News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2022 » Алтынньы » 23 » Петр Аммосов: Дойдуга дьиҥнээх ырыынак Сталин саҕана баара
Петр Аммосов: Дойдуга дьиҥнээх ырыынак Сталин саҕана баара | 18:34 |
Петр Аммосов: Дойдуга дьиҥнээх ырыынак Сталин саҕана баара
Дьон 20.10.2022 11:02 822 кыым
Пётр Револьдович Аммосов Госдумаҕа кэбиниэтигэр киирбит дьоҥҥо истиэнэҕэ ыйанан турар 1944 с. кулун тутар 2 күнүгэр буолбут РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин 5-с сиэссийэтин хаартыскатын киэн тутта көрдөрөр. Сталин, Маленков, Берия, Микоян, Буденнай курдук дьон киһи хараҕар тута быраҕыллаллар. Кинилэр ортолоругар саха киһитэ, кини эһэтэ, оччолорго РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Бүрүсүдьүүмүн бэрээссэдээтэлин солбуйааччыта буола үүммүт П.В. Аммосов олорор. Эһэтин туйаҕын хатаран, бүгүн сиэнэ Госдума дьокутаатынан талыллан тиийбитэ – бэйэтэ ураты ситиһии.
– Пётр Револьдович, Госдума дьокутаатынан талыллыбытыҥ биир сыл буолла. Манна үлэ-хамнас, сокуон ылыллыыта саха хараҕынан хайдаҕый? Холобур, киһи өлүүлээх ыт боппуруоһугар кытаанах сокуон тоҕо ылыллыбатый?
– Алтынньы 2 күнүгэр мандаат ылбытым оруобуна биир сылын туолла. Сокуон чааһынан эттэххэ, ити этэр ытыҥ боппуруоһа наһаа судургу дьыала буолбатах. Бастатан туран, биһиги ырыынакка буолбакка, ханнык эрэ баай дьон интэриэһин көмүскүүр үйэҕэ олоробут. Билигин биисинэс да үйэтэ буолбатах, арааһа, итинник киэргэтэн ааттыыллар быһыылаах. Аҕыйах киһи байыахтаах бэлиитикэтэ бара турар. Ыт сокуона – ыт аһа оҥорор собуоттаах дьон астара барбатын быһаарарга толкуйдаммыт дьыала. Оннугун билэбин, онон бу боппуруоһу сүрдээх күүскэ көмүскүүллэр. Быгыһын учуонай кыыспытын ыттар өлөрбүттэригэр зоо-көмүскээччилэр миэхэ, төттөрүтүн, ыттары көмүскээн, эрийэн тураллар. “Хайдах буоллугут, киһи өллө буолбат дуо?!” диибин. Ону “эһиги ситэриилээх былааскыт куһаҕаннык үлэлээбитин түмүгэр итинник таҕыста” дииллэр. Оччотугар хаһан киһи быраабын харыстыыбыт? РФ Төрүт сокуонун иккис баһыгар киһи – судаарыстыба сүрүн сыаннаһа, туох баар барыта киһиттэн тутулуктаах диэн суруллар да, ыт боппуруоһугар Төрүт сокуон үлэлээбэтэ.
Зоо-көмүскээччилэр аймахтарыттан ыттар кими эмэ тутан өлөрбүттэрэ буоллар, Дьокуускайга хаайыллан турар ыттарбытын ол күн тиийэн кыргыахтара эбитэ буолуо. Ол эрээри итинник сиэрэ суох майгы уһаабата буолуо.
– Украинаҕа анал эпэрээссийэ кэнниттэн урут тахсыбыт сыыһалары көннөрүү, бэрээдэктээһин барыа дииллэрин туох дии саныыгын?
– Украинаҕа барар анал байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр, биир дойдуга олорорбут быһыытынан, бары биир киһи буоламмыт, өйүөх эрэ тустаахпыт. Онно эн кыһылыҥ да, үрүҥүҥ да аахсыллыбат. Ол гынан баран, кэмэ кэллэҕинэ, “тоҕо сыыһа олоробутуй?” диэн ыйытыы тахсыа дии саныыбын. Мин итиннэ нуучча тылыгар сыһыаны холобурдуохпун баҕарабын.
Миигин манна кэлбитим кэннэ Тверь уобалаһын Кувшиново куоратын дьоно булбуттара. Бу – биллиилээх лингвист С.И. Ожегов төрөөбүт дойдута. “Саха да буолларгын, бары дьокутааттары өр үөрэтэн, бэйэҥ туспа көрүүлээх, санааҕын уларыппат киһи буоларгын билэн, эйигин таллыбыт”, – диэн улахан дэлэгээссийэнэн кэлэн дьиктиргэппиттэрэ. “Улахан лингвиспитин ким да билиниэн баҕарбат, баһаалыста, көмөлөһүөҥ дуо?” диэтилэр. Дьиэбэр Ожегов, Даль тылдьыттара бааллар, манна букинистика маҕаһыыныттан үлэбэр туһаныам диэн, 1953 сыллаах Ожегов тылдьытын атыыласпытым.
