Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Сэтинньи » 15 » Көйгөлөммүт саха тыла
Көйгөлөммүт саха тыла
10:14
Көйгөлөммүт саха тыла

    Куорат олоҕо        14.11.2022 16:50    121
Саха уутуйан олорор улуустарыгар төрөөбүт тылы үөрэтиигэ, эйгэни тэрийиигэ кыһалҕа баар буоллаҕына, бырамыысыланнай оройуоннарга, ыраах хотугу улуустарга балаһыанньа хайдаҕый? “Атын дойдуга олорор курдукпут” дииллэр онно олорор саха дьоно.

Нерюнгри оройуона: чинчийии түмүгэ

2016 сыл туругунан, Нерюнгрига 57791 киһи олорор. 92%-на –нууччалар, 5%-на – сахалар.

Нина Иванова, билим дуоктара, социолингвист-учуонай, ГЧИ:

– М.К. Аммосов аатынан ХИФУ “Арктика тылларын эко­логията” норуоттар икки ардыларынааҕы билим-чинчийэр лабаратыарыйатын чинчийээччилэрэ Алдан, Нерюнгри оройуоннарыгар балаҕан ыйын 21-29 күннэригэр эспэдиис­сийэҕэ баран кэлбиттэрэ. Чуолаан, олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктары уонна Нерюнгри куоратыгар олорор сахалары чинчийбиттэрэ. Нэһилиэнньэни кытта көрсөн кэпсэтэн, анкета толорторон, баар кыһалҕалары билсэн кэлбиттэрэ. Эспэдииссийэ салайааччыта социолингвист, лабаратыарыйа тутаах үлэһитэ, тыл билимин дуоктара Айса Николаевна Биткеева Арассыыйа Наукаҕа акадьыамыйатын Тыл институтуттан кэлэн үлэлээтэ. Ыйытыыга кыттыбыт сахалартан 89% –киһи төрөөбүт тылынан саха тылын, 11 % нуучча уонна саха тылларын тэҥинэн ааттаабыт.

Кэпсэтэр тыллара
    

Оҕолорбун кытта
    

Кэргэммин кытта

 
    

Төрөппүттэрбин кытта
    

Эбэбин, эһэбин кытта

Сахалыы

 
    

16,9
    

38,5
    

58,5
    

60

Сүрүннээн,сахалыы
    

10,8 %
    

10,8
    

9,2
    

4,6

 

Кэпсэтэр тыллара
    

Дьиэҕэ
    

Үлэҕэ

 

Сахалыы
    

27,7
    

3,1

Сүрүннээн, сахалыы
    

15,4
    

3,1

Нууччалыы
    

16,9
    

64,6

Сүрүннээн,нууччалыы
    

15,4
    

9,2

Сахалыы, нууччалыы тэҥинэн
    

23,1
    

10,8

Саха тылын баһылыыр та­һымнара: холкутук саҥараач­чыта – 67,7%, саҥарар, ааҕар эрээри сатаан суруйбат – 10,8%, саҥарар эрээри аахпат, суруйбат – 6,2 %, мөлтөхтүк саҥарар – 6,2%.

Нерюнгрига үксэ өрөспүү­бүлүкэ киин улуустарыттан (42%) уонна Бүлүү бөлөх улуустарыттан (20%) кэлэн олохсуйбуттар. Саха тылынан үөрэтэр оскуолалары эбэтэр үрдүкү кылааска диэри сахалыы үөрэммит (33,8 + 21,5%), төрөөбүт сахаларын тылын биридимиэт быhыытынан үөрэппит (18,5%) саха дьоно бааллар. Кинилэр биллэн турар, төрөөбүт тылларын кэнэҕэски ыччаттарыгар хаалларар ытык иэстэрин өйдөөн, сахалыы кылаастары, уһуйааны туруорсаллар. 64% киһи cаха тылын үөрэтэр оскуола олох тиийбэт диир.

Төрөппүттэр оҕолоругар ханнык оскуолалары талаллар?

24,6% – саха тылын биридимиэт быһыытынан уонна омук тылын дириҥэтэн үөрэтэр нууччалыы иитэр-үөрэтэр оскуоланы;

16,9 % – алын сүһүөххэ сахалыы иитэр-үөрэтэр, улахан кылаастарга сыыйа нууччалыы үөрэтиигэ көһөр, саха тылын биридимиэт быһыытынан наар үөрэтэр оскуоланы;

17,7 % – алын сүһүөххэ сахалыы иитэр-үөрэтэр, омук тылын дириҥэтэн үөрэтэр оскуоланы;

23,1 % – саха тылын биридимиэт быһыытынан үөрэтэр нууччалыы оскуоланы.

