Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2022 » Ахсынньы » 2 » 2022 сыл – Одун хаан сыла»
2022 сыл – Одун хаан сыла»
14:29
2022 сыл – Одун хаан сыла»

Бу, 2022 сыл саха үгэһигэр олохсуйбут халандаара көрдөрөрүнэн, - Одун Хаан диэн таҥара сылынан ааҕыллар. Биһи билэрбитинэн, Одун диэн тыл «од» диэн монгол тылыгар эмиэ баар уонна дьылҕа, дьол диэн суолталаах.
Саха итэҕэлигэр үгэс буолбут өйдөбүл этэринэн, Олоҥхо бырамана, Эллэй Боотур үтүмэнэ, Нуучча кэмэ, Дьөһөгөй мөһүлгэтэ, Одун сыла буолла.
Отуорбут олордо, Ортону буллубут, Толору дьолоох, Ситэри ыйаахтаах, Бөҕө оҥоруулаах, Бигэ санаалаах Айар-тутар Айыы дьоно буолуоҕуҥ. Аан дойду Ортотугар буолуоҕуҥ, Күн сирин Өркөнүгэр сылдьыаҕыҥ, Тыыммыт Үрүҥ Айыы Тойон Сэргэтигэр Өртөннүн, Саха буолан Сандаарыаҕыҥ, Урааҥхай буолан Туругуруоҕуҥ!

Одун Хаан сыла – кыра мөһүлгэ 9-с сыла, 1998 сылтан саҕаланар дэнэр. Алгыс, тыл, көр-күлүү эйгэлээх Одун Хаан сылыгар ордук болҕомто киһи туругар, дьылҕатыгар ууруллар, ол, эбэтэр маннык түһүмнэригэр: оҕо саас, кэргэннэнии, оҕолонуу, баайы-дуолу мунньунуу, оҕону атаҕар туруоруу уонна сөптөөхтүк кырдьыы.

Киһи күннээҕи олоҕор үлэнэн үлүһүйэн хаалар. Оннук дьоннорго олох сүрүн түһүмүн санатан биэрэргэ аналлаах дьайыыны оҥоһуллар, аналларын, дьылҕаларын өйдүүргэ, бүдүмүк олорбот курдук дьаһанарга үөрэтэллэр.
Ону таһынан, чэгиэни күүһүрдэргэ, киһи этэ-хаана мөлтүүрүгэр – өйү-санааны, мэйии үлэтин күүһүрдэн көтөҕөн биэрэргэ эмиэ Одун Хаан сыла тоҕоостооҕунан аатырар.
Одун сыла, ол, эбэтэр, ыйаах таҥаратын сыла дэнэр сылга сыһыаннаан, аркыып матырыйааллара даҕаны, араас чинчийээччилэр үлэлэригэр олоҕуран тугу этиэххэ сөп эбитий?

Олоҥхоҕо кэпсэнэринэн, үрдүкү халлааҥҥа олохтоох, үкээр куйаас тыыннаах – Үрүҥ Айыы Тойон алгыс этэн ыйаах төрдө буол диэн Чыҥырыыр Чыҥыс Хааны, оҥоһуу  төрдө буол диэн Орулуур Одун Хааны бу дойдуга олохтообут. Бу икки оҕонньоттор тус-туспа уруһуйданыахтарын сөп. Эмиэ үс өллүргэлээх бэргэһэлээхтэр. Чыҥыс Хаан аан дойду бэрээдэгин тутан олорор. Кини эриэн ситии быалаах. Онтон Одун бу көстөр-биллэр эйгэни тутан олорор. Кини уҥа илиитигэр күннээх (күн ойуутун тутан олорор). Кинилэр оҥорууну (предопредление) уонна ыйааҕы кытта сибээстээхтэр. Киһи дьылҕатын таҥара оҥорор диэн этиллэр. Ол оҥорор күүстэринэн Үрүҥ Айыы Тойон көмөлөһөөччүлэрэ Одун уонна Чыҥыс буолаллар. Үрүн Айыы Тойон тохсус халлааҥҥа буоллаҕына, кинилэр ахсыс халлааҥҥа олороллор дииллэр эбит.

Одун Хаан оҕонньор, атын дьүһүнэ – саҥыйах сонноох, уһун бытыктаах, уҥа илиитигэр тайах мастаах, хаҥас илиитигэр уйаны туппут, ол аата, киһи буор кутун көрдөрөр бэлиэлээх буолар.