Анал эпэрээссийэнэн сибээстээн, элбэх ыйаах таҕыста. Тас дойдуларга нуучча тылын сайыннарыыга, бырапагаандалааһыҥҥа төгүрүк остуол буолбута. Миэхэ тыл биэрбиттэрэ (эрдэттэн суруйтарбытым). Саха киһитэ туох диир диэн интэриэһиргээтилэр быһыылаах. Мин онно 2025 с. С.И. Ожегов төрөөбүтэ 125 сыла туолар, онон сибээстээн, ону туһанан, нуучча тылын өрө көтөҕүөххэ диэтим. Ону “эйигиттэн итинник этиини күүппүппүт” диэтилэр. Кувшиновоҕа үстэ сырыттым. Бу – ыраахтааҕылаах Арассыыйаҕа хомуньуустуу хамсааһын лиидэрэ М.А. Бакунин төрөөбүт сирэ. “Эһиги маннык улуу дьонноох буолан баран, тоҕо өрө туппаккыт? Оннооҕор биһиэхэ, туох да улахан сыһыана суох сиргэ, Сталин аҕыс пааматынньыга баар”, – диибин. Соһуйдулар аҕай: “Хата, биһигини өйөө, уопуттаах эбиккин”, – диэтилэр. Ожегов боппуруоһунан Г.А. Зюгановка “өйөө” диэн киирэ сырыттым. Сайын Зюганов Ожегов төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээһини РФ Бырабыыталыстыбатын тэрээһиннэригэр киллэрэр туһунан суруга В.В. Путиҥҥа барбыта. Балаҕан ыйын 5 күнүгэр нуучча тылын үөрэтэр, сүтэрбэт, бырапагаандалыыр туһунан В.В. Путин илии баттааһыннаах ыйааҕа таҕыста. Кувшиноволар, Тверь уобалаһа өйөөн, Ожеговка аналлаах сүрдээх улахан төгүрүк остуол балаҕан ыйын 29 күнүгэр ыытылынна. Күн бүгүн байыаннай эпэрээссийэ бара турарынан, нуучча тылын, убайдарбытын эрэ өйүүр буолбакка, дойдубутун тутан хаалар инниттэн итинник тэрээһиннэр хайаатар да барыахтаахтар. Бу патриоттуу эрэ буолбатах, улахан судаарыстыбаннай суолталаах. Байыаннай эпэрээссийэ, мин көрдөхпүнэ, кэмигэр оҥоһуллубут. Ол бүтүүтэ дойдуга дьиҥнээх ырыынак сыһыаныгар киирбит киһи диэн санаалаахпын.
– Ырыынак сыһыан-наһыыта эн хомуньуус быһыытынан идеологияҕын кытта атааннаспат дуо?
– Урут эһэм Пётр Васильевич Аммосов улахан дуоһунастарга олорботор да, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин 3 төгүллээх, РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин – 2, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин 1 төгүллээх дьокутаата этэ. Уон сыл устата РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин Бүрүсүдьүүмүн бэрэссэдээтэлин солбуйааччыга тиийэ үүммүтэ. Быйыл кыһын устата эһэбин үөрэтэ архыыпка элбэхтэ сырыттым. Ол сылдьан, элбэҕи көрдүм. Эһэм аах үлэлээбит кэмнэригэр, 1930-с сыллартан 1953 с. диэри, дойдуга дьиҥнээх ырыынактыы сыһыаны И.В. Сталин киллэрбит эбит. Билиҥҥи тылынан эттэххэ, урбаанньыттар, артыаллар, холкуостар көҥүл үлэлии сылдьыбыттар. Сталин кэминээҕи ситиһиилэри сотору устуоруйа бэйэтэ кэпсиэ дии саныыбын. Ырыынак сыһыаннаһыытын төрдүн судургутук быһаардахха, үс киһи холбоһон, кыттыһан тахсан, хотон, дьиэ-уот туттан, сүөһү иитэн, кэлэктиибинэй хаһаайыстыба тэринэн, баай-байылыат олоҕу оҥостуулара буолар. Хомойуох иһин, биһиэхэ кыра кэмҥэ киирэн ааспыт.
Аммосов эЬэтэ
П.Р. Аммосов эһэтэ П.В. Аммосов аллараттан иккис эрээккэ С.М.Буденнай иннигэр олорор
– Кырдьык, төрөппүттэрбит сэрии кэннинээҕи холкуостарга байылыаттык олорбуппут диэн кэпсээччилэр.