Уонна хоруйдааччылар 36,9 %-ра оскуолаларга саха тылын нуучча тылын тэ­ҥи­нэн, омугуттан тутулуга суох үөрэнээччи барыта үөрэтиэх­тээх дииллэр. Холобура, “Ханнык тылы үөрэтэн күннээҕи олоххор туттуоҥ этэй?” диэн ыйытыыга саха тылын (53,8%) уонна омук тылын (20%) талбыттар.
Уопсастыбаннас туруорсар даҕаны...

Наталья ЕФРЕМОВА, уопсастыбанньык, Нерюнгри к.

– Нерюнгри бырамыысыланнай оройуонугар саха эйгэтин кэҥэтэр кыах култуура салаатын уонна оскуола эрэ көмөтүнэн сайдар кыахтаах. Саатар, киһи сөҕүөх, Саха тыйаатыра, Опера уонна балет тыйаатыра, Олоҥхо тыйаатыра, Үҥкүү национальнай тыйаатыра, о.д.а. Москубанан, Санкт-Петербурунан, Арассыыйа атын даҕаны куораттарынан госту­руоллуулар, хастыыта да ыһыах тэрийэллэр, атын дойдуларга тахсан саха ускуустубатын көрдөрөллөр, арай биһиэхэ кэлбэттэр. Хата, быйыл Эстрада тыйаатыра кэлэ сырытта. Ыһыахпытыгар бэйэбит харчыбытыгар успуонсардаан, алгысчыт аҕалабыт.

Култуура управлениетыгар “биһиги оройуоммутугар саха фольклорун, култууратын билэр сахалыы тыллаах испэсэлиис наада” диэн туруорсабыт да, тоҕо эрэ олох кыаллыбат. Үөһэттэн, Култуура министиэристибэтин дьаһала наада буолуо да, онно эрэ болҕойботтор. Эбэтэр бу “национальнай боппуруос” диэн сэрэнэллэрэ дуу? Эдэр ыаллар дьиэлэригэр оҕолорун кытта сахалыы кэпсэтэр, сахалыы остуоруйаны, испэктээги тыйаатырга көрөр буоллахтарына, сыанаттан олоҥхону, кылыһаҕы, кырыымпа, хомус оонньуурун иһиттэхтэринэ, быһата, эйгэ үөскээтэҕинэ биирдэ, оҕо өбүгэлэрин тылын билиэ этэ.

Былаас уорганнарын, Ил Дархан, СӨ Үөрэх министиэристибэтин өттүттэн бу боппуруостары быһаарыыга болҕомто ууруллара буоллар, Нерюнгри улууһугар олохтоох саха тыллаах иитээччилэри, саха тылын үөрэхтээхтэрин, култуура үөрэхтээх дьону (дьупулуомнаах, үлэлиир кыахтаах) мунньан, сүбэлэһиэххэ сөп этэ. Манна араас омук олорорунан, сахалар аҕыйахпытынан, көмө наада. Туох баар боппуруоһу барытын аҥаардас уопсастыбаннай түмсүү санныгар уйар кыаҕа суох эбээт.

Григорий Кузьмин, оройуон сэбиэтин дьокутаата:

– Бу кыһын Дьокуускайга мединституту бүтэрээри сылдьар устудьуоннары кытары кэпсэппиппэр, отут оҕоттон биир эрэ оҕо кэлэр баҕатын биллэрбитэ, ол бүрээт кыыһа этэ. Үөрэҕи бүтэрэр эдэр исписэлиистэри Үөрэх, Доруобуйа харыстабылын, Успуорт министиэристибэлэрин нөҥүө кэпсэтии ыытан, манна анатан ыыттарар буоллар.

Антонина Данилова, Нерюнгри:

– Уһуйааҥҥа сахалыы бөлөх наада, ол кэлбит эдэр ыалларга көмө, оҕолор оскуолаҕа киирэллэригэр, сахалыы кылаастар тэриллэллэригэр олук буолуо этэ.

Уһуйаан иитээччилэрэ сахалар бааллар, кинилэргэ үлэ миэстэтэ да тахсыа этэ.
Баатаҕай: “Сахабыт тылынан үөрэнэргэ дьулуһуоҕуҥ”
 

диэн ааттаах чинчийиини Баатаҕай орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Сарыал Струч­ков, Павел Слепцов, учуу­таллара А.Н. Стручкова салал­татынан оҥорбуттар. Оҕолор да, учууталлара да маладьыастар.

