Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Алтынньы » 20 » ХАННА-ТУОХХА ТИЭРДЭЛЛЭР?
ХАННА-ТУОХХА ТИЭРДЭЛЛЭР?
18:01
ХАННА-ТУОХХА  ТИЭРДЭЛЛЭР?ХАННА-ТУОХХА ТИЭРДЭЛЛЭР?

https://aartyk.ru/obshhestvo/xanna-tuoxxa-tierdeller/
“Собеседник” хаһыат кылаабынай редактора Олег Ролдугин “Лавровый лист” диэн кыра ыстатыйата таҕыста. Биллэн турар, биһиги Олегтарбыт (Марков, Колесов) манныгы суруйбаттар. Манныгы суруйарга сиппит өйдөөх-санаалаах, хорсун буолуу наада. “Лавровый лист” ыстатыйаттан лоскуй: “Сейчас запад закатил истерику из-за проходящих в Лаосской, Донецкой, Харьковской и Запорожной областях Украины референдумов”, – невозмутимо заявил с высокой трибуны глава российской дипломатии Сергей Лавров”.

Бу аата Арассыыйа тас дойдуларга миниистирэ, бастакы нүөмэрдээх дипломаппыт, дойдубут үтүө аатын аан дойду үрдүнэн көмүскэһэр, өркөн өйбүтүн, култуурабытын мэктиэлиир Сергей Лавров ХНТ Генеральнай ассамблеятын үрдүк трибунатыгар тахсан саҥарбыт саҥатын Олег Ролдугин хаһыатыгар киллэрбит (“Собеседник”, №36). Лавров Байдентан 8 сыл балыс эрээри этиитин кумааҕыттан аахпытын бэлиэтиир. Дьиҥинэн референдумнар Лаосской уобаласка буолбакка Луганскайга, Харьковка буолбакка Херсоҥҥа, Запорожнайга буолбакка Запорожскай уобаласка ыытыллыбыттарын Олег Ровдугин быһааран биэрбит.

Оттон Донецкай “былыр үйэҕэ” уобалас буолан бүтэн тутулуга суох Донецкай народнай республика аатырбытын Лавров аныаха диэри билбэтин (до сих пор не в курсе) кэлэйэн суруйар. Тойоттор итинник түҥ-таҥ тыллаһаллара “пойдете воевать, если вас призовут?” диэн ыйытыыга маннык хоруйдуурга тиэрдэн эрдэҕэ: “Не пойду. Я присягу давал защищать все народы СССР. Последствия для россиян будут разновекторными. В перспективе это приведет к гражданской войне (Игорь Каляпин, член СПЧ при призиденте РФ, 54 года)”; “Я за власть народа пойду. За олигархическую свору – пусть их дети и челядь воюют (Максим Шевченко, политик, публицист, 56 лет)”.

Бу тыллар хаһыат иккис сирэйигэр суруллубуттар. Манныктары ааҕан баран биһиги юриспыт “таҥнарыахсыттарынан кими ааҕаҕын” диэн ыйытыыга сөптөөх хоруйу биэрбитин саныы түстүм. Кини таҥнарыахсыттарынан омук сиригэр үптэрин уурар, дыбарыастары, яхталары атыылаһар, оҕолорун онно үөрэттэрэр, онно эрэ эмтэнэр, ойохторо онно эрэ төрүүр баайдары ааттаабыт этэ. Кинилэргэ санкция бөҕөтө түһэриллибитэ, кимнээхтэрэ биллэр. Мин юрист ити этиитигэр сүүс бырыһыан сөбүлэһэрбин хаһыат нөҥүө этэн турабын. Оттон бэйэбит испитигэр төнүннэххэ, алтынньы 19 киэһэ “Талбан” биэрии сөхтөрдө. Олег Колесов 4 улуус баһылыгын ыҥыран кэпсэттэ. Бары да “Единэй” дьоно буолаллара көстө сылдьар. Сааһыран эрэр дьон, оҕолоох, ол иһигэр аармыйаҕа сулууспалаабыт уоллаах, буолуохтаахтар. Хайалара да “мин оҕом сэриигэ барда, ыыттым” диэбэтэ. Көмө бөҕөтө оҥоһуллара, ас -таҥас ыытыллара, эбэтэр ону баран туттараллара кэпсэннэ аҕай. Ону улуус делегата баран бэйэтин эрэ оҕолоругар тиксэрэр эбит. Сомоҕолоһуоҕуҥ уонна түмсүүлээх буолуоҕуҥ дииллэр уонна кэм да оройуоннаһа сылдьаллар.

Тоҕо республика аатыттан аналлаах делегация баран улууһунан араарбакка барыларыгар тиксэрбэтэ эбитэй? Былыр Суорун Омоллоон, Сергей Васильев курдук. Ол кэпсии олордохторуна Бассаабынан араас ыйытыы, информация киирэрэ көстөн олордо. Барыта ыытар матырыйаалларын туппатахтарын туһунан. Республика военкома кэтэр таҥас суоҕа сымыйатын туһунан суруга эмиэ көстөн ааста. Түмүгэр биир оҕото барбыт дьахтар барахсан бу дьон сымыйанан кэпсии олороллорун этэ сатаата. Уопсайынан “Талбан” итинник саарбах биэриитэ элбээн барда.

Сыыһа дьаһаллар дьон бөҕөнү аймаатылар, ылыа суохтаахтары алҕас ыланнар төннөн кэлии үгүс, ороскуот элбэх. Ити ороскуоту военкомҥа, республика салалтатыгар сүктэрэр наада этэ, төлөөтүннэр, манна судаарыстыба буруйа суох. Маннык куруутун хатыламматын наадатыгар. Сотору дьиҥнээх хомуур буолуон сөп. Былыр оройуоммутугар хамыыһыйаны ааһаат аармыйаҕа сулууспалыы айанныы турарбыт. Сыыллыбыт хаалара. Билигин ити тоҕо сатаммата өйдөммөт. Ситэтэ суох (эбэтэр “хааччахтаах”) хомуур саҕаламмытыгар сэрии диэбэккэ “анал операция” дииргин модьуйбуттара, эбэтэр сууттанаҕын. Ол иһин суруналыыстар, чиновниктар, тойоттор хомууру билигин да “быстах хомуур” дииллэр, хомуур сотору тохтуоҕун мэктиэлии сатыыллар. Ол да буоллар баары баарынан этэр, суруйар буолан эрэллэр.

Правительство алтынньы 13 күнүгэр тахсыбыт “Саха сирэ” хаһыатыгар Күүлэкээн диэн ааптар: “Хомуур ыытыллыыта быстах тэрээһин буолбатах”, – диэн быһаччы суруйда. Хаһыат бу нүөмэригэр историк А.Николаев сэрии туһунан Путин этиилэрин аҕалтаата. Кини суруйда: “Кэлиҥҥи сүрүн этииигэр барытын аһаҕастык эттэ, быһаарда. Үһүс аан дойду сэриитэ саҕаланна, арҕаа дойдулар омуктара биһигини утары туруннулар уонна Украинанан туһанан улахан сэрии саҕаланна диэн быһаарда ”. Путин барытын быһаарбыт эбит. Онон буккуллуу-тэккиллии ордук салалта өттүттэн тахсара сэрэхтээх буолан иһэр. Маннык салгыы бардаҕына бу салалта биһигини ханна тиэрдэр?

*** Иван БУРЦЕВ, 2022 с. Алтынньы 19 к.

Источник: Aartyk.ru
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1367 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
     12
3456789
10111213141516
17181920212223
24252627282930
31
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 6
Ыалдьыттар (гостей): 6
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024