Бэлиэтэ – тиэрбэс иһинээҕи алта муннук аан дойду алта киспэтин көрдөрөр. Ити киспэлэр тутаннар чиҥ айылҕа үөскүүр. Чиҥ айылҕа диэн материальнай эйгэ: сулустар, ый, күн, сир, хайа эҥин. Чиҥ эйгэни Одун салайар. Ол иһин бу ойууну Одун бэлиэтинэн билинэллэр уонна олохсуйан олорон олоҥхону истэргэ ыҥыраллар.

Былыр, Тойон үөрэҕэр үөрэнэр оҕолор куолу-дьүүл туһунан билэн улааталлара. Кинилэр Одун Хаан уонна Чыҥыс Хаан куолуну уонна дьүүлү олохтообуттар диэн өйдүүллэрэ. Оччолорго куолу диэн киһи хайаан да тутуһа сылдьар быраабылата ааттанара, оттон дьүүл диэн куолуну кэспит киһи хайдах быһыылаахтык сууттанара этиллэрэ.

Былыргылар этэллэринэн, алгыс түмүллэн Одун күүһэ буолар уонна чиҥ айылҕаны үөскэтэр. Киһи буор кута эмиэ – Одун сороҕо. Одун иччилэрэ чиҥ айылҕаны үөскэтэллэр. Одун – аан дойду буор кута буоларынан биллэр. Ол аата, киһи хараҕар көстөрү барытын кини оҥорбутунан аатырар, оттон көстүбэт өттүн – Чыҥыс Хаан.

Одун, буор кут өйдөбүлүн күүһүн уонна кыаҕын кытта ыкса ситимнээҕинэн биллэр. Холобура, «оройунан оонньуур улаан аттаах одун Оҕо, Күтүр күүстээх Одун уол» диэн бу оҕо күүһэ улаханын, уол оҕоттон ордугун бэлиэтээн этэллэр. Былыргылар, ол оҕо төлкөтүн кэпсииллэригэр, уол оҕо барахсан Одунтан оҥоруулаах, Чыҥыстан ыйаахтаах, Мөҕүрүүр Бөҕөттөн төлкөлөөх дииллэрэ эмиэ Одун уонна Чыҥыс, ордук, күүһү илдьэ сылдьааччы уол, эр киһи диэки туһаайыылаахтарын туоһулуур. «Ороһуоллаах уулаах Огдолуйбат олохтоох Одун байҕал» диэн байҕал уллуҥа уонна олоҕо ахтыллар. Манна, киэҥэ уонна туустаах уулааҕа этиллэр. Ити эмиэ кини сүрүн бэлиэтэ буолар.
Одун сылыгар ханнык хайысханы тутуһан, туохха ордук болҕомтобутун ууран олоруохтаахпытын санатар эбитий, саха итэҕэлэ?

Бастатан туран, Одун сылыгар чэгиэни күүһүрдэргэ аналлаах хамсаныылары оҥоһуллуохтаах, киһи этэ-хаана мөлтөөбүтүн өйү-санааны күүһүрдэн көтөҕөн биэрэллэрэ. Ол туһа диэн олоҥхолору истэллэрэ.
Бастаан олоҥхону, сэһэннэр төрдүлэрэ Хаан дьаллыксыт, Сэлибир бытык, Кыырык төбө, Тутум түөкэй, Харчы сото, Хааҥкыра хоннох, Сир түннүгэ, Тойон Көҥүл, Сээркээн Сэһэн сэһэргээбит дэнэр. Олоҥхо сахаҕа итэҕэлин төрдө буолар, айыы-аймаҕын туһунан Аан дойду, Сир Ийэ үөскүөҕүттэн номох быһыытынан билсиһиннэрэр. Сахаҕа атын сири былдьаан ылыы эҥин идиэйэтэ суох буолар. Киһи төрөөбүт дойдута уларыйбат. Ити дойду бухатыырга киин суолталаах. Кини бу дойдуттан мэлдьи күүс-уох ыла сылдьар. Онтон атын буолбат. Бу дойду Чээл Быраан диэн аатынан биһиэхэ баар. Халлааннааҕы айыы дойдута даа, сирдээҕи айыы дойдута даа силбиһэн хаалбыт төрүт өбүгэлэр сирдэрэ, дьэ, ол иһин күөх чээл дойдуну көрүү биһиэхэ култуура быһыытынан хаалбыт. Ити сүрүннүүр сиртэн саха духуобунай күүһүн ылан тыынын салгыыр диэн өйдөбүл баара биллэр.