– Биһиги Дьааҥыбыт улуу­һун киин оскуолатыгар тө­рөөбүт тыл биридимиэтэ ба­һылыыр суолтата сүтэн эрэр. Уһуйааннарга сахалыы дьарык ыытыллыбат. Ол түмү­гэр оҕолор төрөөбүт тылынан саҥарбат, суруйбат, бы­һаар­сыбат буоллулар. Холобур, Баатаҕай орто оскуолатыгар оҕо 30 %-на эрэ сахалыы саҥарар, суруйар.

Тоҕо маннык буолла? Ыйытыкка маннык таҕыста:

1. Төрөппүттэргэ “нууччалыы сатаан саҥарбат киһи ырааппат, киэҥ сиргэ бардаҕына эрэйдэнэр” диэн өйдөбүл элбээтэ. Уһуйаан саастаах оҕолоох төрөппүттэр оннук саныыллар. 100 төрөппүттэн 80%-на оннук эппиэти биэрбит.

2. Саха тылын эбии ноҕу­рууска эрэ курдук көрөр буол­лулар. “Уруокпут ахсаана элбэх, оҕобут сылайар” диэн са­нааҕа төрөппүт 40%-на эппиэт биэрдэ.

3. Сахалыы уһуйаан суох. Ыйытык түмүгүнэн Баатаҕай бө­һүөлэгэр сахалыы дьарыктыыр бөлөх тэриллибэтэҕиттэн оҕолор нууччалыы бөлөххө сылдьарга күһэллэллэр, салгыы тылларын сүтэрэллэр.

4. Нууччалыы-сахалыы бутуйан кэпсэтии түмүгэр, дорҕоону кыайан саҥарбат, тылы, этиини холбоон кэпсээбэт оҕо ахсаана дэлэйдэ.

5. Кыра оҕолорго аналлаах сахалыы тэрээһиннэри, түмсүүлэри, оонньууну-көрү, куонкурустары ыытыы лаппа аҕыйах.

6. Төрөөбүт тыл суолтатын, сайдыытын туһунан кэпсэтиилэр, ырытыһыылар ыытыллыбаттар. Маннык санааҕа төрөппүт 60% эппиэт биэрдэ.

Баатаҕай орто оскуолатыгар саха кылааһын 1995 с. сүүрэн-көтөн алын кылаас учуутала Лариса Николаевна Стручкова арыйтарбыта. Саха кылааһын арыйтарыы элбэх уустуктааҕа, түбүктээҕэ. Онно барытыгар төрөппүттэри, уоп­сас­тыбаннаһы, үгүс салайааччыны түмэн турууласпыт, биир бастыҥ учууталбыт этэ. Онон билиҥҥэ диэри саха кылааһыгар үгүс оҕо бэйэтин төрөөбүт тылынан кэпсэтэр-ипсэтэр. Бу иннинэ биир да оҕо сахалыы саҥарбат, ыллаабат-туойбат этэ. Онтон ыла саха кылааһыгар барыта холбоон 335 оҕо үөрэммит. 27 сыл тухары саха кылаастарыгар барыта 16 алын кылаас учуутала үлэлээн-хамсаан ааста. Ол эрээри сорох сылга 4-5 эрэ оҕо кииртэлии сылдьыбыт. 2019-2020 үөрэх сылыгар саха кылааһа арыллыбатах. Манна салайааччылар, төрөппүт болҕомтолорун уурбатахтарыттан буолуон сөп.

Билигин баар чахчылар киһини долгутуох тустаахтар. Итини холобурдаан салайааччылары, тыл үөрэхтээхтэрин, төрөппүттэри түмэн Дьааҥыбыт киинигэр сүбэ түмсүүлэри, киэҥ хайысхалаах мунньахтары тэрийэн ыытыахха.

Умнуллан эрэр

Мииринэйгэ, хотугу улуустарга сахалыы үөрэх туруга хайдаҕый диэн сибээстэспит “Сайдыы” саха тылын учууталларын ассоциациятын салайааччыта Жанна Барашкова:

– Холобур, Мииринэй улуу­һун нэһилиэктэригэр урут үс сахалыы үөрэтэр оскуола баара. Билигин биир эрэ оскуола хаалбыт. Сүлдьүкээр оскуолата эбэҥкилии оскуола буолбут, Арыылаах оскуолатыгар төрөппүттэр бэйэлэрэ аккаастаммыттар. Билигин онно 5-9 кыл. “разговорный якутский язык” баар уонна саха тылын алын кылаастан үөрэппит 7-9 кылаастарга хаалбыт. Онон, Таас Үрэх оскуолатыгар эрэ саха тыла хаалбыт, онно да төрөппүттэр аккаастаныах курдуктар. Алын кылаастарга сахалыы саҥарар биир даҕаны оҕо суох диэтилэр.