– Ити кэмҥэ судаарыстыба саамай улахан боппуруоһа – киһи доруобуйата – наһаа тупсубут. А.А. Томтосов финнэр хайдах кириисистэн тахсыбыттарын туһунан ыстатыйатын ааҕан турабын. Кинилэр сылга 365 хонук баар буоллаҕына, биирдии фиҥҥэ аһыырыгар сылга 321 л үүтү оҥорбуттар. Финнэр күн аайы 1 л аһыйбыт үрүҥ аһы аһаан, кириисистэн тахсыбыттар. Кириисис диэн тугуй? Манна наассыйа доруобуйата, наассыйа баай-байылыат олоҕо, аһа-таҥаһа бүтүннүү киирэр. Биһиги, санаан да көрдөххө, былыргыттан үрүҥ аһы аһаан кэлбит, улааппыт дьон буолабыт. Томтосов “үүккэ болҕомтону ууруҥ” диэн олус сөпкө ыйар. Били, айдааннаах үүппүт харчытыгар төнүннэххэ, премьербит А.В. Тарасенко “бороһуок үүккэ көһүҥ” диэтэ дии. Бу – киһи этин-сиинин ончу билбэт уонна олоххо туох да сыаннаһы үөрэппэтэх киһи тыла. Санаан да көрдөххө, урут сайылыкка киэһэ оҕолору мунньан нэлэгэр миискэҕэ кутан суорат сиэтэллэрэ. Биһиги сарсыарда – күөрчэх, киэһэ суорат сиэн улааппыппыт. Инньэ гынан, оччотооҕу оҕо доруобай буолара. Итини былыргы диибит да, дьиҥинэн, олох соторутааҥҥы кэм.
– Аҕаларбыт-ийэлэрбит, эһэлэрбит-эбэлэрбит да кэмнэрин, оннооҕор 100 да сылы былыргы диир соччо сөбө суох. Биһиги төрүт аспытыгар – дьиҥнээх үрүҥ аска – үөрэммит хааммыт-сииммит бороһуок үүтү хаһан да ылыммата чахчы...
– Билигин т/х бүддьүөт үбүн 10-15% биэриини туруорсаллар. Мин көрөрбүнэн, сайыннарар, өйүөхтээх хайысхабыт да элбэҕэ суох: ынах, сылгы, таба уонна балык. Саха сиригэр бурдугу, оҕуруот аһын үүннэрии улахан ситиһиилэниэн билбэтим. Тэрээһиннээх хаһаайыстыба тэрийдэххэ, баҕар, сатаныа. Сылгыһыкка табаһыт курдук хамнас көрүөххэ наада этэ, алын хамнас орто кээмэйинэн көрөн. Миэхэ 1966 с. мэтиэдьикэ баар, онно биирдии сылгыһыт 70 сылгыны көрүөхтээх дэнэр. Аһатааччы буолбатах, үүрээччи, аҕалааччы сылгыһыт. Аһатааччылары эҥин холбоотоххо, бүтүн холкуос тахсар. Ону сөпкө өйдүөххэ наада. Үлэтин барытын биир сылгыһыкка сүктэрдэххэ – кыайбат. Үүт харчытын кээмэйэ, нууччалыы эттэххэ, “в ногу со временем” барыахтаах. Сыл аайы импилээссийэ кээписиэнигэр төгүллээбэт буоллаххына, эн бырабыыталыстыба быһыытынан, отой да наадата суоххун. Чунуобунньуктар тоҕо эрэ бэйэлэрин хамнастарын умнубакка үрдэтэллэр дии. Киһи доруобуйатыгар сыһыаннаан эттэххэ, хайаларын КПД-та (туһалаах үлэ кээписиэнэ) үрдүгүй: кумааҕыны мэтэйдиир чунуобунньук дуу, үүтү оҥорооччу дуу? Хаһан баҕарар оҥорон таһаарааччы: мас, от, үүт, эт буоллун, КПД-та быдан үрдүк. Оттон биһиги тугу да оҥорбот чунуобунньуктар хамнастарын үрдэтэр эрэ кыһалҕалаах курдукпут. Уонна, киһи кыһыйыах, “олохпут сайынна” дииллэр.
– Сонньуйан эттэххэ, кинилэр олохторо үчүгэй буолан иһэрэ буолуо...
– Сайдыы харгыстаммыт холобурун аҕалыым. Былырыын Чурапчыга баһылык быыбарыгар 10 сыллаах официальнай ыстатыыстыкаларын ылан көрбүппүт. КПРФ-тан Н.Н. Попов турбута, сыыппараны барытын көрдөтөн ылбыппыт. Онно көстүбүтүнэн, уон сыл устата Чурапчыга 11 тыһ. ынах сүөһү суох буолбут этэ. Ол дуо сайдыыбыт? Биир киилэ арыы, ортотунан, 23 лиитирэ үүттэн тахсар. Ол аата, аҥаардас Чурапчыга төһөлөөх элбэх арыыны сүтэрбиппитий? Сыыппаралар таһымнарыгар тиийдэххэ, кими баҕарар кытта аахсыахха сөп. Сүөһү ахсаанын аҕыйата олорон, “бороһуок үүтүнэн наассыйа доруобуйатын бөҕөргөтүөхпүт” диир бырабыыталыстыбабыт салалтата улаханнык сыыстарар.