Эккэ-сииҥҥэ туһаайан буор кут диэн өйдөбүл баарын билэбит. Бу кут киһи этин-сиинин үөскэтэр. Архыып источниктарыгар бэйэтэ бороҥ дьүһүннээх, кып-кыра үөн курдук да буоллар ыарахан ыйааһыннаах курдук ойууланар. Буор кут биир аата уу кут диэн, киһиттэн олорорун-тыынарын тухары барбат. Буор кут – Одун Хааны, Билгэ Хааны кытта ситимнээхтэринэн ааҕыллар. Киһи өллөҕүнэ ыһыллар дэнэр. Одун Хаан киһи оҥоруутун оҥорор, ол аата киһи буор кута хайдах олорорун эрдэттэн оҥорон кэбиһэр дииллэр эбит.

Сурукка этиллэринэн, атааннаах-мөҥүөннээх олоҕум оҥкулун онорооччулар Одун-Чыҥыс хааннар ордоо дугуй халлаан ахсыс хартыгаһын баһылаан дархаһыйан олороллор. Сорох омугу үрдэтэллэр,  сороҕу суох онороллор. Илбис кыыһа диэн илэһэ-талаһа түһээччилээхтэр, Оһол уола диэн сорук боллурдаахтар.

Киһи ахсыс халлаантан төрүттээх дииллэр эбит. Бу тохсус халлаан буолбатах. Кини айыылартан биир улахан уратыламмыт. Айыылар хаһан да өлбөт буоллахтарына, киһи өлөр. Киһи ийэ кута эрэ үөһэттэн кэлэр. Тохсус халлаантан кэлэр. Ол иһин биһиги айыы айылҕалаахпыт. Биһиэхэ таҥара тыына баар. Ахсыс халлааҥҥа айыллыбыппыт бэлиэтэ диэн буор куттаахпыт. Ити куппут ахсыс халлааҥҥа айыллар эрэ. Кини орто дойдуга түһэн киһи буолар дэниллибит.
Бу халлаан киһи кутун-сүрүн тутар, отуорун оҥорор, барҕатын ситэрэр.

Үөһээ этиллибитин курдук, Одун сылыгар өй сайдыытыгар үлэ күүһүрүөхтээх. Былыргылар саныылларынан, өркөн өй уота киһи сүүһүгэр сөп түбэһэр. Саха, киһини, айылҕата ис уоттаах диэн өйдүүр. Ол уотун уоҕунан кини таптыыр, айар-тутар, охсуһар, тулатын өйдүүргэ дьулуһар. Ити уоту сүүһүгэр баарын курдук көрөллөрө, ону өркөн диэн ааттыыллара. Саха өйдүүрүнэн өркөн - Айыылар бэлиэлэрэ. Бу уот туруга киһи бэйэтин кыаҕар сыһыаны быһаарар. Өркөн миэстэтигэр, хаас икки ардыгар, сүүс ортотугар баар буоллаҕына, киһи бэйэтин кыаҕын сөпкө өйдүүр, онно холооонноох дьайыылары оҥорор. Кини бэйэтин сэнэммэт да, киэбирэн да турбат, отуор ортотун тутуһар.

Манан киһи харыстанан сылдьар алгыһа киирэр, киһи төһө өр олороро тутулуктаах буолар дииллэр. Ол иһин Одун сыла күрүөлэнии, харыстаныы туомнарын оҥорорго тоҕоостоох кэминэн ааҕыллар.
Аны туран, сүүс туһунан баар киэли миэстэтэ орто мэйиигэ сөп түбэһэр. Бу мэйиитинэн киһи бэйэтин Минин билэр. Мин ийэ куттан тутулуктаах, Ийэ кут хайдах саанара, баардыланар туруга Мин буолар. Мин диэн киһи бэйэтэ баарын билиитин ааттыыр эбиттэр. Оттон киһи бэйэтэ диэн – Айыылардыын бииргэлэһэр туругун ааттыыллар.

Инньэ гынан, бу сыл, дьон ыйаахтарын аартыгын арыйан, оҥоһууларын суолун тобулан, удьуордара сыыспыттарын хатылаабакка эрэ, төрүттэр таппыттарын тутуһан, айылҕаларын алгыһын салҕаан сылдьыахтаахтара ыйыллар. Өбүгэ үтүөтүн үрдэтэн, төлкөлөөх санааны төрүттээн, бастыҥ санааны барҕардан сылдьалларыгар ыҥыраллара. Ыйаахтарын ыллыктаан, оҥоһууларын тупсараллара, итэҕэһи эппэккэ, быһаҕаһы туттубакка, бэйэ бодотун тардынан, илэ өйдөрүн булунан, дьоһуннук сананан, туруктарын ыһыктыбакка эрэ дьаһанан олороллорун ыйаллара.