Алдаҥҥа саха тылын Хатыыстыырга, Угайааҥҥа уонна Кутана бөһүөлэктэригэр үөрэтэллэр үһү. Өймөкөөҥҥө барыта 8 оскуола баарыттан 4 оскуола үөрэтэр. Төрөппүттэр туруорсууларынан, Төрүт оскуолатыгар саха тылын үөрэтии тохтообут. Онно алын кылаастан үөрэппит оҕолор эрэ үөрэтэ сылдьаллар. Усуйаанаҕа 5 оскуолаҕа хата, сахалыы үөрэтэллэр эбит. Оттон Нерюнгри оройуонугар барыта 19 оскуолаттан сахалыы үөрэтии ханна да суох... Саха сирин норуоттарын култуурата уруогу таһынан чааска бэриллибит.

Эбээн Бытантай үс нэһилиэгэр барытыгар саха тылын үөрэтэллэр, чаас оннунан хаалбыт. Ол эрээри, төрүт култуураҕа балаһыанньа ыарахан, онно 2 эрэ чаас баар. Эдьигээн оройуонугар түөрт нэһилиэккэ барытыгар саха тылын үөрэтэ сылдьаллар: Кыстатыамҥа, Баханыга, Бэстээххэ, Эдьигээн оскуолатыгар. Биир учуутал нуучча кылаастарыгар “Якутский язык как государственный” диэни биэрэр. Итиннэ 4 “параллеллаах” улахан оскуолаҕа “а” кылааһа сахалыы диэтилэр. Абыйга 7 оскуола бары сахалыы үөрэтэ олороллор

Үөһээ Халымаҕа Арыылаах агро-оскуолатыгар эрэ, Аллайыахаҕа 4 оскуолаттан биир эрэ оскуолаҕа саха тылын үөрэтии хаалбыт. Аллараа Халымаҕа 4 оскуолаҕа саха тыла судаарыстыбаннай тыл быһыытынан үөрэтиллэр, Колымскай оскуолатыгар оннук саҕалаан баран, улахан кылаастарга арыый дириҥэтэн үөрэтэллэр эбит. Уопсай түмүккэ көстөрүнэн, саха тылын үөрэтии хайдах эрэ улам-улам көйгөтүтүллэн эрэр курдук. Сэрэйдэххэ, атын хабыллыбакка хаалбыт улуустарга да уратыта суох балаһыанньа буолуо: Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ...

Судаарыстыба болҕойоро уолдьаста

Дьэ, онон бу улуустарга саха тылын үөрэтии судаарыстыбаннай бэлиитикэ биир тиһигин быһыытынан буолбакка, сыччах төрөппүт баҕатын учуоттуурга, ону кытта биирдиилээн хорсун-дьорҕоот учууталлар, уопсастыбаннас туруулаһыытыгар эрэ бэриллибит курдук. Итинник сыһыан салҕаннаҕына, аны кэлэр сийиэскэ итиннэ биир даҕаны саха тылын үөрэтэр оскуола хаалыа суоҕа. Оттон маны быһаччы иилиэхтээх-саҕалыахтаах, дьаһайсыахтаах Үөрэх министиэристибэтэ, үөрэххэ сыһыаннаах институттар, былаас уорганнара тугу эмэ суолталааҕы тобулбуттара баччааҥҥа диэри көстүбэт.

Бу улуустарга саха тылын үөрэтии бар кыһалҕа буолбут туругар биир эмэ министиэристибэ кэллиэгийэтэ дуу, институт сэминээрэ дуу ананна дуо? Эбэтэр Ил Түмэн таһымыгар бу боппуруос көтөҕүллэ сырытта дуо? Арай 2019 с. Саха кэнгириэһин улахан мунньаҕар Алдантан, Нерюнгриттан саха уопсастыбаннай түмсүүлэрэ кэлэн улахан кыһалҕа баарын туһунан этинэ сатаахтаабыттара... Бу быһаарыллыбакка турар кыһалҕаны болҕойор, судаарыстыбаннай таһымҥа таһаарар уолдьаспата дуо?

Нина ГЕРАСИМОВА
Category: Саха | Views: 2063 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Сэтинньи 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 19
Ыалдьыттар (гостей): 19
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024