– Бу күһүҥҥү быыбардары туох диэн сыаналыыгын? Бэйэни салайыныы саҥа сокуонугар туох санаалааххын?
– Клишас-Крашенинников сокуоннарын көрүөх иннинэ бастаан устуоруйаҕа киириэххэ. Алаастан саҕалыахха, нэһилиэктэр 50-с сылларга бөдөҥсүтүү буолбутугар үөскээбиттэрэ. Бары хомуллан барбыппыт, наадата суох бөһүөлэктэр бэйэлэрэ симэлийэн, олох барыта оннун булбута. Дьиҥинэн, Клишас-Крашенинников бэйэни салайыныыга сокуоннара сөптөөх. Тоҕо диэтэххэ, 4-түү эрэ оҕо бүтэрэр оскуолалардаахпыт, ону хайа бүддьүөт тулуйуой? Билигин былаас “айдаан тахсыаҕа” диэн, норуотуттан наһаа куттанар уонна сүрдээҕин сэрэнэр. Оттон урукку хомуньуустар куттамматтар этэ. Кыаллыбат буолла да, тохтотолоон баран, атын бөһүөлэктэри бөдөҥсүтэн, тэрийэн бараллара. Ол гынан баран, ити бөдөҥсүтүүлэртэн сылтаан саха аҕыйаабатаҕа, төттөрүтүн, ахсаана биллэ элбээбитэ. Билиҥҥи судаарыстыба т/х эһэн баран, тыаттан дьону куоракка аҕалан симэн кэбистэ. Улахан сыыһа итиннэ сытар. Биһиги бөдөҥсүтэр буоллахпытына, киһилии үлэ миэстэлээх тэрилтэлэри тэрийэн эрэ баран, дьону аҕалыахтаахпыт. Аны саамай сүрүн боппуруос – тыа сирэ, т/х өйөнөр буоллаҕына, саха тыла эстибэтин учуоттуохтаахпыт. Оскуола оҕото, төрөппүттэрин кытта куоракка көһөн киирэн, икки тыллаах эйгэҕэ түбэһэр. Түргэнник төрөөбүт тылларын умналлар. Оннооҕор билигин тыаҕа хас 4-5-с оҕо барыта атын тылынан саҥарар. Тылы умуннарыы, куоракка симии норуоту омук быһыытынан симэлийиигэ тиэрдэр. Биһиги тыа хаһаайыстыбатынан сирэйдэнэн, ис дьиҥэр, омук быһыытынан симэлийэрбитин утарабыт. Мин баары баарынан сирэйгэ этээччибин. Хас да сыллааҕыта Саха кэнгириэһин салайааччыларыгар “дэмэкирээтийэнэн оонньообута буола сылдьан, дьиҥнээх симэлийиигэ киирэр суолу оҥороҕут” диэн эппитим. “Омук быһыытынан симэлийиэхпитин баҕарбат буоллаххытына, эһиги кыһалҕа дьиҥнээх төрдүттэн – үлэни элбэтииттэн – саҕалыахтаах этигит” диэбиппэр, өһүргэммиттэрэ. Санаан да көрдөххө, нэһилиэккэ үлэ суох буоллаҕына, ким олоруой, барар буоллаҕа.
Быыбарга былырыыҥҥыттан саҕалыахха. Былырыын КПРФ хайдах үлэлээбитин, бассааптаахтар бары, өйдүүр буолуохтааххыт. Ону быйылгыны кытта тэҥнээн көрүҥ эрэ. КПРФ бассаапка бэйэтин хандьыдааттарын туһунан суруйбута баар этэ дуу, суох дуу?
– Чахчы, КПРФ бэйэтин хандьыдааттарын туһунан суруйуута суох кэриэтэ этэ. Атын баартыйалар эмиэ үлэлээбэтэхтэрэ.
