕор-дьаһаҕар олох да наадыйбаттар. Тыа сирин олохтооҕун уустук балаһыанньата итинник дьокутааттары таларбыт тухары олох уларыйыа суоҕа.

Дуоһунастаахтартан элбэх киһи маҕаһыын тэринэр. Соҕурууттан хиимийэлээх аһы таһан, дохуот бөҕөнү киллэринэллэр. Оскуолаларга, дьыссааттарга, балыыһаларга тиэндэр сокуонун туһанан, олохтоох бородууксуйаны ылбакка, бэйэлэрин хиимийэлээх аһылыктарын соҥноон, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарбат кытаанах киитэрэй албаһы булуннулар. Тыа хаһаайыстыбатыгар уонунан сыллар усталарыгар үүт соҕотуопкаланар сыанатын отут солкуобайтан үрдэппэтилэр. Бу туалет кумааҕытын сыанатыгар тэҥнээх. Т/х үрдүгэр өр сыллар усталарыгар чохчойон олорор табыллыбат.

Тыа сирин үлэһитэ биир күн өрөөбөт, ыарыйдаҕына, бүлүтүөн суох, чунуобунньуктар курдук надбавка, кээписиэн ааҕыллыбат, үлэ киниискэтэ диэн суох. Манна сокуону оҥоруохтаах Ил Түмэн наадыйбат, тыа дьонун социальнай боппуруостарын быһаарыыга кыһаллыбат.

Биир ынахха 35 тыһ. солк. бэриллэр. Ону 12 ыйга түҥэттэххэ, үс тыһыынча тахсар. Дьокутаат ыйдааҕы хамнаһынааҕар сүүс төгүл кыра. Биэс ынахтаах буоллаҕына, ыйдааҕы хамнаһа уон биэс тыһыынча тахсар. Бу дьокутаат хамнаһыттан сүүрбэ төгүл кыра. Манна хайа тыа ыала иитиллиэҕэй? Ыал диэн айылҕа оҥорбут тэрилтэтэ. Ыалтан нэһилиэк үөскүүр. Нэһилиэктэн улуус үөскүүр. Улуустартан өрөспүүбүлүкэ үөскүүр. Төрдө, силиһэ алдьаммыт өрөспүүбүлүкэ инники дьылҕатын бэйэҕит толкуйдааҥ. Тыа дьоно, маннык уустук балаһыанньаҕа тиийдигит, соҕотох бас билэр куоласкытын биэрэргитин-биэрбэккитин сыл устата толкуйдааҥ. Биир да салайааччы, бырабыыталыстыба үлэһиттэрэ, дьокутааттар тыаҕа тахсан дьон кытта көрсөллөрө ахсааннаах. Соҕотох Ил Дархан сүүрэкэлиир.

Тыа хаһаайыстыбатын үбүлэниитэ куһаҕаныттан оннооҕор үөрэҕи баһылаабыт Арассыыйа үрдүнэн биллибит Үөһээ Бүлүү оскуолаларыгар, холобур, Өргүөт орто оскуолатыгар тохсус, онус кылаастарга биир да оҕо суох. Улуус киинигэр Прокопьев аатынан оскуолаҕа 11 кылааска тоҕус эрэ оҕо баар. Маҥаас оскуолатыгар үс эрэ оҕо олорор. Боотулуу, Сургуулук оскуолатыгар түөрт, биэс оҕо. Сургуулукка бастакы кылааска икки оҕо киирдэ. Ол аата, бүтүн нэһилиэккэ икки эрэ дьахтар төрөөбүт. Бу ыстатыыстыканы бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ ким да үөрэппэт. Тыаҕа эдэр ыччат тохтообот, ыал буолбат, оҕо төрөппөт. Ол барыта т/х үбүлээһин кыратыттан тутулуктаах.

Тыа хаһаайыстыбатыгар бүддьүөт 15 бырыһыана көрү­лүннэҕинэ, т/х бары салаата сайдар турукка киириэҕэ. Бу боппуруоһу быһаарарга билиҥҥитэ соҕотох В.С. Поскачин эрэ турунна.

Саха сиригэр ас-үөл өттү­нэн куттал суох буолуутун со­рудаҕын толорууга улуустарбыт баһылыктарын үгүстэрин кэриҥнэрэ кыһаллыбаттарын туһунан бэрэсидьиэн В.В. Путин билиэхтээх дии саныыбыт.

Биһиги эһэлэрбит, эбэлэрбит былырыын, 2022 сылга уон алта тыһыынча сэрии оҕолоругар бүддьүөттэн эмтэригэр-томторугар ыйга сэттэлии тыһыынча солк. көрдөспүттэрэ. Хомойуох иһин, дьокутааттар сэрии оҕолорун сүрэхтэрин кыланыытын истибэккэ аккаастаабыттара. Ол түмүгэр 2021 с. быыбарга “Биир ньыгыл Арассыыйа” хотторбута.

“Кыым” хаһыат 2022 с. балаҕан ыйын 29 күнүгэр М.Г Донской ыстатыйатыгар оҥорбут бары түмүктэрин кытта толору сөбүлэһэн туран, манна кыттыһабыт уонна өйүүбүт. Саха сиригэр т/х сайыннарбакка эрэ, норуоту элбэх хиимийэлээх кэлии аһылыгынан аһатар салайааччылары бэркэ салайа олороллор диэн сыана быһар кыахпыт суох.             
Донской
Дмитрий Дмитриевич,
Васильев
Алексей Максимович,
Павлов
Федор Федорович,
Иванов
Валерий Валерьевич,
Полятинскай
Владлен Егорович,
Иванов
Геннадий Кузьмич,
Васильев
Михаил Михайлович,
Барыта 35 киһи
илии баттаабыт.
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка | Views: 1326 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 4
Ыалдьыттар (гостей): 4
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024