Одун сылын биир бэлиэ түгэнэ Көр-күлүү – саха олоҕун биир эйгэтин көбүтэргэ анаан тэрээһиннэр баралларыгар табыгастаах кэминэн ааҕыллар. Ол да буоллар, Одун Хаан кэс тылларыгар ортону тутуһар туһунан баар эбит, ол курдук, бүгэн хаалыма, аһары барыма, сөбү бул диэн сүбэлэринэн сиэттэрэн олордоххо бу сыл ыарахаттарын туоруурга көмө буолар диэбиттэр.

Тыл – саха олоҕун биир эйгэтэ: Одун Хаан сылыгар, сөп түбэһэр. Төрөөбүт тылга болҕомто ууруллар. Төрөөбүт тылбыт улам эргэрэн, быраҕыллан иһэрэ биллэр суол. Манна дьон көҕө наада. Бииринэн, төрөөбүт тылы дьиҥнээхтик билиллиэхтээх. Оччоҕо эрэ туһалаах буолар. Онтон булкаас тыл киһини тиэрэҕэ суох оҥорор. Өйө санаата буккуурдаах буолар. Өссө маргынаал буолууга тиэрдиэн сөп. Онон, дьон-сэргэ төрөөбүт тылын ылынарыгар, туһанарыгар дьулуһуохтаахпыт.
Докумуоннарга, тыл эмиэ туспа иччилээх буолара ыйыллар. Биллэн турар, тыл санааттан үөскүүр. Ол гынан баран этэрэ арыт санаатааҕар дириҥ буолар. Киһи өйдүүрүн эрэ эппэт. Өйдүү илигин эмиэ этиэн сөп. Ол иһин тылы лыах курдук ойуулууллар, Чычып-Чыыбыстаан былыкка киирэн сырыт, ыраахха тиий, күлүккэ киирэн олорус, тыыны кытта сырыт, өйү кытта көт, санаа тымтыга буол, тыл төбөтүгэр олор, дииллэр.
Эбиитин, бу сыл, кырдьаҕастары иитии-көрүү сайдарын уонна доҕоттордуун сыһыан тупсарын ситиһиигэ болҕомто ууруллар, тоҕо диэтэр, Одун хаан ити өттүн эмиэ көрөр-истэр эбит, оччотугар эрэ киһи бигэ туруктаах буолар дэнэр.
Одун Хаан сылыгар төрөөбүт окуо-токуо биhиктээх киһи майгыта: сыыйыллыбыт сындааһыннаах, харысхас, бүгүрү, иччилээх тыллаах, сатабыллаах, битимсэх, төптөөх (олохтоохтук быһаарынар), бөҕө доруобуйалаах, алыастаах (ырааһы сөбүлүүр) буолар.

Одун Хааҥҥа хайыһыы.

Муундара, муундара, муундара!
Сир-халлаан кулукутун
Тутан олорооччулар,
Айыы Суолун
Арыйааччылар,
Күн суолун
Көрдөрөөччүлэр,
Төлөрүйбэт төлкөлөөх,
Уларыйбат уураахтаах,
Сөллүбэт тыллаах,
Сүдү айыылар,
Оҥорууну олохтооччу
Орулуур Одун Хаан,
Ыйааҕы оҥорооччу
Чыҥырыыр Чыҥыс Хаан,
Үтүө тыыҥҥытын түһэрэн
Күрүөлээҥ,
Бэттэх көрөн
Мичик гыныҥ!
Дом!
Чуо-чуо!
Хара дьаҕыл аппын миинэн Хара систэри ортотунан
Хайа хаамтардым Кырыылар устун Кыйаартым.
Туругу биэрээччи, Отуору олордооччу Чыҥырыыр Чыҥыс Хааҥҥа,
Орулуур Одун Хааҥҥа сылдьан,
Сүүскэ күлү биһэр буол диэтилэр, тускулларын тарбахпар олортулар,
Эҕэрдэлэрин илиибэр иҥэрдилэр.
Саһыл сыыһыылар тэлгэнэллэр, Дураар хонуулар долгуйдулар.
Күөх тунахтар түстүлэр, Татыйык ыллаата. Кэҕэ эттэ, Өтөн өттө.

Так называемые «Турук айыылара» (божества основного состояния) – Чынгырыыр Чынгыс Хаан, Орулуур Одун Хаан помещаются на 8-м небе (середина лба).