– Дьиҥинэн, быйыл эһиилги Ил Түмэн быыбарын иннинээҕи эрэпэтииссийэ этэ. Хомойуох иһин, мин билигин быыбар аҕытаассыйатынан дьарыктанарым, аһаҕастык өйүүрүм көҥүллэммэт. Ол иһин көрөөччү быһыытынан аһаҕастык этэбин: олус хомойдум. Киһиргээбэппин гынан баран, Москубаҕа бардым да, КПРФ олоҕо тохтоон хаалыахтаах дуо? 2014 сылтан быыбар аҕытаассыйатыгар күүскэ ылсан үлэлээбитим. Оччолорго биһиги Ил Дархан быыбарыгар сүрдээх мөлтөх, киһи киһиэхэ кэпсээбэт түмүгүн, баара-суоҕа 5% ылбыппыт. Онтон баартыйаҕа хамнастаах үлэҕэ киирэн баран, “биһиги хотторуубут биричиинэтэ туохха сытарый?” диэн, төбөбүн сыс да сыс. Биһиги олус күүстээх, тэҥнээҕэ суох аҕытаатарбыт элбэх, саҥарбат дьон буолбатахпыт. Көрбүтүм – үгүс киһи аныгы кэм ситиһиитинэн – бассаапка, соцситимнэргэ көһөн хаалбыт. Дьоммор этэн көрдүм: “Баннер ыйыыбыт, сыаната 50 тыһ., 4-5 баннеры туруордахха, 250 тыһ., харчы суох диигит, бу харчыга 50-нуу тыһыынчаҕа 5 киһиэхэ сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри соцситимнэргэ олордон үлэлэттэххэ, алдьархайы оҥорботтор дуо?” – диибин. Биирдэ-иккитэ этэн көрдүм – истибэтилэр. Онтон саҥата суох бэйэм дьоммун мунньан тэрийбитинэн барбытым. Түмүгэ 2018 с. бэрэсидьиэн быыбарыгар көстүбүтэ. Онтон биири таба көрбүтүм: биһиги чунуобунньуктарбыт сахалыы, тыа киһитигэр киһилии өйдөнөр, биирдэ ыйыстан кэбиһэр гына сатаан суруйбаттар эбит. Суруйар киһилэрэ да суох. Ону таба көрөн, “доҕоттоор, маннык баар эбит, онон биһиги наһаа уһун гыммакка, 10-15-тии устуруокалаах тэттик ыстатыйалары оҥорон, элбэх бөлөҕү тэрийэн баран ыыталыахха, аһаҕастык киирсиэххэ наада” диэтим. Ону дьонум боруобалаан баран, “олох сөпкө таайбыт эбиккин, атын эрэкэлээмэ наадата суох” диэтилэр. Оннук “бирдиргэтиһэн” Грудиниҥҥа 28% ылбыппыт. Онтон Төрүт сокуону бигэргэтиини утаран, 40% ыллыбыт. Дьоммор эмиэ быһаара сатаатым да, дуостал өйдөөбөттөр, “Коммунист” хаһыаппыт аҕытаассыйата ордук дииллэр. Онуоха “ол ыстатыйалары аҕалыҥ, биһиги сатаан ууран биэриэхпит” диибин. “Коммунист” хаһыат олус үчүгэйдик суруйар. Галина Мохначевская киһиэхэ тиийимтиэ гынар олус уус тыллаах. Ол эрээри аҕытаассыйаҕа саамай улахан оруолу сатаан тарҕатыы уонна эргитии быһаарар. Кини күүстээх ыстатыйаларын тарҕатаммыт, кини аатын өрөспүүбүлүкэ барыта билбитэ. Итинник аныгы ньымалары быыбарга туһаныыга үөрэнэн испиппит баара да, 2022 с. кэлэммит “хоос” гынан хааллыбыт. Көрөбүн, бэл, Бүлүүгэ үлэлии сылдьыбыт мээрбит Н.Афанасьев хоттордо. Дьокутаакка, баһылыкка турбут хандьыдааттарбыт олус ырааҕынан хааллылар. Хоттордохпутуна, саба быраҕан, “былаас буруйдаах” диибит, ити, дьиҥэр, сымыйа. Сатаан үлэлээбэккиттэн хоттороҕун. Аҕыйах да ресурсалаах буолларгын, сатаатахха, элбэх куолаһы ылыахха сөп. Балаһыанньаны кырдьыгынан этэн, үлэни сатаан туруоруохха наада. Госдума быыбарыгар итини эмиэ бэлиэтии көрбүтүм. Билигин 2023 с. хайдах реабилитацияланабыт? Инники үс улахан быыбарга бэйэбитин көрдөрбүт буоллахпытына, быйыл олох таҥнары суулуннубут. Билбэтим хайдах гынарбытын.
– Өссө дьону интэриэһиргэтэр тугу эбии этэрдээххиний?
– Өлүөнэни туоруур күргэ боппуруоһунан дьарыктаммыппын кэпсиирим хайаан да наада. Кыһын таах олорботум, хаста да улахан учуонайдар, бырабыыталыстыба чунуобунньуктара кыттыылаах улахан мунньахтарга сырыттым. Түмүк мунньахха 32 учуонай кэлбитэ, олортон 15-һэ – билим дуоктара, дойду метрополитеннарын оҥорсубут дьон. Ол дьон ааҕан-суоттаан таһаарыыларыгар тирэҕирэн, Өлүөнэ үрдүнэн ханнык да күргэни тутар сыыһа диэбиттэрэ. 5-6, улааппыта 8-9 сылынан муус тоҕо анньан муостаттан туох да хаалымыан сөп үһү. Баҕана биирдэ тэптэххэ – хамсаабат, иккитэ тэптэххэ – силир гынар, салгыы тэптэххэ халкыҥныыр, онтон туллаҥныыр, өссө тэптэххэ – сууллар. Муус ол курдук алдьатар дииллэр. Биһиги эбэбитин олох билбэт эбиппит. Муус алдьатыытын судургутук маннык быһаараллар. Өрүскэ 26 км усталаах халҕаһа муус остуолу үөһэттэн 100 км усталаах көмүөл мууһа анньар. Ол барыта хас миллиард туонна ыйааһынынан анньарын ким билиэ баарай? Миэхэ биир учуонай кэпсээбитэ: “Эн Өлүөнэ диэн тугун өйдүөхтээххин, Өлүөнэ аан дойдуга ханна да суох күүстээх сүүрүктээх эбэ, хайа да бэйэлээх суоттааһынынан туппут иһин, үөһэнэн тутуллубут муоста тулуйбат, син биир эрдэ эбэтэр хойут өрүс тоҕо анньан барар”, – диэбитэ. Санаан да көрдөххө, 1,5-2 м халыҥнаах, 26 км усталаах муус остуол тугу тулутуой? Онтон тоннель сир аннынан барар. Эбэбит быһа холоон 20-чэ м дириҥинэн барар. Өрүс аллараа өттө тоҥмот эбит. Хаһыыта онон быдан түргэнник барар. Биир сылынан уҥуордаан, мыраантан мырааҥҥа тахсаллар. Билигин тиэхиньикэ олус күүһүрэн турар. Үрдүгэ 6 м, кэтитэ 12 м холлороону хаһыы, суолу оҥоруу эҥин барыта үс сылынан бүтэр. Өлүөнэҕэ халаан, муус хайдах ааһарыгар бу тоннель кыһаммат. Тоннель хаһыы урут Арассыыйа бырабыыталыстыбатыгар мөккүөргэ турбут. 2011 с. РФ тырааныспарын урукку миниистирэ И. Левитин өйүү сылдьыбыт эбит.
– Оннук өйөбүллээх буоллаҕына, оччоҕо тоҕо тоннелы уларыппыттарый?
– Биһигиттэн тоннель хайдах да Саха сирин усулуобуйабытыгар сөп түбэспэт диэн утарыы барбыт. Судургутук санаатахпына, харчы боппуруоһа кыайбыт быһыылаах. Тутуллуохтаах вантовай муоста сыаната 83 млрд солк. этэ, билигин 100-тэн тахса млрд солк. тахсара буолуо. Оттон тоннель сыаната 45-50 эрэ млрд солк. Аны Арассыыйаҕа вантаны оҥорор собуот да хаалбата. С.-Петербург анныгар баар собуот тыыннааҕын тыыннаах да, вантаны оҥорбот. Биир Өлүөнэҕэ анаан ванта оҥорорго үлэлэтиэхтэрэ диэн өйбөр киирбэт. Бырайыактааччылар, мин санаабар, аҕыйах торуос сыыһын атын дойдуттан атыыластыҥ да бүтүөхтээх диэн санаабыт буолуохтаахтар. Ванта Францияҕа баар да, билигин сааҥсыйанан кыраныысса барыта сабыылаах.
Күргэ боппуруоһа иһирдьэ киирэн истэххэ, сүрдээх эридьиэстээх.
– Оччоҕо үөһэнэн барар күргэҕэ үлэ бөҕө барбытын кэннэ, тоннель туттарабыт диибит дуо? Тоннель туһунан туох эмэ быһаарыы баар дуо?
– Биһиэхэ быһаарыы суруга кэлбитэ да, эрдэ, кимиэхэ да кэпсээбэппин. Ол эрээри, холлороон инникилээх буолуоҕа дии саныыбын. Арай миэстэтин таларбытыгар, Кангаласс аннынан дуу, Табаҕанан дуу, Хачыкаатынан дуу диэн, тырыта тыытыһарбыт буолуо.
Атын суолларга киирдэххэ, Иркутскайга тиийэр суолга түөрт муоста наада. Былыр өбүгэлэрбит Иркутскайдыыр тыраагы олус табыгастаахтык талбыттар эбит. Итинэн сырыы быһалыы даҕаны. Бүлүү улуустарыгар муосталары эрдэ түргэнник туттаран кэбиспит буоллар, Иркутскайдыын сырыы олохтоммута ырааппыт буолуо эбит. Үөһээ Бүлүү аннынан муоста тутулуннаҕына, Ньурбаҕа биирдэ баар буолаҕын. Билигин салгыы Кириэстээх, Күндээдэ аннынан тутуохха наада. Суолларбыт киһилии аспаалланыахтарын наада. Аҕыйахтык ардах түстэ да, мыыла буолан хаалар суол-иис наадата суох.
– Амма суола куһаҕан, аспаал Чурапчыга тиийдэ...