Они имеют 7 проявлений: Аан Турук Айыы – даёт понимание человеком собственного состояния; Ортоку Айыы – помогает человеку найти своё место в жизни; Туруу Айыы – способствует основанию человеческого в нашем мире; Бёгё Айыы – укрепляет душевное и физическое состояние; Бигэ Айыы – усиливает интеллектуальные способности; Ситэри Айыы – способствует более полному использованию внутреннего потенциала; Толору Айыы – способствует исполнению предопределения судьбы, касающихся заветов Айыы. Управление энергией этих божеств осуществляется через произношение слова «муундара». Заветные слова: не расшатывай свою твердь; сохраняй равновесие; продолжай свой род; будь тверд в мыслях; имей твердую основу; исполняй свое предназначение; стремись исполнить свое предназначение до конца.

В баргха божества основного состояния представлены понятиями, находящимися на 8-й строке табл. 1. Первое из этих понятий – «Сююс» (лоб). Оно обозначает место, где формируется предназначение человека. На лбу располагается «ёркён» (свет, исходящий от человеческого кут-сюр). Ёркён показывает, насколько высок у человека его сюргэ. «Орто» (середина) – обозначает нахождение человека посередине мира, связь с Дорогой Айыы, балансировка «отуор» (круга гармонии). В Учении Айыы особо подчеркивается важность нахождения человека внутри круга гармонии – «отуор». Посередине отуор находится истина, которую человек не может до конца познать. Истина считается неуловимой, можно только приблизиться к ней. Для этого человек не должен выходить за пределы круга гармонии. Большинство людей, по мнению последователей Учения Айыы, находятся вблизи границ отуор и при всплесках эмоций, испытании сильных чувств выходят за ее пределы. Во всем надо придерживаться середины, считают якутские родноверы, не надо бросаться из крайности в крайность. Человек, имеющий свое орто бывает, свободен от комплексов, имеет спокойный нрав.
Следующее из понятий божеств основного состояния – «туруу». Туруу – это бытие, наличие хорошего состояния (духа и тела). Насколько человек находится ближе к середине отуор, настолько он имеет хорошее состояние. Человек с туруу верить в свои силы, доводит начатое дело до конца. «Бёгхё» (крепкий) – талант не поддаваться негативным влияниям. Тело человека должно быть таким же крепким (не болеть), как и его ум-сознание находящее правильный путь. «Бигэ» (твердь) – обладание сбалансированным отуор и хорошим состоянием. Человек, имеющий бигэ, получает доверие людей. «Ситэри» (завершенность) – доведение до конца программы жизни. Все люди стремятся исполнить эту программу. «Толору» (полный) – исполнение всех девяти основных дом: обзавестись семьей, быть здоровым, стать хозяином, иметь консолидацию с людьми, иметь профессию, придерживаться истины, иметь знания, иметь крепкое основание, стать человеком айыы.
По Учению Айыы, относительно божеств основного состояния, само понятие «турук» (состояние), определяется как состояние сущности мироздания – «айылгы» (сущность мироздания можно понимать, как ее внутреннюю динамику), в которое мироздание само себя ставит в определенное для этого время. Оно имеет 11 уровней.

Уровень «най» – уменьшение силы, состояние наполненности и окончания процессов мироздания. По-другому, ее «айгыраасын» – ослабление контроля (в мирской жизни словом «айгыраасын» обозначают окончание роста, дозревание плодов у растений). «Нал» – признак замедления и заторможенности. По-другому – концентрация внутренних сил, расслабление ее внешних проявлений, силы. «Нам» – большое изменение состояния сущности мироздания, ее возвращение к первоначальному состоянию, ее «намыраасын» – замедление реакции, добродушие. «Нас» – «смягчение» процессов сущности мироздания, ее успокоение, ее «наскыйыы» – расслабление внутренней силы. «Нэм» – среднее состояние сущности мироздания. Удержание состояния «нэм» понимается как сохранение сущности мироздания. «Нэс» – признак неполного использования как понятие изменчивости, непредсказуемости. «Нэк» – старение сущности мироздания (в мирской жизни понимается как потеря блеска, внешнего лоска). «Нук» – состояние промежуточное между бодрствованием и сном (нуктаасын). Имеет корни в состоянии нэс. «Нум» – ослабление сущности мироздания, ее невидимость. «Нус» – глубокий сон сущности мироздания, ее полное расслабление (как и состояние «нас», только более глубокое). «Нух» – состояние, в котором сущность мироздания получает полноценное отдохновение.

Саха итэҕэлин араас источниктарыттан таҥан оҥордо: Бүөтүр Кэрээкин – Таҥ Бүө.
Category: Айыы үөрэҕэ | Views: 1862 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2022  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 107
Ыалдьыттар (гостей): 107
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024