– Биһиги, уус алданнар, суолбут били былыргы Буордаах Бороҕон суола диэн ааттанар “мааркатын” ыһыкта илик. Бартыһаан Дьөгүөрэп “Танда суола бырыы да бадараан, кыыннаах быһах бэтэрээл” диэбит балаһыанньата билигин да баар. Мин билигин Госдумаҕа тырааныспар кэмитиэтигэр баарбын. Дьокутааттыыр болдьоҕум бүтүүтэ улахан суолталаах суолларбыт боппуруостарын быһаартара сатыам, ол иһигэр бэйэм Уус Алданым суолун. Уус Майдаҕа барарга Амманы туоруур муоста өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтигэр эрэ буолбакка, дойдуга улахан стратегическай суолталааҕынан бастакынан туттарыам этэ. Ол диэки кыһыл көмүһү туоннанан хостууллар. Дьиэ тутар, дьыалабыай мас Уус Майдаҕа эрэ хаалла. Ону таһынан муоранан аҕалыллыбыт баһаам элбэх табаар кэлиэ этэ. Улахан кэскиллээх үлэ ханнык эрэ 300-400 м уһуннаах күргэни кыайан туппакка сылдьарбытыттан аһылла илик.
– Өссө өрөспүүбүлүкэҕэ туох туһалаах тутуулары туруорса сылдьаҕыный?
– Киин сир дьоно биири өйдөөбөттөр: Арктика, тус хоту сир боппуруоһа күүскэ өйөнүөхтээҕин. Бу саамай атаҕастанан олорор сир. Бастатан туран, ханнык да киһилии аэродром, сөмөлүөт түһэр балаһата билиҥҥитэ суох. Ол гынан баран, харчытыгар таһаардахха, Уһук Хоту улуустар төһөлөөх элбэх үбү судаарыстыбаҕа биэрэллэрий? Аҥаардас Анаабыр алмааһа төһөнү биэрэрий? Сотору Өлөөн алмааһа кэлиэҕэ. Күчүс көмүһүн хостооһун сотору үлэлиэ. Элбэх үбү киллэрэр атын да бырайыактар бааллар. Оттон ол кыһыл көмүһү тиэйиэхтээх Депутатскай аэродрома оҥоһулла илик. Экэниэмикэ өттүнэн хоту аэродромнары оҥорор сүрдээх барыстаах. Саха сириттэн 42 т кыһыл көмүһү, 130 т үрүҥ көмүһү хостуубут диибит да, Хоту сир улахан боппуруостарын быһаарбакка олороллор. Биһиэхэ муоста тутуутугар, аэродромнарга харчы бэриллибэт буоллаҕына, бу туох дьиибэ бэлиитикэтэ дойдуга ыытылларый? Ан-2 сөмөлүөтү оҥоруу боппуруоһунан кыһыны быһа “тустан” кэллибит. Ыксааммыт, Белоруссияны кытта кыттыгастаах тэрилтэ оҥостоору гыммыппыт эмиэ табыллыбата. Эбэтэр баҕарбаттар, эбэтэр хоту сир баайдаах сирдэрбитигэр кими эрэ киллэрээри, ким эрэ харчы өлөрөрүгэр ырыынак бэлэмнээн тута сыталлар дуу дии саныыгын.
– “Харчы суох дииргитин итэҕэйбэппин, Саха сирэ 42 т көмүһү, 130 т үрүҥ көмүһү, 26 мөл т коксаланар чоҕу, 4,2 млрд дуоллардаах алмааһы, 17 млрд кубометр гааһы, 18 мөл. т ньиэби биэрдэ” диэн эппиккэр миниистир туох диэбитэй?
– Туох диэҕэй, куотуннаҕа дии. Хомуньуустар аһаҕастык этэбит, чааһынай бас билии олохпутугар баарын тухары Арассыыйа, Саха сирэ бу билигин бара турар улахан улугурууттан хаһан да тахсыахпыт суоҕа. Тоҕо диэтэргин, 1 гр кыһыл көмүс сыаната – 5,8 тыһ. солк. Биир урбаанньыт 1 т хостуур, ону харчытыгар таһаарыҥ эрэ. Ити киһи бу үлүгэр харчыны сомсо сытарыттан хаһан эмэ аккаастаныа дуо? Суох буоллаҕа. Хомуньуустар бырагыраамабытыгар сиртэн хостонор баай бүтүннүү судаарыстыба бас билиитигэр бэриллиэхтээх диэн суруллар. Уонна онтон киирэр үп дойду бүддьүөтүгэр киирдэҕинэ эрэ, биһиги хаһан эрэ кириисистэн тахсыахпыт.
Ырыынагы ким да утарбат ээ. ССРС саҕана 70-с сыллардааҕы хомуньуустар өйдөөн ырыынагы киллэрбиттэрэ буоллар, Сэбиэскэй Сойуус хаһан да эстиэ суох этэ. Кырдьыгынан эттэххэ, 80-с сыллардааҕы ССКП лиидэрдэрэ ханна да бара иликтэр, билигин да былааска бааллар. Ол дьонуҥ ССРС-һы эһэн баран, сөп буолбакка, салгыы хармааннарын хаҥатталлар. Холобур, биһиги Сахабыт сиригэр киириэхтээх үбү бэйэлэригэр ыла олороллор. Оччотооҕу бүрүкүрээт чунуобунньуктар төннүөхтэрин мин да баҕарбаппын. Алҕаска кинилэр “хомуньуустар биһиги баарбыт” диэн, ол дьон кэллэхтэринэ, олохпут эмиэ уларыйбат.
– Хайдах сиидэлээн үчүгэй дьону булабыт?
– Күүстээх уларыта тутуу барыахтаах. Бэйэбит, дьокутааттар иннибитин көрүммэккэ эрэ, норуот туһугар үлэлээтэхпитинэ биирдэ, олох көнүөҕэ. Дьон, чахчы, дьадайда, хармааннарыгар харчылара суох. Билигин да тыаҕа маҕаһыыннарга дьон иэскэ суруйтаран ас-үөл ылар. Дьиҥнээх экэниэмикэ ити сылдьар. Бэйэҥ бородууксуйа оҥорбот буоллаххына, хантан сайдыы кэлиэй? Киһи кыһыйыах, оҥорон таһаарар урбаанньыкка уоту кВт/ч 8 солк. атыылыыбыт. Оттон кыраныысса таһыттан, киловатыгар 1 солк. ороскуоттаммыт бородууксуйаны киллэрэллэр. Биһиги урбаанньыппыт маннык күрэстэһиигэ хотторумуна. Ол кэннэ сыбыс-сымыйанан “орто, дьоҕус биисинэһи өйүүбүт” дииллэр. Биһиэннэрэ тэҥҥэ күрэстэһэр усулуобуйаларын тэрийбэттэр. Кирэдьиит ылаары гыналлар, РФ Киин бааныгар бааннарга 0 %-наах кирэдьиит биэриҥ диибит. Оччоҕо 4-5% кирэдьиит тахсан кэлиэ этэ. Оччоҕо экэниэмикэ балаһыанньата көнөн барар. Оттон билигин бааннар 27-28% халабырдаах кирэдьиити биэрэллэр. Аны дойдуга харчы суох буолла, ханна эрэ баран хаалла. Өскөтө билигин үп бэлиитикэтин тосту уларыппатахтарына, ыарахан буолуо, билбэтим ханна тиийэрбитин.
– Кэлэр 2-3 сыл бүддьүөт туруктаах буолуо дуо?
– Биири өйдүөххэ наада, дойду экэниэмикэтэ мэлдьи туруктаах. Сиртэн хостонор баайыҥ, көмүс-валюта саппааһа баарын тухары. Хостооччулар бааҥҥа туттара тураллар буоллаҕа. Ол гынан баран, ити баай чааһынайдартан былдьаан ылыллан, судаарыстыбаҕа бэриллиэхтээх. Дьэ, оччоҕо ол баһаам үп бумеранг курдук дьоҥҥо-сэргэҕэ бырыһыана суох кирэдьиитинэн, бүддьүөттээхтэргэ үрдүк хамнаһынан кэлиэхтээх. Хомунаалынай ороскуот, чахчы, олус үрдүк. Субсидиялыырбытын элбэтэн, төлөбүрү 3-4 тыһ. тиийэ түһэрдэххэ, нэһилиэнньэ биирдэ харчыланар. Санаан көрүҥ, киһи хамнаһын, биэнсийэтин хомунаалынай, гаас, уот төлөбүрүнэн суйдуу олордоххуна, хайа киһи, ыал кыаҕырыаҕай? Киһи кыһыйыах, барыта – бэйэбит киэнэ. Элэктэриичэстибэни Саха сирин гааһыттан оҥороллор. Дьиҥинэн, дойду, өрөспүүбүлүкэ үбүттэн ким төһөнү ылара, туһанара, остуолга ырылыччы көстө сытар ээ. Биһигини “бу экэниэмикэҕэ быһаарсыбат дьон талбыттарын туойа сылдьаллар” диир буоллахтарына, сыыстараллар. Хаһан эмэ эппиэттиир кэм кэлиэ. Биһиги да ол саҕана баар буолуохпут.
– Пётр Револьдович, мөккүөрдээх эрээри, киһини толкуйдатар, олоҕу атын хараҕынан көрдөрөр кыахтаах кэпсээниҥ иһин махтал! Госдумаҕа дойдуҥ кыһалҕатыттан элбэҕи быһаараргар баҕарабыт!
Владимир Степанов.
Дьокуускай–Москуба–Дьокуускай.
|
Category: Власть Правительство Ил Тумэн |
Views: 1493 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 18 Ыалдьыттар (гостей): 18 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|